10.12.2020 | 14:22

ДЬОКУУСКАЙ ЭРГЭ ТУТУУЛАРА

ДЬОКУУСКАЙ ЭРГЭ ТУТУУЛАРА
Ааптар: Киин Куорат
Бөлөххө киир

Дьокуускайга 100-тэн тахса саастаах дьиэлэр бааллар, ону таһынан баай историялаах, өрөмүөннэммит уонна урут туттуллубут матырыйааллары туһанан чөлүгэр түһэриллибиттэр эмиэ бааллар.

Дьокуускай куораппыт 1632 сыллаахха, быһа холоон Өлүөнэ өрүс уҥа биэрэгэр, мантан ыраах, атын сиргэ, сотник Петр Бекетовынан кириэппэс быһыытынан олохтоммута. Кыракый остуруок уу ылар сиригэр тутуллубут буолан, саас ууга барара, онон Бекетов оннугар кэлбит хаһаактар атамааннара Иван Галкин остуруогу атын сиргэ, Ярмонскай биэрэккэ, илин хаҥаластар сирдэригэр көһөрбүтэ.

Остуруок ол сиргэ 6 сыл курдук турбута уонна 1642 сыллаахха воевода Петр Головинынан эмиэ саҥа миэстэҕэ, Сайсары күөл аттыгар көһөрүллүбүтэ. Остуруок сыыйа-баайа улаатан куоракка кубулуйбута уонна XIX үйэ бүтүүтэ, XX-с үйэ саҕаланыыта билигин биһиги хаамыталыыр уулуссаларбыт уонна араас тутуулар баар буолбуттара. 1890 сыллааҕы картаҕа “останки стен и башен” диэн суруктаах башня турара көстөр, бу быһа холоон Головин XVII үйэҕэ эбэтэр воевода Приклонскай туттарбыт буолуон сөп диэн сабаҕаланар. Бу башня Саха сиригэр губернатор Крафт тэрийбит бастакы скверин киэргэтэрэ. Сквер билиҥҥи доҕордоһуу болуоссата турар сиригэр баара, ол кэннэ Ем. Ярославскай аатынан Хотугу норуоттар историяларын уонна култуураларын Музейын тэлгэһэтигэр көһөрүллүбүтэ. 2002 сыллаахха башня умайбыта. Ол кэннэ башняны хаттаан оҥорбуттара билигин Кырдьаҕас куоракка баар.

Дьокуускайдааҕы остуруок илин башнята

Чөлүгэр түһэриллибит башня XVII үйэ Дьокуускайдааҕы башня сорох чааһа буолар. Ыраахтааҕы кэмигэр башня Соборнай болуоссакка турбута, бу билигин норуоттар Доҕордоһууларын болуоссата. Оччолорго былыргы пааматынньыктары харыстыыр сыалтан, куорат губернатора Иван Иванович Крафт Археологическай хамыыһыйаҕа башня реставрациятын бырайыагын киллэрбитэ. Бырайыак 1911 сыл ыам ыйын 28 күнүгэр Судаарыстыбаннай Дууманан уонна Судаарыстыбаннай Сэбиэтинэн бигэргэммитэ уонна боруоталаах башня уларытыллан-тэлэритиллэн, тупсарыллан куорат скверин биир киэргэлэ буолбута, киниэхэ кэлин саха губернаторын аатын иҥэрбиттэрэ. Бу скверы Крафт Соборнай болуоссакка туруорбута. Онон Саха сирин үрдүнэн бу бастакы сквер этэ, кинини башняны таһынан фонтан уонна араас үүнээйи киэргэппитэ.

Этиллибитин курдук Сэбиэскэй былаас саҕана 1967 сыллаахха норуоттар Доҕордоһууларын болуоссатын тупсарыынан сибээстээн боруоталаах башняны Емельян Ярославскай аатынан история уонна култуура музейын сиригэр көһөрбүттэрэ.

Ааҕааччылар өйдүүр буолуохтааххыт, 2002 сыл атырдьах ыйын 22 күнүгэр Дьокуускай куорат үбүлүөйдээх 370 сылын бэлиэтиэхпит аҕыйах кэм иннинэ историческай башнябыт умайан хаалбыта. Онон үбүлүөйдээх тэрээһиннэр иннинэ бэрт суһаллык Киров уулуссатыгар 2002 сыл балаҕан ыйыгар Эрнст Алексеев, урбаанньыттар Андрей Высоких уонна Василий Атласов салалталаах норуот маастардарын биригээдэтэ башня куоппуйатын хаттаан тута охсубута. Башняны чөлүгэр түһэриигэ академик Александр Викторович Ополовников уонна архитектура доктора Николай Петрович Крадин барытын мээрэйдээн, чочуйан биэрбит чертежтарынан үлэ ыытыллыбыта.

Никольскай таҥаратын дьиэтэ

Никольскай таҥара дьиэтин таһыгар кылабыыһа баара. Былыр өлбүт дьону таҥара дьиэтин таһыгар, олбуор иһигэр көмөллөрө. Бу таҥара дьиэтэ 1847 сыллаахха атыыһыт Иван Шилов үбүгэр тутуллубута (бу туһунан дьиэ истиэнэтигэр баар табличкаҕа иһитиннэрии баар). Сэбиэскэй кэмҥэ таҥара дьиэтэ сабыллан турбута, манна араас тэрилтэлэр бааллара. Оттон таҥара дьиэтэ диэн аата ааспыт үйэ 90- сылларыгар төннөрүллүбүтэ.

Гостинай тэлгэһэ

Гостинай тэлгэһэ Ленин болуоссатын миэстэтигэр баара. Бу дьиэ 1836 сыллаахха тутуллубута. Норуокка биллэринэн “Улахан баһаар” диэн ааттанара, тоҕо диэтэххэ, манна атыы-эргиэн лааппылара, аныгылыы эттэххэ маҕаһыыннар бааллара. Маны таһынан бу дьиэҕэ административнай тэрилтэлэр, төлөпүөн станцията, оннооҕор библиотекалаах музей баара. Сэбиэскэй былаас олохтоммутун кэннэ манна куорат сэбиэтин Исполкома олохсуйан үлэлээбитэ, билиҥҥинэн быһаардахха мээрийэ уонна Якутторг маҕаһыына, кэлин типография уонна изобразительнай искусство музея буолбута. 1957 сыллаахха бу барыта көтүллэн Владимир Ильич Ленин аатын иҥэрэн болуоссат тэрийэргэ быһаарыы ылыммыттара.

Гостинай тэлгэһэ кэннэ Иоан-Предтеченскэй храмын кылабыыһата баара. Бу храм 1820 сыллаахха тутуллубута. Кини олбуоругар таҥара үлэһиттэрин көмөллөрө. Билигин бу сиргэ “Полярная звезда” гостиница турар.

Спасскай манастыыр

Спасскай манастыыр сирэ-уота улахан иэннээҕэ, манна 1915 сыллаахха архиерейскэй покой дьиэтин, православнай таҥара дьиэтин үрдүкү чыыннаах-хааннаах үлэһиттэрэ олорор дьиэлэрин тутан саҕалаабыттара.

Тутуу Сэбиэскэй былаас олохтоммутун кэннэ, 9 сыл буолан баран 1924 сыллаахха эрэ түмүктэммитэ. Саҥа дьиэҕэ библиотекаттан арахсан музей көһөн кэлбитэ уонна күн бүгүҥҥэ диэри Емельян Ярославскай аатынан история уонна култуура музейа буолан үлэлии турар.

Спасскай эр дьон манастыыра 17-с үйэҕэ тутуллубута, Сэбиэскэй кэмҥэ барытын алдьаппыттара, көтүрбүттэрэ, онтон 2012 сыллаахха манастыыр таҥаратын дьиэтэ чөлүгэр түһэриллибитэ.

Куруһаала

Баһаар дьиэтэ төһө да архитектура пааматынньыга буоллар, былаас быһаарыытынан көтүллүбүтэ. Кини XIX үйэ бастакы аҥаарыгар тутуллубута. Бу дьиэ «кружить», «ходить по кругу» диэн тылтан тахсар. 1834 сыллаахха корпус таһыгар 22 лааппы баара, иһирдьэ – 15. Гражданскай сэрии саҕана Куруһаала хоруобуйатын истиэнэтигэр ытыалаһар сир оҥоһуллубута. ХХ үйэ 30-с сылларыгар Куруһаалаҕа кыбартыыралар олохтоммуттара, онтон кэлин атыы-кутуу миэстэлэрэ баар буолбуттара (Мясные лавки).

Солянай лааппы

Бу дьиэ 1826 сыллаахха тутуллубута, кинини атыыһыт Афанасий Мигалкин бас билэрэ, кини манна тууһу хаһаанара уонна атыылыыра. Онон “Солянай лааппы” диэн ааттаммыта. Кэнники лааппыны атын үлэҕэ-хамнаска туттубуттара, онтон олорор дьиэ буолбута.

Аммосов дьиэ-музейа

Бу дьиэ Глухой уулусса быһа охсуһуутуттан Аммосов уулуссаҕа көһөрүллэн аҕалыллыбыта, анараа Солянай лааппы утары турбута. Кинини харыстыыр сыалтан элбэх историк, кырдьаҕас олохтоохтор санааларын этиилэрэ тэриллибитэ, кинилэр бу дьиэҕэ 1923 сылтан 1928 сылга диэри икки хоско Саха сиригэр Сэбиэскэй автономияны төрүттэспит Максим Кирович Аммосов чахчы олорбута уонна үлэлээбитэ диэн дакаастабылы аҕалбыттара.

Сонуннар

Ордук ааҕаллар

Түөһэйии элбээн иһэрэ дьиксиннэрэр...
Сонуннар | 29.08.2024 | 14:00
Түөһэйии элбээн иһэрэ дьиксиннэрэр...
Билиҥҥи олох балысхан сайдыыта үчүгэй өрүтэ элбэх эрээри, киһи олоҕор, доруобуйатыгар хоромньута эмиэ хара баһаам. «Доруобуйа» балаһабыт бүгүҥҥү тиэмэтэ – өй-мэйии үлэтэ, болҕомтолоох эбэтэр умнуган буолуу, сыыһа-халты тыллары туттуу, түөһэйии. Бу туһунан 3-с нүөмэрдээх Өрөспүүбүлүкэтээҕи клиническэй балыыһа «Кабинет памяти» иһинэн үлэлиир исписэлиистэр – невролог быраас Виктория Николаевна Местникова уонна медицинскэй...
Герман Отов: «Пригороднай аныгылыы улахан бөһүөлэк буолар чинчилээх...»
Дьон | 05.09.2024 | 10:00
Герман Отов: «Пригороднай аныгылыы улахан бөһүөлэк буолар чинчилээх...»
Дьокуускай куорат уокуругар куорат таһынааҕы – Кангалаас, Маҕан, Марха, Тулагы, Табаҕа, Владимировка, Хатас уонна Пригороднай нэһилиэктэрэ киирэллэр. Биһиги бүгүҥҥү ыалдьыппыт – 2000-2005 сылларга «Пригороднай сэлиэнньэтэ» муниципальнай тэриллии баһылыгынан үлэлээбит СӨ тыатын хаһаайыстыбатын туйгуна, Ас-үөл индустриятын туйгуна, СӨ үөрэҕириитин бочуоттаах мецената Герман Егорович Отов. Кинини кытта  кэпсэтиибитин Пригороднай нэһилиэк историятыгар туһаайдыбыт.  ...
Баһылык Строительнай уокурук олохтоохторун кытта көрүстэ
Сонуннар | 27.08.2024 | 15:24
Баһылык Строительнай уокурук олохтоохторун кытта көрүстэ
Атырдьах ыйын 26 күнүгэр киин куорат баһылыга Евгений Григорьев Строительнай уокурук олохтоохторун кытта көрсөн, Дьокуускай маастар-былаанын олоххо киллэрии хаамыытын кэпсээтэ, ыйытыыларга хоруйдаата. 2030 сылга диэри маастар-былаан иитинэн куорат бу уокуругар тиэргэннэри тупсарыы үлэтэ ыытыллыахтаах, хаарбах туруктаах 253 элбэх кыбартыыралаах дьиэ олохтоохторо көһөрүллүөхтээхтэр, 240 миэстэлээх Физико-техническэй лицей эбии дьиэтэ тутуллуохтаах, ону...
«Якутск вдохновляет» күрэххэ кыттыҥ!
Сонуннар | 27.08.2024 | 15:22
«Якутск вдохновляет» күрэххэ кыттыҥ!
Дьокуускай куорат Олохтоох дьаһалтата уонна «Саха» НКИХ киин куорат төрүттэммитэ 392 сылыгар аналлаах «Якутск вдохновляет» хаартыска күрэҕэр кыттаргытыгар ыҥыраллар.  Манна 14-тэн үөһэ саастаах Саха сирин олохтоохторо 5 номинацияҕа биирдии үлэнэн кыттыахтарын сөп: - «Якутск исторический» – 19-20-с үйэтээҕи куорат эйгэтин уонна олохтоохторун көрдөрөр история эбэтэр архыып хаартыскалара; - «Городская жизнь»...