Дьокуускай эдэр ыаллара социальнай төлөбүрү ыллылар
Киин куорат 30 эдэр ыала дьиэ атыылаһарга социальнай төлөбүрү ыллылар. Бүгүҥҥү күҥҥэ эдэр ыалга чэпчэтиилээх ипотеканы уонна ийэ хапытаалын сэргэ олорор дьиэ боппуруоһун быһаарарга хас даҕаны бырагыраама көрүллэр. Ол иһигэр – федеральнай, өрөспүүбүлүкэтээҕи уонна олохтоох бүддьүөттэн дьиэ сыанатын 30-35%-наах социальнай төлөбүрэ баар. 2021 сылга 1 кв.м. нуормата, субсидияны суоттуурга 73 072 солк. тэҥнэспит. Ол туһунан Дьокуускай куораттааҕы Дума пресс-сулууспата иһитиннэрдэ.
2021 сыл бастакы аҥарынааҕы эдэр ыаллары дьиэнэн хааччыйыы хос бырагыраамата Дьокуускай куораттааҕы Дума ыччат политикатыгар, физическэй култуураҕа, спортка уонна чөл олоҕу тутуһууга хамыыһыйатын мунньаҕар көрүллүбүт.
Киин куорат олох-дьаһах сыһыаннаһыыларыгар Департаменын дириэктэрэ Александр Новолоков иһитиннэрбитинэн, 2021 сылга дьиэ 1 кв.м. нуормата субсидияны ааҕарга 73 072 солк. тэҥнэспит.
Өрөспүүбүлүкэ киин куоратыгар социальнай төлөбүрү ылар быраабынан сылын аайы 28-тан 99-ка диэри ыал туһанар. Быйыл социальнай төлөбүргэ 60 мөл. солк. кэриҥэ көрүллүбүт.
«Көрүллүбүт үпкэ олоҕуран, социальнай төлөбүрү ыларга 30 ыал бигэргэтилиннэ. Олортон 25-һэ 52 мөл. солк. суумалаах туоһу суруктарын олоххо киллэрбиттэрэ. Испииһэккэ уопсайа 356 ыал баар. 2021 сылга e-eakutia.ru судаарыстыбаннай өҥө регионнааҕы порталын нөҥүө 71 ыал учуокка туруорулунна», — диэн чуолкайдаата Александр Новолоков.