Дьокуускай Арассыыйа саамай култуурунай куораттарын ахсааныгар киирдэ
Уон иһигэр Петрозаводскай, Белгород, Томскай, Архангельскай, Вологда, Саранскай, Калининград, Екатеринбург уонна Иркутскай куораттар киирдилэр. Рейтиҥҥэ Москва 28-с миэстэҕэ тигистэ, оттон дойду «култуурунай киин куората» Санкт-Петербург – 13-с миэстэҕэ. Чинчийээччилэр этэллэринэн, итинник түмүк кыра куораттарга нэһилиэнньэ иллэҥ кэмэ элбэх буолан култуурунай инфраструктура ордук ирдэнэрин кытта сибээстээх.
Мегаполис олохтоохторо карьераларынан ыкса дьарыктаналлар, култуурунай олоххо олус сыстыбаттар диэн экспертэр быһаараллар. Итинник түмүккэ 250 тыһыынча киһиттэн саҕаланар 78 нэһилиэнньэлээх пууну чинчийэн баран кэлбиттэр.
«Чинчийиибитигэр куорат хас биирдии олохтооҕор култуурунай олох төһө чугаһын чорботон бэлиэтээтибит. Түмүккэ уон иһигэр киирбит куораттар ордук духуобунай өттүнэн улаатар кыахтаахтара көһүннэ. Ити кыра куораттарга дьон ордук элбэх иллэҥ кэмнээхтэрин кытта сибээстээх буолуон сөп», — диир Экономика үрдүкү оскуолатын куорат уонна регион сайдыыларын факультетын култуура чинчийиитигэр лабораториятын сэбиэдиссэйэ Руслан Хестанов.
Культуролог уонна суруйааччы Константин Ковалев-Случевскай бэлиэтээбитинэн, куорат үөрэхтээх олохтоохторо култуура хайысхатынан олус сайдыыта суох буолуохтарын сөп. Эксперт этэринэн, ити мегаполис нэһилиэнньэтэ үлэнэн эрэ үлүһүйэн уонна наһаа элбэх информация киирэриттэн, култуурунай хапытаалы бытааннык иҥэринэрин кытта сибээстээх.