Дьокуускай 400 сыллаах үбүлүөйүн дьоһуннук көрсүөхтээхпит
Форум тэрийээччилэрэ – Олохтоох дьаһалта, Дьокуускай куорат Дуумата, куорат Уопсастыбаннай палаатата. Бырагыраама чэрчитинэн дискуссионнай балаһааккалар үлэлээтилэр. 2-с №-дээх «Трансформация инфраструктуры: мировые стандарты» блокка санаа атастаһар балаһаакка уонна түмүктүүр экспертнэй сессия, иккис күнүгэр пленарнай мунньах быһыытынан үлэлээтилэр, итиэннэ «Киин куорат күөх кубога» куонкурус түмүгэ таҕыста. Блок үлэтэ куорат олоҕор тыын суолталаах үс сүрүн хайысханан ыытылынна – куораты көҕөрдүү, ууну ыытыы уонна сырдатыы.
Владимир Аммосов, «Куорат хаһаайы-стыбатын үлэлэтэр сулууспа» МХТ дириэктэрэ, блок куратора:
— ОДьКХ уонна тупсарыы боппуруостарын көрөөрү, ити эйгэ экспертэрин, прикладной, фундаментальнай наука бэрэстэбиитэллэрин уонна уопсастыбанньыктары түмтүбүт. Үс сүрүн хайысханы дьүүллэһиэхпит – куораты көҕөрдүүнү, ууну ыытыыны уонна сырдатыыны. Манна ханнык хайысханы уонна стратегияны талан, аны уон сылынан маннык кыһалҕа турбатын ситиһэр сыаллаах хайдах үлэлиирбитин тобулуохпут. Итиэннэ Ил Дархан Айсен Николаев «Дьокуускай куорат 2032 сылга диэри стратегическай сайдыытын туһунан» ыйааҕын толору олоххо киллэрэр курдук сүбэлэһиэхпит. Итиннэ элбэх буолан сүбэбитин холбоон үлэлиирбит наада. Бүгүн элбэх эксперт муһунна. Көҕөрдүү үлэтигэр хас биирдии киһитигэр тиийэ төһө мас, сибэкки олордуллуохтааҕын суоттуохпут-учуоттуохпут. Ууну ыытыыга эмиэ хас биирдии носуос, лоток ханна баар буолуохтааҕын быһаарсыахпыт. Сырдатыы үлэтигэр эмиэ барытын ымпыгар-чымпыгар тиийэ ааҕыахпыт-суоттуохпут.
Блок үлэтигэр киин куорат саамай сүрүн кыһалҕатынан куорат уулуссаларыттан ууну ыытыы ааттанна. Ити боппуруоһу быһаарарга ууну ыытыы систиэмэтигэр, ирбэт тоҥ үрдүгэр баар ууну (надмерзлотные воды) учуоттаан туран, саҥа көрүү, сонун ньыма наадата этилиннэ. Дьокуускай куорат ууну ыытар систиэмэтин кэлим схематын оҥоруу бастакы түһүмэҕэр тиэргэн территорияларыттан, магистральнай уулуссалартан ууну ыраастаан күөллэргэ, ханаалларга уонна коллектордарга ыытыы киирэр. Ити хайысханан структуралар бииргэ үлэлииллэрэ ирдэнэр. Тутааччылары кытта бииргэ үлэлэһэн, хас биирдии тутуу бырайыагар территориялартан ууну ыытыы систиэмэтин оҥорору булгуччу киллэриллиэхтээх.
Павел Белкин, Санкт-Петербург-тааҕы «Ленгипроречтранс» АУо генеральнай дириэктэрэ, эксперт:
— Былырыын тэрилтэбит 90 сылын бэлиэтээбиппит, ити сыллар тухары «Ленгипроречтранс» институт гидротехническэй тутууларынан дьарыктанан кэллэ. Итиннэ территориялар инженернэй көмүскэллэрэ, өрүс портара, пассажирдары уонна таһаҕас таһар уу суоллара киирэллэр. Саха сиригэр эмиэ бырайыактарынан дьарыктанабыт, ол курдук, билигин өрөспүүбүлүкэҕэ үс бырайыактаахпыт. Хоту сиргэ үлэлиир баай уопуттаахпыт, ол иһин биһигини форумҥа эксперт быһыытынан ыҥырдылар. Манна халаан уутуттан көмүскүүр инженернэй тутуу оҥоруутун туһунан дьүүллэһэбит. Олохтоох дьаһалтаны кытта ардах уутун дренажнай канализациятын систиэмэтин уларытан, саҥардан оҥоруу бырайыагар уонна куоракка билигин баар ханаалларын ыраастаан чөлүгэр түһэриигэ үлэлэһэбит. Ити барыта биһиги бырайыакпытын кытта дьүөрэлэһэр, сотору сударыыстыбаннай экспертизаны ааһыахтаахпыт.
Куораты сырдатыы блогар куорат олохтоохторугар куттал суоһаабатын хааччыйар, ол иһигэр «Умный город» бырайыак боппуруостарын дьүүллэстилэр. Ол курдук, ити бырайыак чэрчитинэн суһал кнопкалары, видеонан кэтээн көрүүнү, вайфай станциялары, экомониторинг систиэмэтин, сатыы дьон «өйдөөх» суолу туоруур сирдэрин барытын биир систиэмэҕэ холбуур сорук турар. Ити бырайыак үлэҕэ киирдэҕинэ куорат нэһилиэнньэтин олоҕо куттала суох уонна бары өттүнэн табыгастаах буолуохтаах.
Бүгүҥҥү туругунан таһынааҕы сырдатыыга 12 тыһыынчаттан тахса тирээбил, 16 тыһыынчаттан тахса светильник киирэр. Билигин 12 тыһыынча светильнигы светодиоднайга уларытар сорук турар.
Ити үлэ чэрчитинэн билиҥҥи сырдатыы систиэмэтин аныгы технологияларга олоҕуран саҥардыы уонна уларытан оҥоруу ирдэнэр. Оччоҕо тас көстүүтэ тупсуоҕа, ордук сырдык, куттала суох уонна элбэх харчы бараммат буолуоҕа диэн бэлиэтэннэ.
Алексей Перевозкин, «Свердловское электротехническое предприятие» НПО коммерческай дириэктэрэ, эксперт:
— Сырдатыы, бастатан туран, хаачыстыбалаах, иккиһинэн, сөбүгэр сыаналаах буолуохтаах. Биһиги светодиоднай сырдатыыбыт бары өттүнэн табыгастаах, эһиги усулуобуйаҕытыгар барсар, техническэй ирдэбиллэргэ эппиэттиир. Биһиги Арассыыйа үрдүнэн аҕыйах ахсааннаах бэйэ бородууксуйатын оҥорон таһаарар тэрилтэлэргэ киирсэбит. Атыылаһааччы ирдэбилинэн хайдах баҕарар уларытан оҥоруохпутун сөп. Араас драйвердаахпыт, онтубут хаһан баҕарар, хайдах баҕарар уларытар, саҥардан оҥорор кыахтаахпыт. Бэйэбит оҥорон таһаарар буоламмыт сыанабыт удамыр, бүддьүөккэ улахан охсуута суох. Ырыынакка 12 сыл бэйэбитин көрдөрдүбүт, биһиги бородууксуйабыт дойду үрдүнэн үлэлиир, айан суолларын, уулуссалары, пааркалары сырдатабыт.
2-с №-дээх блок саамай элбэх кыттааччылаах хайысхатынан куораты көҕөрдүү балаһаакката буолла. Манна наука бэрэстэбиитэллэрин сэргэ, устудьуоннар, идэтийбит көҕөрдөөччүлэр уонна энтузиастар кытыннылар. Бөлөхтөргө арахсан, бырайыактары оҥорон көмүскээтилэр, санааларын үллэһиннилэр.
«Кыбаартал иһинээҕи территорияны уонна уулуссалары, техническэй зоналары, сатыы дьон сылдьар сирдэрин көҕөрдүү систиэмэтин сайыннарыы – ити куорат уокуругун көҕөрдүү уонна дендробылаан стратегията эрэ буолбатах, ити – хас биирдии тиэргэн, уулусса, уопсастыбаннай территория типовой схематын оҥоруу», – диэтэ блок куратора Владимир Аммосов. Аны саамай сүрүнэ – олордуох иннинэ бу сиргэ, бу усулуобуйаҕа үүнээйи силис тардан үүнүө диэн чопчу билиллиэхтээх. Итиннэ наука көмөтө, бэйэ үүннэрэр баазата, үүнээйи үнүгэстэрин питомнига ирдэнэр. Элбэх кыттааччы үүннэрэргэ, көрөргө-истэргэ уһун болдьохтоох хантараак наадатын туһунан эттилэр. Көҕөрдүү өттүгэр нэһилиэнньэни көхтөөхтүк кытыннарыы, сырдатар үлэни ыытыы, «Бум озеленения» арт-бэстибээл, экобырайыак курдук тэрээһиннэр наадалаахтара бэлиэтэннэ. Көҕөрдүүгэ ыччаты көҕүлээһин уонна үөрэтии, патриотическай тыыҥҥа иитиини үрдэтии уонна куорат үүнээйилэригэр харыстабыллаах сыһыан туһунан өйдөтөр үлэ барыахтааҕа этилиннэ. Ити барыта ситиһилиннэҕинэ, Саха сирин киин куората 400 сыллаах үбүлүөйүн күөххэ симэнэн, тупсан-киэркэйэн көрсүөҕэ.
Матвей Лыткин, Дьокуускай куорат уопсастыбаннай палаататын бэрэссэдээтэлэ:
— Бастаан форумҥа кэлэрбэр көннөрү мунньах быһыытынан ыытыллара буолуо дии санаабытым. Олох атыннык, сүрдээх интэриэһинэйдик ааста. Бырайыактарынан, чопчу боппуруостарынан арахсан ыытыллара олус үчүгэй. Дьокуускай 400 сыллаах үбүлүөйүн көрсө куорат хайдах уларыйыахтааҕын, ол туһугар көҕөрдүүгэ, ууну ыытыыга уонна сырдатыыга туох үлэ барыахтааҕа торумнанна. Форумҥа бары сыһыаннаах дьон, исписэлиистэр кэлбиттэр, ол иһин көрүүлэрэ олох атын. Кинилэр этиилэрин, идиэйэлэрин барытын мунньан баран чопчу саамай бастыҥнарын талаллар. Куорат олохтоохторо кытталлара киһини үөрдэр, исписэлиистэр кинилэр этиилэрин анаалыстааннар талан ылалларыгар, куорат сайдыытыгар олус туһалаах форум буолла диэхпин баҕарабын. Куораппыт сүрдээх уустук усулуобуйаҕа – ирбэт тоҥҥо турар. Ол иһин биһиги дьиэлэрбит сыбаайаҕа тураллара, ууну ыытыы систиэмэтэ суоҕа улаханнык мэһэйдиир, соҕуруу куораттар курдук буолбатах. Билигин федеральнай экспертэр кэлэннэр көрөн-истэн анаалыстаатылар. Итинтэн үчүгэй быһаарыы тахсыахтаах. Нэһилиэнньэ куорат салалтатын өттүттэн элбэх үлэ барарын өйдүөхтээх. Бу форумҥа нэһилиэнньэ, исписэлиистэр уонна салалта баар кыһалҕалары чопчулуурга бары бииргэ түмсүбүттэрэ кэрэхсэбиллээх.
Икки күн устата форумҥа уопсайа 25 балаһаакканан 1300-тэн тахса киһи кытынна, 234 этии киирдэ. Форум 2-с №-дээх блогар «Киин куорат күөх кубога» куонкурус түмүгэ тахсан кыайыылаахтары наҕаарадалааһын буолла. Ол туһунан сиһилии «Сынньалаҥҥа» балаһабытыгар ааҕыҥ.