13.03.2022 | 13:00

Дьокутааттар Олохтоох дьаһалта үлэтин «үчүгэйинэн» сыаналаатылар

Дьокутааттар Олохтоох дьаһалта үлэтин «үчүгэйинэн» сыаналаатылар
Ааптар: Айыына ДОНСКАЯ
Бөлөххө киир

Кулун тутар 2 күнүгэр ыытыллыбыт Дьокуускай куораттааҕы Дуума 36-с уочараттаах сессиятыгар куорат баһылыга Евгений Григорьев куорат уокуругун уонна Олохтоох дьаһалта 2021 сыллааҕы үлэлэрин отчуоттаата.

Отчуокка киин куорат территориятыгар улахан суолталаах национальнай бырайыактары олоххо киллэриинэн ыытыллыбыт үлэ сүрүн түмүктэрэ, хаарбах туруктаах олорор пуондаттан гражданнары көһөрүү, дьиэнэн хааччыйыы, элбэх оҕолоох ыалларга сир учаастактарын биэрии, үөрэҕирии эбийиэктэрин тутуу толору көһүннэ. Итини сэргэ, куорат баһылыга инфраструктураны, территориялары, ол иһигэр тиэргэннэри уонна уопсастыбаннай миэстэлэри тупсарыы, саҥардан оҥоруу уонна уулуссалары сырдатыы туһунан кэпсээтэ. Итини таһынан, кини тырааныспар инфраструктуратын боппуруостарын, хомунаалынай тиэхиньикэни саҥардыыны, дьэллик кыыллары быстах кэмҥэ тутар пууну улаатыннарыыны, сокуоннайа суох предпринимательствоны кытта охсуһууну таарыйда.

Евгений Григорьев бэлиэтээбитинэн, куорат уокуругун уонна Олохтоох дьаһалта 2021 сыллааҕы нэһилиэнньэ иннигэр отчуота сирэй уонна дистанционнай көрүҥнэринэн Дьокуускай 15 уокуругар ыытылынна. «Отчуот кэмигэр нэһилиэнньэттэн 455-тэн тахса ыйытыы киирэн, барыта боротокуолга бэлиэтэннэ. Киирбит ыйытыылар толору хоруйу ыллылар», – диэтэ  баһылык.

Кини Дьокуускай куорат нэһилиэнньэтин ахсаана сылын аайы 7000 киһинэн эбиллэрин бэлиэтээтэ. 2021 сыл тохсунньу 1 күнүнээҕи туругунан киин куоракка 347 000 киһи регистрацияламмыт.

Дьокуускай куораттааҕы Дуума дьокутаата Станислав Сивцев тутуу кээмэйин уонна гражданнары хаарбах туруктаах дьиэлэртэн көһөрүүгэ чааһынай тутааччылар кыттыыларын туһунан ыйытыытыгар Евгений Григорьев  10 дуогабар түһэрсиллибитин, олортон сэттэтэ 2021 сылга хаарбах дьиэлэри көтүрэн, ыраастаныллыбыт территорияларга чааһынай тэрилтэлэр элбэх кыбартыыралаах олорор дьиэлэри туталларын туһунан иһитиннэрдэ. Ол курдук киин куоракка быйыл 1183 дьиэ кэргэн саҥа дьиэҕэ көһүөҕэ.  «Национальнай бырайыак олоххо киириитин чэрчитинэн гражданнары хаарбах туруктаах дьиэлэртэн көһөрүү өрөспүүбүлүкэтээҕи аадырыстаах бырагыраамаҕа кыттабыт. Куорат иннигэр 2012 сылтан 2017 сыл тохсунньу 1 күнүгэр диэри хаарбах туруктааҕынан билиниллибит дьиэлэртэн көһөрөр сорук турар. Баччааҥҥа диэри график быһыытынан баран испиппит, быйылгыттан тэтимирдэн, эрдэлээн көһөрүүнү саҕалыахпыт», – диэтэ  Евгений Григорьев.

2022 сылга киин куоракка аадырыстаах бырагыраама олоххо киириитинэн былырыыҥҥы түһүмэҕинэн хаарбах туруктаах дьиэлэртэн 3 тыһыынчаттан тахса киһи, ол эбэтэр тыһыынчаттан тахса ыал, оттон быйылгы түһүмэҕинэн 500 тахса киһи – 173 ыал көһөрүллүөхтэрэ. «Түмүккэ, 2022 сылга биһиги болдьоҕун иннинэ 3,5 тыһыынча киһини көһөрүөхпүт, 1183 ыал саҥа дьиэлэниэҕэ, олорор усулуобуйатын тупсарыаҕа», – диэн бэлиэтээтэ куорат баһылыга.

Быйыл барыта 27 элбэх кыбартыыралаах эргэ дьиэ көтүрүллүөхтээх, ол иһигэр 7 дьиэ 17-с кыбаарталга.

«Итини таһынан, хаарбах дьиэлэртэн көһөрөр муниципальнай бырагырааманы олоххо киллэрэбит. Олохтоох бүддьүөт суотугар быйыл 3 элбэх кыбартыыралаах дьиэттэн көһөрүөхпүт. Маны сэргэ чааһынай тутааччылары кытта дуогабардаах үлэбитин салгыыбыт. Сүрүн стратегическай сорукпут – көһөрүүнү тэтимирдэр былааммытынан 2032 сылга диэри мас дьиэлэртэн босхолонуу», – диэн түмүктээтэ  Евгений Григорьев.

Итини таһынан, куорат баһылыга дьокутааттар муниципальнай үөрэҕирии, култуура уонна спорт тэрилтэлэрин, гражданнар этиилэригэр, туруорсууларыгар уонна чааһынай уһуйааннарга субсидияны тыырыыга сыһыаннаах боппуруостарынан дьарыктанар уонна техническэй өттүнэн хааччыйар биир кэлим сулууспаны тэрийии туһунан ыйытыктарыгар хоруйдаата.

Уопсай түмүгү ыллахха, бары өттүнэн үчүгэй уларыйыылар көстөллөр. Өрөспүүбүлүкэ Баһылыгын өйөбүлүнэн киин куоракка ыытыллар үлэҕэ үп киириитэ уонна итини кытта куорат бэйэтин дохуота үрдээбиттэр, муниципальнай иэһи кыччатарга үлэ барбыт. Уопсастыбаннай аһылык ситимэ пандемия иннинээҕи таһымыгар тиийэр курдук чөлүгэр түһэриллэр, хомунаалынай тиэхиньикэ саҥардыллар, тиэргэннэри тупсарыы тэтимирэр.

Сессияҕа  Дьокуускай куорат 2022 сыллааҕы бүддьүөтүгэр уларыйыылары киллэрии көрүлүннэ. Куораттааҕы Дуума бүддьүөккэ уонна экономическай бэлиитикэҕэ хамыыһыйатын бэрэссэдээтэлэ Сергей Черных эппитинэн, эбии дохуот киириитин суотугар олохтоох бүддьүөт дохуотун уонна ороскуотун чаастара үрдээн биэрэллэр. Куорат бүддьүөтэ социальнай хайысхалааҕынан хаалар, үп улахан аҥаара үөрэҕирии эйгэтигэр уонна социальнай боппуруостары быһаарыыга туһуланар. Итини кытта, нэһилиэнньэ олоҕун хаачыстыбатын тупсарар хайысхалаах муниципальнай бырагыраамалары үбүлээһин эбиллэр. Барыллаан билгэлээһин түмүгүнэн олохтоох бүддьүөт уопсай кээмэйэ 22 миллиард 92 мөлүйүөн солкуобай, ороскуот уопсай кээмэйэ – 22 миллиард 807 мөлүйүөн солкуобай, бүддьүөт дефицита –  714 мөлүйүөн солкуобай.

Бүддьүөккэ уонна экономическай бэлиитикэҕэ хамыыһыйа бэрэссэдээтэлэ Сергей Черных Олохтоох дьаһалта 2021 сыллааҕы үлэтин биһирээбитин эттэ, кини олох-дьаһах хомунаалынай хаһаайыстыбатын боппуруостарыгар уонна үөрэҕирии эйгэтигэр үбүлээһини былаанныырга ураты болҕомтону уурарга этии киллэрдэ.

2021 сылга киин куораты тупсарыы уонна көҕөрдүү үлэтэ саҕаламмыта. Ол курдук, тиэргэннэри тупсардылар, спортивнай (воркаут) балаһааккалары, 20 сылаас оптуобус тохтобулларын, 5 скверы оҥордулар, суол үлэтэ хаһааҥҥытааҕар да улахан таһымҥа тиийдэ, уулуссалары сырдатыы кэҥээтэ, сатыы уонна бэлэсипиэтинэн сылдьааччыларга анаан 7,1 км уһуннаах суол тутулунна.

Билиҥҥи былааҥҥа 300 тыһ. кв.м. итэҕэһэ суох олорор дьиэ үлэҕэ киирэрэ, куорат уокуругар баар 11 оскуола хапытаалынай өрөмүөнэ, үс самалык дьиэни үөрэҕирии тэрилтэлэригэр анаан атыылаһыы, 36 км уулусса-суол ситимин өрөмүөннээһин, тиэргэннэри салгыы тупсарыы бааллар. Итини таһынан, куоракка 100 саҥа оптуобус уонна 90 хомунаалынай тиэхиньикэ баар буолар.

Куоракка дьэллик кыыллар кыһалҕалара саамай сытыынан хаалар, Евгений Григорьев эппитинэн, быстах тутар Пууну кэҥэтэргэ эбии 30 мөлүйүөн солкуобай көрүллүөхтээх.

Куорат баһылыгын толору отчуотун истэн баран, дьокутааттар Украинаҕа буола турар быһыы-майгы долгутарын биллэрдилэр. Айаан Васильев бэлиэтээбитинэн, сорох сиэри таһынан ымсыы предпринимателлэр, түгэнинэн туһанан, эрдэ атыыласпыт элбэх саппаастаах эрээри сыананы аһара үрдэтэллэр. Ол иһин ситэриилээх былаас өттүттэн итиннэ болҕомтону уурар ирдэнэр. Итини сэргэ кини сарсыарда дьон үлэҕэ айанныыр кэмигэр оптуобустар наһаа толоруларын ыйда. Оптуобустар ахсааннара төһө да элбээбитин иһин куорат олохтоохторо кыайан киирбэккэ хаалаллара этилиннэ.

Саргылана Васильева Гагаринскай уокурук олохтоохторо куорат былааһын үлэтин үрдүктүк сыаналаабыттарын биллэрдэ уонна доруобуйа харыстабылыгар болҕомто уурулларыгар баҕа санаатын эттэ. Итиннэ эбэн Владислав Дмитриев отчуокка коронавирус инфекциятын кытта охсуһуу дааннайдара суохтарын ыйда.

Александр Яковлев урут отчуоттарга улаханнык итэҕэйбэтин, ол эрэн бу сырыыга Евгений Григорьев дириҥ ис хоһоонноох, ылыннарыылаах отчуоттааҕын уонна кырдьык элбэх үлэ ыытыллыбытын бэлиэтээтэ.

Сессияҕа көрүллүбүт атын боппуруостар куорат уокуругун муниципальнай бас билиитин салайыыга уонна дьаһайыыга, муниципальнай баайы-дуолу электроннай көрүҥүнэн атыылааһыны тэрийиигэ уонна ыытыыга, арендаҕа биэрии бэрээдэгэр сыһыаннаахтар.

Итини таһынан, сессияҕа муниципальнай музейдары тэрийиигэ сыһыаннаах нормативнай быраап аакталарын, олохтоохтор сынньалаҥнарын тэрийии усулуобуйатын, нэһилиэнньэни култуура уонна библиотека өҥөлөрүнэн хааччыйыыны дьүүллэстилэр. 

Түмүккэ дьокутааттар Хонтуруоллуур-суоттуур балаата аудиторыгар хандьыдаат Семен Федотовы уонна Олохтоох дьаһалта салааларыттан киирбит наҕараадаланар дьон испииһиэктэрин бигэргэттилэр. 

Дьокуускай куораттааҕы Дуума Бэрэссэдээтэлэ Альберт Семенов уустук кэм кэлбитин уонна бары бииргэ сомоҕолоһон, куораппыт сайдарын туһугар Баһылыгы өйүөххэ наадатын эттэ.  Кини Евгений Григорьевы бастакы ситиһиилээх отчуотунан эҕэрдэлээтэ, салгыы таһаарыылаах үлэни, былааннаммыт барыта олоххо киирэригэр баҕарда.

Уочараттаах 36-с сессияҕа дьокутааттар 2021 сыл түмүгүнэн отчуоту бигэргэттилэр, итини сэргэ бэбиэскэҕэ киирбит боппуруостары дьүүллэстилэр уонна быһаарыыны ыллылар, ол иһигэр «Дьокуускай куораттааҕы Дуума 2021 сыл ахсынньы 22 күнүнээҕи РЯГД-35-4 №-дээх ««Дьокуускай куорат» куораттааҕы уокурук 2022 сылга уонна 2023-2024 сыллардааҕы былааннаммыт болдьоҕор уларытыылары киллэрии туһунан» быһаарыы көрүлүннэ.

Сонуннар

Ордук ааҕаллар

Медик: «Бааһырбыт байыаспын дөйүтэн баран соһорум»
Дьон | 20.12.2024 | 12:00
Медик: «Бааһырбыт байыаспын дөйүтэн баран соһорум»
Олус ыарахан кэпсэтии буолла. Ааҕааччыга тиэрдэр гына суруйуохха наада. Дьоруойум сөбүлэҥин ылыахпын наада. Тоҕо диэтэххэ кини анал байыаннай дьайыыга сылдьыбыт кэрэ аҥаар,  ийэ, медик. Кэпсии олорон ытаатаҕына, сырҕан бааһын таарыйаммын диэн кэмсинэн ылабын, онтон эмиэ чочумча буолан баран салгыыбыт.   Кини позывнойун кистиир, ханна баарын, билигин ханна олорорун эмиэ эппэппит. Сөбүлэһэн...
Үчүгэйи көрөргө хаһан үөрэнэбит?
Сонуннар | 14.12.2024 | 13:15
Үчүгэйи көрөргө хаһан үөрэнэбит?
Сиэн көрө куоракка кыстыыбын. Күн аайы оптуобуһунан оҕобун оскуолаҕа илдьэбин-аҕалабын. Быйыл, дьэ, этэргэ дылы, үйэ тухары хамсаабатах маршруттарга уларыйыылар таҕыстылар. Бассаапка үөхсэн туох туһа кэлиэй, төттөрүтүн, дьону күөртээн эрэ биэрии курдук. Ол иһин бу турунан туран Дьокуускай куорат сахалыы тыллаах хаһыатыгар санаабын тиэрдэргэ соруннум.  Бииринэн, нэһилиэнньэбит ахсаана күн-түүн улаата турар....
Сатаан салайыы, тэрийии — эмиэ талаан
Дьон | 14.12.2024 | 18:00
Сатаан салайыы, тэрийии — эмиэ талаан
Харах ыларынан хаһан да бүппэттии көбүүс-көнөтүк тыргыллар бэс чагда устун айан суолунан сыыйылыннаран иһэн, «Дьиикимдэ» диэн суруктаах бэлиэҕэ биирдэ баар буола түстүбүт. Туох-хайдах дьарыктаах, тугунан тыынар нэһилиэккэ киирэн эрэрбитин аартыкка баар суруктаах бэлиэ кэпсииргэ дылы.  Бүгүн биһиги “Дьиикимдэ дьээбэлэрэ” көр-күлүү тыйаатырын артыыһа, режиссера, продюсера Артур Николаевич Егоровтыын нэһилиэк култуурунай олоҕун...