Дьокутааттар куорат территориятыгар үлэлиир өҥөнөн хааччыйар тэрилтэлэргэ нолуок уонна куортам кээмэйин улаатыннарары туруорсаллар
Дьокуускай куорат дууматын Куораты тутууга уонна архитектураҕа сис кэмитиэтин мунньаҕа Дьокуускай территориятыгар үлэлиир өҥөнөн хааччыйар тэрилтэлэргэ нолуок уонна куортам кээмэйин улаатыннарар туһунан боппуруоһу көтөхтө.
Ол курдук, Олохтоох дьаһалта уонна «Якутскэнерго» ПАУо киин куораты тупсаран оҥорууга тэҥ интэриэстээх буолуулара, бииргэ үлэлииллэрэ тоҕоостооҕо этилиннэ. Сүрүн информацияны куорат кылаабынай архитектора Семен Сергеев иһитиннэрдэ.
Мунньахха куорат баһылыгын бастакы солбуйааччы Георгий Гаврильев, структуралар салайааччылара, итиэннэ «УК ГидроОГК» АУо филиалын дириэктэрэ Олег Рожков, «Институт Тэплоэлектропроект» АУо кылаабынай инженерэ Василий Свистаков, «Якутскэнерго» ПАУо тэхиньиичэскэй холбонууга сулууспатын начаалынньыгын солбуйааччы Владимир Докторов кыттыыны ыллылар.
Дьокутааттар өҥөнөн хааччыйар тэрилтэлэр куорат суолларын хапытаалынай өрөмүөнүгэр, чуолаан ГРЭС-2 (иккис уочарат) киирэр суолу оҥорууга кыттыыны ылыахтаахтарын бэлиэтээтилэр.
Кэмитиэт чилиэннэрэ маны сэргэ Дьокуускай куоракка тупсаҕайдык олоруу быраабылаларыгар (№ 477-НПА) өҥөнөн хааччыйар тэрилтэлэр Дьокуускай куоракка үлэлиир сирдэрин тупсаҕайдык оҥостуу чааһыгар уларытыылары киллэрэр наадатын ыйдылар.