26.01.2023 | 18:00

Дьоҕур-талаан арыллыыта

Дьоҕур-талаан арыллыыта
Ааптар: Баһылай ПОСЕЛЬСКАЙ
Бөлөххө киир

Дьиҥинэн, Орто дойдуга кэлбит киһи барыта туохха эрэ дьоҕурдаах, талааннаах. Дьэ, ол арыллара, туттуллара дэбигис кыаллыбат. Ону үрдүк үөһээ айыыларбыт бэйэлэрэ быһааран эрдэхтэрэ. Биллэн турар, улаханнык сыраластахха, күнү-дьылы бараатахха, сүрэхтээх-бэлэстээх, туруу үлэһит, айылҕаттан айдарыылаах буоллахха эрэ дьоҕур, талаан кэлиэн сөп.

Дьөгүөр Картузов, дьэ, кырдьык, айылҕаттан хатаҕаламмыт киһи.

Тыа киһитин сиэринэн үлэни өрө тутар саха ыалыгар Чурапчы Болтоҥотугар төрөөбүтэ. Оҕо эрдэҕиттэн аҕатын, убайдарын батыһан, от-мас үлэтигэр эриллэн, кус-куобах уонна улахан булт соноругар сыралаһан улааппыта. Оҕо сылдьан улуу тренер Куоркуҥҥа уһуйуллан, улахан ыйааһыҥҥа тустан, өрөспүүбүлүкэҕэ балачча биллибитэ. ССРС маастарыгар кандидат нуорматын толорбута. «Тарскайга” миэстэлэспитэ. Бүтүн Сойуустааҕы Д.П. Коркин турнирыгар иккис миэстэлэммитэ. Хапсаҕайга Бөҕө Тараҕай өрөспүүбүлүкэтээҕи турнирыгар абсолютнай чөмпүйүөн дьоһун аатын ылан, Саха сирин маастара буолбута. 50 сааһыгар диэри аҕам саастаахтарга тустубута. Үрдүк үөрэхтээх физика, математика учуутала идэлээх. Оскуолаҕа үөрэппит оҕолоро үөрэххэ киирэн, сөбүлүүр идэлэрин баһылаабыттара.

Сааһыран баран үтүөлээх тренер Иван Николаевич Сивцев сүбэтинэн Уус Алдан Бээрийэтигэр олохтоох Гурий Иванович Турантаевка тиийэ сылдьан, билсэн, уу тэстибэт доҕордоспуттара. Сахалыы ньыманан бар дьонун ыарахан ыарыылартан өрүһүйбүт улуу отоһут, эмчит Дьөгүөрү улаханнык ылыммыта. Булка сыстаҕаһын, кыайыгаһын-хотугаһын, сээркээн-сэһэнньитин, киһилии көнө майгылааҕын, үтүө санаалааҕын  иһин бэйэтигэр ыйы-ыйынан олордоро.

Бороҕон оҕонньор сүбэтинэн Дьөгүөр Дьөгүөрэбис Картузов күн бүгүнүгэр диэри суруйуунан дьарыктанар. Саха сирин суруйааччыларын сойууһугар ылыллыбыта. “Чоруун” диэн псевдонимынан киэҥник биллэр суруйааччы буола үүннэ-сайынна. “Сунтаар сорсуннаах булчуттара”, “Бороҕон оҕонньор”, “Адьырҕалыын хапсыһыы”, “Тыын былдьаһыгар”, “Ытык иэс” диэн дьоһун кинигэлэри суруйан таһаартарда. Кинигэлэрэ дьон сэҥээриитин ылан, атыыга тута бүтэн иһэллэр. Булт уонна араас түбэлтэлэр тустарынан.  Биир кинигэтэ бэчээккэ сытар. Силиэстийэ үлэһитигэр анаммыт өссө атын кинигэтин суруйан бүтэрэн эрэр.

Онон Дьөгүөр Картузов-Чоруун билигин сүрүн дьарыга – кинигэ суруйуута.

Соторутааҕыта  тахсыбыт “Ытык иэс” диэн сүүрбэ икки тэттик кэпсээнтэн турар  саҥа кинигэтэ “Айар” кинигэ кыһатын маҕаһыыннарыгар атыыланар. Кинигэ кээмэйэ дьоҕус буолан, ааҕарга судургу, тиийимтиэ. Бороҕон оҕонньор дьиктилэрэ-дьээбэлэрэ, Улуу бөҕөс Бөҕө Тараҕай тустуулара, Күүстээх Ньыыхан, “Восьмой” диэн тустуук, “Байанай” сурунаал биллэрбит күрэстэригэр миэстэлэспит кэпсээнэ, дьиксиннэриилээх, быһылааннардаах, дьон майгыта-сигилитэ уо.д.а. араас олоххо буолбут түбэлтэлэр тустарынан бэрт сэргэх кэпсээннэрэ болҕомтону тардаллар.

Туттар тыла-өһө уу сахалыы.

Бороҕон оҕонньор анаан-минээн иҥэрбит сахалыы эмтээһининэн дьарыктанар. Элбэх киһини уһуннук эрэйи көрдөрбүт ыарыыларыттан өрүһүйэр алыптаах идэни баһылаата. Дьөгүөр Картузовка эмтэнэн атахтарыгар турбут, үтүөрбүт үгүс дьон махтаналлар. Сис, тоноҕос, илии-атах сүһүөхтэрин илбийэр, түөннүүр.

Гурий Иванович Турантаев бэйэтинэн ыкса ылыммыт ылгын уолун быһыытынан Дьөгүөр Картузов-Чоруун сатабыла сөхтөрөр. Саха сирин биир күүстээх быһыйа, Арассыыйа спордун маастара Сардаана Калитина атаҕын эчэтэн дьарыктаммат турукка киирбитин үтүөрдүбүтэ. Норуоттар икки ардыларынааҕы кылаастаах марафон маастара, Арассыыйа икки төгүллээх чөмпүйүөнэ Надежда Гоголеваны эмиэ эмтээбитэ. Киниэхэ эмтэнэн баран Бороҕон оонньууларыгар Сардаана бастаабыта, Надежда орто уһуннаах сиргэ сүүрүүгэ үһүс буолбута. Биир бэйэм сиһим, атаҕым сүһүөхтэрэ буулааннар, ый кэриҥэ оронтон турарбын, төҥкөйөн сирэйбин да суунарбын улаханнык ыарырҕатар буолуохпар диэри сордообуттарын биир чаас холобурдаах уҥуохпун-иҥиэхпин илбийэн, сүрдээҕин чэпчээбитим. Ол элбэҕи этэр дии саныыбын. Пандемия хааччаҕа, онлайн үлэ кэмэ буолан, биллэрбэккэ аһарбытым. Оскуолалар, тэрилтэлэр сабылланнар, дьон-ыччат түмсүүтэ тохтотуллан, туох да дьаһаллар ыытыллыбаттар этэ. Билигин үлэм сүнньүнэн сырыым-айаным кэҥээбитигэр дьылҕам Дьөгүөр Картузовы кытта билиһиннэрбититтэн үөрэбин.

Айылҕаттан дьоҕурдаах Дьөгүөр Картузовка барҕа махтал!

Тустаахтар, баҕар, туһаныахтара диэн санааттан сурукка тистим.

Сонуннар

Ордук ааҕаллар

Медик: «Бааһырбыт байыаспын дөйүтэн баран соһорум»
Дьон | 20.12.2024 | 12:00
Медик: «Бааһырбыт байыаспын дөйүтэн баран соһорум»
Олус ыарахан кэпсэтии буолла. Ааҕааччыга тиэрдэр гына суруйуохха наада. Дьоруойум сөбүлэҥин ылыахпын наада. Тоҕо диэтэххэ кини анал байыаннай дьайыыга сылдьыбыт кэрэ аҥаар,  ийэ, медик. Кэпсии олорон ытаатаҕына, сырҕан бааһын таарыйаммын диэн кэмсинэн ылабын, онтон эмиэ чочумча буолан баран салгыыбыт.   Кини позывнойун кистиир, ханна баарын, билигин ханна олорорун эмиэ эппэппит. Сөбүлэһэн...
Үчүгэйи көрөргө хаһан үөрэнэбит?
Сонуннар | 14.12.2024 | 13:15
Үчүгэйи көрөргө хаһан үөрэнэбит?
Сиэн көрө куоракка кыстыыбын. Күн аайы оптуобуһунан оҕобун оскуолаҕа илдьэбин-аҕалабын. Быйыл, дьэ, этэргэ дылы, үйэ тухары хамсаабатах маршруттарга уларыйыылар таҕыстылар. Бассаапка үөхсэн туох туһа кэлиэй, төттөрүтүн, дьону күөртээн эрэ биэрии курдук. Ол иһин бу турунан туран Дьокуускай куорат сахалыы тыллаах хаһыатыгар санаабын тиэрдэргэ соруннум.  Бииринэн, нэһилиэнньэбит ахсаана күн-түүн улаата турар....
Сатаан салайыы, тэрийии — эмиэ талаан
Дьон | 14.12.2024 | 18:00
Сатаан салайыы, тэрийии — эмиэ талаан
Харах ыларынан хаһан да бүппэттии көбүүс-көнөтүк тыргыллар бэс чагда устун айан суолунан сыыйылыннаран иһэн, «Дьиикимдэ» диэн суруктаах бэлиэҕэ биирдэ баар буола түстүбүт. Туох-хайдах дьарыктаах, тугунан тыынар нэһилиэккэ киирэн эрэрбитин аартыкка баар суруктаах бэлиэ кэпсииргэ дылы.  Бүгүн биһиги “Дьиикимдэ дьээбэлэрэ” көр-күлүү тыйаатырын артыыһа, режиссера, продюсера Артур Николаевич Егоровтыын нэһилиэк култуурунай олоҕун...