12.01.2024 | 10:00

Дьоһуннаах олохторунан киэн туттабыт

Дьоһуннаах олохторунан киэн туттабыт
Ааптар: Валентина Сартаева-Васильева
Бөлөххө киир

Сэрии хонуутугар олохторун толук биэрбит, сураҕа суох сүппүт, тыылга сыралаах үлэлэринэн эйэлээх олоҕу уһансыбыт билигин биһиги кэккэбитигэр суох дьоммут төһөлөөх ыарахан кэмнэргэ сымыһахтарын быһа ытыран, харахтарын уутун көрдөрүмээри тыйыс буола сатаабыттарын, хайдахтаах курдук эр санаалаахтарын, олоххо, кэрэҕэ тардыһыылаахтарын, кэргэттэригэр, дойдуларыгар муҥура суох бэриниилээх тапталларын ыһа-тоҕо кэпсээбэккэ олорон ааспыттарын үйэтитэр – биһиги ытык иэспит.

Сүгүрүйэбит, өлөрү кыайбыт үтүө ааттарыгар, махтанабыт Ийэ дойдуларын туһугар Улуу Кыайыыны уһансыбыттарыгар.

«Биһиги ийэбит Варвара Прокопьевна Васильева 1930 сыллаахха Ньурба улууһун I Хаҥалас нэһилиэгин Ампаардаах диэн сиригэр Сыбылыктар диэн халыҥ аҕа ууһугар төрөөбүт. Аҕата Егор Саввинов , ийэтэ Варвара 16-та оҕоломмуттарыттан ыарахан, аччык сылларга элбэх оҕо туораабыт. Биһиги ийэбит ахсыс оҕо эбит. Улахан оҕолоро эрдэ ыал буолан Ньурбанан, Маарынан тарҕанан олорбуттар, ийэм убайдара Бүөтүрдүүн уонна Куонаанныын хаалбыттар. Убайа Куонаан сэриигэ ыҥырыллан барарыгар атаарбыттарын ийэбит үчүгэйдик өйдүүр, кэпсиир этэ.

Былыр оҕо турбат ыала оҕолорун куоттаран атын ыалга ииттэрэ биэрэллэрэ. Ийэм иннигэр элбэх оҕо туораабыт буолан, ийэбитин «абааһылартан муннарабыт» диэн аймахтарыгар, элбэх оҕолоох ыалга Прокопий Васильевтаахха (Дьондуораптарга) ииттэрэ биэрбиттэр. Ийэбит барахсан, сэрии ыар сылларын оҕото буолан, 4 кылааһынан үөрэҕин түмүктээбит. Кыра сааһыттан хонууга бурдук быһыытыгар, хомууругар сылдьыбыт. Үлэһит киһиэхэ аһылык кээмэйдээх буолара диэн кэпсиирэ. «Сайын от үлэтигэр суоратынан, иэдьэгэйинэн, быыппаҕынан эрэ аһаан үлэлиирбит үгүс этэ, хаһан кэлиэр диэри суорат ымдаан буолара, дьэ төһө да ааспытын иһин ыарахан кэмнэр этилэр”, – диэн сонньуйа ахтара.

Аҕабыт Николай Данилович Васильев 1922 сыллаахха Ньурба улууһун I Хаҥалас Сууттааҕар күн сирин көрбүт. Бииргэ төрөөбүттэр үһүөлэр эбит, улахан убайа сэрии иннинээҕи аччык сылларга суох буолбут. Ол кэннэ ийэлэрэ икки кыра оҕотунуун огдообо хаалбыт. Онтон Данил Васильевич Васильевка (Тайыла) иккиһин кэргэн тахсар. Аҕыйах сыл олорон баран ийэлэрэ суох буолар. Онон аҕабыт кыра сааһыгар эһэбитигэр Тайылаҕа хаалар. Тайыла уолу бэйэтин оҕотун курдук иитэн-такайан улаатыннарар. Аҕабыт быраатын Афанасийы, биирин туола илик оҕону, аймахтарыгар ииттэрэ биэрбиттэр. Онтон эһэбит элбэх оҕолоох ыалтан Мотуруона диэн кыыһы ииттэ ылар. Кэнники иккиһин кэргэннэнэн баран Баһылай диэн уолланар. Эһэбит ииппит кыыһа эдьиийбит Мотуруона эдэр сааһыттан ыанньыксытынан үлэлээбит, 14-15 ынаҕы ыан, тарбыйахтарын бэйэлэрэ көрөн-истэн, манаан-аһатан, хомуйан сылдьыбыттар. Эдьиийбит үлэҕэ килбиэнин иһин Сталин мэтээлинэн наҕараадаламмыта, тыыл, үлэ бэтэрээнэ этэ.

Эһэбит Тайыла сааһыран да баран таах олорботох киһи, биһигини, сиэннэрин, илдьэ сылдьан Саһылынан оттуур этибит. Оччолорго барыта илии үлэтэ, илиинэн охсуу, мунньуу, оҕуһунан от кээһиитэ. Ыарахан үлэ да буоллар, оҕолор олус сөбүлүүр этибит. Саха киһитэ оҕуһун мииннэ эрэ тойуксут дииллэринии, эһэбит барахсан оҕуһун мииннэ да туойбутунан барара. Биһиги сүүрэн кэлэн сыарҕаҕа олорсо охсорбут. Күһүнүгэр бырыһыаҥҥа син элбэх оту аахсан ылара.

Сэрии сылларыгар, ас-таҥас кырыымчык кэмигэр сарсыардаттан киэһээҥҥэ диэри үлэ үөһүгэр сылдьар – сайынын от оттооһуна, сааһын мас кэрдиитэ, кыһын сүөһү көрүүтэ. Кыһын өссө атынан Өлүөхүмэ быыһыгар, Бодойдбоҕо эт, арыы эргинэн кэлэллэр эбит. Кэнники холкуос саҕана оҕо саадыгар муус, мас тиэйиитигэр үлэлээбит. Холкуос, сопхуос, үлэ бэтэрээнэ. Сэрии кэнниттэн, 1946 сыллаахха, биир бастакынан Сталин мэтээлинэн наҕараадаламмыта.

Ийэлээх аҕабыт 1949 сыллаахха сүрэхтэринэн сөбүлэһэн ыал буолбуттар. Онтон сыллата оҕолонон, ийэбит уһун кэмҥэ үлэлээбэккэ оҕолорун көрөн олорбута. II-с истиэпэннээх «Медаль материнства» наҕараадаламмыта.

Ийэбит аҕыйах сыл арыы собуотугар үлэлээбитэ. Онтон, биһиги улаатарбытыгар, оскуолаҕа Василий Николаевич Додохов дириэктэрдээн олорор кэмиттэн саҕалаан кэлин Ефим Васильевич Спиридонов дириэктэрдиэр диэри уһун кэмҥэ техүлэһит этэ. Хас үөрэх сыла саҕаланыыта оскуола өрөмүөнэ, кырааската, түннүк сууйуута-сотуута, ыраастааһын үлэтэ барыта кинилэр илиилэринэн ааһара.

Ити курдук үлэлээн-хамсаан биһиги төрөппүттэрбит бочуоттаах сынньалаҥҥа тахсыбыттара. Олох ыарахаттарын эт санныларынан тэлэн, 50 сыл бииргэ эйэ-дэмнээхтик олорон, алта оҕону күн сирин көрдөрөн, кинилэр тапталларынан угуттанан, ситиһиилэриттэн үөрэн, сиэн, хос сиэн минньигэһин билэн, дьоллоох олоҕу олорбуттара.

Кини уола Егор Павлович Алтаннааҕы СПТУ-ну бүтэриэҕиттэн 2008 сылга диэри төрөөбүт дойдутугар бэтэринээринэн үлэлээбитэ. Сопхуос да, олохтоохтор да сүөһүлэрэ барыта кини илиитинэн, көрүүтүнэн ааспыта. Түүн буоллун, күнүс буоллун саас сүөһү төрөөһүнэ, сүөһүгэ-сылгыга быһыы биэриитэ – барыта кини үлэтэ буолара. Билигин Саха сирин тыатын хаһаайыстыбатын бэтэрээнэ, бочуоттаах сынньалаҥҥа олорор.

Аҕабыт быраата Василий Данилович киинэ мэхээнньигэ идэлээх этэ. Ол эрэн нэһилиэк араас үлэтигэр эриллибитэ, ордук аҕабытын кытта тутууга үлэлээбитэ. Эргэ кулуубу үрдэтэн, эпсиэйдээн баран, сахалыы оһуор оҥорбуттарын өйдүүбүт, туттаҕына-хаптаҕына орун-оннугар оҥорон таһаарар эбит этэ. Кэнники сылларга Маалыкайга Марта Климовнаны кэргэн ылан, кыыс оҕолонон олорбута. Маалыкайга сопхуоска хачыгаарынан  үлэлээбитэ.

Биһиги төрөппүттэрбит, Николай Данилович уонна Варвара Прокопьевна Васильевтар, сэрии уонна сэрии кэннинээҕи ыар сыллары эттэринэн-хааннарынан билбит, төрөөбүт нэһилиэктэрэ сайдарын туһугар сыраларын биэрбит дьон.

Аҕабыт Николай Данилович бастаан Илимнииргэ оскуолаҕа киирэн үөрэммит. Оҕо сааһыгар Аҕыс-Тоҕус Мэхээлэни, Кылатчановтары уонна да атыттары кытта оонньуур-көрүлүүр, сүүрэр-көтөр, моҕотойдоон мэниктиир этибит диэн кэпсиирэ. Онтон Кутуйах Харахха 7 кылаастаах саҥа оскуола аһыллар. Ол кэмҥэ ыаллар аҕа уустарынан, түбэлэринэн алаастарынан бытанан, ыһыллан олорор кэмнэрэ этэ – Ампаардаах, Илимниир, Ойбон Эбэ, Киэҥ Ыарҕа уо.д.а. Биһиги эһэбит аах Илимнииргэ олорбуттар. Ол да иһин буолуо, аҕабыт 4 кылааһынан үөрэнэн бүппүт. Ас-таҥас тиийбэт, сэрии аччык сыллара буолан, аҕатыгар хара үлэҕэ эриллибитинэн барбыт.

Аҕабыт холкуос, сопхуос сайдарыгар күүһүн харыстаабакка үлэлээбитэ. Нэһилиэккэ оччолорго от, бурдук үүнүүтэ үрдүк, ынах сүөһү да элбэҕэ, сылгы да үгүс этэ. Ити кэмнэргэ хонуу, тутуу биригэдьииринэн үлэлээбитэ. «Марха» сопхуос Хаҥаластааҕы отделениетыгар 1960-с сыллар бүтүүлэригэр управляющайынан Антоновкаттан Иннокентий Михайлович Михайлов үлэлии кэлбитэ. Кини бэйэтин сатабыллаах салайааччы быһыытынан көрдөрбүтэ. Нэһилиэккэ тутуу үлэтэ күргүөмнээхтик баран, онно аҕабыт прорабынан, биригэдьииринэн үлэлээбитэ. Ол курдук кулууп саалатын үрдэппиттэрэ, Ленскэйтэн буруус мас аҕалтаран, исписэлиистэргэ анаан 4 кыбартыыралаах дьиэ, саҥа маҕаһыын, хортуоппуй подвала, интэринээккэ салҕааһын, начаалынай оскуола туппуттара. Ынахсыкка, Сууттаахха, Туойдаахха, Ордьоҕоҥҥо сүөһү тутар хотонноро тутуллубуттара, отделение тиэхиньикэтэ элбээн, киэҥ-куоҥ, ичигэс гараас үлэҕэ киирбитэ,

Аҕабыт сыралаах үлэтэ сыаналанан, 1965 сыллаахха Москуба куоракка ВДНХ-ҕа барар чиэскэ тиксибитэ. Үлэҕэ килбиэнин иһин Сталин мэтээлинэн, араас Махтал суруктарынан, грамоталарынан, Ньурба улууһун дьаһалтатын уонна бэтэрээннэр сэбиэттэрин ааттарыттан сэбиэскэй норуот Аҕа дойду Улуу сэриитигэр Кыайыытын 55 сыла туолар өрөгөйдөөх үбүлүөйүнэн наҕараадаламмыта. Тыыл, үлэ бэтэрээнэ. 1969 сыллаахха нэһилиэк сэбиэтин дьокутаатынан талыллан, оройуоҥҥа буолар мунньахтарга үгүстүк кыттыыны ылара.

Хаҥаласка 1973 сыл сайыныгар Ойбон Эбэ диэн сиргэ 25 миэстэлээх «Сарыал» оҕо үлэ-сынньалаҥ лааҕыра аһыллыбыта. Онно салайааччытынан Владимир Прокопьевич  Васильев анаммыта, онтон оҕолору үлэ үөрүйэхтэригэр уһуйар настаабынньыгынан биһиги аҕабыт Николай Данилович үлэлээбитэ. Сайын устата көхтөөх үлэ түмүгэр туонна оту оттоон туттараллара.

Аҕабыт сааһыран да баран кыайарын-хоторун тухары илиитин үлэттэн араарбатаҕа, сайынын от оттуура, кыһынын сүөһүтүн көрөн, биһиэхэ, оҕолоругар, сиэннэригэр, хос сиэннэригэр, этинэн, үрүҥ аһынан көмөлөһө олорбуттара.

Биһиэхэ, сахаларга, былыр-былыргыттан ынах сүөһү ыалы түмэр күүстээх диэн өйдөбүл баара. Оттон билигин үгүс ыал сүөһүнү туппата, илии үлэтэ сүтэн эрэрэ киһини мунчаардар.

Биирдиилээн киһи олоҕо, чахчы да, чыпчылыйыы эрэ түгэнэ элэҥнээн ааһар. Ол эрээри сыллар, үйэлэр усталарыгар хас биирдии киһи олоҕун салҕыыр ыччаттардааҕа көлүөнэттэн көлүөнэҕэ бэриллэн, ууһаан-тэнийэн, киһи аймах үүнэн-сайдан иһэр. Ийэлээх аҕабыт олохторун билигин кинилэр оҕолоро, сиэннэрэ, хос сиэннэрэ салҕыыллар. Күн сирин көрдөрбүт күндү дьоммут биһиэхэ куруутун холобур буолаллар, биһиги кинилэр үтүө дьыалаларынан, дьоһуннаах олохторунан киэн туттабыт»,- диэн ахтыытын түмүктүүр Дьокуускайга олорор, үлэлиир улахан кыыстара Аграфена Николаевна. Үөрүүлээх эрэ сонуннар үмүөрүһэн истиннэр, кэрэ эрэ кэпсээннэр кэккэлэһэн кэллиннэр диэн санаанан салайтаран, кытаанах доруобуйаны, этэҥҥэ буолууну баҕаран бэчээккэ бэлэмнээтим.

Сонуннар

Ордук ааҕаллар

Якут Шурик: «Атахпын быстыбатаҕым буоллар, өлүөхтээх этим»
Дьон | 21.11.2024 | 12:00
Якут Шурик: «Атахпын быстыбатаҕым буоллар, өлүөхтээх этим»
Суруналыыс кэпсэтэр киһитин кытта кини олоҕун, үөрүүтүн, үлэтин-хамнаһын, кыһалҕатын тэҥинэн үллэстэр. Оннук эрэ сүрэҕэр чугастык ылынан суруйдаҕына, ааҕааччыга тиийэр ыстатыйа тахсар. Мин Александрдыын кэпсэтэрбэр, чэчэгэйим кэйиэлээн, төбөм ыараан да ылбыта, сотору атаҕын быстарын кэпсиир, ону хайдах эрэ тулуйан истибит киһи дии олорбутум. Хараҕым уута да сүүрэрэ, күөмэйбин туох эрэ кэлэн...
Тулагыга «Икки булчут» скульптура баар буолла
Сонуннар | 12.11.2024 | 17:14
Тулагыга «Икки булчут» скульптура баар буолла
Баай Байанай ыйыгар түбэһиннэрэн, сэтинньи 9 күнүгэр Тулагы Киллэм нэһилиэгэр «Икки булчут» пааматынньык үөрүүлээх арыллыытын Тулагы оскуолатын үөрэнээччилэрэ киинэҕэ устаннар, сурукка тиһэннэр, нэһилиэк биир бэлиэ түгэнин үйэтиттилэр. Муниципальнай хантараак чэрчитинэн боруонсаттан кутуллубут скульптурнай композиция ааптарынан Арассыыйа худуоһунньуктарын сойууһун чилиэнэ Роман Викторович Босов буолар. Композицияҕа уончалаах уолчаан убайын таҥаһын кэтэн, бобуччу...
Кэлэр нэдиэлэттэн, сэтинньи 18 күнүттэн, куорат оптуобустара саҥардыллыбыт схеманан айанныахтара
Сонуннар | 14.11.2024 | 14:28
Кэлэр нэдиэлэттэн, сэтинньи 18 күнүттэн, куорат оптуобустара саҥардыллыбыт схеманан айанныахтара
Сэтинньи 18 күнүттэн куорат уопсастыбаннай тырааныспарын ситимин уларытыы бырайыагын маҥнайгы түһүмэҕин быһыытынан бастакынан 2, 4, 5, 6, 7, 14, 16, 19, 35 №№-дээх оптуобустар саҥардыллыбыт схеманан айаннаан саҕалыахтара. Быйылгыттан маны кытта икки урут суох, саҥа маршрут киирдэ – 11 №-дээх уонна 12 №-дээх. Санатар буоллахха, 11 №-дээх маршрут алтынньы 14...
Кэрэтик да иһиллэр «Кэрэтик»...
Дьон | 16.11.2024 | 10:00
Кэрэтик да иһиллэр «Кэрэтик»...
Прасковья Николаева, Кюннэй Андреева, Надежда Саввинова уонна Анастасия Фёдорова – түөрт иистэнньэҥ дьүөгэлиилэр «Кэрэтик» диэн кэрэ ааттаах мастарыскыайы тэрийбиттэр. Сөбүлүүр дьарыккынан бэйэ дьыалатын саҕалыыр икки бүк кынаттыыр!    Ийэ бэйэтэ тигэрэ ордук! Туох барыта кыраттан саҕаланар, ханнык баҕарар бэйэ дьыалата кыырпах саҕа санаа кыымыттан саҕыллар. 2017 сыллаахха Прасковья иккис оҕотугар олорон...