26.02.2022 | 14:00

Дьоһун кинигэ таҕыста

Дьоһун кинигэ таҕыста
Ааптар: Айыына ДОНСКАЯ
Бөлөххө киир

Дьокуускай куорат Дууматын 200 сыллаах үбүлүөйүнэн «Якутская городская Дума: руководители, депутаты, меценаты» диэн дириҥ историческай суолталаах кинигэ күн сирин көрдө. Кинигэ ааптара – гуманитарнай чинчийиинэн дьарыктанар уонна аҕыйах ахсааннаах хотугу омуктар кыһалҕаларын үөрэтэр институт старшай научнай сотруднига, историческай наука хандьыдаата Пантелеймон Пантелеймонович Петров.

Пантелеймон Пантелеймоновиһы кинигэтэ тахсыбытынан эҕэрдэлээн туран, сыралаах үлэтин кытта билиһиннэрэ түһэригэр көрдөстүм.

Пантелеймон Пантелеймонович Петров, историческай наука хандьыдаата:

Кинигэни куорат Дууматын сакааһынан, институтум салалтатын дьаһалынан оҥордум. Бу иннинэ, 2012 сыллаахха, куорат Дууматын туһунан эмиэ кинигэ суруйан турардаахпын. Салгыы, чинчийиибин дириҥэтэн, өссө архыып докумуоннарыттан эбэн, элбэх хаартыскалаан, тупсаран таһаарар сорук турбута. Уон сыл иһигэр куорат Дууматыгар саҥа дьокутааттар, саҥа салалта кэлэн, урукку дьокутааттар ыыппыт үлэлэрин салҕаан, билигин баар соруктары толорорго туһуламмыт үлэни ыыталлар.

Бу саҥа кинигэни суруйуум туһунан этэр буоллахха, мин Дьокуускай куорат историятынан үйэм тухары үлэлиибин. Онон ити туһунан суруйууга ханнык баҕарар история хайысхаларыгар сыһыаннаах архыып докумуоннарын үөрэппит буоламмын, улаханнык ыарырҕаппатаҕым. Ити кинигэ архыып докумуоннарыгар олоҕурбутун туһунан литература уонна төрүөттэр барыта ыйылла сылдьаллар. Үлэбин бүтэрэн, учуонай сэбиэккэ бигэргэтэн баран сакаасчыкка туттарбытым.

Билиҥҥи кэмнээҕи, аныгы Дуума үлэтин туһунан этэр буоллахха, кини сокуоннарга олоҕуран үлэлиир. Сокуон Арассыыйа үрдүнэн барыта биир. Онон ханнык даҕаны тосту-туора тутан, революция курдук үлэлиир буолбатах. Салгыы, биир күдьүс барар үлэ буолар. Биллэн турар, күн аайы саҥаттан саҥа күчүмэҕэйдэр үөскүүллэр, дьокутааттар ону быһаарарга кыһаллаллар. Кинилэр ылыммыт уураахтарынан ситэриилээх былаас – Олохтоох дьаһалта ол соруктары толорорго дьулуһуохтаах, тыырыллыбыт бүддьүөтү сөпкө туһаныахтаах. Ол буолар үлэ сүнньэ.  

Куорат Дууматын 200 сылыгар анаммыт «Якутская городская Дума: руководители, депутаты, меценаты» саҥа  кинигэ 3 бастан турар. Бастакы «О нуждах города благоволите, господа...» баска ыраах 1822-1919 сыллардааҕы Арассыыйа судаарыстыбаннай деятелэ, 1819 сыллаахха Сибиир генерал-губернаторынан анаммыт Михаил Михайлович Сперанскайтан саҕалаан историческай суолталаах хардыылар кэпсэнэллэр.

Сокуон быһыытынан 1822 сыллаахха Дьокуускай Сибиир орто куораттарын бөлөҕөр киирэрэ. Өлүөхүмэ, Бүлүү, Үөһээ Дьааҥы, Орто Халыма «аҕыйах дьонноох» куораттар ахсааннарыгар сылдьаллара. Дьокуускайга хаһаайыстыбаннай уонна суут дьыалаларын ратуша дьаһайара. Итиннэ городничай, икки ратман эбэтэр чилиэн уонна сэкирэтээр киирэллэрэ. Городничайдар уонна ратманнар атыыһыттар уонна мещаннар уопсай мунньахтарыгар талыллаллара. Кинигэҕэ суруллубутунан, холобур, 1848 сыллаахха куорат ратушатын штатыгар городничай, икки солбуйааччы уонна сэкирэтээр бааллара. Ратуша канцеляриятыгар үс столоначаалынньык уонна уон суруксут үлэлииллэрэ. Городничай үс сылга талыллара, ратушаҕа бэрэссэдээтэллиирэ. Кини куорат дохуотуттан хамнастанара. Рангалар тустарынан Таабылга городничай 9-с кылааска хапсара.

Ратманнар ратуша чилиэннэринэн ааҕыллар уонна үс сылга талыллар эбиттэр. Кинилэр хамнас ылбаттар, ол оннугар ремесленнигинэн, атыыһытынан үлэлиир кыахтаахтара. Ратманнар ратушаҕа сүбэлэһэргэ кыттар бырааптаахтар, атыы уонна тутуу боппуруостарын быһаарсаллар.

Кинигэ бастакы баһыгар Сибиир генерал-губернатора Михаил Михайлович Сперанскай, ол кэмҥэ городничайынан үлэлээбит дьон – Василий Ефремович Ромадин, Александр Иванович Мордвинов, Федот Алексеевич Аммосов, куорат кулубата Иван Платонович Колесов тустарынан суруллубут. Ол курдук, холобур, Василий Ефремович Ромадин олус үчүгэйдик сахалыы саҥарар эбит. Дьокуускай уокуруктааҕы суутун судьуйатынан үлэлии сылдьан 1828 сыллаахха городничай дуоһунаһыгар көһөрүллүбүт. Балыырга түбэһэн үлэтиттэн уһулла сылдьыбыт, онтон кырдьыга дакаастанан, 1839 сыллаахха дуоһунаһыгар төннөрүллүбүт. Дьокуускай городничайынан үлэлии сылдьан хаста даҕаны аатырбыт норуот дьоруойа Баһылай Манчаарыны доппуруостаабытын туһунан кинигэҕэ суруллар.

Архыып хаартыскаларынан көрдөххө, ол саҕанааҕы салалта өттүгэр аҕыйах олохтоох киһи баар. Олортон биирдэстэрэ Гавриил Васильевич Ксенофонтов (1888-1938), Дьокуускай куораттааҕы Дуума бэрэссэдээтэлэ. Кини 4-с Малдьаҕар нэһилиэгэр сэниэ ыалга төрөөбүт. Дьокуускайдааҕы реальнай училищены уонна Томскайдааҕы университет юридическай факультетын бүтэрбит. 1913-1917 сылларга Дьокуускайга адвокаттаабыт. 1917 сыллаахха Дьокуускай куораттааҕы Дуума бэрэссэдээтэлинэн талыллыбыт. Эмиэ ити сыл Гавриил Ксенофонтов политическай охсуһуу кыттыылааҕа буолбут, куорат салайар уорганыгар большевиктар киирэллэрин утарсыбыт. Итини сэргэ эмиэ 1917 сыллаахха Арассыыйа Учредительнай Мунньаҕын дэлэгээтинэн талыллар, онон сибээстээн куорат Дууматын куоластаахтарыттан  («гласнай») тахсар. Гавриил Васильевич 1919 сыллаахха политическай охсуһууттан тэйэн, науканан дьарыктанар. 1921 сылтан улуустарынан сылдьан фольклорнай, этнографическай матырыйааллары хомуйар. Историческай чинчийиитин түмүгүнэн 1937 сыллаахха Иркутскайга «Урааҥхай сахалар» диэн сыралаах үлэтин бастакы чааһа тахсар. 1938 сыл муус устар ыйын 22 күнүгэр Гавриил Ксенофонтовы НКВД уорганнара тутан хаайаллар, ити сыл атырдьах ыйын 28 күнүгэр ытылларга ууруллубут. 1957 сыл атырдьах ыйыгар реабилитацияламмыт.

Кинигэ иккис «Быть руководителем трудящихся масс…» диэн баһыгар 1920 сыллаахтан 1993 сылга диэри улахан кэрдиис кэм кэпсэнэр. Гражданскай сэрии кэмигэр, 1921-1922 сылларга, Дьокуускай куораттааҕы бэйэни салайыыны уоргана суох хаалбыт. Ити кэмҥэ куорат хаһаайыстыбатын Дьокуускай оройуонун, онтон губерния ревкомнара салайбыттар. Кинилэр сүрүннээн национализация чэрчитинэн чааһынай тэрилтэлэри күүс өттүнэн судаарыстыба бас билиитигэр көһөрүүнэн дьарыктаммыттар. 1918 сыллааҕы Сэбиэскэй Арассыыйа Конституциятыгар олоҕуран оробуочайдар, бааһынайдар уонна кыһыл армеецтар дьокутааттарын Сэбиэтэ тэриллибит. РСФСР саҕана быыбар систиэмэтэ уларыйбыт, ол курдук нэһилиэнньэ дьадаҥы араҥата 18 саастарыттан, ону тэҥэ эр дьону кытта дьахталлар куоластыыр быраабы ылбыттар. Сорох араҥаҕа отой да куоластыыр бобуллубут. Итиннэ атын дьон үлэтин туһанааччылар, үлэлээбэккэ эрээри дохуот киллэринээччилэр («пассивный доход»), чааһынай атыыһыттар, таҥара дьиэтин үлэһиттэрэ уо.д.а. киирбиттэр.

Иккис баска ол саҕанааҕы кэмҥэ үлэлээн ааспыт дьон туһунан сиһилии суруллубут, хаартыскалара архыыптан булуллубут. Олор истэригэр, биллэн турар, саха норуотун чулуу уола Платон Алексеевич Ойуунускай баар. Биллиилээх сэбиэскэй суруйааччы, учуонай-филолог, уопсастыбаннай деятель, саха литературатын төрүттээччи 1925 сыл саҥатыттан ахсынньы ыйыгар диэри Дьокуускайдааҕы куорат сэбиэтин бэрэссэдээтэлинэн үлэлээбит.

Кинигэни түмүктүүр «Современный период: важен голос каждого» диэн үһүс баска 1994 сыллаахтан саҕалаан бүгүҥҥү күҥҥэ диэри олох кэпсэнэр. Олохтоох бэйэни салайыныы Арассыыйаҕа 90-с сыллартан, 1990 сыллаахха Сойуус, онтон 1991 сыллаахха Бүтүн Арассыыйа бэйэни салайыныы туһунан сокуона тахсыаҕыттан чопчуламмыт. Дьокуускай куорат дьокутааттарын бастакы сессията 1995 сыл муус устар 22 күнүгэр ыытыллыбыт. Итиннэ Куорат мунньаҕын салалтата талыллыбыт: бэрэссэдээтэл – Александр Николаевич Ким-Кимэн, солбуйааччыта – Екатерина Семеновна Никитина. Итини тэҥэ секретариат тэриллибит, ону Евгений Николаевич Федоров салайбыт. Ити кэмнээҕи ыҥырыылаах дьокутааттар үлэлииллэрин саҕана куорат бүддьүөтүн көрүү уонна ылыныы саҥа көрүҥнэрэ киирбиттэр, куорат бырагыраамалара бигэргэтиллибиттэр, «Киин куорат статуһун туһунан» Сокуон саҥалыы оҥоһуллубут, Дьокуускай гербэтэ уонна былааҕа бигэргэтиллибит.

Кинигэ үһүс баһыгар 90-с сыллартан бүгүҥҥү күҥҥэ диэри үтүмэн үгүс үлэ барбыта, ити кэмнэргэ үтүө суобастаахтык үлэлээбит уонна үлэлии сылдьар дьон туһунан сиһилии кэпсэнэр.

 

Бүгүҥҥү балаһабытын Куорат дууматын бэрэссэдээтэлэ Альберт Никандрович Семенов билиҥҥи үлэ-хамнас туһунан этиититтэн быһа тардан түмүктүүбүт:

– Дуума куорат сайдыытыгар ирдэнэр быһаарыылары ылынар. Бэрэстэбиитэллээх уоргантан элбэх тутулуктаах, биһиги сири туһаныы Быраабылатын уларытыыттан саҕалаан куорат бүддьүөтүгэр тиийэ тыын суолталаах боппуруостары көрөбүт. Спикер буолуохпуттан бэрэстэбиитэллээх уорган куорат Олохтоох дьаһалтатын кытта биир хайысханан үлэлиэхтээх диэн бигэ санаалаахпын.

Улахан үбүлүөйүнэн сибээстээн, Куорат дууматын дьокутааттарыгар, аппарат үлэһиттэригэр махталбын тиэрдэбин. Нэһилиэнньэ интэриэһин туруулаһа, лидердэр, тэрилтэ салайааччылара, дириэктэрдэр, доруобуйа харыстабылын тэрилтэлэрин бэрэстэбиитэллэрэ о.д.а. – куорат кыһалҕаларын иһиттэн билэр дьон үгүстүк кэлэллэр. Дьокуускай куорат бүгүн күүстээх илии иһигэр баар. Үбүлүөйүнэн, күндү биир идэлээхтэрбит! Киин куораппыт туһугар салгыы таһаарыылаах үлэни баҕарабын

Сонуннар

Ордук ааҕаллар

Медик: «Бааһырбыт байыаспын дөйүтэн баран соһорум»
Дьон | 20.12.2024 | 12:00
Медик: «Бааһырбыт байыаспын дөйүтэн баран соһорум»
Олус ыарахан кэпсэтии буолла. Ааҕааччыга тиэрдэр гына суруйуохха наада. Дьоруойум сөбүлэҥин ылыахпын наада. Тоҕо диэтэххэ кини анал байыаннай дьайыыга сылдьыбыт кэрэ аҥаар,  ийэ, медик. Кэпсии олорон ытаатаҕына, сырҕан бааһын таарыйаммын диэн кэмсинэн ылабын, онтон эмиэ чочумча буолан баран салгыыбыт.   Кини позывнойун кистиир, ханна баарын, билигин ханна олорорун эмиэ эппэппит. Сөбүлэһэн...
Үчүгэйи көрөргө хаһан үөрэнэбит?
Сонуннар | 14.12.2024 | 13:15
Үчүгэйи көрөргө хаһан үөрэнэбит?
Сиэн көрө куоракка кыстыыбын. Күн аайы оптуобуһунан оҕобун оскуолаҕа илдьэбин-аҕалабын. Быйыл, дьэ, этэргэ дылы, үйэ тухары хамсаабатах маршруттарга уларыйыылар таҕыстылар. Бассаапка үөхсэн туох туһа кэлиэй, төттөрүтүн, дьону күөртээн эрэ биэрии курдук. Ол иһин бу турунан туран Дьокуускай куорат сахалыы тыллаах хаһыатыгар санаабын тиэрдэргэ соруннум.  Бииринэн, нэһилиэнньэбит ахсаана күн-түүн улаата турар....
Сатаан салайыы, тэрийии — эмиэ талаан
Дьон | 14.12.2024 | 18:00
Сатаан салайыы, тэрийии — эмиэ талаан
Харах ыларынан хаһан да бүппэттии көбүүс-көнөтүк тыргыллар бэс чагда устун айан суолунан сыыйылыннаран иһэн, «Дьиикимдэ» диэн суруктаах бэлиэҕэ биирдэ баар буола түстүбүт. Туох-хайдах дьарыктаах, тугунан тыынар нэһилиэккэ киирэн эрэрбитин аартыкка баар суруктаах бэлиэ кэпсииргэ дылы.  Бүгүн биһиги “Дьиикимдэ дьээбэлэрэ” көр-күлүү тыйаатырын артыыһа, режиссера, продюсера Артур Николаевич Егоровтыын нэһилиэк култуурунай олоҕун...