11.04.2024 | 18:00

«Доҕордоһуу» — оҕо саас ыллыга

Бу күннэргэ өрөспүүбүлүкэҕэ бастакынан тэриллибит “Доҕордоһуу” оҕо үҥкүү норуодунай ансаамбыла 55-с сылын бэлиэтээтэ. Өрөспүүбүлүкэ үҥкүүтүн эйгэтигэр суолу тэлбит ансаамбыл үөрүүлээх тэрээһинин туһунан санаа атастаһыыларын ааҕыҥ.
«Доҕордоһуу» — оҕо саас ыллыга
Ааптар: Вера Канаева, Таатта
Бөлөххө киир

“Доҕордоһуу” оҕо үҥкүү ансаамбыла 1969 сыллаахха Таатта улууһугар  тэриллибитэ. Ансаамбылы үҥкүүнү таҥара оҥостубут нарын-намчы Августина Клакинова диэн  хореограф идэлээх биир дойдулаахпыт тыа сирин оҕолорун үҥкүү кэрэ эйгэтигэр сыһыарар баҕаттан тэрийбитэ саарбаҕа суох. Ол инниттэн оҕо аймахха сөптөөх тылы-өһү көрдөөн, “Доҕордоһуу” диэн үтүөҕэ-кэрэҕэ түмэр, биир санааны, бииргэ буолууну кэрэһилиир аакка тохтоон, оччоттон баччаҕа диэри үтүмэн ситиһиилээх, кыайыы өрөгөйдөөх суол арылыннаҕа. Үҥкүү эйгэтигэр суолу сахпыт учууталларын, салайааччыны утумнаан, араас сылларга элбэх оҕо хореограф идэтин баһылаабыта, олор истэригэр Ада Васильева, Белла Шапошникова, Афанасий Афанасьев, Надежда Попова, Розалия Иванова, Анастасия Захарова, Сардана Софронова, Сардана Константинова, Валентин Козлов, Элеонора Маркова, Нюргустана Рахлеева, Туяра Кононова уо.д.а. бааллар. Оттон ансаамбыл салайааччыларынан кэккэ сылларга Ада Васильева, Белла Шапошникова, Анатолий Ермолаев, Надежда Попова, Розалия Иванова, Светлана Элякова үлэлээбиттэрэ. Кэнники сүүрбэттэн тахса сыл ансаамбылы СӨ култууратын үтүөлээх үлэһитэ Валентин Козлов таһаарыылаахтык салайар. Аан дойду таһымнаах үҥкүү бэстибээллэригэр, куонкурустарыгар “Доҕордоһуу” аата көмүһүнэн суруллан устуоруйаҕа киириитэ элбээтэ. Олору бигэргэтэ, Таатта тыйаатырын сыанатыгар биэс сыл буола-буола кэтэһиилээх үҥкүү киэһэлэрин тэрийэн, биир дойдулаахтарыгар, анаан-минээн көрө кэлэр ыалдьыттарга үөрүүнү бэлэхтиир. Быйылгы тэрээһин туһунан маннык кэпсииллэр:

 

Саха итэҕэлэ, эрэлэ үҥкүүнэн этилиннэ

“Доҕордоһуу” ансаамбыл дьоро киэһэтиттэн дьиэбэр дьиэрэҥкэйдээн киирдим, этиэх-кэпсиэх санаам кэллэ.

Оннук астык, киһи кутун-сүрүн көтөҕөр Кэрэни көрдүбүт. Бу киэһэ икки кэнсиэр буолан ааста – 1970, 1976, 1979 сс. туруоруллубут бастакы  үҥкүүлэр уонна ансаамбыл иккис тыыннанан, ураты суолу тобулбут 1999, 2002, 2005 сс. үҥкүүлэрэ. Түмсүү тирэҕэ, силиһэ-мутуга ууруллуута үҥкүүнэн сырдатылынна. Иккис кэнсиэргэ ситими салҕааччылар бүгүҥҥү кэм тэтимин биэрэр уонна сарсыҥҥыга эрэли үөскэтэр толорууларын биир тыынынан көрдүбүт, сырдаатыбыт, сэргэхсийдибит.

55 сыллааҕыта ансаамбылы тэрийбит Августина Клакинова Таатта үйэлээх эйгэтин оҥорорун туһунан санаабатаҕа буолуо да, бүгүн "Доҕордоһуу" үҥкүү ансаамбыла уопсастыбаны хамсатар күүс буолбутун сөҕө көрөбүт. Ол курдук, үбүлүөйдээх кэнсиэр туох сонуну, киһини кэрэхсэтэри таһаарда? Бастатан туран, үҥкүүһүт идэтин талбыт, үҥкүү алгыстаах суолун тутуспут ыччаттар саҥа үҥкүүлэри айан таһаарбыттара, саҥа хамсаныылары, сонун тэтимнэри туппуттара буолар. Иккиһинэн, оҕолор бары дойдуга бэриниигэ иитиллибиттэрэ көстөр, доҕордоһуу суолунан араас омук үҥкүүлэрин туруорбуттара кэрэхсэтэр.

Кэнники кэмҥэ тылбыт сүтээри гынна диэн дьиксинэр санаам көтө быһыытыйда, кэнсиэри көрө олорон эрэл баар эбит диэн санаа күүһүрдэ. Валентин Козлов таатталыы ураты толкуйа оҕолорго сахалыы тыыны ииппитин, иитэрин итэҕэйдим, “Мин – тааттабын”, “Мин итэҕэллээх сахабын”, “Мин доҕордоһууну өрө тутабын” диэн үҥкүүлэринэн ол ис хоһоонун толору тиэртилэр ээ. Дьэ астык!

Ытык киһибит Мандар Уус биир уус этиитин өрүү санааччы: «Тарбаҕыҥ имигэс буоллаҕына, өйүҥ-санааҥ да тобуллугас буолуохтаах». Ол да курдук 13 көлүөнэ үҥкүүһүт оҕолор 87% А.Е. Мординов аатынан Тааттатааҕы лицей үөрэнээччилэрэ. Урукку да өттүгэр үҥкүүһүттэр үксүлэрэ гимназияҕа, лицейгэ үөрэммиттэрин билэбит. Ити курдук көлүөнэлэр үгүстэрэ үөрэҕи, дьарыгы дьүөрэлииргэ, бириэмэни туһалаахтык аттарарга үөрэнэн, олоххо оннуларын булалларын ааһан, ыччат дьону сирдииллэр.

Үрүҥ күҥҥэ 

Үҥкүүнэн үҥэр

"Доҕордоһуу" 

Үтүө мааны ыччатын

Дорҕоонноохтук алгыыбын!

 

Изабелла Сивцева, п.н.к., А.Е. Мординов аатынан Тааттатааҕы лицей дириэктэрэ

 

Көлүөнэ ситимэ, доҕордоһуу туоһута, сайдыы тирэҕэ

Биһиги оҕолорбут, 13-с көлүөнэ иитиллээччилэрэ, бу ураты эйгэлээх түмсүүгэ 2015 сыллаахха үктэммиттэрэ. Хас биирдии оҕо талаанын арыйар, үрдүккэ-сырдыкка кынаттыыр, тулууру-дьулууру иҥэрэр, алтыһыыга үөрэтэр, ситиһиигэ сирдиир “Доҕордоһуу” ансаамбылга уһуйулла сылдьалларыттан астынабыт.

Ансаамбыл үбүлүөйдээх кэнсиэрэ толору дьону мунньан, 55 сыл устата бигэ туруктаах, баай историялаах, киэҥ хабааннаах түмсүү буоларын итэҕэттэ. Хас биирдии үҥкүү туспа эйгэҕэ, турукка киллэрэр сүдү күүстээҕин, төрүт үгэстэри иҥэрэр, иитэр-үөрэтэр суолталааҕын бэлиэтээтибит. Бу барыта үтүмэн үлэттэн тахсара арылыччы көһүннэ.

Маҥнайгы көлүөнэттэн саҕалаан бука бары биир дьиэ кэргэн курдук иллээхтэрэ киһи сүргэтин көтөҕөр. Биһиги оҕолорбут халыҥ түмсүү иитиллээччилэрэ буолалларыттан ис сүрэхтэн долгуйдубут, астынныбыт. Бу барыта үтүө үлэһиттэр, үгүс сатабыллаах салайааччылар сөптөөх хайысханы тутуһан үлэлии-хамсыы сылдьаллара, тиһиктээх үлэ ыыталларын түмүгэ буолар.

 

Лариса Табунанова, төрөппүт

 

Үҥкүү алыптаах киэһэтэ

Мин "Доҕордоһуу" кэнсиэрин көтүппэккэ көрөбүн. Биэс сыллааҕыта үйэ аҥаардаах үбүлүөйдээх кэнсиэркэ астына сылдьыбытым, былырыын “норуодунай” ааты чиҥэтэр тэрээһини эмиэ көтүппэтэҕим. Быйыл даҕаны дьон үөрүүтүнэн туолбут толору саала оҕолорбут үҥкүүлэринэн күүһүрэн, туспа энергетиканы үөскэппитэ. Сөп ээ, "Доҕордоһуу" үҥкүү ансаамбыла – төрөөбүт Тааттабыт оҕотун биһигэ. Манна оҕо саастан кэрэ  эйгэҕэ куустаран элбэх көлүөнэ ыччат үҥкүүлээтэҕэ, үҥкүүнү олохторун устата аргыс оҥоһуннаҕа, элбэх төрөппүтү түмтэҕэ. Кэнсиэр бастакы көлүөнэ үҥкүүһүттэрин толорууларыттан саҕаланна. Сорохтор сэттэ уон саастарыгар даҕаны үҥкүүһүт быһыытын моһуоннарын сүтэрбэтэхтэрэ сөхтөрдө, дьон биир кэм сэргээн хаһыытыы, таһына олордо. Көлүөнэттэн көлүөнэ араас тэтимнээх үҥкүүлэри көрдөрөн, икки чаас барбытын билбэккэ да хааллыбыт. Худуоһунньук уруһуйдаабытын курдук биир тэҥ хамсаныылар – бу барыта хореограф үлэтин түмүгэ. Бу атахтарын уураллара чэпчэкитин, ыстаналлара тэҥин, биир да сыыһа туттуу, сыыһа эргийии суох.

Үҥкүү эйгэтин номоҕор киирбит Августина Клакинованы биир дойдулаахтара үөрэ көрүстүлэр, чиэстиэхтэрин чиэстээтилэр, махтаныахтарын махтаннылар. Билигин да үҥкүүһүт быһыытын сүтэрбэтэх Августина Федоровна бэрт чэпчэкитик сэгэйэн бокулуоннуур, ис-иһиттэн сырдыыр. Өссө кэнсиэр иннинэ Светлана Кашкина булбут 1970 сыллааҕы сюжетын көрдүбүт. Классическай үҥкүү ирдэбиллэринэн станокка эрчиллиилэр уһуллан үйэлэргэ хаалбыттар.

Ордук сөҕө, үөрэ көрдүм Элеонора Маркова туруорбут "Корякскай үҥкүүтүн". Үҥкүүнү иккис көлүөнэ үҥкүүһүттэрэ толордулар. Таҥастара, музыкалара олус табыллыбыт, уларыйа сылдьар хас биирдии хамсаныылара абылаата, үөртэ!

Аны туран 12-с көлүөнэ үҥкүүһүтэ Наина Козлова 13-с көлүөнэ оҕолоругар туруорбут тэтимнээх, элбэх ойуулаах икки үҥкүүтүн көрөөччүлэр дохсун ытыс тыаһынан көрүстүлэр. Наина билигин култуура колледжыгар үөрэнэр, бэртээхэй хореограф тахсыыһы диэн үөрдүм, күлүкпэр имнэнним, үҥкүүнү туруорар талаан киһи аайы бэриллибэт ээ. Кыыспыт үөрэнэн, дойдутугар кэлэн, убайыгар кынат буолан айыа, оҕолору уһуйуо буоллаҕа, ситим быстыбатын.

Итиччэ элбэх үҥкүүттэн 7-с көлүөнэ кыргыттарын “Кэрэ Куо" диэн үҥкүүлэрин өйдөөн хааллым, чахчы, кэрэ быһыылаах-таһаалаах ыал ийэлэрэ олус да имигэстик үҥкүүлээтилэр. Үҥкүүнү Нюргина Алексеева туруорбут,  бу көлүөнэҕэ өссө биллэр ырыаһыт Сахамин баар эбит.

Кэнсиэри таптыыр ырыаһыппыт Дарья Лаврова Тааттатын туһунан ырыаларынан ситэрэн-хоторон, киэргэтэн биэрдэ. Кыыспыт өссө бэйэтин көлүөнэтин кытта үҥкүүлээтэ!

 

Лидия Григорьева, көрөөччү, үҥкүүнү таптааччы

 

Августина Клакинова: “Таптыыр идэбэр үөрэнэн, биэс уон сыл саха оҕотун классическай үҥкүүгэ үөрэтэн, хайа да омуктан хаалсыбакка үҥкүүлүөн сөптөөҕүн тус бэйэбэр уонна бар дьоммор дакаастаатым. Сахалыы үҥкүү үрдүктэн үрдүккэ көтөрүгэр кэллиэгэлэрим, үөрэппит оҕолорум, кинилэр төрөппүттэрин көмөлөрүнэн дабыдал үүннэрбиппинэн мин толору дьоллоохпун”,– дииринии, “Доҕордоһуу” ансаамбыл хас биирдии салайааччытын, үҥкүүһүтүн, төрөппүтүн үҥкүү ситимнии туруоҕа.

Сонуннар

Ордук ааҕаллар

Медик: «Бааһырбыт байыаспын дөйүтэн баран соһорум»
Дьон | 20.12.2024 | 12:00
Медик: «Бааһырбыт байыаспын дөйүтэн баран соһорум»
Олус ыарахан кэпсэтии буолла. Ааҕааччыга тиэрдэр гына суруйуохха наада. Дьоруойум сөбүлэҥин ылыахпын наада. Тоҕо диэтэххэ кини анал байыаннай дьайыыга сылдьыбыт кэрэ аҥаар,  ийэ, медик. Кэпсии олорон ытаатаҕына, сырҕан бааһын таарыйаммын диэн кэмсинэн ылабын, онтон эмиэ чочумча буолан баран салгыыбыт.   Кини позывнойун кистиир, ханна баарын, билигин ханна олорорун эмиэ эппэппит. Сөбүлэһэн...
Үчүгэйи көрөргө хаһан үөрэнэбит?
Сонуннар | 14.12.2024 | 13:15
Үчүгэйи көрөргө хаһан үөрэнэбит?
Сиэн көрө куоракка кыстыыбын. Күн аайы оптуобуһунан оҕобун оскуолаҕа илдьэбин-аҕалабын. Быйыл, дьэ, этэргэ дылы, үйэ тухары хамсаабатах маршруттарга уларыйыылар таҕыстылар. Бассаапка үөхсэн туох туһа кэлиэй, төттөрүтүн, дьону күөртээн эрэ биэрии курдук. Ол иһин бу турунан туран Дьокуускай куорат сахалыы тыллаах хаһыатыгар санаабын тиэрдэргэ соруннум.  Бииринэн, нэһилиэнньэбит ахсаана күн-түүн улаата турар....
Сатаан салайыы, тэрийии — эмиэ талаан
Дьон | 14.12.2024 | 18:00
Сатаан салайыы, тэрийии — эмиэ талаан
Харах ыларынан хаһан да бүппэттии көбүүс-көнөтүк тыргыллар бэс чагда устун айан суолунан сыыйылыннаран иһэн, «Дьиикимдэ» диэн суруктаах бэлиэҕэ биирдэ баар буола түстүбүт. Туох-хайдах дьарыктаах, тугунан тыынар нэһилиэккэ киирэн эрэрбитин аартыкка баар суруктаах бэлиэ кэпсииргэ дылы.  Бүгүн биһиги “Дьиикимдэ дьээбэлэрэ” көр-күлүү тыйаатырын артыыһа, режиссера, продюсера Артур Николаевич Егоровтыын нэһилиэк култуурунай олоҕун...