13.12.2024 | 12:00

Дьоҥҥо туһалыыр санаа күүскэр күүс эбэр

Дьоҥҥо туһалыыр санаа күүскэр  күүс эбэр
Ааптар: Айыына КСЕНОФОНТОВА
Бөлөххө киир

Любовь Бессонова – урбаанньыт, билии кыаҕын (компетенция) чинчийэр уонна үрдэтэр «ПРОФ-ЮНИТ» киин төрүттээччитэ. Кини И.М. Губкин аатынан Арассыыйатааҕы ньиэп уонна гаас судаарыстыбаннай университетын бүтэрбит. 11 сыл судаарыстыбаннай сулууспаҕа ситиһиилээхтик үлэлээбит. Онтон иккис оҕотун күүтэр кэмигэр «тугунан дьарыктаныахпын сөбүй?» диэн санаа үүйэ-хаайа тутар буолбут. Хата, ол саҕана судаарыстыбаннай атыылаһыы тиэмэтин («госзакупки») үөрэтэн көр диэн ким эрэ сүбэлээбит, өй укпут. Ону бүгүҥҥү чаҕылхай дьоруойбут тута иилэ хабан ылбыт. Бэйэтин суолун арыннаҕа ол.

Урбаанньыттарга көмөлөһөр урбаанньыт

– Бу иннинэ «госзакупка» хайдах барарын удумаҕалаппат да этим. Судаарыстыбаннай тэрилтэлэр үлэлэригэр наадалаах табаары, үлэни уонна өҥөнү барытын тендер нөҥүө атыылаһалларын истэн эрэ билэрим, ол эрээри хаһан даҕаны дьарыктаныам дии санаабатаҕым. Онтон элбэҕи ааҕан, улам киирэн испитим. Кыыһым балтараа сааһын туолбутугар, үлэбиттэн уурайбытым уонна 2019 сыллаахха бастакы тэрилтэбин арыйбытым, тендердэргэ кыттан барбытым. Билэр дьоммор, доҕотторбор, урбаанньыттарга судаарыстыбаннай атыылаһыыга кытталларыгар, сайаапка биэрэллэригэр көмөлөһөр буолбутум. Барыта табыллан, санаа хоту сатанан испитэ. Онтон тендергэ кыттар тэрилтэлэри арыаллыыр тэрилтэбин арыйбытым.

Билигин сакаасчыттары уонна поставщиктары үөрэтэбит, тендергэ кытталларыгар арыаллыыбыт, тендер аналитикатын оҥоробут. Килийиэннэрбитигэр сүбэлээн-амалаан, ыйан-кэрдэн биэрэбит, көмөлөһөбүт, кинилэри үөрэтэбит, – диэн кэпсэтиибитин саҕалыыр сэргэх сэһэргэһээччибит.

 

Үүнэр-сайдар суол

Любовь Георгиевна – 2021 сылтан биисинэс-инкубатор резиденэ. Сайаапкатын үстэ дьирээлэһэн туран биэрбит, биисинэс-былаанын ситэрэн, тупсаран. Дьэ, онтон кэмниэ кэнэҕэс үһүс сырыытыгар эрэ күрэҕи ааспыт.

– Саҥа саҕалаан эрэр урбаанньыттарга «Мин биисинэһим» киин көмөтө баһаам. Биһиги чэпчэтиилээх усулуобуйаҕа офистанан олоробут. Мин санаабар, бу судаарыстыба өттүттэн олус улахан өйөбүл. Өҥөнү оҥорор тэрилтэ хайаан да туспа кэбиниэттээх буолара ордук. Тэйиччиттэн олорон үлэлиир син биир ыарахан.

Бастаан саҕалыырбар билбэтим элбэх буолан, барыта да интэриэһинэй этэ. «Мин биисинэһим» киин ыытар биир да вебинарын, семинарын көтүппэккэ сылдьыбытым. Онон үөрэх ыларбар киин төһүү күүс буолбута. Бу эйгэҕэ чахчы үлэлии-хамсыы сылдьар дьон билиитин үллэстэллэрэ туохтааҕар да ордук туһалаах дии санаатым. Ону барытын үлэҕэр киллэрэн истэххинэ, түргэнник сайдар эбиккин. Үөрэх – үүнэр-сайдар суол.

«Мин биисинэһим» киин резиденнэрин араас тэрээһиннэргэ ыҥырар, холобур, биһиги бэйэбит саҥа саҕалаан эрэр урбаанньыттарга вебинардары ыытабыт. Саха сирин улуустарыгар сылдьан, босхо семинардары тэрийэбит, нэһилиэнньэ киэҥ сэҥээриитин ыллыбыт. Кэнники икки сыл «Поставщики Якутии» диэн конференцияны иилээн-саҕалаан ыыттыбыт. Былырыын онлайн көрүҥүнэн буолбута, 264 киһи кыттыбыта. Быйыл илэ көрсүһүүнү тэрийбиппит. Итини сэргэ, «Мин биисинэһим» киин нөҥүө тендергэ кыттааччыларга босхо консультациялары ыытабыт.

Ким бэйэтигэр эрэллээх – ол инникилээх

– Билигин урбаанньыт, бэйэ дьарыктаах киһи тоҕо элбээтэ дии саныыгын? Сорохтор бастакы үс сыл ордук ыарахан дииллэрэ кырдьык дуо?

– Статистиканы көрдөххө, сыл аайы урбаанньыт ахсаана элбии турар. Ону тэҥэ сорох тэрилтэлэр үс сыл үлэлээн баран сабыллан хаалаллара эмиэ баар.

Ыччат урбаан эйгэтигэр холоноро олус үчүгэй дии саныыбын. Ол эрээри ситиһии элбэх сыраттан-сылбаттан кэлэрин, үлэ үгүс бириэмэни эрэйэрин билиэххэ наада. Мин санаабар, бэйэлэригэр эрэллээх, идиэйэлэригэр итэҕэйэр дьон ырааталлар. Оттон дьыалаҥ нэһилиэнньэҕэ, дьоҥҥо туһалаах буоллаҕына, өссө үчүгэй. 

Бастакы сылларга билбэтиҥ-көрбөтүҥ үгүс, элбэххэ үөрэнэҕин, уопутураҕын, ааккын оҥостоҕун. Ол эбэтэр тургутууну ааһаҕын, ону этэҥҥэ туоруоххун наада. Бэйэҥ санааҕын чопчу билэр, ол туолуо, олоххо киириэ диэн итэҕэйэр буоллаххына, барыта табыллар.

 

Ирдэбиллээх салайааччы

– Үлэ күнэ хайдах ааһарый?

– Билигин, биэс сыл ааспытын кэннэ, биллэн турар, чыҥха атын хартыына (күлэр). Урут, этэргэ дылы, хара сарсыардаттан «закупка» диэбитинэн уһуктарбыт. Тендернэй исписэлиис үлэтэ – ааҕыы, ырытыы, кэтээн көрүү, сайаапкалары толоруу, биэрии уо.д.а. Кыра да бытархайга болҕомтолоох буолуоххун, элбэх кумааҕыны сыымайдыаххын, барытын сыныйан үөрэтиэххин наада. Килийиэннэри кытта ыкса ситимнээх үлэ барыахтаах. Онно эбии күннээҕи боппуруос аата-ахсаана биллибэт.

«Госзакупка туһунан» 44 №-дээх федеральнай сокуоҥҥа субу-субу уларыйыы киирэр. Онон, бу эйгэҕэ киирдиҥ да, тохтообокко үөрэнэр эбиккин. Ол эбэтэр биһиги үлэбит күн аайы эбиллэр билиини эрэйэр. Биэс сыл тухары үөрэнэн бүтэ иликпин (күлэр).

 

Бу иннинэ Арассыыйа араас регионнарыгар олорор поставщиктары кытта үлэлээн кэлбиппит. Холобур, Москваҕа олорор килийиэннэрбитин кытта күнүстэри-түүннэри кэпсэтиини ыытарбыт. Бириэмэбит араастаһар буолан, арыый ыарахан соҕус этэ. Кэлин Саха сирин поставщиктарын эрэ кытта үлэлиибит.

Мин билигин тэрилтэм стратегиятынан, маркетинг боппуруостарынан дьарыктанабын, онно сүрүн болҕомтобун уурабын. Үлэни сүрүннүүр, дьаһайар дьонноохпун, эркин курдук эрэнэр хамаандалаахпын.

– Салайааччы быһыытынан хайдаххыный?

– Ирдэбиллээхпин, бириинчикпин. Хаачыстыба туһугар үлэлиибит диэн санаанан салайтарабын. Мэлдьи элбэх идиэйэлээхпин, сороҕор сылаталыыбын быһыылаах (күлэр). Тоҕо диэтэххэ үлэбин олус сөбүлүүбүн, өрүү саҥаны, сонуну көрдүүбүн. Бииртэн биир бырайыагы олоххо киллэрэрбин ордоробун. Аны саҕалаабыппын хайаан да бүтэрэн баран тэйэбин, сыһарбын-соһорбун, хайа эрэ боппуруос өр кэмҥэ быһаарыллыбакка, «ыйанан» хааларын сөбүлээбэппин. Арай биир бырайыакпытын сыл курдук олоххо кыайан киллэрбэккэ сырыттыбыт. Хата, онтубутун соторутааҕыта толордубут – сэтинньи ыйга поставщиктарга конференция уонна тендер квиз ыыттыбыт. Урбаанньыттартан махтал бөҕө туттубут.

Былырыын кэмиэрсийэтэ суох автономнай тэрилтэбит «Акселератор. Сельский поставщик» диэн бырайыагынан СӨ Ил Дарханын Гранын ылбыппыт. Ол көмөтүнэн поставщиктарга онлайн куурус оҥорбуппут, тыа сирин 375 олохтооҕун «госзакупкаҕа» кыттарга босхо үөрэттибит. Мин санаабар, бу олус үчүгэй көрдөрүү. Эһиил эмиэ кыттар былааннаахпыт.

Итинник биир бырайыак ситиһиилээхтик түмүктэннэҕинэ, саҥаны саҕалыыр санаа саҕыллар эбит.

– Билигин ааппытын-суолбутун оҥоһуннубут, атахпытыгар турдубут диир кыахтааххын дуо?

– Биһигини билэллэр, сүбэлииллэр. Хаачыстыбабыт мөлтөөбөт, тупсан эрэ иһэр. Билигин тендернэй исписэлиистэри үөрэтэр куурустары ыытабыт. Ый аайы бөлөх хомуллар, туолар. Онон ааппытын-суолбутун оҥоһуннубут диэн бигэ этэр кыахтаахпын.

– Дьиэ кэргэни уонна үлэни хайдах дьүөрэлиигин? 

– Бастакы сылларга ити уустук соҕус боппуруос этэ. Күнүстэри-түүннэри көмпүүтэр иннигэр хам хатанан олорорум. Билигин үлэни уонна дьиэ кэргэни тэҥҥэ дьүөрэлиир буоллум, сатаан араара үөрэнним. Уруккуга холоотоххо, дьиэ кэргэммэр, оҕолорбор элбэх бириэмэбин аныыбын. Оҕолор үөрэхтэригэр, эбии дьарыктарыгар улахан болҕомтобун уурабын.

«Умуллан» хаалымаҥ!

– Ситиһии төрдө туохханый?

–  Мин айылҕаттан дьоҥҥо көмөлөһөрбүн сөбүлүүр киһибин. Биһиги урбаанньыттарбыт «госзакупка» эйгэтигэр Арассыыйа ырыынагар күрэстэһэллэрэ уустук. Кинилэргэ көмөлөһөн, Саха сирин экономиката сайдарыгар кыра да буоллар кылааппын киллэрэбин дии саныыбын. Сорохтор элбэҕи билбэттэриттэн кыахтарын туһамматтар. Үгүстэр чаҕыйан кыттыбаттар. «Барыта биһигинэ суох эрдэттэн быһаарыллар» дии саныыллар. Дьиҥэр, оннук буолбатах. Биһиги биир сүрүн сыалбыт-сорукпут – нэһилиэнньэҕэ сырдатар үлэни ыытыы. Урбаанньыттар судаарыстыбаҕа бэйэлэрин табаардарын, үлэлэрин, өҥөлөрүн атыылыылларыгар тирэх буолабыт: үөрэтэбит, куурус кэнниттэн арыаллыыбыт. Биһиги выпускниктарбыт үксүлэрэ «госзакупкаҕа» кытталлар, кыайаллар, улахан хантараактары баттаһаллар.

Манна биири этиэхпин баҕарабын: баҕар, ситиһии бастакы сырыыттан кэлиэ суоҕа, ол эрээри үлэлээн истэххэ, барыта табыллар эбит.

Билигин олус үчүгэй кэмҥэ олоробут: үөрэх, куурус элбэх. Ол эрээри олус элбэҕи сырсан, күүскүн-күдэххин, эрчимҥин халтайга ыытар куттал баар. Онон бэйэҕэр туһалааҕы эрэ сомсон, үлэҕэр киллэрэр ордук дии саныыбын.

 

– Саҥа саҕалаан эрэр урбаанньыттарга тугу сүбэлиэҥ этэй?

– Аан бастаан дьоҥҥо тугу туһалыаххытын баҕараргытын быһаарыныҥ, ис санааҕытын иһиллэниҥ. Аҥаардас харчы эрэ туһугар үлэлээн, элбэҕи ситиспэккин, дохуот киллэрбэтэххинэ, бэрт түргэнник «умуллан» хаалыаххын сөп. Ону өйдүөххэ наада. Ол оннугар дьоҥҥо туһалыыр санаа күүскэр күүс эбэр, кынат үүннэрэр – ыраах барар кыахтанаҕын. Салгыбакка үөрэниҥ, билиигитин-көрүүгүтүн хаҥатартан хал буолумаҥ!    

Хаартыскалар: дьоруой тус архыыбыттан

Сонуннар

Ордук ааҕаллар

Медик: «Бааһырбыт байыаспын дөйүтэн баран соһорум»
Дьон | 20.12.2024 | 12:00
Медик: «Бааһырбыт байыаспын дөйүтэн баран соһорум»
Олус ыарахан кэпсэтии буолла. Ааҕааччыга тиэрдэр гына суруйуохха наада. Дьоруойум сөбүлэҥин ылыахпын наада. Тоҕо диэтэххэ кини анал байыаннай дьайыыга сылдьыбыт кэрэ аҥаар,  ийэ, медик. Кэпсии олорон ытаатаҕына, сырҕан бааһын таарыйаммын диэн кэмсинэн ылабын, онтон эмиэ чочумча буолан баран салгыыбыт.   Кини позывнойун кистиир, ханна баарын, билигин ханна олорорун эмиэ эппэппит. Сөбүлэһэн...
Үчүгэйи көрөргө хаһан үөрэнэбит?
Сонуннар | 14.12.2024 | 13:15
Үчүгэйи көрөргө хаһан үөрэнэбит?
Сиэн көрө куоракка кыстыыбын. Күн аайы оптуобуһунан оҕобун оскуолаҕа илдьэбин-аҕалабын. Быйыл, дьэ, этэргэ дылы, үйэ тухары хамсаабатах маршруттарга уларыйыылар таҕыстылар. Бассаапка үөхсэн туох туһа кэлиэй, төттөрүтүн, дьону күөртээн эрэ биэрии курдук. Ол иһин бу турунан туран Дьокуускай куорат сахалыы тыллаах хаһыатыгар санаабын тиэрдэргэ соруннум.  Бииринэн, нэһилиэнньэбит ахсаана күн-түүн улаата турар....
Сатаан салайыы, тэрийии — эмиэ талаан
Дьон | 14.12.2024 | 18:00
Сатаан салайыы, тэрийии — эмиэ талаан
Харах ыларынан хаһан да бүппэттии көбүүс-көнөтүк тыргыллар бэс чагда устун айан суолунан сыыйылыннаран иһэн, «Дьиикимдэ» диэн суруктаах бэлиэҕэ биирдэ баар буола түстүбүт. Туох-хайдах дьарыктаах, тугунан тыынар нэһилиэккэ киирэн эрэрбитин аартыкка баар суруктаах бэлиэ кэпсииргэ дылы.  Бүгүн биһиги “Дьиикимдэ дьээбэлэрэ” көр-күлүү тыйаатырын артыыһа, режиссера, продюсера Артур Николаевич Егоровтыын нэһилиэк култуурунай олоҕун...