21.09.2023 | 10:00

Дмитрий Петрович Коркин төрөөбүтэ 95 сыла

Улуу тренер аата умнуллубат
Дмитрий Петрович Коркин төрөөбүтэ 95 сыла
Ааптар: Баһылай ПОСЕЛЬСКАЙ
Бөлөххө киир

Саҥа кинигэлэр сүрэхтэннилэр

Саха АССР, РСФСР, ССРС үтүөлээх тренерэ, Саха АССР үтүөлээх учуутала Д.П. Коркин төрөөбүтэ 95 сылыгар аналлаах өрөспүүбүлүкэ таһымнаах дьаһаллар хото ыытылыннылар.

Ол курдук, улуу тренер туһунан кини иитиллээччилэрэ суруйан таһаартарбыт кинигэлэрэ сүрэхтэннилэр.

Көҥүл тустууга ССРС спордун маастара, РСФСР норуотун үөрэҕириитин туйгуна, Саха Өрөспүүбүлүкэтин үөрэҕириитин үтүөлээх үлэһитэ Петр Николаевич Калачев “Учууталым илиитэ” кинигэтин сүрэхтэниитигэр үгүс үтүө санаалар, махтал тыллара этилиннилэр. Бөтүрүөбүс ылгын бөҕөһө улахан ыйааһыҥҥа Арассыыйа уолаттарын уонна улахан дьоҥҥо чемпионаттарын боруонса призера, хапсаҕайга Саха сирин уонна Манчаары Спартакиадатын үрүҥ көмүс призера, күүстээх дуобатчыт, саахыматчыт, “Саха” циркэтин маҥнайгы көлүөнэ артыыстарын Кытайга илдьэ сылдьан үөрэттэрбит, Пекиннээҕи колледж туйгун учуутала ааттаах-суоллаах Петр Николаевич Калачев тустууктар арыллааһыннарын чахчыларын арыйар, сэмэлиир. Кинигэ иитэр-өйдөтөр суолталаах.

Көҥүл тустууга ССРС, Европа, аан дойду уонна Олимпийскай оонньуулар чөмпүйүөнэ Павел Пинигин учууталын, тренерин Дмитрий Петрович Коркин туһунан “Мин учууталым Дмитрий Коркин. Триумфка айан” кинигэтин сүрэхтэниилэрэ тустууга уһуйуллубут төрөөбүт-үөскээбит  Чурапчытын спортивнай оскуола-интэринээтигэр уонна Дьокуускай куоракка “Медиа-кииҥҥэ” суруналыыстары кытта буолан ааста. 1500 экземплярынан тахсыбыт кинигэҕэ сэдэх хаартыскалар, докумуоннартан ылыллыбыт Д.П. Коркин олоҕун, тренерскэй уонна научнай үлэтин, тустуунан дьарыктаныы ис хоһоонун, тустуу мындыр албастарын  тустарынан баай матырыйааллар бааллар. Ону таһынан, куйаар кодунан Павел Пинигин сөбүлээн туттар албастарын арыйан көрүөххэ сөп.

Тренердэргэ, тустуунан дьарыктанааччыларга олус туһалаах, Коркин олоҕун, айар үлэтин туһунан бэртээхэй кинигэлэр күн сирин көрдүлэр.

Чурапчыга – табаарыстыы көрсүһүү

Чурапчыга А.И. Федотов спортивнай саалатыгар Монголия уонна Саха сирин көҥүл тустууга хамаандаларын табаарыстыы көрсүһүүлэрэ буолан ааста. 

Манна Саха Өрөспүүбүлүкэтин спорка миниистирэ Леонид Спиридонов, улуус баһылыга Степан Саргыдаев, Д.П. Коркин маҥнайгы көлүөнэ иитиллээччилэрэ, өрөспүүбүлүкэ сүүмэрдэммит хамаандатын сүрүн тренерэ Александр Оконешников, билигин үлэлии сылдьар тренердэр, тустууну таптааччылар кытыннылар. Саха сирин сүүмэрдэммит хамаандата Монголия бөҕөстөрүн  7:0 кыайда.

НПК үгүс кыттааччыны түмтэ

Балаҕан ыйын 6 күнүгэр 1 №-дээх Бырабыыталыстыба дьиэтин улахан мунньахтыыр саалатыгар норуоттар икки ардыларынааҕы научнай-практическай конференция буолла.

Улуу тренер Д.П. Коркин хаалларбыт үлэлэригэр уонна нэһилиэстибэтигэр олоҕуран кэпсэтиилэр биэс сүрүн хайысханан бардылар. Конференцияҕа Арассыыйа уонна тас омук дойдуларыттан, Сахабыт сириттэн учуонайдар, тренердэр, спорт араас салааларын салайааччылара, олор истэригэр Арассыыйа уонна омук дойдуларын бөдөҥ исписэлиистэрэ кытыннылар. Спорт сайдыан сөптөөх хайысхатын барытын хабан, Д.П. Коркин улахан көрдөрүүлэри ситиспитэ, дьарыктыыр ураты ньымалара, дьыл-хонук аастаҕын аайы кини учуонай, тренер, педагог, киһи быһыытынан  арыллан иһэрэ киэҥ кэпсэтиигэ турдулар. Конференция кини үлэлэригэр олоҕуран, аныгы тустуу сайдыыта хайдах барыахтааҕын  улахан учуонайдар чопчулаан иһитиннэрдилэр. Аны түөрт сылынан, Д.П. Коркин төрөөбүтэ 100 сылын көрсө, бэлиэтэммит дьаһаллар олоххо киирэллэригэр үгүс тэрээһин үлэлэр ыытыллыахтара. 

«Куоркуннуу олоруохха, Куоркуннуу айыахха!»

Үтүө үгэс быһыытынан сыллата ыытыллар “Куоркуннуу олоруохха, Куоркуннуу айыахха!” быйылгы быыстапка уонча күн устата киэҥ сэҥээриини ылла.

Быыстапка  “Строительнай” атыы-эргиэн киинигэр 2018 сылтан үлэлиир. 1967 – 1977 сылларга Коркин тренердээбит Чурапчытааҕы оскуола-интэринээти араас сылларга бүтэрбиттэр түмсэн ахтыылары оҥорбуттара сэргэхситиини таһаарда. Махтал тыллара, эҕэрдэлэр дуораһыйдылар. Коркин үлэлээбит Чурапчытааҕы спорт оскуола-интэринээти араас сылларга бүтэрбиттэр, биллиилээх спорт маастардара, бөҕөстөр, спортсменнар, норуот хаһаайыстыбатын үлэһиттэрэ учууталларын, тренердэрин Дмитрий Петрович Коркин туһунан ахтан-санаан аастылар.

Улуу тренер олорон, үлэлээн ааспыт чаҕылхай кэрдиис кэмин, оҥорон хаалларбыт сүҥкэн дьыалатын, кини иитиллээччилэрин, үөрэнээччилэрин, бииргэ алтыспыт дьонун-сэргэтин ааттарын докумуоннарынан, хаартыскаларынан үйэтитии суолтата сүҥкэн. Быыстапканы Т.А. Гоголева уонна Д.А. Егоров көҕүлээн сыллата тэрийэллэр.

Турнир үрдүк таһымнаахтык ааста

Балаҕан ыйын 7-8 күннэригэр “Триумф” спорт комплексыгар аан дойду чемпионатыгар путевкалаах Д.П. Коркин кэриэһигэр дойдулар икки ардыларынааҕы турнирга 15 дойдуттан 180-ча бөҕөс көбүөргэ таҕыста.

Саха сирин хамаандата түһэн биэрбэтэ. Үрдүкү ыйааһыннар бэркэ туһуннулар. 57 кг Алексей Копылов боруонса, 70 кг Виктор Рассадин кыһыл көмүс, Константин Капрынов үрүҥ көмүс, 79 кг Роман Николаев үрүҥ көмүс, Василий Кириллин боруонса, 92 кг Ньургун Сергин үрүҥ көмүс мэтээллэри ылаттаатылар.

Турнир кыайыылаахтара Арассыыйа, Европа, аан дойду чөмпүйүөннэрэ, призердара 57 кг Рамиз Гамзатов (Ставрополь), 61 кг Кежик Монгуш (Иркутскай), 65 кг Кежик Чымба (Красноярскай), 70 кг Виктор Рассадин (Таджикистан), 74 кг Давид Баев (Ханты-Мансийскай АУо), 79 кг Гаджимурад Алихмаев (Брянск), 86 кг Артур Найфонов (Ханты-Мансийскай АУо), 92 кг Амирхоссейн Фирузпур (Иран), 97 кг Шамиль Мусаев (Дагестан), Амирреза Масуми (Иран) курдук күүстээх бөҕөстөр турнир таһымын үрдэттилэр. 

Бастаабыттар уонна миэстэлэспиттэр 300-200-100 тыһ. солк., тренердэр 100 тыһ.солк. наҕараадаланнылар. Виктор Рассадин турнир кыайыылааҕынан алта төгүл буолла уонна сүрүн бирииһи –  “Үрүҥ көмүс борцовканы” ылла.

Сонуннар

Ордук ааҕаллар

Медик: «Бааһырбыт байыаспын дөйүтэн баран соһорум»
Дьон | 20.12.2024 | 12:00
Медик: «Бааһырбыт байыаспын дөйүтэн баран соһорум»
Олус ыарахан кэпсэтии буолла. Ааҕааччыга тиэрдэр гына суруйуохха наада. Дьоруойум сөбүлэҥин ылыахпын наада. Тоҕо диэтэххэ кини анал байыаннай дьайыыга сылдьыбыт кэрэ аҥаар,  ийэ, медик. Кэпсии олорон ытаатаҕына, сырҕан бааһын таарыйаммын диэн кэмсинэн ылабын, онтон эмиэ чочумча буолан баран салгыыбыт.   Кини позывнойун кистиир, ханна баарын, билигин ханна олорорун эмиэ эппэппит. Сөбүлэһэн...
Хотой кырыыhа
Сынньалаңңа | 21.12.2024 | 12:00
Хотой кырыыhа
Аан Ийэ дойдуга алдьархайдаах сэрии уота сатыылаан, киhи-сүөhү, кыыл-сүөл, көтөр-сүүрэр барыта уйулҕата хамсаан, олоҕун укулаата ыhыллан, тыыннаах хаалар кыhалҕатыгар кыпчыттаран, олохсуйбут сириттэн тэлэhийэн, үрүң тыыннарын өрүhүнэр түбүгэр түстүлэр.     Оргуйа турар сэрии кутаатыттан тэскилээн, суттан-кураантан күрэнэн, төрөөбүт дойдутун хаалларан, көтөр кынаттаах бииhин ууhун көрдөhүүлэринэн, чуумпу-уйгу олоҕу көрдөөн, Хотой кыыл хоту диэки...
Ульяна Корякина:  «Сахам тылын саамай сүмэтин олоҥхоҕо көрөбүн»
Дьон | 20.12.2024 | 10:00
Ульяна Корякина: «Сахам тылын саамай сүмэтин олоҥхоҕо көрөбүн»
Емельян Ярославскай аатынан Дьокуускайдааҕы кыраайы үөрэтэр түмэл алгыс балаҕаныгар Прокопий Прокопьевич Ядрихинскай-Бэдьээлэ “Дьырыбына Дьырылыатта Кыыс Бухатыыр” олоҥхотун оллоонноон олорон толорон истээччилэри мунньар эдэркээн кыыс кимий?   – Ульяна, «Киин куорат» ааҕааччыларыгар бэйэҥ тускунан билиһиннэр эрэ. – Мин Чурапчы улууһугар Хоптоҕоҕо күн сирин көрбүтүм, улааппытым. Билигин Дьокуускайдааҕы М.Н. Жирков аатынан музыка коллеһын...
2025 сыл – Саха Өрөспүүбүлүкэтигэр Ийэ дойдуну көмүскээччи сыла
Сонуннар | 20.12.2024 | 18:51
2025 сыл – Саха Өрөспүүбүлүкэтигэр Ийэ дойдуну көмүскээччи сыла
Ахсынньы 19 күнүгэр Ил Дархан Айсен Николаев Ил Түмэҥҥэ туһулааһыныгар кэлэр 2025 сылы Саха Өрөспүүбүлүкэтигэр Ийэ дойдуну көмүскээччи сылынан биллэрдэ. Айсен Николаев бэлиэтээбитинэн, Саха сиригэр бүгүҥҥү күҥҥэ Аҕа дойду Улуу сэриитин 9 бэтэрээнэ олорор. «Бу саалаҕа анал байыаннай дьайыы кыттыылаахтара – Арассыыйа дьоруойдара, «Эр санаа» уордьанын, «Хорсунун иһин», «Бойобуой үтүөлэрин...