24.06.2020 | 10:38

Дистанционнай үөрэх эбэтэр "Һуу, хата, биир күн бүттэ!"

Ааптар: Киин Куорат
Бөлөххө киир

Арай оонньоон  диэн биир хостоох дьиэҕэ үс оҕолоох ыал баар үһү. Детсад, алын уонна үрдүкү кылаас. Сарсыарда орто кыыс баттаҕын өрөн, үөһээ өттүгэр булууһа кэтэрдэн ( абытай, дьиэ итии, аллараа туруусуктаах да олордун, көстүбэт) көмпүүтэр иннигэр олордубуттар. Ийэлээх аҕа этиһэ-этиһэ “Дискорд” диэннэрин чааһы быһа талкыйан булларбыт курдук буоллулар. Кыра уолларын көмпүүтэри былдьаспатын диэн аралдьытаары көбүөргэ оонньуур тэлгэттилэр. Улахан уол игровой ноутбугун бэйэтэ эрэ билэр, ийэлээх аҕатын – “динозаврдары” чугаһаппат. Сураҕа, кинилэр кылаастарыгар интэриниэт платформалары оҕолор таах сатыыллар, хата, учууталлар сатаабакка эрэй бөҕө үһү. Оннук бөҕө буоллаҕа, подростоктар бары да уора-көстө компьютернай “генийдэр” ини. Бастаан утаа, сорох учууталлар микрофоннарын сатаан холбообокко , балык айах буолан үөрэтэн дьоллоно туралларыттан күлэн кычыгыраһаллар этэ, сорох уолаттар үөрэх кэмигэр оонньуу да олорор түгэннэрэ баара. Чэ, ол хааллын. Бириэмэтэ буолан, дьэ дьиэ иһэ оскуолаҕа кубулуйда. Ийэлээх аҕа истэригэр таҥараҕа үҥэн, үстэ кириэстэнэн баран, кыра кыыстара тугу эмит сатаабакка ыҥырдаҕына, тута ыстанан тиийэргэ бэлэмнэнэн күүрэн аҕай олордулар.

Тик-так, тик-так. Саҕаланна! Дискорд, РЭШ, Учи ру, Яндекс учебник, Сетевой город, бассаап - барыта умайан олорор. Ыксаабыт кыыс барытын ситиһэ сатыыр, учуутал саҥата сүтэ-сүтэ кэлэр, сороҕор отой да робот курдук саҥарар. Экран эмиэ барар-кэлэр, харар. Тэҥҥэ маахай курдук бииргэ үөрэнэр оҕолорун  –  35 оҕо саҥата дьиэ иһин ылан кэбистэ.  Кыыс, ол да буоллар, тугу эрэ суоттаан дьоллонор. Арай, доҕоор, эргэ муоста  дьигиһийэн, тыас-уус бөҕө буолла. Бу 180 см уһуннаах 10 кылааска үөрэнэр улахан уоллара онлайн физкультуралаан дьигиһитэн эрэр. Ону кытта тэбис-тэҥҥэ физрук эрчимнээх саҥата дьиэ иһин ылан кэбистэ: "Раз, два! Ноги выше! Спина прямая! Колени не сгибаем! А теперь куврок назад, вперед, пробежка по кругу! Ити аайы уһун синньигэс уол уҥуоҕун тыаһа лачыгыраан олорор. Аттыгар кыра балта математика суоттаан тиритии-хорутуу. Айдаан быыһынан кэлэ-кэлэ барар учууталын саҥатын истэ сатаан кулгааҕа даллайыар диэри кыһаллыбыт.

Аҕалара бүтэһик  ньиэрбинэй килиэккэтин тобоҕунан  көмпүүтэр диэки талаһар кыракый уолун тустуу приёмунан көбүөргэ тиэрэ баттаан тутан сытар. Аҥаар илиитинэн часкыйар оҕотун айаҕын бүөлүү сатыыр. Оҕо барахсан көмпүүтэргэ бараары часкыыр кылас, мэктиэтигэр сирэйэ уот кыһыл буола кытарбыт. Ити үлүгэр куу-хаа быыһынан ийэлэрэ эрэйдээх, Аҕа дойду сэриитин разведчигын курдук, көмпүүтэрдээх остуоллар анныларынан, камераларга көстүмээри, куукунаҕа сыыллан ааһар. Ол сыыллан иһэн, аҥаар хараҕынан бассаабын кыҥыыр. “Родительскай чат” сүүһүнэн сообщениетын быыһыттан, “не дай бог” наадалаах информацияны көтүттүҥ, оҕоҥ кылааһыгар хаалыах курдук! Күн аҥаара буолуута, учуутал дабылыанньата тахсан, уруок эрдэ бүттэ. Онон кыратык "һуу" гынан ийэлэрэ буһарбыт мохоруонун хабыалыы түстүлэр.  Мантан киэһэ “РЭШ смэш, Учи ру, Яндекс мандекс и, конечно, Сетевой город - Город бесконечных домашних заданий! Тесты, диктанты, поём по музыке на диктофон, потом делаем  пингвина из капусты, рисуем памятник Кулаковского, по математике 25 задач, по физре реферат о пользе спорта во время коронавируса...”

Һуу, хата, биир күн бүттэ! Бары оронноругар охтоот, муннулара хаһыҥыраата... Сарсын саҥа күн! Үөрэх, билии – дьол!

Любовь ГОТОВЦЕВА

Сонуннар

Ордук ааҕаллар

Медик: «Бааһырбыт байыаспын дөйүтэн баран соһорум»
Дьон | 20.12.2024 | 12:00
Медик: «Бааһырбыт байыаспын дөйүтэн баран соһорум»
Олус ыарахан кэпсэтии буолла. Ааҕааччыга тиэрдэр гына суруйуохха наада. Дьоруойум сөбүлэҥин ылыахпын наада. Тоҕо диэтэххэ кини анал байыаннай дьайыыга сылдьыбыт кэрэ аҥаар,  ийэ, медик. Кэпсии олорон ытаатаҕына, сырҕан бааһын таарыйаммын диэн кэмсинэн ылабын, онтон эмиэ чочумча буолан баран салгыыбыт.   Кини позывнойун кистиир, ханна баарын, билигин ханна олорорун эмиэ эппэппит. Сөбүлэһэн...
Валентин Баһылайап: «Эмээхсин өтө көрбүт быһыылаах»
Дьон | 08.12.2024 | 14:00
Валентин Баһылайап: «Эмээхсин өтө көрбүт быһыылаах»
Биһиги ортобутугар араас дьылҕалаах, үлэлээх-хамнастаах, дьарыктаах дьон элбэх. Хас биирдии киһи син биир туох эрэ уратылаах, талааннаах, киһи кэрэхсиир кэпсээннээх. Биир оннук киһини кытта сэһэргэспиппин ааҕааччыларбар тиэрдиэхпин баҕарабын.   — Валентин Титович, кэпсэтиибитин билсиһииттэн саҕалыахха. — Бэйэм Сунтаартан төрүттээхпин, Хатырыкка олохсуйбутум 44 сыл буолла. Хадан нэһилиэгэр 1951 сыллаахха төрөөбүтүм. Бииргэ төрөөбүт...
Үчүгэйи көрөргө хаһан үөрэнэбит?
Сонуннар | 14.12.2024 | 13:15
Үчүгэйи көрөргө хаһан үөрэнэбит?
Сиэн көрө куоракка кыстыыбын. Күн аайы оптуобуһунан оҕобун оскуолаҕа илдьэбин-аҕалабын. Быйыл, дьэ, этэргэ дылы, үйэ тухары хамсаабатах маршруттарга уларыйыылар таҕыстылар. Бассаапка үөхсэн туох туһа кэлиэй, төттөрүтүн, дьону күөртээн эрэ биэрии курдук. Ол иһин бу турунан туран Дьокуускай куорат сахалыы тыллаах хаһыатыгар санаабын тиэрдэргэ соруннум.  Бииринэн, нэһилиэнньэбит ахсаана күн-түүн улаата турар....