Дистанционнай үөрэх (Бастакы нэдиэлэ тугу көрдөрдө?)
Корона дьаҥа олохпут укулаатын оннуттан уларытта. Нууччалыы эттэххэ, “до и после” олорон эрэбит. Этэргэ дылы, сорох ардыгар “ама, бу кырдьык дуо, чахчы биһиэхэ буола турар дуо?” диэн ыйытыаххын, ыһыытыаххын-хаһыытыаххын баҕараҕын.
Үлэҕэр барбаккын, кэллиэгэлэргин кытта социальнай ситиминэн эрэ кэпсэтэҕин, аймахтаргын, оҕолоргун, сиэннэргин кытта биир оннук.
Аны дистанционнай үөрэх киирдэ. Маныаха өрөспүүбүлүкэни ааһан, бүтүн Арассыыйа бэлэмэ суоҕа көһүннэ. Кырдьык, ким тымтыктанан көрөн эрдэттэн бэлэмнэнэ олорбут үһү. Манныкка эрэ тиийиэхпит диэн түһээн да баттаппакка сырыттахпыт.
«Киин куорат» дистанционнай үөрэх бастакы нэдиэлэтин туһунан өрөспүүбүлүкэбит араас оскуолаларыттан туох ыарахаттары көрсүбүттэрин, туох итэҕэс баарын ыйыталаста.
Кэбээйи улууһа, Арыктаах, учуутал:
– Олох иэдээн хартыына. Интэриниэт суох. 8 оҕобор төлөпүөнүнэн биир-биир эрийэн быһаарабын. Биирдии оҕоҕо 30-туу мүнүүтэ барар. Кыра кылаас оҕото көрдөрөн быһаардахха эрэ өйдүүр, үөрэнэр буоллаҕа. Онон бу нэдиэлэ устата төлөпүөн нөҥүө быһааран үөрэттим.
Уус Алдан, Суотту, учуутал:
– Биһиэхэ сарсыарда 9-тан киэһэ 6-ҕа диэри уоппут бара турар. Онон олох эрдэ туран, ким бассаабынан, ким интэриниэтинэн үөрэнэр, сорудахтары онно ыытабыт. Оттон бэрэбиэркэнэн, сыана туруоруутунан түүн биирдэ, уот кэлбитин эрэ кэннэ дьарыктанабыт. Төрөппүттэр, биллэн турар, сөбүлээбэттэр, сорохторго ноутбуктара да суох, ол эмиэ олус атахтыыр. Сорох оҕолор төлөпүөннэрэ суоҕуттан, төрөппүттэрин төлөпүөнүттэн үлэлэрин ыыталлар.
Уус Алдан, Тумул. 4 оҕолоох эдэр ийэ:
– Икки оҕом үөрэнэр, икким кыралар. Уруоктар син этэҥҥэ ааһаллар. Ыраахтан үөрэтии биир сүрүн ыарахана диэн – оҕо дьиэҕэ олорон аралдьыйара элбэҕэ бэрт. Холобура, биһиэхэ кыралар мэһэйдэрэ, айдааннара, чуумпура сатыыбыт да, кыаллыбат. “Единай платформа” диэн сыһыарыыга киирэн үөрэнэллэрэ буоллар бэрт этэ. Маны таһынан уоппут барара эмиэ кыһалҕалары үөскэтэр.
Өлүөхүмэ улууһа, Хоро, төрөппүт:
– Интэриниэт куһаҕан буолан, туох да загрузкаламмат, түүн эрэ кыамталанар, онон оҕолор дьиэтээҕи сорудахтарын түүн оҥороллор. Аны сорудах олус элбэх, оҕо сорох тиэмэтин өйдөөбөтө үгүс.
Уус Алдан, Уһун Күөл, учуутал:
– Сүрүн кыһалҕабыт – интэриниэт мөлтөҕө. Оскуолабытыгар 100-тэн тахса оҕо баар буоллаҕына, 80-тан тахсата – кыаммат ыал оҕолоро. Элбэх дьиэ кэргэнтэн түөртүүгэ тиийэ оҕо үөрэнэр. Олорго сорохторугар төлөпүөннэрэ да, компьютердара да суох. Ол наһаа атахтыыр. Ол иһин биир кылаас иһигэр атын-атыннык үөрэтэбит. Төрөппүттэр «оҕолорбут сатаабаттар, онно көмөлөһөрбүтүгэр күммүт бүтэр” дииллэр. Интэриниэт хаппат, бырагыраама аһыллан биэрбэт, онтон да араас мэһэй элбэх. Онон төрөппүккэ, оҕоҕо, учууталга күнү быһа интэриниэт манааһына. Күнү күннүктээн үөрэтэр, үөрэнэр курдукпут. Сөптөөх усулуобуйа баара, бириэмэтигэр барыта сөп түбэһэн иһэрэ буоллар, бэрт буолуо этэ.
Томпо улууһа, Саһыл нэһилиэгэ, төрөппүт:
– Маннык үөрэххэ бэлэмэ суохпут биллэр бөҕө буоллаҕа. Мин оҕом 4-с кылааска үөрэнэр. Бу кылаас, холобура, хас да сыһыарыы нөҥүө: сайт, мэйл почта, бассаап нөҥүө үөрэнэллэр. Түҥ-таҥ, киһи да буккуллуох курдук. Холбоон барыта биир платформа, сайт эбитэ буоллар, быдан табыгастаах буолуо этэ. Аны ритмика, физкультура уруоктарын видеоҕа устан ыыталлар, дьэ, накаас. Күнү быһа сарсыардаттан киэһээҥҥэ диэри төлөпүөнү, компьютеры өрө тутан олоробут. Оҕом, хата, барытын бэйэтэ оҥорор, дьиэтээҕи сорудаҕын ыытар-хайыыр. Мин кыттыспаппын, кыра оҕобун кытта бодьуустаһабын. Манныкка, биллэн турар, билии хаачыстыбата мөлтүүрэ буолуо диэн сэрэйэбин.
Нам улууһа, Хатырык, учуутал:
– Ыраахтан үөрэтии диэн элбэх оҕолоох ыалга наһаа ыараханнык саҕаланна. Холобура, биһиэхэ биир ыал сэттэ үөрэнээччилээх, икки устудьуон, биэс оскуола оҕото. Интэриниэппит наһаа мөлтөх. Холобура, мин 9-с кылаастарбар биир уруокка миигинниин 19 буолан тэбис-тэҥҥэ киириэхтээхпитин ким эрэ интэриниэтэ харан кыайан киирбэт эҥин. Онтон да араас түгэн элбэх. Маннык үөрэх, мин саныахпар, сымыйа үөрэх. Оҕо дьиэҕэ олорон эрэ, учууталы көрбөккө, контактаспакка, туох билиини ылыаҕай? Бу оҕо дьиэҕэ үлэтин оҥорон ыытар, төһө сөпкө-сыыһа оҥорбута биллибэт, төрөппүтэ син биир көмөлөһөр. Онон учууталлар, төрөппүттэр, оҕолор да маннык үөрэҕи сөбүлээбэтибит.
Дьокуускай куорат, политехническай лицей, учуутал:
– Бу үөрэх учуутал киһиэхэ туох да наһаа элбэх ноҕуруускалаах буолан таҕыста. Сарсыардаттан киэһээҥҥэ диэри төлөпүөнтэн уонна компьютертан арахсыбаппыт. Ол онно биһиги уруок ыытабыт, оҕолор үлэлэрин сыаналыыбыт, оҕолорго, төрөппүттэргэ эппиэттиибит. Аны оҕоҥ барыта эйиэхэ тахсар, бэйэҥ эрэ кылааһыҥ буолбатах, атын үөрэтэр кылааһыҥ оҕолоро эмиэ, ол наһаа элбэх бириэмэни ылар. Мин, кырдьыкпынан эттэхпинэ, бастакы икки күн ончу утуйбатаҕым, аһыыр да бириэмэ суох этэ. Уруоктарбын бүтэрэн баран, аны сарсыҥҥыбар бэлэмнэнэбин. Аны отчуот үөһэ отчуот – «хас оҕо онлайн киирдэ?”, “хас оҕо офлайн киирдэ?”, “зачетнай уруокка ханнык сыана турда?”, уопсайынан, наһаа элбэх отчуоту ирдииллэр. Онон туох эрэ атыны толкуйдуохтарын наада.
Дьокуускай куорат 25 нүөмэрдээх оскуолата, төрөппүт:
– Мин икки оҕом алын сүһүөх кылаастарга үөрэнэллэр. “Сетевой город” уонна “Учи.ру” диэн сайтарга кыайан киирбэтибит. Интэриниэт олус бытааныгар эбии наһаа элбэх сорудах. Кыра кыыһым бастакы кылаас, кини төрөппүтэ суох хайдах да кыайан үөрэнэр кыаҕа суох. Уопсайынан, маннык үөрэҕи олох сөбүлээбэтибит. Бу кэриэтэ оскуолабытыгар быдан ордук эбит.
Өймөкөөн улууһа, Төрүт, учуутал:
– Владимир Путин дьаһалынан ыраах сытар нэһилиэктэр, 50-тан аҕыйах үөрэнээччилээх буоламмыт, оҕолору оскуолаҕа үөрэтэргэ көҥүллээхпит. Улууспут үөрэҕин управлениетын бирикээһинэн 9-11 кылаастары түөрт сүрүн уруокка үөрэтэбит. Атын кылаастар дистанционнайдык үөрэнэллэр. Оскуолабытыгар анал сервер арыйбыттара. Төрөппүттэр наһаа элбэх дьиэтээҕи сорудах бэриллэр диэн сөбүлээбэтилэр. Мин үөрэтэр оҕолорум 9-11 кылаастар буолан, ити тиэмэни үчүгэйдик билбэппин, бэйэм ааспатах буоламмын. Атын үөрэтэр кылаастарбар анал былаан оҥорбуттара, бу күҥҥэ бу уруогу оҥоруохтаах диэн. Биһиэхэ интэриниэт суох, бэйэбит харчы төлөөн киирэбит, онон сорох ыал төлүүр кыахтара суох буолан, интэриниэтэ суох олороллор, ол иһин ыарахаттары көрүстүлэр. Сорох учууталлар бэйэлэрэ видео-уруок оҥордулар, ону флешканан биэрэбит. Төрөппүттэр кэлэн сорудаҕы ылан бараллар, өйдөөбөтөхтөрүнэ, төлөпүөннээн ыйыталлар.
Уус Алдан, Бээрийэ, төрөппүт:
– Мин икки оҕом үөрэнэр. Биһиги оскуола дистанционнай диэн даҕаны, төлөпүөннээн эбэтэр смс-таан үөрэнэбит. Онтон хаһан эрэ кэлэн ылан бараллар, ардыгар оскуолаҕа илдьэн хаалларабыт. Куһаҕана диэн олус элбэх сорудах кэлэр. Саҥа тиэмэни оҕо бэйэтэ ааҕар, өйдүүр, арыт бэйэм көмөлөһөбүн. Маннык үөрэх хаачыстыбата мөлтөх буолара биллэр, оҕо элбэҕи көтүтэр.
Хаҥалас, Хачыкаат, төрөппүт:
– Миэхэ үчүгэй, оҕолорум иккиэн компьютердаахтар. Интэринэт, ростелеком, мегафон, мтс барыта баар. Оҕолорум, хата, сөбүлээтилэр, барытын түргэнник быһаарсаллар, үчүгэйдик өйдүүбүт дииллэр. Оттон ноутбуга, компьютера суох ыалларга көмөлөһүөххэ наада, оччоҕо эрэ итинник үөрэх туһалаах буолуоҕа.
Мииринэй улууһа, Удачнай, төрөппүт:
– Дистанционнай үөрэҕи саастаах учууталлар улаханнык ыарырҕаттылар. Хата, оҕолор сөбүлээбиттэр быһыылаах, оскуолаҕа барыахтарын баҕарбаттар үһү. Оҕо сорудахтарын сатаан толорботугар төрөппүттэр учууталлары буруйдууллар, оттон учууталлар – төрөппүттэри. Бу чиэппэр түмүгүнэн “иккилээх” оҕолорбут бары “отличник” буолан эрэллэр диэн истибитим. Тоҕо диэтэххэ оҕолор уруоктарын сүрүннээн төрөппүттэр оҥоро олорор үһүлэр, сорохтор интэриниэттэн устан ыыталлар эбит. Тоҕо наһаа элбэх дьиэтээҕи үлэ бэриллэрий диэтэххэ, учуутал быһыллыбыт 30 мүнүүтэ иһигэр уруогун ситэри быһаарбакка, хаалбыты барытын дьиэҕэ сорудахтыырга күһэллэр. Оттон 20 мүнүүтэлээх перемена кэмигэр, оҕо ону толорон бүтэрэ охсоору тиритэр-хорутар. Тоҕо диэтэххэ учууталлар «үлэҕитин түргэнник ыыта охсуҥ, иккини туруоруохпут” диэн куттууллар. Онтон сылтаан бөлөххө этиһии, өйдөспөт буолуу тахсар, оҕолорго ким да “2” сыананы туруорумаҥ диэн кытаанахтык эттилэр.
Дьэ, чахчы да ыарахан нэдиэлэ ааста. Бу балаһыанньа Оҕо, Төрөппүт, өссө улаханнык Учуутал уйулҕатыгар оҕуста. Түүннэри үөрэтии, үөрэнии, утуйбат, аһаабат буолуу доруобуйаҕа да охсуулааҕа биллэр. Маны хайдах эрэ чэпчэкитик аһарар, тулуйар инниттэн психолог Мария Семеновна Нафанаилова, психологическай наука кандидата, Психология институтун ХИФУ доценын сүбэтин биэрэбит.
Оскуолаҕа үөрэнэр икки оҕолоох уонна преподаватель буоламмын, бу үөһэ этиллибит кыһалҕалар миэхэ тус бэйэбэр олус чугастар, онон дистанционнай үөрэх икки өрүтүн билэбин.
Психология өттүттэн көрдөххө, билигин барыбытыгар бу уларыйыыларга адаптация диэн бара турар, о.э. тулалыыр усулуобуйаҕа сөп түбэһии. Ортотунан бу 2-3 нэдиэлэттэн сыл аҥаарыгар диэри уһуур. Оттон бу уларыйыыларга сөп түбэһии бэйэтэ туһунан кэрдиистэрдээх:
1) Бастакы кэрдиискэ төрөппүттэр атын уларытар кыах суох диэн бастаан утаа итэҕэйбэттэр – тугу гыныахтарын билбэттэр, долгуйаллар, куттаналлар.
2) Утарылаһыы – кыыһыран киирэн бараллар, буруйдааҕы көрдөөһүн саҕаланар (“оҕо өйдөөбөт, тоҕо мин манан дьарыктаныахтаахпыный, учууталлар кыһамматтар, интэриниэт бытаан, судаарыстыба көмөлөспөт” о.д.а.).
3) Торгуйдаһыы – манна киһи бу балаһыанньаны уларытаары барытыгар бэлэм буолар, барыта уруккутун курдук оннугар түһүөн баҕарар (“чэ буоллун, ол эрээри дьиэҕэ сорудаҕы аҕыйатыҥ” эбэтэр “чэ буоллун, ол эрээри оскуола биһиэхэ ноутбук биэрдин уонна босхо интэриниэти холбоотун”).
4) Баһылааһын – төрөппүт кыралаан ону-маны торумнуур буолар, бырагыраамаларга быһаарсар, оннооҕор тугу эрэ саҥаны боруобалыыр (холобур, биир төрөппүт оҕотугар Foxford оскуола бырагырааматын курдугу атыыласпыт).
5) Адаптация – бу буола турар быһыыны-майгыны толору бэйэҕэр ылыныы кэрдииһэ.
Билигин ханнык кэрдиискэ сылдьаргытын көрүөххүтүн сөп. Маны барытын сотору ааһар кэрдиис курдук ылыныҥ. Онуоха, бастакытынан, кыыһырымаҥ, киҥнэнимэҥ (оҕолорго, кэргэҥҥитигэр, учууталларга, атын төрөппүттэргэ), кинилэр эмиэ сорохтор бытааннык, сорохтор түргэнник бу кэми ааһаллар.
Иккиһинэн, үөрэтиигэ араас түмүктэр баар буолаллар диэн эһиги болҕомтоҕутун хатыам этэ. Чуолаан, учууталлар уонна төрөппүттэр оҕо билиитигэр улахан хонтуруолларын уураллар. Бу билигин ордук сытыырхайан турар – үөрэтии былаанын толору биэрэргэ бириэмэ тиийбэт кэмигэр. Онон манна икки өрүт уйулҕатыгар оҕустарар.
Оҕону үөрэҕинэн наһаа ыгымаҥ-түүрүмэҥ. Боростуой, аһаҕас ыйытыылары биэриҥ: “Хайа, хайдаххыный?”, “Саҥа үөрэҕи туох дии санаатыҥ?”, “Ордук туох барсыа этэй, тоҕо?”, “Барытын ситиһэр, хаалбат инниттэн өссө туохха үөрэниэххин сөбүй?”, “Мин тугунан көмөлөһөбүн?” о.д.а.
Этэргэ дылы, үөрэх – үөрэҕинэн, ол эрэн төрөппүт сүрүн соруга – оҕо эт-хаан уонна өй-санаа өттүнэн туругун харыстааһын. Үөрэх – үөрэҕинэн, ол эрэн төрөппүт саамай сүрүн соруга – оҕо физическэй уонна психологическай туругун харыстааһын. Бэйэ бодотун тардыныы эмиэ киирсэр.
Эбэн эттэххэ, учууталлар эмиэ бу уларыйыыны ааһаллар. Бу кэрдиистэри баһылыылларыгар, түргэнник ааһалларыгар, төрөппүт эмиэ көмө буолуохтаах. Онуоха уруок олус кэрэхсэтиилээхтик, уратытык ааста, оҕом дьиэтээҕи үлэтин интэриэһиргээн туран оҥордо диэн этиэххэ сөп. Ханнык да түгэҥҥэ үөрэтии, үөрэнии икки өрүттээх дьайыы буоларын умнумуохха.