10.05.2021 | 20:27

Дьикти сибэкки

Ааптар: Айыына Ксенофонтова
Бөлөххө киир

Мутукча сытынан дыргыйар ыам ыйа. Харалдьыкка хаамар да сир суох. Ньургуһун элбэҕиэн! Тоҥ буортан толлубакка, тымныыттан сэрэммэккэ тыллыбыттара, үҥкүүлээн эрэрдии үмүөрүһэ үүммүттэрэ көрүөхтэн кэрэтиэн! Үрүҥ түү былааттаах саһарчы көрбүт кыргыттар кырдалга кылыйа, сыһыыга сырсыакалаһа оонньууллар! Сааскы сиккиэр тыалга тырымныы хамсыыллар, аргыый аҕай сэгэлдьийэргэ дылылар. Төбөлөрүттэн өйөнсөн, илии-илиилэриттэн сиэттиһэн, сэргэстэһэ хааман иһэр дьүөгэлэргэ дьүөрэлиэххэ сөп. Аламай маҥан күнү уруйдуур-айхаллыыр курдук, кини диэки хайыспыттар. Эмиэ да киэмсийбиттии, эмиэ да кэмчиэрийбиттии нарыннык нусхайан тураллар. 
Бу сиргэ туох барыта бүтэр уһуктаах: кэрэ сибэкки, кэмэ кэллэҕинэ, кэхтэр аакка барар. Хомойуох иһин, олохпут оннук. Мантан тэйиччи соҕус сыһыы сыырыгар ньургуһуннар ытыыллар-соҥууллар. Кинилэри ким эрэ массыынанан тэбистэрэн ааспыт. Саһарчы көрбүт бэйэлэрэ хагдарыйан хаалбыттар. Олортон биир эрэ ньургуһун ордон турар. Дьүөгэлэрин аһыйан айманар. Сэлээппэтин сэгэтэн, “тыытымаҥ даа” диэбиттии, көрдөһөр курдук. Төбөтүн хомойбуттуу хоҥкутан, курустук мичээрдииргэ дылы. Олоҕу таптыыра бэрт буолан, бачча муҥнанан эрдэҕэ... 

***
Кини бу орто туруу бараан дойдуга ньургуһун тыллар кэмигэр кыыс оҕо буолан айыллан кэлбитэ. Дьиҥэр, сай ортото күн сирин көрүөхтээҕэ эбитэ үһү. Ону баара, ийэтэ барахсан, оройуон киинигэр айаннаан иһэн, аара суолга быыһаммыта үһү. Ийэлээх аҕата түөрт уол кэнниттэн  күүтүүлээх кыыстарыгар Сардаана диэн ааты сэмээр толкуйдуу сылдьыбыттара. Итэҕэс төрөөбүт быыкаайык киһиэхэ аат биэрээри ыксаабыттара. Онуоха: “Киһи буолара биллибэт, кэбис!” – диэн кырдьаҕастар саба саҥарбыттара.
Кып-кыра туораах саҕа киһи күн аайы олоххо тардыһыыта күүһүрэн испитэ, улам улаатан, аһыыра элбээн барбыта. Балыыһаттан дьиэлэригэр тахсыбыт киэһэлэригэр хос эбэтэ Дьэбдьиэй эмээхсин: “Ньургуһун диэн ааттааҥ”, – диэбитэ. Арыылаах алаадьы астаан көрсүбүтэ, аал уотун аһаппыта. Ол киэһэ сэрии аас-туор кэмнэрин нарын санныгар сүкпүт Дьэбдьиэй мип-минньигэстик утуйан буккуруу сытар саҥа киһини өр одуулаан олорбута, тугу эрэ өр ботугураабыта. Кини таптыыр кэргэнэ, үс уола сэрии толоонуттан төннүбэтэхтэрэ. Арай бу саҥа төрөөбүт оҕо эһэтэ (Дьэбдьиэй кыра уола) эрэ чороҥ соҕотох хаалбыта. Эмээхсин ол туран тугу санаабыта буолла, бука, уруккуну-хойуккуну санаатаҕа, саҥа киһиэхэ тыл күүһүнэн үтүөнү-кэрэни иҥэрдэҕэ.  
Кырдьаҕас киһи этиитин быһа гымматахтара. Сардаана буолуохтаах кыысчааны ирбэт тоҥ буорга үүнэр дьикти сибэкки аатынан сүрэхтээбиттэрэ.
Соҕотох кыыс буолан, маанытык иитиллибитэ. Ньургуһун төрөөбүт күнүн куруук айылҕаҕа көрсөллөрө. Убайдарын кытта сылайыахтарыгар диэри сыһыыга сырсыакалаһаллара, ньургуһун хомуйан, ийэлэригэр бэлэхтииллэрэ. Харах симсэ, былаах былдьаһа, ойуоккалыы оонньууллара, мээчиктээн тэйэллэрэ. 
Биирдэ кыра кылааска сырыттахтарына, “Ньургуһуннар” диэн ырыаны үөрэппиттэрэ.   
... Ньургуһуннар тыллаллар,
Мин хонуубун толороллор.
Ньургуһуннар, ньургуһуннар,
Сибэккилэр...

Онтон ыла оҕолор кинини көрдөхтөрүнэ, ити ырыаны ыллаан ыыра бараллара. “Манна Ньургуһун, таһырдьа ньургуһун!” – диэн уолаттар күлүү гыналлара. Ол аайы сүрэхтэрин чопчута кыыс дьонугар кэлэн: «Ааппын абааһы көрөбүн. Уларытыҥ!» – диэн кыҥкыйдыыра, оскуолаҕа барымаары бууннуура. Аны оччолорго сахалыы аат соччо тэнийэ илигэ. Нууччалар аатын сатаан саҥарбакка эрэйдииллэрэ. 


Билигин санаатахха, дьонун төһө эрэ хомоттоҕо! Киһи буолар кэскилин кэрэһилээн, нарын сибэкки аатын иҥэрбиттэрин өйдөөбөккө, араастаан мунньаҥныыра. Ийэтэ оргууй аҕай сыллаан ылара уонна: “Мин оҕом саамай кэрэ ааттаах. Кыраһаабысса буолуоҕа”, – диирэ. Оттон аҕата: “Аатыҥ эйигин харыстыыр, араҥаччылыыр. Кыра сылдьан ыалдьан тахсар этиҥ. Билигин этэҥҥэ буолан эрэҕин”, – диэн уоскутара. Ол аата кинини хайдах харыстыырын кырата бэрт буолан соччо өйдөөбөтө, сатаан санаабата. 
Сыл-хонук дииллэрэ оруннаах. Кыысчаан сибэккилии силигилии сиппитэ. Номоҕон дьүһүннээх, холку майгылаах кэрэ куоҕа кубулуйбута. Устудьуоннуур кэмигэр уолаттар аатын ыйытан баран: “Лоокуутуҥ ханнаный?” – диэн дьээбэлиир буолаллара. Ньургуһун күлэн эрэ кэбиһэрэ.
Ол сылдьан сүрэҕин аҥаарын Гошаны көрсүбүтэ. Кинилэр тапталлара кутаа уоттуу күөдьүйбүтэ, эдэр дьону нарын иэйии абылыы кууспута. Сүрэхтэрин холбоон, дьиэ-уот тэринэн быр-бааччы олорбуттара. Айыыһыттара икки уол оҕонон уруйдаабыта. Улаханнарын Ньургун, кыраларын Дьулус диэн ааттаабыттара. Саас аайы айылҕа уһуктар кэрэ кэмигэр Ньургуһуннаах диэн сөбүлээн сылдьар алаастарыгар тахсаллара. Оҕолорун икки өттүттэн сиэппитинэн, төрдүөн кырдал устун хаамсаллара. Уолаттар төттөрү-таары сүүрэн элэстэнэллэрэ. Ньургуһуннаах Гоша ыга куустуһан туран тапталларын туоһуларын – оторой-моторой уолаттарын ыраахтан ымманыйа көрөллөрө.  Оннук күн-дьыл биллибэккэ ааспыта. Кинилэр өрүү бииргэ буолуох курдуктара. Дьоллоох да этилэр!
Онтон... уон аҕыс сыллааҕыта таптыыр доҕоро суол саахалыгар түбэһэн, суорума суолламмыта. Хайдах эрэ барыта куһаҕан түүл-бит курдуга. Дьиҥэр, ол ыар түүн массыынаҕа иккиэн айаннаан испиттэрэ. Ньургуһун утуйа олордоҕуна, биирдэ уот күлүм гыммыта уонна... сүтэн хаалбыта. Ханна эрэ ыраах кимнээх эрэ айманар саҥалара иһиллэрэ...
Сэттис күнүгэр уһуктубута, тула өттө үрүҥүнэн көрөн турара, балыыһаҕа сытарын өйдөөбүтэ. “Го-ша...” – диэн иһин түгэҕэр кэргэнин ыҥыра сатаабыта да, саҥата тахсыбатаҕа... Саатар, доҕорун тиһэх суолугар атаараахтаабатаҕа кыһыытын! Кыайан хамсанар, саҥарар да кыаҕа суоҕа. Анал аппараат көмөтүнэн тыына сытара. “Бу кэриэтин... доҕорбун кытта...” диэн быстах санаалар үүйэ-хаайа туппуттара. Оҕолорун санаан, нэһиилэ уоскуйбута. 
Алдьархай аргыһа суох буолбат. Аҕыйах ыйынан ийэтэ сүрэҕинэн охтубута. Ол сыл Ньургуһуну Дьылҕа Хаан үтэн-анньан көрбүтэ. Бэл, санаатыгар эбитэ дуу, дьыл эрдэлээн дуу, олоҕун сибэккитэ кэмиттэн эрдэ хагдарыйбыта, харааччы хаппыта. Балыыһаттан тахсаат, дьиэтин таһыгар биир да тыыннаах ньургуһун суоҕун көрөн, хараастан, хараҕын уутунан сууммута. Чугас дьоно күүс-көмө буолан, барытын этэҥҥэ туораабыта. Ньургуһун олох ыарахаттарыгар бэриммэтэҕэ, инникигэ эрэлин сүтэрбэтэҕэ.

***
Бүгүн Ньургун ийэтин кытта сыл аайы тахсар халдьаайыларыгар кэллилэр. Күн курдук күндү киһитэ, кэлээскэҕэ да олорор эрдэҕинэ, ньургуһун тыллар кэрэ көстүүтүн көтүппэт этэ. 
Биирдэ ийэтэ: “Көр, бу дьикти сибэкки олоххо тардыһар күүһүн! Кини миэхэ холобур буолар. Ньургуһун мин санаабын таайар курдук. Хорсун-хоодуот бэйэтин көрдөхпүнэ, дууһалыын чэпчииргэ дылыбын. Имэрийдэхпинэ, сытын ыллахпына, күүс-уох эбинэбин. Мин хайаан да атахпар туруохтаахпын. Эһигини киһи-хара оҥоруохтаахпын”, – диэбитэ.
Ол ыра санаата туолбута. Ньургуһун олох сибэккилээх хонууну туоруур курдук чэпчэки буолбатаҕын билэр. “Санаам самныбатаҕына, олоххо тапталым уостубатаҕына, тугу барытын тулуйуом, кыайыам”, – дии турбута иһигэр Ньургуһун. 

***
Уолаттара иккиэн үрдүк үөрэхтээх үлэһит үтүөтэ дьон буолбуттара. Ийэтин көрбүт-харайбыт улахан уола Ньургун быраабы араҥаччылыыр уорганнарга үлэлиир. Кыра сааһыттан спордунан утумнаахтык дьарыктаммыта. Араас күрэхтэһиилэргэ кыттара, ситиһиитэ да үгүс буолара. Устудьуоннуур сылларыгар эмиэ бастыҥ спортсменнар кэккэлэригэр сылдьыбыта. Ыал улахан оҕото аҕата суорума суолланыаҕыттан дьиэ кэргэн туллар тутааҕа, суон дурдата, халыҥ хаххата буолбута. Кини эппит тылыгар турар, талбыт суолуттан туораабат кытаанах майгылаах эр бэрдэ буола улааппыта.
Мурун бүөтэ, ийэ эрэлэ Дьулус кыра сылдьан идэтин чопчу талбыта. Биирдэ ийэтин аттыгар олорон тугу да гынар кыаҕа суоҕуттан кыһыйан ытаабыта уонна: “Улааттахпына быраас буолуом, дьону эмтиэм”, – диэбитэ. Ол ыра санаатын ыһыктыбакка улааппыта. Кини үөрэҕи өрө туппута. Биир да олимпиада, научнай-практическай конференция Дьулуһа суох сатаммат курдуга. Үрдүкү кылааска “Бастыҥ олимпиадник” ааты ылбыта, “Океан” лааҕырга сынньана барар путевканан наҕараадаламмыта. Оскуоланы бүтэрэн баран Медицина институтугар туттарсан киирбитэ. Аһыныгас, үтүө санаалаах уолга үрүҥ халаат олус барсара. Билигин киин куорат биир бастыҥ балыыһатыгар үлэлиир. Научнай үлэлэрэ үрдүктүк сыаналаналлар, Арассыыйа, Уһук Илин араас сурунаалларыгар бэчээттэнэллэр. Диссертациятын былырыын ситиһиилээхтик көмүскээбитэ. Үлэтигэр Дьулустаан Егоровичтан атыннык ааттаабаттар. 
Уолаттар утуу-субуу кэрэчээн кийиит кыргыттары аҕалбыттара. Иккиэн ипотеканан кыбартыыра ылыммыттара. Сотору Ньургуһун Сергеевна сиэн минньигэс мичээрин билбитэ.    
Ийэлэрэ хороччу улааппыт уолаттарын көрө-көрө үөрэрэ, уйадыйан ылара: “Уолаттарым – мохсоҕоллорум. Аҕаҕыт ситэ оҥорботоҕун оҥорор дьон буолуоххут”, – диирэ.  

***
Икки уол ийэтэ, үс сиэн эбэтэ Ньургуһун Сергеевна билигин бочуоттаах сынньалаҥҥа олорор. Били кыайан хаампакка сыппыт сылларыгар талаана, дьоҕура арыллыбыта, иис-уус абылаҥар ылларбыта. Ол иннинэ бухгалтерия кыараҕас кабинетыттан тахсыбатах, отчуотунан эрэ олорбут бэйэтэ олоҕо киэркэйэргэ, тупсарга дылы буолбута. Хас да сыллаах дьаныардаах дьарыгын кини үлэлэрэ кэрэһилииллэр. Кылтан, сиэлтэн, туостан оҥоһуктара Арассыыйа, аан дойду араас быыстапкаларыгар үрдүктүк сыаналаналлар. Норуот маастара Ньургуһун Сергеевна Үһүс көлүөнэ оскуолатыгар дьону үөрэтэр, маастар-кылаастары ыытар. Кэнники кэмҥэ ырыа ансаамбылыгар сылдьан өссө сэргэхсийдэ.       
***
Ньургуһуннар... Саас аайы тоҥ буору тобулан тахсар дьикти сибэккилэр – олоххо тардыһыы тыыннаах туоһулара. Нарын-намчы бэйэлэрэ бар дьон сүрэҕин үөрүүнэн, эрэлинэн, тапталынан толороллор!

Сонуннар

Ордук ааҕаллар

Медик: «Бааһырбыт байыаспын дөйүтэн баран соһорум»
Дьон | 20.12.2024 | 12:00
Медик: «Бааһырбыт байыаспын дөйүтэн баран соһорум»
Олус ыарахан кэпсэтии буолла. Ааҕааччыга тиэрдэр гына суруйуохха наада. Дьоруойум сөбүлэҥин ылыахпын наада. Тоҕо диэтэххэ кини анал байыаннай дьайыыга сылдьыбыт кэрэ аҥаар,  ийэ, медик. Кэпсии олорон ытаатаҕына, сырҕан бааһын таарыйаммын диэн кэмсинэн ылабын, онтон эмиэ чочумча буолан баран салгыыбыт.   Кини позывнойун кистиир, ханна баарын, билигин ханна олорорун эмиэ эппэппит. Сөбүлэһэн...
Хотой кырыыhа
Сынньалаңңа | 21.12.2024 | 12:00
Хотой кырыыhа
Аан Ийэ дойдуга алдьархайдаах сэрии уота сатыылаан, киhи-сүөhү, кыыл-сүөл, көтөр-сүүрэр барыта уйулҕата хамсаан, олоҕун укулаата ыhыллан, тыыннаах хаалар кыhалҕатыгар кыпчыттаран, олохсуйбут сириттэн тэлэhийэн, үрүң тыыннарын өрүhүнэр түбүгэр түстүлэр.     Оргуйа турар сэрии кутаатыттан тэскилээн, суттан-кураантан күрэнэн, төрөөбүт дойдутун хаалларан, көтөр кынаттаах бииhин ууhун көрдөhүүлэринэн, чуумпу-уйгу олоҕу көрдөөн, Хотой кыыл хоту диэки...
Ульяна Корякина:  «Сахам тылын саамай сүмэтин олоҥхоҕо көрөбүн»
Дьон | 20.12.2024 | 10:00
Ульяна Корякина: «Сахам тылын саамай сүмэтин олоҥхоҕо көрөбүн»
Емельян Ярославскай аатынан Дьокуускайдааҕы кыраайы үөрэтэр түмэл алгыс балаҕаныгар Прокопий Прокопьевич Ядрихинскай-Бэдьээлэ “Дьырыбына Дьырылыатта Кыыс Бухатыыр” олоҥхотун оллоонноон олорон толорон истээччилэри мунньар эдэркээн кыыс кимий?   – Ульяна, «Киин куорат» ааҕааччыларыгар бэйэҥ тускунан билиһиннэр эрэ. – Мин Чурапчы улууһугар Хоптоҕоҕо күн сирин көрбүтүм, улааппытым. Билигин Дьокуускайдааҕы М.Н. Жирков аатынан музыка коллеһын...
2025 сыл – Саха Өрөспүүбүлүкэтигэр Ийэ дойдуну көмүскээччи сыла
Сонуннар | 20.12.2024 | 18:51
2025 сыл – Саха Өрөспүүбүлүкэтигэр Ийэ дойдуну көмүскээччи сыла
Ахсынньы 19 күнүгэр Ил Дархан Айсен Николаев Ил Түмэҥҥэ туһулааһыныгар кэлэр 2025 сылы Саха Өрөспүүбүлүкэтигэр Ийэ дойдуну көмүскээччи сылынан биллэрдэ. Айсен Николаев бэлиэтээбитинэн, Саха сиригэр бүгүҥҥү күҥҥэ Аҕа дойду Улуу сэриитин 9 бэтэрээнэ олорор. «Бу саалаҕа анал байыаннай дьайыы кыттыылаахтара – Арассыыйа дьоруойдара, «Эр санаа» уордьанын, «Хорсунун иһин», «Бойобуой үтүөлэрин...