Дьикти. Атын. Ураты. Сонун.
Кулун тутар 5 күнүгэр Саха Өрөспүүбүлүкэтин Үүнэр көлүөнэтин тыйаатырыгар Максим Горькай пьесатынан «На дне» испэктээк сүрэхтэннэ. Бу сырыыга артыыстар тылларынан-өстөрүнэн, диалогтарынан, монологтарынан буолбакка, айымньы ис хоһоонун, дьоруойдар олохторун, майгыларын-сигилилэрин аҥаардас хамсаныы-имсэнии көмөтүнэн көрдөрдүлэр, ол эбэтэр илиилэринэн-атахтарынан, сирэйдэринэн-харахтарынан үлэлээтилэр. Сорох түгэҥҥэ дьоруойдар кэпсэтиилэрин хаһыы-ыһыы, ырдырҕаһыы, ырдьыгынаһыы, күлсүү уо.д.а. солбуйда. Бу пластическай туруоруу дэнэр. Дьикти. Атын. Ураты. Сонун. Туох да диэбит иһин, режиссер артыыстарга ыарахан сыалы-соругу туруорбут. Ол туолбутун-туолбатаҕын көрөөччү бэйэтэ быһаарыа турдаҕа.
Испэктээк саҕаланыаҕыттан дьоруойдар сирэйдэрэ-харахтара, дьүһүннэрэ-бодолоро, таҥастара-саптара көрөөччүнү уопсастыба түгэҕэр тута түһэрдилэр. Уот-күөс, тыас-уус онно дьүөрэлии буолан биэрдэ. Хара бастакыттан туруорааччылар сыана дьааматын бэркэ туһаммыттарын бэлиэтии көрөҕүн. Бу олох оборчотун уобараһа буолла.
Режиссер айымньы дьоруойдарыгар саҥарар да кыаҕы биэрбэтэх. Ол тоҕото биллэр. Кырдьык, дьиҥ олоххо даҕаны муммут, бүдүрүйбүт дьону көрө-көрө аахайбатаҕа, истибэтэҕэ буола сатааһын баар эбээт?! Тоҥ муус сүрэхтээх аныгы үйэ дьоно, этэргэ дылы, харахтара сабыллан, кулгаахтара бүөлэнэн, уопсастыба “хараҥа күлүктэрэ” (умнаһыттар, уоруйахтар, арыгыһыттар, хаайыылаахтар о.д.а.) көмө көрдөөн хабарҕа муҥунан хаһыытаатахтарына да истиэхтэрэ биллибэт... Күн аайы күрэстэһиигэ (конкуренция) сылдьар балысхан сайдыылаах үйэ “күүстээхтэрэ” “мөлтөхтөргө”, “кыамматтарга”, “быстыбыттарга” илиилэрин ууналлара саарбах. Кинилэри ким өрө таһаарыай? Түгэххэ түспүттэр оборчоттон оронон тахсаллара, көнөр суолга үктэнэллэрэ – бэйэлэрин эрэ кыһалҕалара. Ол аата охтубут турбат, аллара “тимирэр” кэмэ кэллэ дуо? Хардата суох хараҥаҕа харбыалаһыы, им балайга балайданыы туохха тиэрдиэй? Бу туһунан Үүнэр көлүөнэ тыйаатырын саҥа туруоруута толкуйдатар.
Горькай үйэлээх айымньытыгар уопсастыбаҕа баар кырдьыгы, икки атахтаах баарын тухары хаһан да сүппэт-симэлийбэт сытыы кыһалҕалары таарыйбыта күн бүгүҥҥэ диэри ыарыылаахтык киирэр. Арыгыны “таҥара” оҥостуу, онтон сылтаан итирэн ииригирии, мөккүһэн, этиһэн-охсуһан туруу, тэбиэлэһии, күлүгээннээһин, өлөрсүү-өһөрсүү – сиэр-майгы сатарыйыытын көрдөрөр сыаналар ыарахаттар. Ол эрээри олоххо баары туох да киэргэтиитэ суох, хайдах баарынан тиэрдэллэр. Режиссер киһи аймах мөкү өрүттэрин, түктэри быһыыланыыларын, куһаҕан кэмэлдьилэрин биир-биир хостоон таһаарар. Итиэннэ “мин эһиэхэ саҥата суох кэпсээтим, дьэ, хайыыгыт, өйдүүгүт дуу, суох дуу?” дииргэ дылы.
Биһиги ортобутугар Актер курдук аһыы утахха убанан, талааннарын арыгыга атастаспыттар аҕыйаҕа суохтар. Ама, албын-түөкүн Сатиннар, харчыга хараҥарбыт Костылевтар суохтар үһү? Хомойуох иһин, бааллар.
Дьиҥ олоххо үөрэхтээх, үчүгэй ыалга иитиллибит, тапталга бигэнэн улааппыт дьон очурга оҕустаран бүдүрүйэллэрэ баар. Урут да, билигин да уопсастыбаҕа бэйэ-бэйэни таҥнары тардыы, кыамматы тэпсии баар. Аны туран, төһө да кэмсиммитиҥ иһин, ааспыты хайдах да төнүннэрбэккин. Буолан бүттэҕэ дии. Бэйэни аһынан, атыттары буруйдаан, кими эрэ сирэй-харах анньан туһа суох. Биллэн турар, очурга оҕустарбыт турарыгар, бүдүрүйбүт көнөрүгэр хаһан баҕарар ыарахан. Ол киһиттэн бэйэтиттэн эрэ тутулуктаах. Бу олохпут ыар кырдьыга драмаҕа күүскэ таарыллар.
Омос көрдөххө, дьоруойдары туох да үчүгэй күүппэт. Ол эрээри уопсастыбаттан туоратыллыбыттар да өй, сүрэх икки мөккүөрүгэр ыллараллар, кыл түгэнигэр олох үөрүүтүн билэр аналлаахтар. Чахчы даҕаны, иннинэн сирэйдээх, иэгэйэр икки атахтаах барахсан (төһө да бүдүрүйдэр) сүрэҕэ тэбэрин тухары инникигэ эрэлин сүтэрбэт эбээт! Маннык түгэннэргэ “Ньургуһуннар”, “Таптаатым”, “Дьоро киэһэ” ырыалар киирэн биэрбиттэрэ саҥата суох испэктээги киэргэттилэр.
***
Ааҕааччы да, көрөөччү да бу айымньыны хайдах өйдүүрүнэн ылынар, ааптар тугу этэ сатаабытын бэйэтэ толкуйдаан таһаарар. Ол эрээри биир санаа чуолкайдык өйдөнөр: баай буол, дьадаҥы, хаамаайы да буол – эн син биир Киһигин. Харчы, албан аат-суол, үрдүк соло тугу да быһаарбат. Онтон биир түгэҥҥэ ытыс соттуоххун сөп. Бу барыта Үүнэр көлүөнэ тыйаатырын «На дне» испэктээгэр биир тыла суох кэпсэнэр.
Алексей Павлов: «Аныгы олоҕу көрдөрөр саҥа драманы туруоруохпутун баҕарабыт...»
(блиц-интервью)
Премьера күн Саха Өрөспүүбүлүкэтин Үүнэр көлүөнэтин тыйаатырын уус-уран салайааччыта, Арассыыйа култууратын үтүөлээх үлэһитэ, СӨ норуодунай артыыһа Алексей Павловы таба тутан кэпсэттибит.
– Сергей Станиславович (режиссер Сергей Потапов – Аапт.) Үүнэр көлүөнэ тыйаатырыгар хаһыс үлэтэ буолла? Максим Горькай “На дне” пьесатын, этэргэ дылы, аан дойду тыйаатырдара туруордулар ини, туруорбатылар ини. Испэктээккэ туох саҥа, сонун баарый?
– Сергей Потапов биһиги тыйаатырбытыгар төрдүс туруоруута. Бу сырыыга пластическай испэктээк буолан таҕыста. Биир уратыта – бириэмэтэ суох. Эдэр артыыстар оонньоотулар. Уопсастыбаҕа түгэххэ түһүү барыта арыгыттан саҕаланарын, ол эрээри дьоруойдар инникигэ эрэллээхтэрин көрдөрөр айымньы. Киһи ааҕан кэллэҕинэ эрэ өйдүөх курдук. Сороҕо аахпыт да киһиэхэ ыарахан соҕус.
– Оччотугар көрөөччүлэр өйдүөхтэрэ дуо? Хас саастаах дьоҥҥо анаан туруорулунна?
– Дьэ, ону быһаарыахпыт, хайдах сирэйдээх-харахтаах тахсалларын көрүөхпүт (күлэр). Испэктээк 16-тан үөһэ саастаах ыччакка ананна. Премьераҕа орто анал үөрэх кыһаларыгар үөрэнэр устудьуоннар – медколледж, педколледж, култуура колледжын оҕолоро кэллилэр.
– Быйылгы Дьиэ кэргэн, Оҕо саас сылларыгар туох былааннааххытый? Үүнэр көлүөнэ тыйаатырыттан тугу күүтэбитий?
– Былааммыт элбэх. Оҕолорго аналлаах пьесалары, сыанаҕа туруон сөптөөх айымньылары суруйууга өрөспүүбүлүкэтээҕи күрэх биллэрбиппит, кулун тутар 27 күнүгэр түмүктэниэхтээх.
Кулун тутар 21 күнүттэн Үөһээ Бүлүү улууһугар гостуруоллуу барыахтаахпыт. Онно Айталина Ильина аатынан “Күн бытархайа” диэн оҕо уһуйааннарын, оскуолалар театральнай кэлэктииптэригэр бэстибээл ыытыахтаахпыт.
Мантан саас саҥа туруоруулар баар буолуохтара. Кыайыы 79 сылыгар Александр Фадеев “Эдэр гвардия” арамаанынан Александр Титигиров испэктээгэ сүрэхтэниэхтээх. Саха Өрөспүүбүлүкэтигэр Оҕо саас сылынан Виктор Астафьев “Мин суох хаартыскам” кэпсээнинэн Антон Ботаков саҥа испэктээги туруоруохтаах. Буойун суруйааччы Тимофей Сметанин “Күөрэгэй” остуоруйатын көрдөрүөхпүт. Чэ, кылгастык кэпсээтэххэ, итинник.
– Бу сыллар тухары ханнык туруоруулар дьон-сэргэ киэҥ биһирэбилин ыллылар?
– Далан “Дьикти саас” айымньытынан испэктээги олус сөбүлүүллэр. Хайыы үйэ хас да көлүөнэ артыыстар оонньоон эрэллэр. Ханнык баҕарар киһи кутун тутар туруоруу. “Дьикти сааска” көстөр кэрэ кэми бары биллэхпит, ол иһин барыбытыгар чугас.
Оҕо аймах “Биэс ынахтаах Бэйбэрикээн эмээхсин” остуоруйаны олус сөбүлээн көрөр. Итини таһынан, хотугу норуоттар номохторунан “Дьол тааһа” испэктээк уһуннук барда.
– Билиҥҥи кэм көрөөччүтэ тугу сэргиирий, оҕо аймах, ыччат тугу сэҥээрэрий? Ханнык айымньылар тиийбэттэрий?
– Билиҥҥи кэм айымньыта аҕыйах. Аныгы олоҕу көрдөрөр саҥа драманы туруоруохпутун баҕарабыт. Оннук айымньы элбиирэ буоллар диэн санаалаахпыт. Билиҥҥи оҕо туох өйдөөҕүн-санаалааҕын, тугу баҕарарын, олоҕу хайдах көрөрүн, оҕо уонна төрөппүт сыһыаннарын, уопсайынан, бэйэлэрин көрдөрөр айымньылары ордук сэргиэхтэрэ этэ. Холобур, Екатерина Ткачева “Мой маленький бог” айымньытынан туруорууну бэркэ сөбүлээн көрөллөр. Биллэн турар, классика хайаан да наада, ол өрүү баар буолуоҕа.
– Алексей Прокопьевич, быыс булан кэпсэппиккэр барҕа махтал!
Үүнэр көлүөнэ тыйаатырын пресс-сулууспатын түһэриилэрэ