30.07.2024 | 19:25

Дьиэ кэргэн сылын тэрийэр кэмитиэт мунньаҕа буолан ааста

Дьиэ кэргэн сылын тэрийэр кэмитиэт мунньаҕа буолан ааста
Ааптар: Киин Куорат
Бөлөххө киир

От ыйын 29 күнүгэр Ил Дархан Айсен Николаев салайааччылаах Арассыыйаҕа буола турар Дьиэ кэргэн сылын Саха сиригэр тэрийэр кэмитиэт киэҥ ыҥырыылаах мунньаҕа буолан ааста.

Ил Дархан Айсен Николаев бэлиэтээбитинэн, Арассыыйаҕа биллэриллибит Дьиэ кэргэн сылын дьиэ кэргэн сыаннастарын бөҕөргөтүү, хас да көлүөнэ киһилээх улахан дьиэ кэргэҥҥэ ытыктабыллаах сыһыаны сөргүтүү, оҕо төрөөһүнүгэр усулуобуйаны тэрийии, элбэх оҕолоох ыаллары өйөөһүн курдук сүрүн соруктара Саха Өрөспүүбүлүкэтэ дьиэ кэргэн политикатыгар ыытар үлэтин кытта дьүөрэлэһэллэр.
Саха Өрөспүүбүлүкэтигэр Дьиэ кэргэн сылынан ыытыллыбыт тэрээһиннэр уонна былааннар туһунан сүрүн дакылааты Бырабыыталыстыба Бэрэссэдээтэлин солбуйааччы Георгий Степанов оҥордо.
Кини ааспыт Ийэ уонна Үлэ сылларыгар нэһилиэнньэ үп-харчы өттүнэн өйөбүллээх буоларыгар, оҕо төрөөһүнүгэр, дьиэ кэргэн сыаннастарын үрдэтиигэ туһуламмыт сыаллары олоххо киллэрии Дьиэ кэргэн сылыгар салҕанарын бэлиэтээтэ. Маны сэргэ федеральнай киин былааныгар сөп түбэһиннэрэн оҥоһуллубут 148 тэрээһини хабар 7 блоктан турар Саха Өрөспүүбүлүкэтин былааныттан сыл 7 ыйыгар 78 пуун туолбутун тоһоҕолоото. 
Санатар буоллахха, 2024 сылтан Чурапчы, Нам улуустарыгар уонна Дьокуускай куоракка Дьиэ кэргэн элбэх функциялаах кииннэрэ үлэлииллэр. Вице-премьер Георгий Степанов бэлиэтээбитинэн, маннык кииннэри салгыы Мииринэй, Томпо, Үөһээ Бүлүү оройуоннарыгар, атын да улуустарга арыйар былаан баар. 
Мунньах кыттыылаахтара сыл бүтүөр диэри ыытыллар тэрээһиннэри, саҥа киириэхтээх «Дьиэ кэргэн» национальнай бырайыагы, оҕо төрөөһүнүн элбэтии, аҕа көлүөнэни кытта үлэни күүһүрдүү, дьиэ кэргэн дохуотун үрдэтии боппуруостарын дьүүллэстилэр, диэн иһитиннэрэр үлэ уонна социальнай сайдыы министиэристибэтэ.

Сонуннар

Ордук ааҕаллар

Медик: «Бааһырбыт байыаспын дөйүтэн баран соһорум»
Дьон | 20.12.2024 | 12:00
Медик: «Бааһырбыт байыаспын дөйүтэн баран соһорум»
Олус ыарахан кэпсэтии буолла. Ааҕааччыга тиэрдэр гына суруйуохха наада. Дьоруойум сөбүлэҥин ылыахпын наада. Тоҕо диэтэххэ кини анал байыаннай дьайыыга сылдьыбыт кэрэ аҥаар,  ийэ, медик. Кэпсии олорон ытаатаҕына, сырҕан бааһын таарыйаммын диэн кэмсинэн ылабын, онтон эмиэ чочумча буолан баран салгыыбыт.   Кини позывнойун кистиир, ханна баарын, билигин ханна олорорун эмиэ эппэппит. Сөбүлэһэн...
Үчүгэйи көрөргө хаһан үөрэнэбит?
Сонуннар | 14.12.2024 | 13:15
Үчүгэйи көрөргө хаһан үөрэнэбит?
Сиэн көрө куоракка кыстыыбын. Күн аайы оптуобуһунан оҕобун оскуолаҕа илдьэбин-аҕалабын. Быйыл, дьэ, этэргэ дылы, үйэ тухары хамсаабатах маршруттарга уларыйыылар таҕыстылар. Бассаапка үөхсэн туох туһа кэлиэй, төттөрүтүн, дьону күөртээн эрэ биэрии курдук. Ол иһин бу турунан туран Дьокуускай куорат сахалыы тыллаах хаһыатыгар санаабын тиэрдэргэ соруннум.  Бииринэн, нэһилиэнньэбит ахсаана күн-түүн улаата турар....
Сатаан салайыы, тэрийии — эмиэ талаан
Дьон | 14.12.2024 | 18:00
Сатаан салайыы, тэрийии — эмиэ талаан
Харах ыларынан хаһан да бүппэттии көбүүс-көнөтүк тыргыллар бэс чагда устун айан суолунан сыыйылыннаран иһэн, «Дьиикимдэ» диэн суруктаах бэлиэҕэ биирдэ баар буола түстүбүт. Туох-хайдах дьарыктаах, тугунан тыынар нэһилиэккэ киирэн эрэрбитин аартыкка баар суруктаах бэлиэ кэпсииргэ дылы.  Бүгүн биһиги “Дьиикимдэ дьээбэлэрэ” көр-күлүү тыйаатырын артыыһа, режиссера, продюсера Артур Николаевич Егоровтыын нэһилиэк култуурунай олоҕун...