Дьиэ кэргэн саамай тутаах дьоно
Эбээ диэн “скорай помощь”,
Эбээ диэн халыҥ хармаан,
Эбээ диэн босхо ньээҥкэ,
Эбээ диэн аһылык арааһа.
Эбээттэн үүт-сүөгэй аллар,
Эбээттэн сүбэ-ама кэлэр,
Эбээттэн тоҥмот таҥас,
Кээнчэ, үтүлүк тохтор.
Үчүгэй да ааттаах киһи,
Эбээ диэн котоку,
Ыалдьыбакка-сүппэккэ,
Уһуннук эрэ олордор.
***
Онтон эһээ диэн “двигатель”.
Эһээ диэн “голова”,
Эһээ диэн тутаах киһи,
Эһээ – сүбэ-ама.
Эһээ бүппэт гөрүүчэйдээх,
Эһээ хармаана да суох сүүрэр.
Эһээ муударай өйдөөх,
Эһээтэ суох туох да табыллыбат.
Эһээ – сүҥкэн хапытаал,
Эһээ – модьу акылаат.
Убаастааҥ эһээни.
Эһээ доруобай буоллун.
Эҕэрдэ эһээлэргэ.
***
Эбээ диэн “Сбербанк”,
Эбээ төннүбэт кредит биэрээччи,
Эбээ диэн остолобуой,
Эбээ босхо аһатар повар,
Эбээ диэн маҕаһыын,
Эбээ барахсаҥҥа тиийиэххэ наада.
Холодильникка толору ас,
Ыскаапка таҥас-сап.
Талбыккын таҥнаҕын,
Сөбүлээбиккин сиигин
Кэлтэгэй кэппиэйкэтэ суох.
Эбээҕэ тиийиэххэ эрэ наада...
Бу көрүдьүөс эрээри, уот харахха этиллибит хоһоону сотору-сотору социальнай ситимҥэ ыыталлар. Тоҕо диэтэххэ сотору-сотору эбээлэр, эһээлэр тус-туһунан, ол быыһыгар ааспыт нэдиэлэҕэ, алтынньы 27 күнүгэр, Эһээлэр уонна эбээлэр иккиэннэрин күннэрэ диэн буолан ааста.
Кырдьык даҕаны, бу бырааһынньыктара кинилэр үүнэр көлүөнэҕэ, сиэннэрин олохторугар улахан оруолу ылалларын толору туоһулуур күн.
Бу күнү бастаан 2009 сыллаахха бэлиэтээбиттэрэ, талыллыбыта да мээнэҕэ буолбатах эбит: оруобуна алтынньы бүтэһигэр былыргы славяннарга Күһүҥҥү Эһээлэр диэн бэлиэтэнэрэ үһү – өбүгэлэргин кытта сибээһи тутар бырааһынньык.
Көлүөнэлэр утумнарын уонна бу бырааһынньык бэлиэтинэн сибэкки кашпота буолар, ону бэлэхтэниллиэхтээх.
Эбээлэр уонна эһээлэр – олох араас ыарахаттарын ааспыт дьон. Онон кинилэр уопуттара сиэннэрин суолугар көрсүбүт араас кыһалҕалары быһаарарга көмөлөһөр. Аҕа көлүөнэ дьиэ кэргэн олоҕун сыаннастарын уонна үгэстэрин сыаналыыр оруола олус улахан.
Онон, бу күн аастар даҕаны, кинилэр оҕо иитиитигэр тоҕо, туох улахан суолтаны, оруолу ылалларын, ону таһынан биир эбээ аймалҕаннаах санаатын бэчээттиэхпит.
Өйүүллэр уонна кыһаллаллар
Төрөппүттэр үлэҕэ сылдьар кэмнэригэр эбээлэр уонна эһээлэр кинилэр оҕолорун көрөллөр-истэллэр, иитэллэр-аһаталлар. Ону сэргэ аҕа көлүөнэ ийэлэргэ, аҕаларга сынньанар кыах биэрэллэр, оҕону көрөр эбээһинэстэрин толору бэйэлэригэр ылынан.
Кинилэр олох-дьаһах боппуруостарыгар, атын да балаһыанньаҕа сүбэлииргэ, көмөлөһөргө мэлдьи бэлэмнэр.
Үгэстэри уонна олох сыаннастарын тиэрдэллэр
Муударай, олоххо баай уопуттаах буоланнар, эбээлэр уонна эһээлэр сиэннэрин бэйэлэрин курдук иитэллэр, эйэҕэс, ытыктабыллаах буоларга үөрэтэллэр.
Маны сэргэ кинилэр дьиэ кэргэн историятын, өбүгэлэрин, оҕолорун хайдах ииппиттэрин туһунан кэпсииллэр.
Бэйэлэрин билиилэрин иҥэрэллэр
Эбээлэр уонна эһээлэр оҕо эрдэҕинээҕилэрин, байыаннай кэми, сахалар бырааһынньыктарын, ыһыах атын да үлэ-хамнас туһунан кэпсииллэр. Бу үүнэн эрэр көлүөнэ ыччакка өбүгэлэрбит хайдах олорбуттарын, туох кыһалҕалаахтарын өйдүүргэ көмөлөһөр.
Урукку көлүөнэ бэйэтин үөрүйэхтэрин, сатабылларын тиэрдиэн сөп. Холобур, килиэби, алаадьыны хайдах буһарар туһунан, кирээдэни түөрүү, эбэтэр өрөмүөн үөрүйэхтэригэр эҥин үөрэтэллэр.
Оҕолор үөрэхтэригэр көмөлөһөллөр
Үгүс кырдьаҕастар бэйэлэрэ үөрэммит кэмнэрин санааннар, сиэннэригэр уруоктарын ааҕарга үөрүүнэн көмөлөһөллөр. Кинилэр оҕолоругар кинигэ ааҕаллар, бу, биллэн турар, оҕону кыра сааһыттан литератураны таптыырга угуйар.
Араас саастаах дьону кытта кэпсэтэргэ үөрэтэллэр
Эдэрдэр уонна үүнэн эрэр көлүөнэ икки ардын саастара, биллэн турар, элбэх. Оҕо эбээтин уонна эһээтин кытта элбэхтэ кэпсэтиэхтээх. Онон оҕолор социальнай контактара кэҥээн, саастыылаахтарын кытта эрэ буолбакка, улахан дьону кытта бодоруһуу уопута үөскүүр.
Сиэммин былдьаан барыахтарыттан көрө иликпин
Түөрт уол оҕолоох ийэбин. Уонтан тахса сыллааҕыта дэриэбинэбитигэр элбэх уол оҕолоох ийэлэр кыргыттары иитэн барбыттара. Уол оҕо син биир ииппэт, кийииккэ төрөтөн биэрэбит диэннэр. Кийиит тугу эппитинэн барар, ийэтиттэн, аҕатыттан тэйитэр, уолгут анараа эрэ аймахтарын өрө тутуо диэннэр.
Мин уолаттарбын олус таптыыр буоламмын кыыс оҕону иитэ ыллахпына кинилэри таҥнарар курдук санаабытым. Ама, бачча тапталга, далбарга иитиллибит уолаттарым ийэлэрин, аҕаларын умнубат инилэр диэн буолбута. Билигин хайдаҕый? Икки улахан уолум кэргэн ыланнар миигиттэн тэйбиттэрэ ыраатта. Ол кийииттэрбин сирбэппин буолан баран, дойдуларыгар сорох сыл кэлбэттэр даҕаны. Улахан уолум аах Калининградка көһөн барбыттара уонча сыл буолла. Сиэннэрбин видео эрэ баар буолан, онон кэпсэтэбит. Кэпсэтэбит да буолуо дуо, көрдөрөн ылаллар. “Привет, бабушка, дедушка!”, – дииллэр, онон бүтэбит. Сахалыы биир тылы саҥарбаттар, билбэттэр.
Иккис уолум аах олох да хоту олороллор, кыыс ол дойдуттан сылдьар. Бултуур буолан олох да сыл баһыгар-атаҕар көрсөбүт, кэпсэтэбит. Кийииппитигэр биирдэ эмит эрийэбит, учуутал буолан эмиэ күн солото суох. Икки сиэннээхпит да, хам-түм кэпсэтэбит. Аны сибээстэрэ мөлтөҕө диэн айыы муҥ.
Үһүс уолбут кэргэн ыла илик. Кырабыт, муруммут бүөтэ син чугас улуус кыыһын аҕалбыта. Биһиги дьэ, үөрүүбүт үс бүк этэ. Уруу тэрийбиппит. Биир мунаахсыйарым диэн, наһаа эдэрдэр, иккиэн устудьуоннар, аны кийиит хат буолбут этэ. Биһиги бэрт ыксалынан саахсалаан, уруу тэрийэ охсубуппут.
Бэс ыйыгар төрөөбүт уол оҕолорун балаҕан ыйыгар үөрэнэ барабыт диэн, икки ыйдаах сиэммитин сөбүлэһэн тутан хаалбыппытын билбэккэ да, соһуйан да хаалбыппыт. Үлэбиттэн уурайдым, эһээбит үлэлиэ диэн буолла. Дьэ, хайдах оччолорго түүннэри утуйбакка, күнүстэри илиибиттэн араарбакка көрбүппүн сатаан санаабаппын, баҕар, оччолорго син эдэрчи буолан эбитэ дуу. Эдэрчи да буолан, 57 саастаах этим. Аны оҕобут иринньэҕэ, хас биирдии тииспит тахсыыта температура, түүннэри ытаан, испит үллэн ол эбиитэ, хаппырыыһа. Эһээтэ барахсан оҕотун наһаа таптыыра, илиититтэн араарбакка көрсүбүтэ. Бастакы сиэммит курдуга, төһө да бэһис сиэммит буоллар. Атыттары көрбөтөх буоламмыт, олус таптаан, атаахтатан ииппиппит. Төрөппүттэрэ, бэйэлэрэ оҕолор, кэнники соччо-бачча кэлбэт да буолбуттара. Сессия, эксээмэннэр, сочуоттар, онтон диплом суруйуута. Ол курдук сиэммитин биэс сааһыгар диэри көрбүппүт, уһуйааҥҥа баран наһаа эбиллибитэ, оттомноммута. Уопсайынан, эһээ, эбээ иппит оҕото буолара биллэрэ, аргыыйдык лоп-бааччы саҥарар, саастыылаахтарын буойара-хайыыра. Арба, эбиитин эһээтин аатынан Хабыыча диэн. Дьон үксэ Ганика диэбэккэ, Хабыыча диэн ааттыыллара, онон да аатын курдук “оҕонньор” аргыыйдык сылдьар, барытын тэҥҥэ бэрийсэр, дьоһуннанан олорон кэпсэтэр эҥин. Уопсайынан, күммүт-ыйбыт, нохтолоох сүрэхпит хаһаайына буолбута.
Оҕолорбут үөрэхтэрин бүтэрэллэригэр сиэммит алтатын туолбута, ааҕар-суруйар буолбута. Биир сыл өссө олордун, үлэлээн харчы мунньунан баран оскуолаҕа киирэригэр ылыахпыт диэн үөрдүбүттэрэ. Биһиги хайдах эрэ иккиэн даҕаны оҕобутун ылан бараллара буолуо диэн олус куттанарбыт, ону хайа-хайабыт таспытыгар таһаарбаппыт курдат көстөрө. Хабыычам ордук ылларбыт курдуга, кыратык буойдахпына кытаанахтык кынчарыйан көрөрө, оҕотун сүүһүттэн сыллыы сылдьара, олох араас муударастарыгар үөрэтэрэ, сиргэ-тыаҕа илдьэ сылдьара.
Оҕобут сэттэ сааһын олус үөрэн, бэрт элбэх урууларбытын, доҕотторбутун ыҥыран бэлиэтээбиппит. Арай, уолум аах сыһыаннара хайдах эрэ мөлтөөбүтүн сэрэйбитим. Аны туран сиэммит төрөппүттэригэр, ордук ийэтигэр чугаһаабат, тэйэ сатыы сылдьара. Утуйарыгар да эһээтин эрэ кытта сытыһара. Саатар ийэтэ тоҥуй, оҕотугар улаханнык ымманыйбат, сыста сатаабат этэ. Бу сэттэ сыл тухары кыыс да дьоно наһаа билсибэтэхтэрэ, дьонугар илдьэ да бара сылдьыбатаҕа. Арааһа, сыһыаннара мөлтөһүөр быһыылаах этэ.
Атырдьах ыйын ортотугар мин Хабыычабыныын сиргэ барбыппыт, сир астыы. Киэһэлик кэлбиппит, арай дьиэбит иһэ кубус-кураанах, уу чуумпу, оҕобут таһырдьа да, иһирдьэ да суох. Мин тоҕо эрэ “дьик” гынным. Уолбут ампаар иннигэр умса көрөн баран олороохтуур эбит. Кийииппит оҕотун ытаппытынан хомунан букатын барбыт. Кэлин билбппит, олох да куоракка сылдьан саахсанан арахсыбыттар эбит.
Үс сыл ааста... Үс олус эрэйдээх, харах уулаах, кэтэһиилээх, биир сонуну истиэхпит, биир хаартысканы көрүөхпүт диэн эрэниилээх күннэр-дьыллар. Кийииппит ханна баара да биллибэт, сирин уларыппыт, олох да соҕуруу барбыт дуу. Хабыычам орто дойдуттан оргууйдук утуйа сытан бараахтаабыта... Уолум СВОҕа сылдьар. Сулумах уолбунуун уку-сакы олоробун. Санаам барыта ол сиэммэр, кырачаан Хабыычабар. Кийиит төрөппүттэрэ бааллар эбит, бартыһааннар, тугу да эппэттэр.
Билигин сиэммит 10-на. Ама, биһигини өйдөөбөт, ахтыбат, санаабат буолуо дуо. Эһээлэр, эбээлэр, сиэннэр оҕолор бурайсыбыттарыгар туох буруйдаах үһүбүт. Биһиги олох атын олохтоох, олох атын тапталы биэрэр дьоммут эбээт. Кийииттэр, баһаалыста, истиҥ дуу, сиэннэри эбээлэртэн, эһээлэртэн туура тутан илдьэ барымаҥ, кинилэр сүрэхтэрин ытатымаҥ, аҕаларыгар төһө да кыыһырбыккыт, хомойбуккут иннигэр сиэннэри араарымаҥ диэн бука диэн көрдөһөбүн, ааттаһабын! Баҕар, сиэммит ийэтин тылыгар киллэрэн кийииппит өйдөнүө дуу, аны туран тапталлаах эһээтэ суох, төһөлөөх иһигэр ытаан, санаарҕаан бараахтаабыта буолуой?
Кырдьаҕас дьоҥҥутун харыстааҥ, ытыктааҥ, сиэннэри араарымаҥ, биһиги кинилэргэ үтүөттэн атыны баҕарбаппыт буолбаат?