10.07.2023 | 12:32

Дьиэ кэргэн политикатыгар бастыҥ муниципалитет 10 мөл. солк. ылыаҕа

Дьиэ кэргэн политикатыгар бастыҥ муниципалитет 10 мөл. солк. ылыаҕа
Ааптар: Киин Куорат
Бөлөххө киир

Ол курдук, «Бастыҥ ыал - 2023» өрөспүүбүлүкэтээҕи бэстибээл кэмигэр Ил Дархан Айсен Николаев: «Демографическай уонна дьиэ кэргэн политикатын муниципальнай таһымҥа күүһүрдэр сыалтан бастыҥ көрдөрүүнү ситиспит оройуоҥҥа 10 мөл. солк. кээмэйдээх СӨ гранын олохтуубун», – диэтэ.
Өрөспүүбүлүкэ былааһа маннык быһаарыыны хас биирдии муниципальнай тэриллиигэ дьиэ кэргэн сыаннастарын бөҕөргөтөр, ийэ, аҕа аатын үрдэтэр үлэни күүһүрдэр сыалтан ылынна, диэн иһитиннэрэр Ил Дархан уонна Бырабыыталыстыба пресс-сулууспата.

Сонуннар

Ордук ааҕаллар

Медик: «Бааһырбыт байыаспын дөйүтэн баран соһорум»
Дьон | 20.12.2024 | 12:00
Медик: «Бааһырбыт байыаспын дөйүтэн баран соһорум»
Олус ыарахан кэпсэтии буолла. Ааҕааччыга тиэрдэр гына суруйуохха наада. Дьоруойум сөбүлэҥин ылыахпын наада. Тоҕо диэтэххэ кини анал байыаннай дьайыыга сылдьыбыт кэрэ аҥаар,  ийэ, медик. Кэпсии олорон ытаатаҕына, сырҕан бааһын таарыйаммын диэн кэмсинэн ылабын, онтон эмиэ чочумча буолан баран салгыыбыт.   Кини позывнойун кистиир, ханна баарын, билигин ханна олорорун эмиэ эппэппит. Сөбүлэһэн...
Үчүгэйи көрөргө хаһан үөрэнэбит?
Сонуннар | 14.12.2024 | 13:15
Үчүгэйи көрөргө хаһан үөрэнэбит?
Сиэн көрө куоракка кыстыыбын. Күн аайы оптуобуһунан оҕобун оскуолаҕа илдьэбин-аҕалабын. Быйыл, дьэ, этэргэ дылы, үйэ тухары хамсаабатах маршруттарга уларыйыылар таҕыстылар. Бассаапка үөхсэн туох туһа кэлиэй, төттөрүтүн, дьону күөртээн эрэ биэрии курдук. Ол иһин бу турунан туран Дьокуускай куорат сахалыы тыллаах хаһыатыгар санаабын тиэрдэргэ соруннум.  Бииринэн, нэһилиэнньэбит ахсаана күн-түүн улаата турар....
Сатаан салайыы, тэрийии — эмиэ талаан
Дьон | 14.12.2024 | 18:00
Сатаан салайыы, тэрийии — эмиэ талаан
Харах ыларынан хаһан да бүппэттии көбүүс-көнөтүк тыргыллар бэс чагда устун айан суолунан сыыйылыннаран иһэн, «Дьиикимдэ» диэн суруктаах бэлиэҕэ биирдэ баар буола түстүбүт. Туох-хайдах дьарыктаах, тугунан тыынар нэһилиэккэ киирэн эрэрбитин аартыкка баар суруктаах бэлиэ кэпсииргэ дылы.  Бүгүн биһиги “Дьиикимдэ дьээбэлэрэ” көр-күлүү тыйаатырын артыыһа, режиссера, продюсера Артур Николаевич Егоровтыын нэһилиэк култуурунай олоҕун...