30.08.2021 | 12:30

Дьиэ кэргэҥҥэ эйэлээх эйгэни тэрийэбит

Ааптар: Айталина Софронова
Бөлөххө киир

Биһиги олорор дьиэбитигэр, оннооҕор кыараҕас хоспутугар үчүгэй уонна тупсаҕай оҥоһуулаах сир баар буолуохтаах. Холобура, күнү быһа мунньуллубут сылаабыт хараарбыт, киртийбит эниэргийэҕэ кубулуйуон сөп. Киһи дьиэ боруогуттан саҕалаан улахан иирсээҥҥэ киириэн сөп. Бу маннык быһыы-майгы төрүөтэ туохханый? Дьиэ кэргэн эйгэтэ хайдах буолуохтааҕый?  Ол туһунан Виктория Дмитриева “Мин эмиэ оҕобун” диэн кинигэтин ааҕан баран, ааҕааччыларбын кытта үллэстэргэ сананным.

 

Киһи сылайбытын, туохтан эрэ кыыһырбытын кимиэхэ эрэ таһаарара баар суол. Ас астааһын, оҕо дьиэтээҕи үлэтин бэрэбиэркэлээһин, ыһыллыбыт малы-салы хомуйуу, бэл, таҥас сууйтарыыта да аҕыс айдаанынан оҥоһуллар. Чэ, ону барытын ааттаабаппын. Ыал аайы түбүк элбэҕэ биллэр.  Сороҕор сылайбыт киһи маны барытын оҥорор кыаҕа суох буолара чахчы. Хата, ол оннугар ким да көрбөт, тыыппат, ыххайбат  сиригэр сытан уоскуйуон, санаатын сааһыланыан баҕарар. Күүстээх үлэ нэдиэлэтин кэнниттэн үгүс ыалга маннык түгэн элбэхтик тахсар.

Туора дьону кытта, холобур, бииргэ үлэлиир дьоммутугар күннээҕи кыһалҕабытын кэпсии сатаабаппыт. Хомойорбутун, дьиэбитигэр табыллыбаппытын тоҕо атын дьон билиэхтээҕий? Ол курдук, үлэ күнүн былаһын тухары бэйэбит иэнийиилэрбитин (эмоцияларбытын), баҕа санаабытын хам баттыырга дьулуһабыт. Оннук гына сатыыбыт даҕаны.

Негативы мунньа сырыттахпытына, ханна тиийэрбит биллибэт. Айылҕа да оҥоһуутунан негативнай иэнийии ханна эрэ тахсан барыахтаах. Кыйаханыы, кырыктаах буолуу, кырыктаах тыллар ― ити барыта организмы көмүскүүр хардарыы сорҕото.

Чугас дьоммут биһигини олус күүскэ таптыыллар. Кинилэр элбэх күүһү-уоҕу, сарсыҥҥы күҥҥэ эрэли биэрэ тураллар. Ол гынан баран, дьиэ кэргэммитигэр биһиги сылайбыппытын биллэрэн, тыыммытын таһаарар буоллахпытына, ол туох да үчүгэйи аҕалбат.

Маннык баһыыга-майгыга кэргэниҥ эйиэхэ болҕомто тиийбэтин дуу, өйөбүл көрдүүргүн дуу өйдүө суоҕа. Күн аайы этиһии өссө күүһүрүө, сытыырхайыа, түмүгэр арахсар аакка түһүөххүт.  Оттон ыһыыны-хаһыыны көрөр үс саастаах оҕоҥ ийэтэ үлэтиттэн сылайан кэлэрин букатын да өйдөбөөт.

Дьиэ иһигэр үтүө сыһыаны, ыраас салгыны тутарга, сылаас эйгэни олохтуурга хас да судургу быраабыла баар.

 

Бу сыыһа! Тохтотуҥ

Остуоруйаҕа кыыллар мөккүһүүлэригэр ким ордук күүстээҕин, кутталлааҕын быһаарсыыларыгар слон кыайбыта үһү. Ол гынан баран, слон кыайбытыттан үөрбэтэҕэ: дьиҥэ, күүстээх, ол гынан баран, тоҕо саамай кутталлаах буолуохтааҕый?

Дьиэҕэ-уокка эмиэ оннук. Патриархат, матриархат эбэтэр бэйэ икки ардыгар кэргэннии сыһыаҥҥыт эһиги дьиэ кэргэҥҥитигэр оруолу оонньуо суохтаах. “Мин эрэ барытын саба тутуохтаахпын”, “Мин эрэ тойоммун”, “Мин эрэ эппитим сөп” диэн буолуо суохтаах. Хас биирдии ыалга ким тугу гыныахтааҕа, туох оруоллааҕа барыта өйдөнөр буолуохтаах.

«Суох» дииргэ үөрэниҥ

Туора дьон интэриэстэрин үрдүктүк тутуу ― бу үтүө санаа, толкуй буолбатах. Оттон бэйэтин баҕатын ытыктыыр киһи бэйэмсэх аатырбат. Кимиэхэ эрэ көмөлөһүөххүт иннинэ бу ыйытыыларга хоруйу көрдөөҥ: бу бириэмэбин киниэхэ аныыр кыахтаахпын дуо? Эппит тылбын толороору тардыллан хаалыам суоҕа дуо? Кэлин үлэбин ситэри оҥоруом суоҕа дуо?

Биир эмэ боппуруоска саарбахтыыр буоллаххытына, аккаастанартан куттанымаҥ. Бэйэм соруктарбын бүтэрдим эрэ, үөрүүнэн көмөлөһүөм диэн аһаҕастык этиҥ. Бу куруубай быһыы-майгы буолбатах, киһи бэйэтин ресурсаларын табатык үллэстиитэ.

Дьиэҕэ-уокка эмиэ оннук быраабыла баар. Маҕаһыынтан кэлэн баран, атыыласпыккытын сааһылыаххытын, илиигитин сууна охсуоххутун, таҥаскытын уларыттыаххытын наада. Дьиэлээхтэргэр ас тарда охсоору, барытын хайдах эрэ гынан саба туппут киһи диэн ыксыах-ыгылыйыах оннугар холкутук сааһыланыҥ, ол оннугар хойутаан да аһааҥ.

 

Кыраныысса диэн баар

Оҕоҥ баттаххыттан тардыалыырын сөбүлээбэт буоллаххына, тулуйа-тулуйа олорума, искэр мунньума. Атын киһи кыраныыссатын убаастыырга, сыаналыырга үөрэт.

Биир сиргэ хааччахтанан олоруу куруук уустук. Хас биирдии киһи тус уратыта, наадата араас буолар. Туохха эрэ бэйэ-бэйэҕитигэр туран биэриҥ, атастаһыҥ, кыраныыссата олохтооҥ.

 

Баҕа санааҕытын хам баттаамаҥ

Бэйэлэрин баҕаларын хам баттыыр дьон бэйэлэрин сүтэрэллэр. Олорор дьиэҥ төннөн кэлэ турар баҕа санааҥ тиһэх миэстэтэ буоларын өйдөө. Күн аайы биир хартыына хатыланарыттан, дьиэ түөрт истиэнэтин манаан олорууттан киһи кута-сүрэ баттанар, иэйиитэ да кэлбэт. Дьиҥнээх баҕа санааҕытыгар бириэмэҕитин анааҥ.

Орон бырастыынатын көбүс-көнө гына көннөрүөх оннугар кинигэтэ ааҕыҥ. Эбэтэр кыахтаах буоллаххытына робот-пылесос атыылаһарга харчыта мунньунуҥ. Киһи биирдэ кэлбит олоҕор күннээҕи түбүктэн уоскуйан, сынньанан, сөбүлүүр киинэтин көрүөн сөп. Фитнескэ да сылдьарга бириэмэ көстүө.

Сарсыарда үлэҕэр айаннаан иһэн аара суолга, ас астыыр кэмҥэр туһалаах  аудио кинигэлэри иһит, чахчы эйиэхэ наадалаах араас үөрэх куурустарын көр. Оттон пааркаҕа оҕоҕун кытта күүлэйдии сылдьан 20 мүнүүтэни бэйэҕэр анаа, эрчиллэн да ылыаххын сөп.

 

Хас биирдии киһи санаатын ытыктааҥ

Атын дьон санаатын атаҕастаамаҥ, чугас дьонун туһунан кэпсэтэр буоллаххытына, куһаҕаннык саҥарымаҥ. Хас биирдии киһи бэйэтин санаатын, оннооҕор кырачаан оҕо көрүүтүн этэр бырааптаах. Киһини өһүргэппэт, кыыһырдыбат гына туох мэһэйдиирин, ол биричиинэтин быһаар. Хаһан да ыксаллаах быһыыга-майгыга бэйэҕит быһаарыныыгытын салгыҥҥа ыйаан хаалларымаҥ.

 

Буруйу атыттарга сыбаамаҥ

Чугас дьонноргун кыһалҕаларын кытта соҕотохтуу хаалларыма. Бастаан санааҕытын биллэриҥ, өйөбүлгүтүн көрдөрүҥ. Быһыыны-майгыны тупсарарга кыһаныҥ уонна онтон эрэ иитэр-үөрэтэр кэпсэтиилэри ыытыҥ.

«Барытын бэйэҥ дьаабылаатыҥ, эн эрэ буруйдааххын. Хайдах да дьаабылан. Эйигин кытта аахсан да диэн» диир туох даҕаны туһата суох.

 

Дьэ, ити курдук, алаһа дьиэҕит эйгэтэ хас биирдиигититтэн тутулуктаах. Эһиги бэйэҕит эрэ уларыйдаххытына, дьиэ кэргэҥҥит укулаата көнүө, ил-эйэ эҥэрдэһиэ.

Сонуннар

Ордук ааҕаллар

Медик: «Бааһырбыт байыаспын дөйүтэн баран соһорум»
Дьон | 20.12.2024 | 12:00
Медик: «Бааһырбыт байыаспын дөйүтэн баран соһорум»
Олус ыарахан кэпсэтии буолла. Ааҕааччыга тиэрдэр гына суруйуохха наада. Дьоруойум сөбүлэҥин ылыахпын наада. Тоҕо диэтэххэ кини анал байыаннай дьайыыга сылдьыбыт кэрэ аҥаар,  ийэ, медик. Кэпсии олорон ытаатаҕына, сырҕан бааһын таарыйаммын диэн кэмсинэн ылабын, онтон эмиэ чочумча буолан баран салгыыбыт.   Кини позывнойун кистиир, ханна баарын, билигин ханна олорорун эмиэ эппэппит. Сөбүлэһэн...
Үчүгэйи көрөргө хаһан үөрэнэбит?
Сонуннар | 14.12.2024 | 13:15
Үчүгэйи көрөргө хаһан үөрэнэбит?
Сиэн көрө куоракка кыстыыбын. Күн аайы оптуобуһунан оҕобун оскуолаҕа илдьэбин-аҕалабын. Быйыл, дьэ, этэргэ дылы, үйэ тухары хамсаабатах маршруттарга уларыйыылар таҕыстылар. Бассаапка үөхсэн туох туһа кэлиэй, төттөрүтүн, дьону күөртээн эрэ биэрии курдук. Ол иһин бу турунан туран Дьокуускай куорат сахалыы тыллаах хаһыатыгар санаабын тиэрдэргэ соруннум.  Бииринэн, нэһилиэнньэбит ахсаана күн-түүн улаата турар....
Сатаан салайыы, тэрийии — эмиэ талаан
Дьон | 14.12.2024 | 18:00
Сатаан салайыы, тэрийии — эмиэ талаан
Харах ыларынан хаһан да бүппэттии көбүүс-көнөтүк тыргыллар бэс чагда устун айан суолунан сыыйылыннаран иһэн, «Дьиикимдэ» диэн суруктаах бэлиэҕэ биирдэ баар буола түстүбүт. Туох-хайдах дьарыктаах, тугунан тыынар нэһилиэккэ киирэн эрэрбитин аартыкка баар суруктаах бэлиэ кэпсииргэ дылы.  Бүгүн биһиги “Дьиикимдэ дьээбэлэрэ” көр-күлүү тыйаатырын артыыһа, режиссера, продюсера Артур Николаевич Егоровтыын нэһилиэк култуурунай олоҕун...