23.02.2023 | 17:00

Дьиҥнээх эр киһи диэн кимий?

Дьиҥнээх эр киһи диэн кимий?
Ааптар: Наталья ПРОТОПОПОВА
Бөлөххө киир

Олунньу 23 күнэ – Аҕа дойдуну көмүскээччилэр күннэрэ. Бу күнү дьон араастык өйдүүр. Сорох дьон аармыйаҕа сулууспалаабыт, ытык иэстэрин төлөөбүт дьону эрэ чиэстээһин, билиҥҥи саллааттары эҕэрдэлээһин курдук өйдүүр. Оттон кимнээх эрэ көннөрү эр дьон күнүн курдук ылынан, уолаттарын, кэргэттэрин, аҕаларын, эһэлэрин барыларын эҕэрдэлииллэр, бэлэх биэрэллэр, тапталга билинэллэр, тэрилтэлэргэ кэллиэгэлэригэр анаан остуол тардаллар...

Бүгүн, бэлиэ күнү көрсө, биһиги эр дьону, ыал аҕаларын тэттик ыйытыкка хоруйдуурга көрдөстүбүт.

Ыйытык:

* Эн санааҕар, эр киһи, аҕа оруола билиҥҥи үйэҕэ хайдаҕый?

* Дьиэ кэргэҥҥэ сүрүн быһаарыныыны эр киһи ылыныахтаах дуу, дьахтар дуу?

* Эр киһи оҕону иитиигэ оруола. Тус холобур диэн тугуй?

* Дьиэ кэргэҥҥэ харчыны эр киһи тутуохтаах дуу, дьахтар дуу? Харчыны дьахтар тутар буоллаҕына, бу киһи дьиҥнээх эр киһи буолбатах диэн санааны кытта сөпсөһөҕүн дуо?

* Дьиҥнээх эр киһи аармыйаҕа хайаан да сулууспалыахтаах диэни туох дии саныыгыный?

Олег Колесов – Талбан, “Саха” НКИХ телевидениетын дириэктэрэ:

– Мин санаабар, билиҥҥи үйэҕэ эр киһи оруола сүрдээх улаатта. Уол да, кыыс да оҕолоох ыалга аҕа оруола куруук үрдүктүк тутуллуохтаах.

Аны туран дьиэ кэргэҥҥэ булгуччу ким эрэ эппитинэн, ким эрэ быраабылатынан олоруохтаахпыт диэн буолбатах. Икки өттүттэн сүбэлэһии, өйдөһүү баар буолуохтаах.

Аҕалар ордук уол оҕо иитиитигэр улахан болҕомтобутун ууруохтаахпыт. Дойдуга бэриниилээх буолуу диэн тыл биһиэхэ киэҥ соҕустук киириэхтээх диэн көрөбүн. Оҕолорбутугар төрүт үгэстэрбитин, айылҕаҕа тапталы, бэйэбит үөрүйэхпитин барытын иҥэриэхтээхпит. Биллэн турар, куоракка олорор, үлэлиир, кэлэр-барар, сүүрэр-көтөр аҕаларга кыаллыбат соҕус буолуон сөп. Ол гынан баран өрөбүллэргэ эҥин сөп түбэһиннэрэн тугу эмит толкуйдуохха сөп. Бэйэм икки уоллаах, биир кыыстаах аҕабын. Сотору халлаан сылыйдаҕына уолаттарбын айылҕаҕа сырытыннарыахпын баҕарабын. Мыраан да үрдүгэр тахсан, сибиэһэй салгыҥҥа хааман бириэмэбитин туһалаахтык атаарыахпыт. Улахан булчутум суох да буоллар, уолаттарбын балыкка, от-мас да үлэтигэр сыһыарыахтаахпын дии саныыбын. Биһиги сайын аайы бары оттуубут. Онон, ханнык баҕарар дьиэ кэргэҥҥэ аҕа диэн баар буолуохтаах, кини суолтата үрдүк. Бэйэм толору дьиэ кэргэҥҥэ иитиллибит буоламмын ону өйдүүбүн, билэбин.

Харчы чааһын эттэххэ, кэргэнниилэр иккиэн сүбэлэһэн тутталлара ордук. Ол гынан баран эр киһи бэйэтин хамнаһын бэйэтэ тутара ордук. Холобур, мин хамнаспын бэйэм тутабын. Ол эрээри эр киһи дьахтар хамнаһын, харчытын барытын көрдөөн ылыахтаах эбэтэр хамнаспын барытын киниэхэ ыытабын диэн буолбатах. Харчыны сүбэлэһэн туттуу саамай үчүгэй. Дьиҥнээх эр киһи дьиэ кэргэнин туһугар бэриниилээх уонна биир тыллаах буолуохтаах. Тугу эппитин, эрэннэрбитин энчирэппэккэ толоруохтаах.

Оттон ытык иэскэ тохтоотоххо, биллэн турар, эр киһи сулууспалыахтаах диэн көрөбүн. Ол гынан баран киһи барыта баҕарда да сулууспалыы барар диэн буолбатах. Доруобуйа туругунан сыыйыллар киһи элбэх. Онон, сулууспалаабатах буолла да эр киһи буолбатах диэн сыыһа өйдөбүл. Кини ханнык да түгэҥҥэ син биир ийэ дойдутун көмүскээччи, чугас дьонун, дьиэ кэргэнин дурдата-хаххата. 

Клавдий Афанасьев, киинэ артыыһа, дьоро киэһэлэри ыытааччы:

– Эр киһи оруола куруук үрдүк. Ханнык баҕарар ыарахан түгэннэргэ син биир эр киһи эппитинэн буолааччы. Эр киһи оҕолорун, ойоҕун таптыахтаах, убаастыахтаах, бэйэтэ аптарытыат буолуохтаах, дьахтарга иитиллэн олоруо суохтаах. Куруук сүүрэ-көтө, хамсана-имсэнэ, була-тала сылдьыахтаах.

Ол гынан баран дьиэ кэргэҥҥэ барытын эр киһи быһаарар диэн буолбатах, уопсай балаһыанньатыттан тутулуктаах. Кэргэнниилэр иккиэн сүбэлэһэн үтүө түмүккэ кэлиэхтээхтэр.

Аҕа оҕолорун бэйэтин холобуругар иитиэхтээх. Ол кыыс оҕону иитиигэ эмиэ сыһыаннаах. Ол курдук, кыргыттар аҕалара ийэлэригэр хайдах сыһыаннаһарын көрөллөр уонна өйдөөн хаалаллар. Үчүгэй аҕаны кыргыттар холобур оҥостоллор, инникитин аҕаларын курдук киһиэхэ кэргэн тахсаллар. Бу олоххо баар көстүү.

Биһиги кэргэмминээн харчыбытын тус-туспа тутабыт. Ол гынан баран тугу эрэ ылынар буоллахпытына, сүбэлэһэбит, былаанныыбыт уонна атыыны-кутууну кыттыһан ылабыт. Хас биирдии дьиэ кэргэн харчыны араастык тутар. Баҕар, ыал аҕата харчытын барытын кэргэнин, оҕолорун иитэр туһуттан ойоҕор биэриэн сөп. Оччотугар кини эр киһи буолбатах диэн сыыһа. Мин санаабар, эр киһи хармааныгар куруук харчылаах сылдьара ордук.

Билиҥҥи кэмҥэ аармыйаҕа сылдьыбатах эр киһи элбэх. Онон сылдьыбыта, сылдьыбатаҕа улахан оруолу оонньообот.

Альберт Унаров, “Зодиак” култуурунай-сынньатар киин арт-дириэктэрэ:

– Эр киһи – ханнык баҕарар омук инники кэскилэ, дурдата-хаххата буоларын өйдүөх тустаахпыт. Дьиҥнээх эр киһи мындыр, өйдөөх, ырааҕы ырыҥалыы көрөр дириҥ толкуйдаах, төрөөбүт тылын, төрүт үгэстэрин ытыктыыр, чөл олоҕу тутуһар буолуохтаах.

Мин үс уол аҕата буолабын. Онон оҕо иитиитигэр улахан болҕомтобун уурабын. Бастатан туран, оҕо кыратыттан үлэни сөбүлүүр уонна ханнык баҕарар үлэҕэ сыстаҕас буола улаатыахтаах. Кыыс-уол үлэтэ диэн араарбакка дьиэ үлэтин барытын толоруохтаах, сатыахтаах дии саныыбын. Мин уолаттарбын булка-алка батыһыннара сылдьабын, сахалыы сиэргэ-туомҥа үөрэтэбин, ону таһынан оҕолорум ас астыырга үөрэнэллэр, иһит, муоста сууйаллар. Онон, кыраларыттан төрөппүттэригэр көмөлөрө баһаам.

Харчы чааһын эттэххэ, дьиэ кэргэн бүддьүөтэ биир буолара ордук, булгуччу ким эрэ тутуохтаах диэн буолбатах. Кэргэнниилэр харчыларын тэҥҥэ былааннаан, ханна уонна туохха тутталларын, тугу атыылаһалларын  барытын сүбэлэһиэхтээхтэр.

Билигин, ордук куйаар ситимигэр көрдөххө, кэрэ аҥаарга майгынныыр нарын-намчы уол бөҕө баар буолбут. Мин маннык көстүүнү утарабын. Эр киһи бэйэ бодотун тардынан, сиэрдээхтик тутта-хапта сылдьыахтаах дии саныыбын. Оттон аармыйа туһунан билигин дьон өйдөбүлэ араас. Урут убайдарбыт аармыйаҕа барбатаххына мөлтөх киһигин диэн этэллэрэ. Билигин, мин көрдөхпүнэ, сорох дьон барар, ким эрэ барбат. Онуоха биричиинэ элбэх. Ол гынан баран аармыйаҕа барбатылар да дьиҥнээх эр дьон буолан бүтэллэр диэн толкуйдуур сыыһа дии саныыбын.  

Юрий Протопопов, СӨ Быыһыыр сулууспатын 3 кылаастаах быыһааччыта, Арассыыйа спордун маастара, спортсмен:

– Эр киһи, аҕа аптарытыата куруук үрдүк буолуохтаах. Оччоҕо эрэ кини бэйэтин дьиэ кэргэнигэр ытыктанар. Ол туһуттан эр киһи тулалыыр дьонугар үчүгэй сыһыаннаах, чугас дьонун харыстыыр, куруук көмөҕө кэлэр киһи буолуохтаах.

Ханнык баҕарар дьиэ кэргэҥҥэ сылаас эйгэ олохсуйуохтаах. Кэргэнниилэргэ булгуччу биир киһи эппитинэн олоруохтаахтар диэн буолбатах. Мин санаабар, ханнык баҕарар быһаарыныыны иккиэн тэҥҥэ ылыныахтаахтар, сүбэлэһиэхтээхтэр.

Бэйэм үс кыыс оҕо аҕатабын. Кыргыттарым күннэтэ улааталлар, ийэлээх, аҕаларын үөрдэллэр. Биллэн турар, кыргыттарбыт өйдөөх, үчүгэй үөрэхтээх, туһа дьон буола улааталларыгар кыһаллабыт. Үөрэхтэригэр үчүгэй буолуохтарын наада диэн долгуйабын уонна төрөппүт дьон куруук сүбэлии-амалыы сылдьабын.

Биһиги ыал харчыбытын тэҥҥэ тутабыт, эбэһээт эр киһи эбэтэр дьахтар тутуохтаах диэн буолбатах.

Мин санаабар, уол оҕо төһө кыалларынан сулууспалыыра ордук, ытык иэһин төлүөхтээх. Ол гынан баран билиҥҥи кэмҥэ аармыйаҕа барыан да баҕалаах киһи баар буоллаҕына, араас балаһыанньанан кыайан барбат. Ким эрэ доруобуйатынан сыыйыллар, ким эрэ дьиэ кэргэниттэн тутулуктанар. Онон аармыйаҕа барбатах дьону туох да диэбэппин. Саамай сүрүнэ, кини күүстээх санаалаах уонна спордунан дьарыктанар, чөл олоҕу тутуһар буолуохтаах.  

Түмүккэ СӨ Ыччакка бэлиитикэтин туйгуна артыыс Клим Федоров саха эр дьонугар баҕа санаатын ааҕыахха:

– Аҕа дойдуну көмүскээччилэр күннэринэн эҕэрдэ! Дьэ эрэ, уолаттар, эр дьон! Эһиги кэтит көхсүгүтүн кимнээх суон дурда, халыҥ хахха оҥостон олороллоруй? Ийэлэргит, эдьиийдэргит, балтыларгыт, хайа эрэ ыал маанытык ииппит кыыстарыгар дьоллоох олоҕу бэлэхтиэхтээх буолан ылбыт ойоххут, киниттэн төрөппүт оҕолоргут! Ардыгар умнабыт дии ол улуу эппиэтинэспитин. Баар-суох күндү дьоммутун улахаҥҥа уурбаккабыт. Аһыы утаҕын батыһан, атын суолларга тиийэн! Мөкү дьүһүннэнэн, ыар, дьаар сыттанан, сэниэтэ суох уку-суку үктэнэн, киһи эрэммэт киһитэ буолан, ардыгар сутурук өрө тутан! Оо, онтон ийэҥ барахсан сүрэҕэ хаанынан ытаатаҕа. “Оҕом улаатан, кыһалҕата суох кырдьар сааһы бэлэхтиэ”, – диэн эрэммитэ дии! Оҕолоруҥ, ойоҕуҥ куттанан сүрэхтэрин сыыһа толугуруу мөҕүһүннэҕэ! Муннукка саһан харахтара чоҕулуҥнастахтара. Эдьиийдэриҥ, балтыларыҥ кэлэйэн, харахтарын уутун тохтохторо! Эн олоххун айгыратар аһы батыһа сырыттаххына, атын урдустар киирэн, эн дьиэҥ иһин аймыахтара. Дьэ ол кэннэ кэмсиниэҥ дии! Ханна этигиний, көмүскүөхтээх кэмҥэр! Ханна этигиний, абырыахтаах күҥҥэр!

Өйдөнүөҕүҥ, уолаттар!

Эппиэтинэстээх буолуоҕуҥ!

Атын омук аһыы утаҕар

Үлэлээн ылбыт үпкүтүн кутумаҥ!

Ол онно кутар үпкүтүнэн оҕолоргутун, ийэҕитин, ойоххутун күндүлээҥ!

Аҕа дойдуну көмүскээччилэр күннэрэ диэн тугуй?! Бастакытынан, дьиэ кэргэҥҥэр эрэллээх эркин, суон дурда буолары бигэргэтэр күн! Иккиһинэн, Аҕа дойдуну көмүскүүргэ, чөл, доруобай эттээх-сииннээх, күүстээх-уохтаах буолуохтааххын санатар күн!

Уолаттар, өйдөнүөҕүҥ!

Сонуннар

Ордук ааҕаллар

Медик: «Бааһырбыт байыаспын дөйүтэн баран соһорум»
Дьон | 20.12.2024 | 12:00
Медик: «Бааһырбыт байыаспын дөйүтэн баран соһорум»
Олус ыарахан кэпсэтии буолла. Ааҕааччыга тиэрдэр гына суруйуохха наада. Дьоруойум сөбүлэҥин ылыахпын наада. Тоҕо диэтэххэ кини анал байыаннай дьайыыга сылдьыбыт кэрэ аҥаар,  ийэ, медик. Кэпсии олорон ытаатаҕына, сырҕан бааһын таарыйаммын диэн кэмсинэн ылабын, онтон эмиэ чочумча буолан баран салгыыбыт.   Кини позывнойун кистиир, ханна баарын, билигин ханна олорорун эмиэ эппэппит. Сөбүлэһэн...
Үчүгэйи көрөргө хаһан үөрэнэбит?
Сонуннар | 14.12.2024 | 13:15
Үчүгэйи көрөргө хаһан үөрэнэбит?
Сиэн көрө куоракка кыстыыбын. Күн аайы оптуобуһунан оҕобун оскуолаҕа илдьэбин-аҕалабын. Быйыл, дьэ, этэргэ дылы, үйэ тухары хамсаабатах маршруттарга уларыйыылар таҕыстылар. Бассаапка үөхсэн туох туһа кэлиэй, төттөрүтүн, дьону күөртээн эрэ биэрии курдук. Ол иһин бу турунан туран Дьокуускай куорат сахалыы тыллаах хаһыатыгар санаабын тиэрдэргэ соруннум.  Бииринэн, нэһилиэнньэбит ахсаана күн-түүн улаата турар....
Сатаан салайыы, тэрийии — эмиэ талаан
Дьон | 14.12.2024 | 18:00
Сатаан салайыы, тэрийии — эмиэ талаан
Харах ыларынан хаһан да бүппэттии көбүүс-көнөтүк тыргыллар бэс чагда устун айан суолунан сыыйылыннаран иһэн, «Дьиикимдэ» диэн суруктаах бэлиэҕэ биирдэ баар буола түстүбүт. Туох-хайдах дьарыктаах, тугунан тыынар нэһилиэккэ киирэн эрэрбитин аартыкка баар суруктаах бэлиэ кэпсииргэ дылы.  Бүгүн биһиги “Дьиикимдэ дьээбэлэрэ” көр-күлүү тыйаатырын артыыһа, режиссера, продюсера Артур Николаевич Егоровтыын нэһилиэк култуурунай олоҕун...