10.07.2021 | 14:30

Дезинфекцияны тэтимирдэр сорук турар

Ааптар: Киин Куорат
Бөлөххө киир

Саха сиригэр коронавирус дьаҥынан сибээстээн хааччаахтыыр миэрэлэр Ил Дархан дьаһалынан 2021 сыл от ыйын 15 күнүгэр диэри уһатыллыбыттара. 
Куорат баһылыга Евгений Григорьев куораттааҕы суһал штабы кытта коронавируснай инфекцияны тарҕаппат сыаллаах тэрээһиннэри ыытыы тула мунньахха улахан болҕомтону дезинфекцияҕа уурары тоһоҕолоон бэлиэтээбитэ.
Ити хайысханан туох үлэ барарын биһиги туһааннаах тэрилтэ салайааччыларыттан ыйыталастыбыт.

Куорат хаһаайыстыбатын үлэлэтэр сулууспа салайааччыта Айаал Егинов эппитинэн, элбэх кыбартыыралаах дьиэлэр подъездтарыгар, уопсастыбаннай миэстэлэргэ дезинфекция толору кээмэйинэн ыытыллар. Ол эрэн син-биир Салайар хампаанньалар (УК) үлэһиттэриттэн улахан тутулуктааҕын бэлиэтээтэ. 

Айаал Егинов – “Куорат хаһаайыстыбатын үлэлэтэр сулууспа” МХТ салайааччыта :
 Элбэх кыбартыыралаах уопсай дьиэлэр дезинфекцияларын өрөспүүбүлүкэ кылаабынай бырааһын ыйыытынан Салайар хампаанньалар (УК) 2020 сыл кулун тутар ыйыттан оҥороллор. Биһиги, Уокуруктааҕы дьаһалта куорат хаһаайыстыбатын үлэлэтэр сулууспата, ити ыытыллар үлэни хонтуруоллуубут. Ол курдук былырыын кулун тутар ыйтан 2885 элбэх  кыбартыыралаах дьиэлэри бэрэбиэркэлээтибит. Хомойуох иһин, Салайар хампаанньалар ортолоругар дезинфекцияны сүгүн оҥорбот мөлтөх үлэлээхтэр бааллар. Кинилэр тустарынан биһиги кэтээн көрөр, хонтуруоллуур уорганнарга биллэрэбит. Биһиги кинилэри эппиэтинэскэ тардар боломуочуйабыт суох.

Роспотребнадзор биһиэхэ ханнык элбэх кыбартыыралаах дьиэҕэ коронавирус дьаҥынан ыалдьыбыт киһи баарын этэр. Биһиги дезинфекциянан дьарыктанар тэрилтэлэри кытта дуогабардаахпыт, ол иһин кинилэри итинник ыалдьыбыт киһи олорор дьиэтигэр ыытабыт. Үлэ хайдах ыытыллыбытын биһигини сэргэ Салайар хампаанньа уонна элбэх кыбартыыралаах дьиэттэн бэрэстэбиитэл – итиннэ олорор киһи хонтуруоллаһаллар. Бу нэдиэлэҕэ Роспотребнадзор сайаапкатынан 775 элбэх кыбартыыралаах дьиэни дезинфекциялаттыбыт. Итини таһынан биһиги уопсастыбаннай миэстэлэргэ – оптуобус тохтобулларыгар, ыскамыайкаларга, ону сэргэ куораттааҕы култуура уонна сынньалаҥ пааркатыгар эмиэ  дезинфекция үлэтин ыытабыт. Бэс ыйа саҕаланыаҕыттан сэттэ толору эргиири 57 тыһыынча кв.м кэриҥэ иэннээх сиргэ оҥордубут. Онно 198 оптуобус тохтобула, 536 оҕо уонна спорт балаһааккалара, 39 болуоссат уонна сквердэр, 144 ыскамыайка, култуура уонна сынньалаҥ пааркатыгар 2100 кв.м иэннээх сир дезинфекцияланна. Роспотребнадзоры кытта бииргэ хааччахтааһын миэрэлэрэ уһуллуохтарыгар диэри үлэбитин салгыыбыт. 

Салгыы биһиги дьон-сэргэ тоҕуоруһар, күн аайы айанныыр уопсастыбаннай тырааныспарын салайааччыларын кытта кэпсэттибит. 

Валерий Домотов – “ЯПАК” МУТ салайааччыта:
 Күн аайы суоппардар уонна кондуктордар Роспотребнадзор ыйыытыгар сөп түбэһиннэрэн хлоркалаах уунан убуорканы оҥороллор. Бэрэбиэркэ түмүктүүр тохтобулларга – автовокзалга уонна куорат таһынааҕы  тохтобулларга ыытыллар. Нэдиэлэ ахсын толору озоннааһыны оҥоробут. Озон оптуобус иһин бүтүннүү дезинфекциялыыр аналлаах. Дезинфекция арааһын барытын үлэ харыстабылын инженерэ, дезинфекцияҕа тэрилтэбит эппиэттээх сирэйэ Семен Жирков хонтуруоллуур. Күн аайы үлэһиттэрбитигэр, суоппардарга уонна контролердарга коронавирустан харыстанар тэриллэри – мааскалары, бэрчээккэлэри 2 чаас буола-буола уларытталларыгар тиийэр ахсааны биэрэбит. Наһаа итии буолан билигин бэрчээккэлэрин кэппэттэр. Итини сэргэ биһиги тэрилтэбитигэр кэлэр дьоҥҥо барыларыгар термометрия оҥоробут. Дезинфекция өттүнэн биһиги оптуобустарбытын элбэхтик бэрэбиэркэлээбиттэрэ. Улахан туох да буруйу-сэмэни булбатахтара. Күн аайы 30 оптуобус тахсан үлэлиир. Ыстараап сыаната улаханын билэбит. Биһиэхэ сотору-сотору Роспотребнадзор, Административнай хамыыһыйа, Прокуратура, судаарыстыбаннай автонадзор Управлениета, судаарыстыбаннай автоинспекция бэрэбиэркэ ыыталлар. Чуолаан дезинфекция өттүнэн Роспотребнадзор уонна Административнай хамыыһыйа хонтуруоллууллар. Дезинфекция өттүнэн күүскэ үлэлиибит. Хас биирдии суоппары, кондукторы кытта өйдөтөр үлэ ыытабыт. Онон биһиэхэ дезинфекция 100% толору  ыытыллар диэн этиэхпин наада.

Андрей Косицкай – «Союз Авто» коммерческайа суох тэрилтэ салайааччыта:
 Хас биирдии эриэйсэ кэнниттэн күн аайы дезинфекциялыылларын ирдиибит. Административнай хамыыһыйа уонна биһиги, салайааччылар, түмүк тохтобулларга тиийэн бэрэбиэркэлиибит. Бу нэдиэлэҕэ барыллаан ааҕыынан 76 оптуобус бэрэбиэркэлэннэ. Олортон 69 оптуобус үчүгэй туруктаах, 7 туруга мөлтөх. Мөлтөх туруктаахтары линияттан тута устубаппыт, оптуобус сырыытыгар, бастатан туран, пассажирдарга охсуулаах буолуо диэн. Ол оннугар сарсыныгар тахсарын көҥүллээбэппит, графикка киллэрбэппит, күнү быһа оптуобуһу сууйан-ыраастаан, дезинфекциянан дьарыктанарга бириэмэ биэрэбит. Оптуобуһун дезинфекциялаабат суоппардары кытта өйдөтөр үлэни ыытабыт, биһиги ыстарааптыыр эҥин бырааппыт суох. Ыстараабынан Административнай хамыыһыйа дьарыктанар. Оннук түбэлтэлэр бааллар. Төһөнү төлүүрү суут уураахтыыр. Сууматын этэр буоллахха, сыыспат буоллахпына мааската суох оптуобуһу ыытыы иһин ыстараап 5 тыһыынча солкуобайга диэри, быраабыланы кэһии ыстатыйатыттан көрөн 200 тыһыынча солкуобайга тиийэ бааллар этэ.  Күн аайы линияҕа 300-чэ оптуобус тахсар. Холобур, бүгүн эбиэккэ 290 баар этэ. Билигин олортон 266 оптуобус  хаалан сүүрэ сылдьар. Күн устун оптуобус аҕыйааһынын биричиинэтэ араас – оптуобус алдьанар, суол саахалыгар түбэһэр. Атын сиртэн кэлэн үлэлиир омук суоппардарын ахсаана аҕыйаата. Билигин кинилэр уопсай ахсаантан 25% курдугу ылаллар. Урут арыый элбэхтэр этэ. Вакцинация туһунан этэр буоллахха, омук гражданнарын страховой полистаах уонна снилстаах эрэ буоллахтарына туруораллар үһү. Оннук докумуоннаах киһи аҕыйах. Онон быһыыны ыларга кэлии, омук дьоно мэһэйдэри көрсөллөр, ол иһин бытаан. Билигин кэлэктииппитигэр 100 эрэ киһи прививкалаах.
Куорат баһылыга Евгений Григорьев дезинфекцияны ыытар бэдэрээччиктэр үлэлэрин хаачыстыбатын хонтуруоллуур наадалааҕын бэлиэтиир. Кини Куорат хаһаайыстыбатын үлэлэтэр сулууспа Роспотребнадзоры кытта ити хайысханан үлэни күүһүрдэллэригэр этэр уонна нэһилиэнньэни подъездтар дезинфекцияларыгар көхтөөхтүк кытталларыгар ыҥырар. Элбэх кыбартыыралаах дьиэлэр олохтоохторо бэйэлэрин интириэстэрин көмүскээн, доруобуйаларын туһугар туруналлара тоҕоостоох. Ол туһунан интервью биэрэрэригэр Куорат хаһаайыстыбатын үлэлэтэр сулууспа салайааччыта Айаал Егинов эмиэ этэн турар. Кини Салайар хампаанньалар дезинфекцияны ыыппат түбэлтэлэригэр, олохтоохтор бииргэ мустан мунньахтаан, дезинфекцияны туруорсан, харчытын төлөөбөппүт, эбэтэр атын Салайар хампаанньаҕа көһөбүт диэхтэрин сөп, оччоҕо эрэ ити хайысханан хамсааһын тахсыаҕа диир. 

Сонуннар

Ордук ааҕаллар

Медик: «Бааһырбыт байыаспын дөйүтэн баран соһорум»
Дьон | 20.12.2024 | 12:00
Медик: «Бааһырбыт байыаспын дөйүтэн баран соһорум»
Олус ыарахан кэпсэтии буолла. Ааҕааччыга тиэрдэр гына суруйуохха наада. Дьоруойум сөбүлэҥин ылыахпын наада. Тоҕо диэтэххэ кини анал байыаннай дьайыыга сылдьыбыт кэрэ аҥаар,  ийэ, медик. Кэпсии олорон ытаатаҕына, сырҕан бааһын таарыйаммын диэн кэмсинэн ылабын, онтон эмиэ чочумча буолан баран салгыыбыт.   Кини позывнойун кистиир, ханна баарын, билигин ханна олорорун эмиэ эппэппит. Сөбүлэһэн...
Үчүгэйи көрөргө хаһан үөрэнэбит?
Сонуннар | 14.12.2024 | 13:15
Үчүгэйи көрөргө хаһан үөрэнэбит?
Сиэн көрө куоракка кыстыыбын. Күн аайы оптуобуһунан оҕобун оскуолаҕа илдьэбин-аҕалабын. Быйыл, дьэ, этэргэ дылы, үйэ тухары хамсаабатах маршруттарга уларыйыылар таҕыстылар. Бассаапка үөхсэн туох туһа кэлиэй, төттөрүтүн, дьону күөртээн эрэ биэрии курдук. Ол иһин бу турунан туран Дьокуускай куорат сахалыы тыллаах хаһыатыгар санаабын тиэрдэргэ соруннум.  Бииринэн, нэһилиэнньэбит ахсаана күн-түүн улаата турар....
Сатаан салайыы, тэрийии — эмиэ талаан
Дьон | 14.12.2024 | 18:00
Сатаан салайыы, тэрийии — эмиэ талаан
Харах ыларынан хаһан да бүппэттии көбүүс-көнөтүк тыргыллар бэс чагда устун айан суолунан сыыйылыннаран иһэн, «Дьиикимдэ» диэн суруктаах бэлиэҕэ биирдэ баар буола түстүбүт. Туох-хайдах дьарыктаах, тугунан тыынар нэһилиэккэ киирэн эрэрбитин аартыкка баар суруктаах бэлиэ кэпсииргэ дылы.  Бүгүн биһиги “Дьиикимдэ дьээбэлэрэ” көр-күлүү тыйаатырын артыыһа, режиссера, продюсера Артур Николаевич Егоровтыын нэһилиэк култуурунай олоҕун...