23.04.2020 | 11:57

Детдомҥа бииргэ иитиллибиттэрин көрдүүр

Ааптар: Киин Куорат
Бөлөххө киир

Уус Алдан улууһун Лөгөй нэһилиэгин Хомустаах бөһүөлэгиттэн төрүттээх Виктор Иванович Новгородов билигин 82 саастаах. Кини аҕата Новгородов Иван Константинович 1942 сыллаахха сэриигэ ыҥырыллан барбыт. Аҕалара сэриигэ барбытын кэннэ 1,5 саастаах быраата ыалдьан өлөн хаалар. Икки оҕолоох ийэтэ Матрена Михайловна алта ыйдаах кыыһын Маайыһы эбэтигэр хааларар, онтон биэс сааһыгар сылдьар уолун, Бииктэри, Суоттуга сэрии тулаайахтарын түмэр дьааһыла диэн ааттанар дьиэҕэ биэрэр уонна Кэбээйиттэн балык таһыытын үлэтигэр ыытыллар.

Виктор Иванович оҕо дьиэтигэр икки сыл кыстаабыт. Оччолорго биэһин эрэ туолбут оҕо буолан, улахан тугу да өйдөөбөт. Аччык, мөлтөх таҥастаах оҕо тоҥон күнү быһа суорҕан анныгар сытарын өйдүүр.

Улуу Кыайыы 75 сылынан Виктор Иванович ааспыт олоҕун ыар кэрчигин уонна оччотооҕу биир эмэ оҕо баар буоллахтарына, эбэтэр ол дьон оҕолоро билсэллэригэр көрдөһөр, Кыайыы 75 үбүлүөйдээх сылыгар, курус да буоллар, ааспыты ахтыһыаҕыҥ, инникини ыралыаҕыҥ диэн ыҥырар. Билсэр төлөпүөҥҥүт: 8 967 -926 – 85 – 57.

Сонуннар

Ордук ааҕаллар

Медик: «Бааһырбыт байыаспын дөйүтэн баран соһорум»
Дьон | 20.12.2024 | 12:00
Медик: «Бааһырбыт байыаспын дөйүтэн баран соһорум»
Олус ыарахан кэпсэтии буолла. Ааҕааччыга тиэрдэр гына суруйуохха наада. Дьоруойум сөбүлэҥин ылыахпын наада. Тоҕо диэтэххэ кини анал байыаннай дьайыыга сылдьыбыт кэрэ аҥаар,  ийэ, медик. Кэпсии олорон ытаатаҕына, сырҕан бааһын таарыйаммын диэн кэмсинэн ылабын, онтон эмиэ чочумча буолан баран салгыыбыт.   Кини позывнойун кистиир, ханна баарын, билигин ханна олорорун эмиэ эппэппит. Сөбүлэһэн...
Үчүгэйи көрөргө хаһан үөрэнэбит?
Сонуннар | 14.12.2024 | 13:15
Үчүгэйи көрөргө хаһан үөрэнэбит?
Сиэн көрө куоракка кыстыыбын. Күн аайы оптуобуһунан оҕобун оскуолаҕа илдьэбин-аҕалабын. Быйыл, дьэ, этэргэ дылы, үйэ тухары хамсаабатах маршруттарга уларыйыылар таҕыстылар. Бассаапка үөхсэн туох туһа кэлиэй, төттөрүтүн, дьону күөртээн эрэ биэрии курдук. Ол иһин бу турунан туран Дьокуускай куорат сахалыы тыллаах хаһыатыгар санаабын тиэрдэргэ соруннум.  Бииринэн, нэһилиэнньэбит ахсаана күн-түүн улаата турар....
Сатаан салайыы, тэрийии — эмиэ талаан
Дьон | 14.12.2024 | 18:00
Сатаан салайыы, тэрийии — эмиэ талаан
Харах ыларынан хаһан да бүппэттии көбүүс-көнөтүк тыргыллар бэс чагда устун айан суолунан сыыйылыннаран иһэн, «Дьиикимдэ» диэн суруктаах бэлиэҕэ биирдэ баар буола түстүбүт. Туох-хайдах дьарыктаах, тугунан тыынар нэһилиэккэ киирэн эрэрбитин аартыкка баар суруктаах бэлиэ кэпсииргэ дылы.  Бүгүн биһиги “Дьиикимдэ дьээбэлэрэ” көр-күлүү тыйаатырын артыыһа, режиссера, продюсера Артур Николаевич Егоровтыын нэһилиэк култуурунай олоҕун...