08.04.2023 | 10:00 | Просмотров: 937

Design by FEO ютуб «үрүҥ көмүс кнопкатын» ылла

Феоктист Алексеев киэҥэ эйгэҕэ Design by FEO диэн аатынан биллэр. YouTube-ханаалыгар сүүс тыһыынчаттан тахса сурутааччыланан “үрүҥ көмүс кнопка" наҕарааданы тутта. Кини бэйэтин ханаалыгар Unreal Engine диэн анал бырагыраамаҕа оҥорбут графическай үлэлэрин таһаарар.
Ааптар: Розалия Томская
Бөлөххө киир

Феоктист салгыы “кыһыл көмүс кнопканы" ылар былааннаах. Оннук наҕараада мөлүйүөн сурутааччылаах ханаалларга туттарыллар. Marvel комикстарын фан-артарыттан саҕалаан видеонан үлэлэри оҥорорго үөрэммит эдэр дизайнер үлэтин үгүстэр хайҕыы, сөҕө-махтайа көрөбүт. Кини ураты буочардаах, туһунан  истииллээх буолан, үлэлэрэ уонунан мөлүйүөн көрөөччү биһирэбилин ылаллар.  
Саха сиригэр билиҥҥитэ түөрт “үрүҥ көмүс кнопка" хаһаайына баар. Бастаан 2019 сыллаахха «Клевая рыбалка» биэрии ыытааччыта Вячеслав Бродников тиксибитэ, кини бэйэтин сөбүлүүр дьарыгын устан, аан дойду көрөөччүтүн кутун тутта. Онон Вячеслав Бродников хамнаһа суох оҥорор үлэтэ дойдубут имиджин таһаарыыга сүҥкэн кылааттаах.


Салҕыы бу наҕараадаҕа 2020 сыллаахха «Охота и рыбалка в Якутии» бырайыак тиксибитэ. 2022 сыл тохсунньутугар Саха сирин туһунан англия тылынан кэпсиир блогер @Kiun ылбыта, онтон «Саха» НКИХ ханааллара ылбыттара. Аҥаардас сурутааччы эрэ ахсаанынан туттарыллар наҕараада диэҕи, тыа сирин олоҕун көрдөрөр 3 мөлүйүөн кэриҥэ сурутааччылаах @pandasakha блогер билиҥҥитэ биир да кнопкаҕа тиксэ илик – бу, холобур, YouTube салалтата, сурутааччы ахсаанын сэргэ, өссө атын кэккэ ирдэбиллэрдээҕин көрдөрөр.
Феоктист Алексеев үлэлэрин Хабиб Нурмагомедов, Тони Фергюсон, Конон Макрегор курдук ааттаах-суоллаах спорстменнар репостаабыттара – ол эмиэ сүгүрүйээччилэрин ахсаанын хаҥаппыта. FEO дизайнынан дьарыктанарын таһынан рэп музыканан үлүһүйэр, рэп эйгэҕэ Skaijo диэн аатынан биллэр. 

Сонуннар

Ордук ааҕаллар

Ытарҕата тал
Сынньалаңңа | 16.11.2026 | 19:00
Ытарҕата тал
Сөбүлүү көрбүт ытарҕаҕын тал, бэйэҕин бил.
СВО кыттыылаахтарыгар уонна кинилэр дьиэ кэргэннэригэр анаммыт чат-бот баар буолла
Сонуннар | 11.11.2026 | 17:00
СВО кыттыылаахтарыгар уонна кинилэр дьиэ кэргэннэригэр анаммыт чат-бот баар буолла
Ол онно киирэн судаарыстыба оҥорор өйөбүллэрин туһунан иһитиннэриини, ыйытыыларга харданы ылыахха сөп.
Сулусчут сүбэтин туһан
Сонуннар | 12.11.2026 | 07:30
Сулусчут сүбэтин туһан
Сэтинньи 12 күнүнээҕи гороскоп
Сулусчут сүбэтэ: Сэтинньи 16 - 22 күннэрэ
Сонуннар | 16.11.2026 | 07:30
Сулусчут сүбэтэ: Сэтинньи 16 - 22 күннэрэ
Бу нэдиэлэҕэ үлэ хаамыыта хайдах тэриллибитигэр болҕойон, ону чопчулууртан, тупсарыыттан саҕалыыр ордук. Нэдиэлэ дьиҥ түмүгэ көстөн кэлэр үлэни толоро сатааҥ.