Деменция бастакы сибикитэ 10-20 сыл инниттэн биллэр
Дьокуускайга кулун тутар 21-22 күннэригэр «Диагностика, ведение и лечение пациентов с деменцией» өрөспүүбүлүкэтээҕи семинар буолан ааста. Семинарга деменция, Альцгеймер ыарыыларын үөрэтэр уонна эмтиир Арассыыйа тутаах исписэлиистэрэ лиэксийэ аахтылар, маастар-кылаастары ыыттылар.
Семинар пресс-кэмпириэнсийэтигэр суруналыыстары кытта Н.И. Пирогов аатынан Арассыыйатааҕы Геронтология научнай-клиническэй киинин нейрогериатрия уонна когнитивнай кэһиилэр лабораториятын сэбиэдиссэйэ Элен Мхитарян, Санкт-Петербургтааҕы судаарыстыбаннай университет Психиатрия уонна наркология кафедратын сэбиэдэссэйэ Наталия Петрова, Н.И. Пирогов аатынан Арассыыйатааҕы Медицинэ научнай-чинчийэр институтун Кырдьыы ыарыыларын кафедратын дассыана Мария Чердак уонна 3 №-дээх Өрөспүүбүлүкэтээҕи клиническэй балыыһа Гериатрическэй киинин сэбиэдэссэйэ Светлана Обутова кэпсэттилэр.
Деменция уонна Альцгеймер ыарыыларын уратылара
Деменция — хас да ыарыыттан үөскүөн сөп, ол иһигэр Альцгеймер ыарыыта эмиэ киирэр. Альцгеймер ыарыыта биллибэккэ саҕаланан, бүтэһигэр деменцияҕа кубулуйар. Деменция тымыр ыарыыларын, олох майгытын кытта ыкса ситимнээх, оттон Альцгеймер ыарыыта удьуорунан бэриллиэн, неврологическай уларыйыылартан тутулуктаах буолуон сөп.
Бастакы сибикилэр
Исписэлиистэр этэллэринэн, ыарыы бастакы сибикилэрэ 10-20 сыл инниттэн биллиэхтэрин сөп. Ол курдук, ыарыһах эмискэ урут гымматаҕынан дьарыктанан саҕалыыр, эбэтэр сөбүлүүр дьарыктарынан үлүһүйэрэ тохтоон хаалар. Холобура, дьиэлээхтэрин кытта куруук кэпсэтэ-ипсэтэ сылдьыбыт бэйэтэ бэйэтигэр бүгэр, кимниин да кэпсэппэт, ханна да сылдьыбат, ыҥырдахтарына даҕаны барыан баҕарбат буолар. Маннык түгэннэргэ болҕомто ууруохха наада.
Тастан көрдөххө доруобай, аһын бэйэтэ астыыр, маҕаһыыҥҥа тахсан киирэр курдук эрээри, онтун умнар буолуу, киһи санаттаҕына, өйдөттөҕүнэ эрэ оҥоруу — эмиэ ыарыы бастакы сибикилэриттэн биирдэстэрэ. Ыарыһах маны сэргэ уустук сорудахтары толорору ыарырҕатар буолар, холобура, урут бэйэтэ төлөөн кэлбит хомунаалынай төлөбүрдэрин.
Атын түгэн — өйгө тутар дьоҕур кэһиллиитэ. Холобура, наар биири ыйытыыны, кэпсээһини, ол кэпсээбити умнан кэбиһиини, дааталары умнууну, булкуйууну үгүстэр көннөрү кырдьыыны кытта ситимнииллэрэ сыыһа. Хомойуох иһин, маннык сибикилээх дьон быраастарга туох эрэ олуона түбэлтэ буолбутун эрэ кэннэ көрдөрүнэллэр: түөкүттэргэ албыннаппыттар, уулуссаҕа тахсан мунан хаалбыттар о.д.а. Маннык түгэннэргэ хаачыстыбалаах эмтээһин уустугурар.
Тоҕо деменция дириҥээбитин эрэ кэннэ бырааска көрдөрөллөрүй?
Этиллибитин курдук, ыарыы эрдэтээҥҥи сибикилэрин элбэх киһи мээнэ кырдьыы бэрээдэгин быһыытынан сыаналыыр. Маны таһынан деменция эрдэтээҥҥи сибикилэрин бэлиэтии көрдөхтөрүнэ, үгүстэр психиатрдарга, неврологтарга буолбакка, бастатан туран, терапевтарга көрдөрүнэллэр. Деменция 65 сааска диэри үөскүөн сөбүн эмиэ бэлиэтээн этиэххэ наада. Онон эрдэтээҥҥи диагностика боппуруоһугар медицина араас уобаластарыгар исписэлиистэри бэлэмнээһин улахан суолталаах.
Статистика хайдаҕый?
Хомойуох иһин, Саха Өрөспүүбүлүкэтигэр итинник статистика суох, оннооҕор Арассыыйа үрдүнэн чуолкайа суох. Официальнайа суох чахчынан, дойдуга 2 мөл. деменциялаах ыарыһах баар, бу барыта ыарахан туруктаах дьон, тоҕо диэтэххэ антидементнай терапия 10% ыарыһахха эрэ ананар. Оннооҕор сайдыылаах дойдуларга хас биирдии онус эрэ киһиэхэ деменция диагноһа туруоруллар. Ону таһынан уопсастыба өттүттэн стигматизация диэн баар; холобура, сахаларга «түөһэйбит» диэн аанньа ахтыбат, күлүү-элэк оҥостуу баар, онон ыарыһахтар бэйэлэрин туруктара уларыйбытын бэлиэтии көрбүттэрин да үрдүнэн бырааска барартан туттуналлар. Быраастар сыыһа диагноз туруоруохтара диэн сэрэхэдийэллэр.
Эдэр дьоҥҥо профилактика. Өскөтүн аймахтарыгар деменция баарын билэр буоллахтарына
Деменция, этиллибитин курдук, киһи олоҕун майгытыттан тутулуктаах: тымыр ыарыылара, үрдүк дабылыанньа, диабет, салгын киртийиитэ, арыгылааһын, куһаҕаннык утуйуу уо.д.а.
Ыарыыны сэрэтэр сыалтан үөрэх таһымын үрдэтиэххэ наада. Ону тэҥэ сөптөөх интеллектуальнай уонна физическэй ноҕуруускалары тутуһуу ыарыыны утары охсуһарга, сэрэтэргэ көмөлөһөллөр. Хомойуох иһин, киһи сатаан уларыппат түгэнэ эмиэ баар — генетика, ол эбэтэр удьуордааһын. Итини эмп-томп көмөтүнэн тохтотуохха сөп эрээри, өйү син биир эрчийиэххэ наада. Холобура, биир чинчийиигэ доруобай кырдьаҕас өлбүтүн кэннэ өлүгүн арыйан көрбүттэрэ деменциялаах эбит эрээри, ыарыы сибикилэрэ биллибэтэх. Биһиги сорукпут–удьуорунан даҕаны бэриллэр ыарыы бэргээбэтин туһугар охсуһуу,–диэн исписэлиистэр бары сөпсөһөллөр.
Альцгеймер ыарыыта: Тоҕо дьон ыраатта буолбуту эрэ өйдүүрүй?
Бу ыарыы мэйиигэ баар гиппокамп уорганнарга дьайар. Гиппокамп субу буолбуту өйгө хатыыр аналлаах эрээри, Альцгеймер ыарыытыттан сылтаан үлэтэ мөлтүүр, ол иһин ыарыһах саҥа информацияны өйгө туппат. Урут буолбуту үчүгэйдик өйдүүр, оттон аҕыйах мүнүүтэ анараа өттүгэр тугу гыммытын тута умнан кэбиһэр. Оттон дьон үксэ дьиэлэригэр маннык киһи баар буоллаҕына, көннөрү умнуган буолууга күтүрээн, бырааска көрдөрбөттөр, онон сөптөөх диагноз кэмигэр туруоруллубакка, ыарыы дириҥииригэр тиэрдэр.
Ыарыһах аймахтара тугу гыныахтаахтарый?
Дьиэ иһигэр ыарыһахха сыыһа сыһыантан араас иирсээн тахсара элбэх. Онон ыарыһах чугас дьоно итини кытта олорорго үөрэниэхтээхтэр. Бастатан туран, ыарыһаҕы бырааска илдьиэххэ наада. Эмтэнии ыарыһах күннээҕи олоххо бэйэтин көрүнүүтүн тупсарар, кинини көрүү-харайыы чэпчэкитик ааһарыгар көмөлөһөр. Итиэннэ, биллэн турар, дьон-сэргэ хаҕыс сыһыаныттан, өйдөөбөт буолуутуттан атаҕастыыллара ыалдьыбыт киһи туругун мөлтөтөр. Ол курдук, ыарыһах чугас дьоно киниэхэ хайдах сыһыаннаһарга, кэпсэтэргэ үөрэнэллэрэ эмиэ улахан суолталаах. Киниэхэ холку эйгэни тэрийэргэ, куруук кэпсэтэргэ, эмин кэмигэр иһэригэр болҕомто ууруллуохтаах.
Эбэн эттэххэ, деменция, Альцгеймер ыарыылаах дьон үксэ аҥаардас көрүүгэ-истиигэ эрэ буолбакка, хонтуруолга наадыйаллар. Эмтэрин кэмигэр испэккэ эбэтэр, төттөрүтүн, аһары элбэҕи иһэн, атын ыарыыларын көбүтүөхтэрин, суорума суолланыахтарын да сөп. Ол иһин Альцгеймер ыарыыта өлүү уопсай төрүөтүнэн 6-7 миэстэҕэ турар.
3 №-дээх Өрөспүүбүлүкэтээҕи клиническэй балыыһаҕа «Кабинет памяти» үлэлиир, диагнозтаах ыарыһахтар онно эмтэниини ааһаллар. Ону сэргэ “Долго жить” кэммиэрсийэтэ суох тэрилтэ ыарыһаҕы хайдах көрөргө-истэргэ үөрэтэр, ньээҥкэ, психолог өҥөлөөхтөр.