Дьэллик ыттары тутуу үлэтэ судургутуйар
Балаҕан ыйын 20 күнүгэр ветеринария департаменын иниспиэктэрдэрэ автоматизированнай үлэ ситимигэр анал үөрэҕи аастылар. Бу бырагыраамаҕа судаарыстыбаннай иниспиэктэрдэр, олохтоох бэйэни салайыныы исписэлиистэрэ уонна ыты тутар пуун үлэһиттэрэ үлэлиэхтэрэ. Бу иннинэ дьэллик ыт ахсаанын учуоттуур үлэ сурунаалга, анал карточкаҕа оҥоһуллара, алтынньыттан барыта электроннай көрүҥҥэ көһөр. Бырагыраама нөҥүө хаһаайына суох ыттарга сыһыаннаах үлэни, тэрээһини хонтуруоллуур буолуохтара. Бу үлэни судургутутар сыаллаах оҥоһулунна.
Хаһаайына суох сылдьар ыты тутарга сайаапканы төлөпүөнүнэн эрэ буолбакка, анал мобильнай сыһыарыы нөҥүө ыытар буолуохтара. Мобильнай сыһыарыыга бэйдиэ сылдьар ыты хаартыскаҕа түһэрэн ыытыахха сөп. Сыһыарыыга сайаапка ханна тиийбитэ кытта көстөр буолар. «Дьэллик ыттарга киирбит сайаапкалары толоруу иһин олохтоох бэйэни салайыныы уорганнара эппиэтинэһи сүгүөхтэрэ», - диир СӨ ветеринариятын департаменын салайааччыта Петр Петров.
Балаҕан ыйын 21-22 күннэригэр анал үөрэҕи олохтоох бэйэни салайыныы исписэлиистэрэ ааһаллар.
Судургу автоматизированнай ситим Томскай, Магадан уобаластарыгар, итиэннэ Хакасия, Мордовия өрөспүүбүлүкэлэригэр уонна Приморскай кыраайга ситиһиилээхтик үлэлиир. Дьэллик ыттары хонтуруоллуур анал сыһыарыыны «Агросервис» ХЭТ оҥорбут. Алтынньы ыйтан үлэлиэхтээх «REGAGRO – поиск животного» сыһыарыы төлөпүөҥҥэ хачайдыырга эмиэ барсар.