30.07.2020 | 18:45

Дьэдьэннээх сайын

Ааптар: Киин Куорат
Бөлөххө киир

Самаан сайыммыт барахсан, төһө да кылгас кэм мичик гынан аастар, айылҕабыт тугу бэрсэрин сомсон ыла сатыыбыт. Бу кэмҥэ дьэдьэн уонна хаптаҕас ситэр, буһар. Кэнники кэмҥэ сир аһыгар баҕалаах барыта тиксибэт буолла диэххэ сөп. Ол иһин да буолуо, Саха сирин усулуобуйатыгар дьэдьэни хото олордооччу элбээтэ. Чахчы даҕаны, тыаҕа үүнэртэн туох да итэҕэһэ суох.

Бүгүн кинилэри кытта билсиэхпит. Баҕар, эһиги кинилэр сүбэлэрин туһанан, эмиэ холонон көрүөххүт.

ДЬЭДЬЭН САХА СИРИГЭР ДА ҮҮНЭР, АС БИЭРЭР

Үчүгэйиин... Дыргыл сыттаах дьэдьэн бааһыната! Минньигэс сыт муннубар саба биэрэ түстэ.

Сергей Кривошапкин – Нам улууһун Хамаҕатта сэлиэнньэтин олохтооҕо. Кини 2005 сылтан чааһынай предприниматель аатын сүгэр.  Бөдөҥ астаах дьэдьэни олордуунан дьарыктаммыта номнуо сэттис сылыгар барбыт. Оҕуруотчут-предприниматель этэринэн, кини өрөспүүбүлүкэҕэ маҥнайгынан саад дьэдьэнин олордуунан дьарыктаммыт. Онон Саха сирин араас улуустарыгар, нэһилиэктэригэр уопуттаах оҕуруотчут сүбэтинэн сирдэтинээччи үгүс.

-Кэпсэтиигэ киириэххэ.

-Мин уонтан тахса сыллааҕыта маҥнай 500 хаа сиэмэни омук сириттэн сакаастаан олордубутум. Куруук бэйэ бородууксуйатын олордор баҕалаах этим. Оччолорго, санаатахха, арыычча кыаллыбат курдук этэ. Дьэдьэн омук сиригэр үүнэр. Тымныы сиргэ хайдах үүннэрэбин, тугунан аҕалабын, үүнүө дуо? Элбэх боппуруос долгутара. Ол эрээри, киһи сатаатаҕына уонна дьаныһан туран ылыстаҕына табыллар эбит.

Бүгүҥҥү күҥҥэ 3 гектар сиргэ бөдөҥ дьэдьэн, дьаабылака, груша, моонньоҕон, дьиикэй луук, о.д.а. оҕуруот, сир аһын үүннэрэбит. Сыл аайы дьэдьэн үүннэрэр сирим учаастага кэҥээн иһэр. Ол барыта – уопут түмүгэ. Эппитим курдук, омук сиригэр дэлэйдик үүнэр ас тымныы сиргэ үүнэр, ас биэрэр, маннааҕы усулуобуйаны тулуйар.

-Тыый! Быйыл олордуугут хайдаҕый?

-Олордуу оһуобай! Күннээх, итии күннэр туран биэрдилэр. Ол дьэдьэҥҥэ олус үчүгэй. Элбэх уу кутуохха наада. Дьэ, оччоҕо тохтоло суох аһын биэрэ турар.

-Ханнык ыйга олордоҕут?

=Ыам ыйыгар, Кыайыы өрөгөйүн күнүгэр арассааадаларбын олордубутум. Номнуо аһын биэрэ турар. Дьэдьэммин барытын араас омук дойдуларыттан аҕалан үүннэрэбин. Омуктары кытта үлэлээбитим ыраатта. Онон олус үчүгэй суортар.

-Кыһыҥҥылары олордор ордук дуо?

-Дьэдьэн илии үлэтин эрэйэр. Кини наһаа нарын, сымнаҕас. Инньэ гынан киһи ис санаатын, дууһатын кылын кытта иҥэринэр. Биһиги кыһынын тоҥорон баран, сиир суортары олордо сатыыбыт. Санаан көрүҥ, чэпчэки сыаналаах түргэнник буорту буолар, оттон ыарахан сыаналаах уһуннук барар. Кыһыннары хаһаанан сиир ордук буолбатах дуо? Дьэдьэн тоҥноҕуна, амтана өссө тупсар. Тоҥнуу харайыллар дьэдьэн арааһа омук сиригэр күүскэ сайдыбыт.

-Дьэдьэммит тугунан аһыыр?

-Мин былыргылыы дьуотунан сотон, борнай кислотаны кутан бүппүтүм ыраатта. Бэйэ бородууксуйата хаачыстыбалаах, үүнүү өлгөм буоларын ситиһээри, минеральнай уоҕурдууну кутабын. Ону эмиэ бэйэм аҕалабын, сакааһынан аҕалан атыылыыбын.

-Бурятия, Монголия, Иркутскай дьэдьэнин аҕалан атыылыыллар дии.

-Итилэри кытта биһиги бары бииргэ атыылаһан олордобут. Барыта Польша, Голландия курдук дойдулар дьэдьэннэрэ. Ол эрээри кинилэр чугас эргин олорор буоллахтара, аҕалаллара да чэпчэки. Биһиэхэ манна сөмөлүөтүнэн көтөн кэлэрэ да ороскуоттаах буолан тахсар. Арассыыйа куораттарын курдук буолбатах.

-Батарыы боппуруоһа хайдаҕый?

-Батарыы куруук үрдүк көрдөрүүлээх. Барыта хамаҕатык барар уонна, кыра да буоллар, дохуот киирэр буолан үүннэрэр буоллахпыт. Урут Нам киинигэр нэдиэлэ аайы тахсан турааччыбын. Куоракка бээтинсэ ахсын дьаарбаҥкаҕа киирээччибит. Хомойуох иһин, быйыл пандемия буолан, туох да буолбата, үлэлээбэтэ да быһыылаах. Коронавируһунан сибээстээн быйылгыттан омуктары холобур оҥостон, агротуризм чэрчитинэн үлэлии олоробут.

-Агротуризм кэлин сайынна аҕай дии.

-Оннук!  Сайдыы баар буолуохтаах. Ким баҕалаах кэлэн, төһө кыайарынан хомуйан барар, хааччахтааһын суох. Баҕалаах барытын да ылыан сөп. Оннук быдан ордук эбит диэн санааҕа кэллим. Миигиттэн арассаада ылбыт дьоммор барыларыгар сүбэ-ама биэрэбин. Өссө ютуб ханааллаахпын, интэриэһиргиир дьон киирэн көрүөхтэрин сөп. Ютубка, инстаграмҥа көрдөххө, омуктар дьиэ кэргэнинэн биир да бырдаҕа, кумаара суох бааһынаҕа сыл тахсар астарын булуналлар...

-Бачча улахан хаһаайыстыбаҕа хас үлэһиттээххиний?

-Сүрүннээн бэйэм уонна дьиэ кэргэним көмөлөһөр. Бары турунан туран түһүнэбит, оччоҕо кыайабыт!

Талааннаах оҕуруотчут инники былаана баһаам. Быйыл улуус салалтата тэпилииссэ туттарыгар көмөлөспүт. Ону туһанан, эбии оҕуруотун аһын дэлэтэр, өссө интэриэһинэйи олордор санаалаах. Тыа сирин сайдыытыгар уонна бэйэ оҥорон, үүннэрэн таһаарбыт бордууксуйата сыаналанарыгар агротуристическай хайысханы  өссө да туһанар баҕалаах.

Сонуннар

Ордук ааҕаллар

Якут Шурик: «Атахпын быстыбатаҕым буоллар, өлүөхтээх этим»
Дьон | 21.11.2024 | 12:00
Якут Шурик: «Атахпын быстыбатаҕым буоллар, өлүөхтээх этим»
Суруналыыс кэпсэтэр киһитин кытта кини олоҕун, үөрүүтүн, үлэтин-хамнаһын, кыһалҕатын тэҥинэн үллэстэр. Оннук эрэ сүрэҕэр чугастык ылынан суруйдаҕына, ааҕааччыга тиийэр ыстатыйа тахсар. Мин Александрдыын кэпсэтэрбэр, чэчэгэйим кэйиэлээн, төбөм ыараан да ылбыта, сотору атаҕын быстарын кэпсиир, ону хайдах эрэ тулуйан истибит киһи дии олорбутум. Хараҕым уута да сүүрэрэ, күөмэйбин туох эрэ кэлэн...
Аҕаа, бырастыы
Сынньалаңңа | 27.11.2024 | 10:00
Аҕаа, бырастыы
Уйбаан нэһиилэ сэттис этээскэ сынньана-сынньана кирилиэһинэн тахсан, кыыһа олорор ааныгар кэлэн, оргууй соҕус тоҥсуйда. Баҕардар дьиэҕэ ким да суоҕа дуу дии санаан, кулгааҕын ааҥҥа даҕайан иһиллээн тура түстэ. Киһи атаҕын тыаһа хааман кэлэн, сиэнэ уол куолаһа нууччалыы: «Кто там?» – диэн ыйыппытыгар: – Мин. Тоойуом, мин кэллим, ааҥҥын арый, –...
Кымыс Байбал ыра санаата туолуо дуо?
Сытыы муннук | 28.11.2024 | 14:00
Кымыс Байбал ыра санаата туолуо дуо?
Үөһээ Бүлүү улууһун Маҥаас нэһилиэгин 9 оҕолоох ыалын улахан уола Байбал Васильев оҕо эрдэҕиттэн эппиэтинэскэ үөрэммитэ, хайдахтаах да уустуктан чаҕыйбат, кыраларга холобур буола улааппыта күн бүгүнүгэр  диэри биллэр. Ытык киһибит быйыл 75-с хаарын санныгар түһэрдэ, сааһырда. Ол эрээри олоххо киллэрбит кыһыннары кымыстыыр дьарыгын тохтотуон, өбүгэ кымыстыыр үгэһин үйэтитэр баҕатыттан аккаастаныан...
Туох да мээнэҕэ буолбат
Сынньалаңңа | 25.11.2024 | 23:17
Туох да мээнэҕэ буолбат
Сардаана куруук да холку-наҕыл бэйэтэ, мэктиэтигэр хараҕын уута биллэ-көстө ыгыллан тахсыар диэри абатыйда. Кыһыйбытын омунугар „үөрүүлээх“ сонуну тиэрдибит суотабайын дьыбааҥҥа элиттэ. Хаарыан былаан!! Күүтүүлээх көрсүһүү хаалла!! Бүгүн үлэтигэр бардаҕына табыллар буолбут!   Саатар, бэҕэһээ биллибитэ буоллар. Түүҥҥү дьуһуурустубатын кэнниттэн сынньаммакка, түүннэри былаачыйа тиктэн „быччайан“ олоруо суох этэ! Кыргыттара төһө эрэ хомойоллор....