Дэбиэринэс хаһан оҥоһуллуохтааҕый?
Нотариуска бигэргэммит дэбиэринэс төрөппүттэн маннык түгэннэргэ булгуччу ирдэнэр:
* Оҕотун кыраныысса таһыгар ыытар буоллаҕына.
Кыраныыссаны туоруурга төрөппүттэр сөбүлэҥнэрэ хайаан да наада буолар. Сынньалаҥҥа, экскурсияҕа учууталы, салайааччыны кытта айанныыр буоллаҕына, төрөппүттэртэн булгуччу сөбүлэҥ (согласие) ирдэнэр. Сөбүлэҥҥэ оҕо тиийэр дойдута, айан болдьоҕо ыйыллар.
* Оҕо Арассыыйа территориятыгар баар гостиницаҕа олороругар эмиэ дэбиэринэс ирдэнэр. Сокуоннай сааһын туола илик оҕо төрөппүт сөбүлэҥэ суох хостелга, гостиницаҕа, сынньалаҥ дьиэтигэр, пансионакка сокуоннай бэрэстэбиитэлэ (төрөппүтэ) суох киирбэт. Оҕо чугас аймахтарын (эбэ, эһэ, эдьиий, убай) кытта сылдьар буоллаҕына даҕаны дэбиэринэс, сөбүлэҥ ирдэнэр.
Сокуоннай саастарын туола илик үөрэххэ киирбит оҕолорго уопсайга киирэллэригэр эмиэ төрөппүт дэбиэринэһэ наада.
* 16 сааһын туола илик оҕо үлэҕэ киирэригэр.
Самозанятай уонна ИП буолуу 14 саастан көҥүллэнэр, маныаха эмиэ төрөппүт нотариуска бигэргэммит сөбүлэҥэ наада буолар.
16 сааһын туола илик обургу оҕо үлэлии барарыгар, үлэ дуогабарын түһэрсэригэр, төрөппүт нотариуска бигэргэммит сөбүлэҥэ ирдэнэр.
* Оҕо хамсаабат баайын-дуолун батарыыга.
14-18 саастаах оҕолор хамсаабат баайы-дуолу эргиниигэ кыттар кыахтаахтар, өскөтүн төрөппүт (сокуоннай бэрэстэбиитэл эбэтэр попечитель) онно нотариальнай сөбүлэҥ биэрбит буоллаҕына. Маны оҥорторбокко эрэ илии баттаммыт атыы-эргиэн дуогабара кэлин суутунан көтүрүллүөн сөп.
* Оҕо атын дьоҥҥо олорор буоллаҕына.
Өскөтүн оҕону уһун кэмҥэ атын дьоҥҥо, аймахтарыгар биэрэр буоллаххытына, нотуриуска юридическэй суолталаах дьайыылары оҥоророрго дэбиэринэс оҥоһуллуохтаах (холобур, медицинскэй суһал көмөнү оҥорууга наада буолар).