01.08.2021 | 16:00

Дьэ, сүбэһит

Дьэ, сүбэһит
Ааптар: Киин Куорат
Бөлөххө киир

Сааскы күн сандаара тыгара кэрэ да буоллаҕаа. Аана, халлаан сылыйан, син онно – манна барар буолан үөрэ сылдьар. Кыһыҥҥы тымныыга хаайтаран, ыарытыйан даҕаны, дьиэҕэ олорон дьүүкээрэ сыста.
Күн барахсан сардаҥата сирэйин сылаастык кууспахтыырыттан, ириэс тыал сирэйин сэмээр имэрийэн ыларыттан астына – астына, хааман истэ. Ол иһэн күндү дьүөгэтин Маайатын көрүстэ. Өр көрсүспэтэх буоланнар, үөрэн бөҕө.
 –  Хайаа, дорообо, Маайа! Хантан көһүннүҥ?  –  Аана чаҕаара түстэ.
– Ыалдьан, балыыһаттан эмтэнэн таҕыстым …
– Тыый, ол айылаах тугуҥ ыалдьан балыыһаланныҥ? – диэн Аана дьүөгэтин аһыммыт хараҕынан көрөн турда.
– Дьэ, сэгэриэм, кырдьыгынан эттэхпинэ, туоҕум ыалдьарын билбэтим. Эдэр оҕолор көрөллөр, туох эрэ диэн нууччалыы тылы кыбытан быһаараллар. Дуолун өйдөөбөппүн да, эмтэрин иһэн син бэрт буоллум.
– Оо, буоллаҕа, ол хайдах тугуҥ да ыалдьарын билбэт эрээри  молохочуостарга уоппут оҥорторо сылдьаҕыный? Дьэ, туох диэн ыарыы үһү? Нууччалыы да буоллун, этэн көр, – диэн Аана токкоолоһон турда. Уруккуттан ыарытыйар буолан, ыарыы аатын син удумаҕалатар, эмин да таба туттан эмтэнэрэ үгүс буолан, арыт биэлсэрдээҕэр ордук сананан кэлэр үгэстээх.
– Туох эрэ коруоналаах сосуд сужениелаан, онтон сердцебиенньэлиир үһү туох эрэ, онтон капилярдар быһыта баран көҕөрөр үһүлэр.
– Һэ, олох нойосуус үөрэппиккин дуу? – Ааныс саҥа аллайда .
– Хайдах нойосуустуом суоҕай? Күн аайы киирэн быһаарбыта буолаллар буоллаҕа дии. Дьэ, туох диэн ыарыы эбитэ буолла? Эн билэриҥ буолаарай?
– Дьэ, дьүөгээ, мин өйдүүрбүнэн, коруоналаах сосуд диэн буоллаҕына, наака, төбөҥ буолуохтаах, корона төбөҕө сылдьар буолбат дуо? Онтон ,,сосуд” диэн иһит буоллаҕа дии. Онтон иһиккэ тугу кутаҕын? Убаҕаһы кутаҕын. Оччоҕо төбөҕө туох иһиттэниэн сөбүй? Хааны эрэ иһиттиэххэ сөп. Ол хааны төбөҕө туох иһиккэ кутуохха сөбүй? Тымырга эрэ. Онон сылыктаан, анааран көрдөххө, тымырдарыҥ ыалдьаллар эбит.
– Тымырым даа? Хотуой, ол тымыр хайдах ыалдьар үһү? Аата сүрүн! – диэн Маайа сөҕөн хараҕын муҥунан көрдө.
– Хайдах ыалдьыа суоҕай? Ыалдьан кыарыыр эбит, “сужениелаах” диэбиттэр диигин буолбат дуо? Онон анааран көрдөххө, төбөҕөр тымырдарыҥ кыараан, хааҥҥын бүөлээн, үчүгэйдик сүүрдүбэттэрин түмүгэр, сүрэҕиҥ ноҕоруускалаан ыалдьар буолуон сөп эбит, – диэн Аана ,,аһара бэркэ быһаардым” диэн астынан хоноллон аҕай турда.
– Дьэ, итиччэ быраас курдук сананан быһааран баран, хайдах эмтэнэри билэриҥ буолаарай ? – диэн Маайыс дьүөгэтин дьээбэлээх хараҕынан көрөн турда. 
Мин санаабар, дьиэҕэр олорбокко, иистэнэргин тохтотон, таһырдьа сылдьыаххын наада. Өссө кыратык сүүрэ түһэриҥ бэрт буолуо этэ.
– Онтон, дьүөгээ, эн тоҕо таһырдьа быкпат буоллуҥ? Тугуҥ ыалдьар? – диэн аны Маайыс токкоолоһор уочарата буолла.
– Мин диэн хаама сылдьар ыарыы хаата буоллаҕым дии. Сүрэҕим, төбөм ыалдьар.
– Һэ, онтон мин курдук ыарыылаах эбиккин буолбат дуо? Оччоҕо тоҕо таһырдьа сүүрбэккин, хаампаккын ? – диэн Маайыс дьүөгэтин ыган турда.
– Хотуой, ол мин эн курдук ыарыылаах үһүбүн дуо? Атын соҕус буоллаҕа дии.
– Ээйиис, ол сүрэх ыарыытыгар барыларын таһырдьа сырытыннараллар диэн баран, эн сүбэ эрэ биэрээччиннэн сылдьаары гынаҕын дуо? Тугу барытын бэйэттэн саҕалаан сүбэлиир ордук буолаарай? Тугу да түмүктээн билбэт эрээри “үһү-бадах” сүбэлээбит да диэн, – аны Маайыс куолулаан турда.
– Хотуой, өссө босхо сүбэ истэн баран, махтаныаххын билбэккэ, куолулаан тураары гынныҥ дуо? – Аана өһүргэнэ быһыытыйда.
– Ол бэйэҥ боруобалаабатах аата, миигин сүүрдэн-көтүтэн, бэйэҥ этэриҥ курдук, миэхэ уоппут оҥороору гынаҕын дуо?– диэн Маайыс сөбүлээбэтэҕин биллэрэн, тыаһы иһиллээбит көтөр курдук хонойуоҕунан хонойон турда.
– Чэ, ээх, дьүөгээ, иккиэн ыарыһах ааттаах дьон эмиэ туохпут бэрт былдьаһыытай. Барыах, миэхэ, онно баран кинигэни хаһан көрүөх, хайдах эмтэнэр туһунан булуохха, – диэн Ааныс, Маайыһа кыйахаммытын билэн,  аны “сосуда сужениелаан” охтон түһүө диэн, куттанна.
– Хата инньэ диэ, барыахха, – диэн баран Маайыс дьүөгэтин хонноҕун анныттан ылан, Ааныс дьиэтин диэки бара турдулар.

Ымыычаана, Һунтаар

Сонуннар

Ордук ааҕаллар

Ылланарга айыллыбыт олох
Дьон | 11.10.2024 | 12:00
Ылланарга айыллыбыт олох
Хаһааҥҥытааҕар даҕаны ардахтаах күһүн буолла. Уһун ардахтарга өйбөр куруутун “Тохтообокко ардах түһэр, Түннүкпэр таммаҕы ыһар...” ырыа тыллара ытыллар.   Биһиги көлүөнэ оҕолор үрдүкү кылаастартан саҕалаан “Ардахха санаа” ырыаны истэ улааппыппыт. Оччолорго, биллэн турар, ким тыла, ким матыыба буоларын улаханнык билэ да сатаабат этибит. Ырыа баар да баар. Киһи олоҕун кэрдиис кэмнэринэн...
Борис Борисов: «Пушкиҥҥа сүгүрүйүүм — “Евгений Онегины”  нойосуус билиим»
Дьон | 10.10.2024 | 10:00
Борис Борисов: «Пушкиҥҥа сүгүрүйүүм — “Евгений Онегины” нойосуус билиим»
Саха киһитэ тыйаатыры, артыыстары олус ытыгылаан  ылынар ураты көрөөччү. Ол оруоллары ураннык толорор артыыстартан сүдү тутулуктааҕын саарбахтаабаппын. Оннук биир үтүө киһи, Саха Өрөспүүбүлүкэтин норуодунай артыыһа, Щепкин аатынан Үрдүкү театральнай училище “көмүс выпускнига” Борис Иванович Борисовы кытта өрөгөйдөөх 75 сааһынан сэһэргэстибит.   – Артыыс буолар баҕа санаа оҕо эрдэххиттэн баара дуу? –...
Кинини саха быһаҕа быыһаабыта
Дьон | 11.10.2024 | 10:00
Кинини саха быһаҕа быыһаабыта
Кинилэр – биһиги дьоруойдарбыт, кинилэр – өлөллөрүн кэрэйбэккэ эйэлээх олох туһугар охсуһаллар, бааһырбыт доҕотторун өстөөх уотун аннынан быыһыыллар, бука бары быраат, убай диэн ыҥырсаллар.   Бу анал байыаннай дьайыы бүттэҕинэ, элбэх кэпсэниэ, элбэх кистэлэҥ арыллыа, ким эрэ ол саҕана кимиэхэ да эппэтэх санаатын дьэ этиэ турдаҕа. Сорох ардыгар киһи дьиибэргиир, итэҕэйиэ...
Биэнсийэ туһунан тугу билиэххэ?
Тускар туһан | 17.10.2024 | 12:00
Биэнсийэ туһунан тугу билиэххэ?
Судаарыстыба социальнай өттүнэн көмүскэлэ суох нэһилиэнньэҕэ араас суол чэпчэтиилэри көрөр. Оттон ону бары билэбит, бырааппытын толору туһанабыт дуо?  Мантан аллара биэнсийэ уонна онно сыһыаннаах уларыйыылар, чэпчэтиилэр тустарынан санатыһан, быһаарсан ааһыаҕыҥ.   Үлэлиир уонна үлэлээбэт киһи биэнсийэтэ Биэнсийэ күннээҕи наадыйыыны толуйбатын быһыытынан, сынньалаҥҥа тахсан да баран салгыы үлэлии хаалааччы үгүс. Оччотугар кинилэр,...