Дьэ, кырдьык да, хоту дойду хоһуун хотойо!
М.В. Ноговицын - көҥүл тустууга ССРС спордун маастара, ССРС үс төгүллээх боруонса медалиһа, ССРС Кубогын икки төгүллээх кыайыылааҕа, икки төгүллээх үрүҥ көмүс уонна боруонса призера, норуоттар икки ардыларынааҕы турнирдар икки төгүллээх кыайыылааҕа, хас да төгүллээх призера, Тбилиситээҕи “аан дойду аччыгый чемпионатын” үс төгүллээх призера, ССРС устудьуоннарын сэттэ, Украина сэттэ төгүллээх чөмпүйүөнэ, ССРС Сэбилэниилээх күүстэрин үс төгүллээх үрүҥ көмүс призера, ССРС Сэбилэниилээх күүстэрин Кубогын үс төгүллээх кыайыылааҕа, үстүү төгүллээх призера, Дьааҥы улууһун, Верхоянскай куорат уонна Дулҕалаах нэһилиэгин бочуоттаах олохтооҕо.
Кинигэ дьоруойун бу күн Сахабыт сирин аатырбыт бөҕөстөрө, ССРС спордун үтүөлээх маастардара - “Монреаль-1976” Олимпийскай оонньуулар чөмпүйүөнэ Павел Пинигин, үрүҥ көмүс призера Александр Иванов, “Үтүө дьулуур оонньууларын” чөмпүйүөнэ Василий Гоголев, СӨ физическэй култуураҕа уонна спорка миниистирэ, Афинытааҕы уонна Пекиннээҕи Олимпийскай оонньуулар кыттыылааҕа, аан дойду боруонса призера, Азия чөмпүйүөнэ Леонид Спиридонов, тустуу фанаттара, спорт суруналыыстара эҕэрдэлээтилэр.
“Саха сирин чулуу тустууктара” сериянан тахсыбыт элбэх хаартыскалаах, 60-ча ахтыылаах, 239 сирэйдээх “буруолуу сылдьар” бэртээхэй кинигэни Улуу тренер Д.П. Коркин иитиллээччитэ, физико-математическай наука кандидата Дмитрий Афанасьевич Егоров хомуйбут, Гаврил Петрович Стручков эрэдээктэрдээбит. Үбүлээһинин спорт министиэристибэтэ, Дьааҥы улууһун дьаһалтата, “Нөмүгү килиэп оҥорор собуота”, “Емеян” ХТ, Чурапчы улууһун үөрэҕин профсойууһун тэрилтэтэ уо.д.а.оҥорбуттар.
Кинигэ “Саханы саха дэппит тустуук уолаттарбыт”, “Аймахтарын ахтыылара”, “Чурапчы интэринээт-оскуолатыгар бииргэ үлэлээбит дьоно”, “Чугас доҕотторо, алтыспыт табаарыстара”, “Дьааҥы дьоно”, “Кинигэлэртэн, хаһыаттартан, сурунааллартан ыстатыйалар”, “Бырааттыы Ноговицыннар турнирдара” түһүмэхтэрэ уһулуччулаах бөҕөс туһунан сиһилии кэпсииллэр-сэһэргииллэр.
Сурукка-бичиккэ киирбитинэн, Михаил Ноговицын төрүччүтэ 1630 сылтан саҕаланар. Аҕата Василий Павлович Ноговицын, ийэтэ Татьяна Павловна Мандрова уон оҕолоох, ол иһигэр сэттэ боотур уолаттардаах ытыктанар ыал. Михаил учууталлар дьиэ кэргэннэрин үһүс оҕолоро. Верхоянскайга Саха АССР спордун маастара, Саха АССР үтүөлээх тренерэ Николай Михайлович Давыдов тустууга оскуолатын ааһан, салгыы Чурапчыга Дмитрий Петрович Коркиҥҥа “буһан-хатан”, Киевкэ Георгий Анатольевич Бураковка сүдү бөҕөс буола уһаарыллыбыта. Бырааттарын тустуунан дьарыктаабыта, тустуу эйгэтигэр “бырааттыы Ноговицыннар” дэтэн, үөрэхтээх дьон оҥортообута. Бииргэ төрөөбүттэригэр эрэ буолбакка, тулалыыр дьонугар-сэргэтигэр “Убайынан” эрэ ааттанар, билиниллэр.
Киһи тас көрүҥүнэн кырата-улахана быһаарыллыбат. Михаил Ноговицын чугас доҕотторо-атастара мындырдык бэлиэтээбиттэрин курдук, “кыра киһи хамсанара да элбэх, оҥороро да үгүс”. Ол курдук, сытыы өйүнэн-санаатынан, күүс-күдэх өттүнэн сөҕүмэр кыахтааҕын көрдөртөөбүтэ. Көрдөртүүр даҕаны. Киһи сөҕөр түгэннэрэ ытыктабылы, биһирэбили үөскэтэллэр. Ону күннээҕи олоҕуттан, тустуу киэҥ түһүлгэлэригэр соргулаах кыттыыларыттан да билиэххэ сөп.
Ааҕааччы киэҥ араҥатыгар анаммыт кинигэ олоххо-дьаһахха туһалаах, көрүдьүөстээх да түгэннэрдээҕинэн, сэҥээриини ылара саарбахтаммат.