12.03.2023 | 20:00

Дьэңкир таас

Дьэңкир таас
Ааптар: М.Иванова
Бөлөххө киир

Киһи барахсан олоҕун тухары санаатынан салайыллар буоллаҕа. Күннээҕи олох бытархай түгэннэриттэн тиһиллэн олох оҥкула таҥыллар. Кыра да түгэн икки атах олоҕун огдолутара, төлкөтүн түҥнэрэрэ ханна барыай. Оччотугар иннинэн сирэйдээх иинигэр киириэр диэри курус санаа кулута, санньыар санаа саллаата буолан олоҕун моҥуур муҥа дуо? Муунтуйуу.. тууйуллуу... Киһиэхэ ис-иһиттэн иэтэн ииригирдиэх айылаахтык хам кууһар, арахпат ыарыы саҕа ыар таһаҕас буолар. Бүдүрүйбүт көммөт дииллэр. Аматын да иһин, ааһа барбакка аараан, түҥнэстибити өйөөн ылан төргүүлэнэн, олох долгунун инники кирбиитигэр өрө үтэн таһаарыахха сөбө буолуо. Айыы дьонугар амарах санаалаах, көмүскэс сүрэхтээх күн дьоно күргүөмүнэн көҕүрээбэтилэр ини. Ону баара, олох охсуутуттан олоччу олорон хаалбыт санаатын сайҕаан, саҥа таһааран ынчыктаабат, суланан суҥхарбат үгэстээх эбээт. 

Муунтуйуу муҥа муҥур уһукка модун да санааны моһуоктуур, эрэли кытта эргэрдэр. Оччотугар курус санаа кулута буолбут улугурууттан уһуктубакка устунан уостан, күн диэки өрүттэн өрө көрбөккө өһөн барара сордоох сорсуйар сокуона буоллаҕа дуу...

Сардаана бүгүн эмиэ күннээҕи түбүгүн үмүрүппүт курдук сананан чуумпуттан чуҥкунуур тымныы хоһун аанын аһан, аа-дьуо атыллаан киирдэ. Төһө да уорааннанан көрүстэр, бэйэлээх бэйэтин дьиэтигэр киирэн чэпчээбиттии өрө тыынна. Эмиэ күөстүү оргуйар үлэ-хамнас долгунугар олорсон күн хайдах ааспытын да билбэккэ хааллаҕа. Дьон тоҕуоруһар дьалхааныттан сылайдаҕына, абырыыра эрэ бу чуумпу хоһо. Манна эрэ кини санаатын сааһылыыр, өйүн-төйүн булунар. Кини кимин, туох санаалааҕын, тугунан олорорун бу эрэ хос билэн эрдэҕэ.

Сардаана тас таҥаһын устан, дьиэтээҕи халаатын да кэппэккэ, кыра хос муннугун бүтүннүү киэптээн үлэлээн дьигиһийэ турар халадьыынньыгын аста. Эрэйэ суох «аһа» ортолоон эрэр дьэҥкир иһити ороон ылла. Ыстакааны толору куттан утаппыттыы биир тыынынан түһэрэн кэбистэ. Дьэ, ол эрэ кэннэ хоһун уотун холбоон, суунан-тараанан баран чэйдиир сиригэр тиийдэ. Саарбахтаабыттыы ыскаабын аһан көрөөт, тута сапта. Били аһа кураанах куртаҕын бүтүннүү киэптээбит сибикитэ биллэн, иһэ итийэн, этэ-сиинэ улугуран барбытын биллэ. Аат аһын амтана айаҕыттан араҕан биэрбэккэ аҕынньыта төллөн, аат эрэ харата оронун булан, кумуллуоҕунан-кумуллан утуйан тыына сурдурҕаан барда.

Дьэ, ити курдук олохтоох эбээт Сардаана... Сардаана Михайловна – тутаах тэрилтэ эппиэттээх үлэһитэ, дьон быыһыгар дьоллоох олох тыынынан илгийэ сылдьар кэриэтэ саас ортолоох саха дьахтара... Дьиҥэ, сиртэн-буортан тэйэн, сири бааһырдыам диэбиттии сэрэнэн сэгэйэн хаамар сэмэй кыыс-дьахтар дьиҥ чуҥкук олоҕун ким да билбэт эбээт. Ким да сэрэйбэт, аҥаардас күнү барыыр аатыгар олорорун, албын дьоллоох олох дуйунан бүрүллүбүт кини ис туругун. Күнтэн күн биир кэлим хатыланан үтүө өйдөбүлэ суох ааһар эбээт киниэхэ. Кинини күлүм аллайбыт дьоллоох киһи үөрпэт, таптал таабырына санаатын таарыйбат. Ону ким да билбэт... Арай сэрэйэрэ эбитэ дуу, киһи гынан бу сиргэ таһаарбыт истиҥ ийэтэ... Оҕото тууйуллубут олоҕун орооһон оһоруо этэ дуо ол кэмнэргэ кини сырҕан бааһын? Ыраах эбээт кини билигин. Кыра эрдэҕинээҕитин курдук ытаата да ымманыйа сүүрэн кэлбэт, уоскутан оргууй төбөтүттэн имэрийбэт. Ырааппыттар ол сылаас сыһыаннаах сыллар, тэйиппиттэр ийэ уонна кыыс сүрэхтэрин...

***

Лоп курдук тоҕус төгүрүк сыл анараа өттүгэр Сардаана Трофимова үрдүк үөрэх кыһатын бүтэрэн, аналым диэбит олоҕун аргыһын кытта саҥардыы холбоһон кыыс дойдутугар тиийбиттэрэ. Ол сыл дьыл эрдэлээн, муус устар ортото сорох сиринэн харааран, номнуо хатан-кууран эрэрэ. Эдэрдэр тулалыыр эйгэ күннээҕи түбүгүн умнан, бэйэлэрэ эрэ билэр дьикти иэйиилэрэ иккиэннэрин ситимнээн, олус да дьоллоох этилэр оччолорго. Сардаана нохтолоох сүрэҕин анныгар тапталларын ымыытын, кинилэр дьоллорун туоһутун –  кыракый киһичээнин илдьэ сылдьара. Кыыс сотору кэминэн ийэ буолар дьолун туҥуй сүрэҕэ үөрэ, эмиэ да куттана, долгуйа күүтэрэ. Таптыыр күндү доҕоро, бу дойдуга кэлбит олоҕун кэргэн буолан тэҥҥэ атаарыахтаах киһитэ Васята олус да элбэҕи, ырааһы, сырдыгы ыраланара. Хас үүнэр күнү үлүмнэспиттии үөрүүнэн толороору дьулуһара. Алдьархай ааҥнаан араартыаҕын сэрэйбит курдук, өрүү тугу эр куоттарыам диэбиттии тиэтэйэ-саарайа сылдьара.  

Иэдээн иэнигийэр күнэ ол саас этэ. Туох барыта уһун ууттан уһуктар, күн чэмэличчи тыган угуттуур кэмигэр... Суол хаайтарыыта харгыстыа диэн кыыс дойдутугар өр буолбакка куораттаабыттара. Вася, үгэһинэн, сүргэтэ олус көтөҕүллэн үөрэ мичийэ сылдьара. Ол сарсыарда халлаан кыырпах да былыта суох күп-күөҕүнэн көрөн турара. Ол оннугар дьыбарсыйбыта олуһа. Бэҕэһээ эрэ чаалыйа сыппыт чалбах килэрийэ тоҥон килбэчийэ сытара. Сардаана чугаһаан сылдьар буолан олуһун сылайбыт курдуга. Кыраттан кыйыттан доҕорун хаарыйара. Түргэнник иэримэ дьиэтигэр тиийэ охсуон баҕарара. Бэйэтэ да билбэтинэн киһитин тиэтэтэрэ. Ол аайы дьоҕус массыына сыыдамсыйан, килэрийбит суол бииргэм элэҥнээн субуллара. Эбэҕэ киирэр эниэҕэ эмискэ массыына ойоҕоһунан халтарыйан барбыта, ону кытта Сардаана хатан хаһыыны истибитэ, кулгааҕа чуҥкунаабыта, биирдэ хараҥа иһигэр тимирбитэ...

Өйдөнөн өрүһүнэр күнүгэр аттыгар ийэтэ баара. Олуһун илистибит, сылайбыт көрүҥнээх нөрүйэн олороро. Хараҕын уута быыстала суох сүүрэрин кистии-кистии туох буолбутун кэпсээбитэ. Сардаана ол дьулаан сурахтан тыына хаайтарбыта, төттөрү түлэй-балай дириҥҥэ умсубута.

Төһө өр ол курдук тумаҥҥа тууйуллубутун өйдөөбөт. Киһи буолар оҥоһуута таайан дуу, сордонор суолугар дуу, орто дойду буорун салгыы соҕотоҕун бааһырдарга анаммытын ол кэмнэргэ толкуйдаабатаҕа. Кэнэҕэһин ийэ буолар анала саарбаҕын истэн да аахайбатаҕа. Барыта куһаҕан түүл, буолар быһыы-майгы ханна эрэ чиэски, ыраах курдуга. Биирдэ да харах уутун тоҕон иэйэ-куойа ытаабатаҕа. Санаа тууйуллуутун, муҥ мунньуллуутун таска таһааран санааны сайгыыр харах уута бэйэтигэр хаалбыта. Ол харах аһыы уута дьэҥкир тааска кубулуйан, өлбөөрбөт өйдөбүл буолан сүрэҕэр өтөрү саайыллыбыта.

Сардаана балыыһа киэҥ уораҕайын модьоҕотун атыллаан кэннин хайыспакка, наар иннин тутуһан, кими да кытта кэпсэппэккэ куоракка көппүтэ. Барыан иннинэ иэдээҥҥэ тэппит эбэ эниэтигэр тиийэн саҥата суох турбута. Эбэ устан доллоһутара. Көмүөл мууһа хачыр-кучур тыаһаан сүүрүк хоту хотоойутук устара. Муус охсон ааспыт быһаҕас кирилиэһигэр туран Сардаана сааскы салгыҥҥа сыраллан ол күргүөмнээхтик устар муус халҕаһалары одууласпыта. Бу туран оччугуй мууһу аарыма көһөҥө ааһан иһэн өрө үтэн туора биэрэккэ олордон кээспитин көрөн бэйэтин ол атарахсытыллыбыт мууска холоммута. Олох долгуна туора охсубутун оһорунар кыаҕа суоҕун билинэн олус куттаммыта.

Ол кэмтэн тоҕус толору сыл иһигэр дьолу көрдөөн сонордоспотоҕо. Сыала суох сатаҕай сыһыаннар бааллара да үөрүүнү түстээбэт этилэр. Чугас дьонуттан тэйэн үлэ үөһүгэр түспүтэ. Эт киһи элэйиитин, сыа киһи сылайыытын дьэҥкир аһыы утаҕынан таһаарар үгэстэммитэ. Кистээн... соҕотоҕун... Санаатыгар, дьэҥкир уохтаах утах сүрэҕэр хоммут, аалык буолбут тааһы арыый да мүлүрүтэр, көөрөтөр курдуга.

***

Чуҥкук чуумпу сатыылаабыт хоһугар сааскы эрдэһит күн уотун көмүс сүүмэхтэрэ түннүгүнэн киирэн хос ис бараанын сырдатыахча сырдаппакка киһи хараҕын сылаталлар. Дьоҕус хос ортотугар орон баарыгар мааҕын хайдах сыппытын кубулуппакка Сардаана утуйан буккуруур. Дөрүн-дөрүн кыламана ибирдээн, хааһа түрдэстэн муус кэрэ дьүһүнүн өссө тупсарарга дылылар. Бу сытан Сардаана түүҥҥү түлүк уутугар дьикти түүлү көрөр.  Түүлүгэр, били биэрэккэ сорҕото быстыбыт кирилиэһигэр турар. Дьапталҕа муус харыыта суох тыас-уус бөҕөнөн устар. Дьиктитэ диэн, хас муус аайы биирдии киһи олорсон ырааҕынан устан ааһар. Тугун дьиибэтэй диэн, Сардаана лаппыйан одуулаһа сатыыр да, тугу да өйдөөн-дьүүллээн көрбөт. Арай ол курдук муна-тэнэ турдаҕына аллараттан бэркэ билэр куолаһа: «Сардаана, аллара түһүүй», – диирэ иһиллэр. Сардаана саҥа хоту аллара тиһэх үктэлгэ сэрэнэн түһэр. Арай ол туран иннигэр мууһу кытта ким эрэ устан бэттэх кэлбитин көрөн тута билэр. Кини иннигэр олоҕун соҕотох уонна тиһэх таптала Васята мичийэ үөрэн турар. Сардаана күндү киһитин көрөн сүтэрбит, умнубут дьоло сылааһынан сыдьаайан сүрэҕин толорор. Ону кытта түөһүгэр инчэҕэй, тымныы биллибитин сэрэнэн даҕайбыта, сутурук саҕа дьэҥкир муус курдук таас ытыһыгар түһэн кэлэр.  Ол тааһын туппутунан Васятын диэки үөрэн сэгэйбитинэн атыллыы сатыыр да атаҕа хам сааллыбыттыы ыарыыр. Илиитин уунан чугаһаабытыгар доҕоро, били тааһы ытыһыгар түһэрэн ылар да мичээрдээбитинэн сиик кэриэтэ симэлийэн, сүтэн хаалар. Сардаана куоттарбыт аһыытыттан хараҕын уута иэдэһин устун сүүрэн эбэҕэ сүүрүгүрэн түһэр үрүйэҕэ тохтоло суох тохтор. Туох үрүйэтэй диэн өйдөөн-дьүүллээн көрбүтэ, били, биэрэккэ сыҕаллыбыт муус күн сыралҕаныттан ууллан тохтор эбит. Ол муустан ордон хаалбыт муус тоһоҕоһо убаҕас ууга кубулуйан, эбэ иэнигэр эбии буолан салгыы айанныыр аналыттан үөрбүттүү килэйэр.

***

Эмискэ чуумпу хоско төлөпүөн тырылыыр. Ол сатараабыт тыастан Сардаана уһукта биэрэр да, төлөпүөнү ыларга тиэтэйбэккэ дьиэ үрдүн одуулаһа сытар. Дьикти түүл ииппит иэйиитэ араҕан биэрбэккэ ол курдук сүрэҕин долгутар. Тугун дьиибэтэй, тугу кэпсиир дьикти түүлүй ити?

Ити кэмҥэ тыаһаан бүппүт төлөпүөн Сардаананы түүлүттэн тэйиттэ.  Оргууй туран хомунан-симэнэн үлэтигэр айаннаата. Ити күн былаһын тухары Сардаана арааһы санаата. Эмискэ улугурбут олоҕуттан туорхаһыйыы, саҥаҕа тардыһыы алыба кууста. Сөҕүрүйбүтү сөргүтэр наадатын, дьэ кэлэн өйдөөбүттүү сүрэҕэ дьиктитик түөһүн иһигэр толугуруу мөҕүстэ. Төрөөбүт дойдутун, ийэтин, аҕатын ахтылҕана аймаата, күндү дьонугар тардыһыы тохтоло суох сулуйда. Дьиэтигэр хаһааҥҥытааҕар да эрдэлээн кэлэн дьонугар эрийээри төлөпүөн туруупкатын харбаабытыгар анарааҥҥыта, соһуччута бэрдиттэн соһуйбуттуу, тырылаан умайыктанна. Төлөпүөнү ылбытыгар аҕатын куолаһа ыраахтан иһилиннэ:

– Хайа, ханна сылдьаҕын? Мааҕыны быһа эрийэбин. Ийэҥ балыыһаҕа киирдэ. Ийэлээхпин диэн саныыр буоллаххына, саатар кэлэн көрсөн бар.

Бу соһуччу этиллибиттэн мах бэрдэрэн, Сардаана эппиэттээбэккэ да хаалла.

***

Сол күн үлэтин быһаарса охсон Сардаана айаҥҥа турунна. Оонньуута суох олоҕун орто омурҕана ааспыт төрүт дойдутугар уһун кэм буолан баран, дьэ тиийдэ. Санаатыгар, ол кэмтэн туох да уларыйбатахха дылы. Арай арыый кыччаабыкка, кырдьыбыкка дылы дэриэбинэ Сардаананы биллибэт сылаас тыынынан көрүстэ. Сардаана дьонун дьиэтигэр таарыйбакка эрэ быһа балыыһаҕа ааста. Ийэтэ эрэйдээх иинэн-хатан, хараҕа уолан балыыһа куойкатыгар сытаахтыырын көрөн олус харааһынна. Кыыһын көрөөт, ийэ барахсан сирэйдиин-харахтыын уларыйан, кыра-куйа бэйэтэ титирээн эрэрдии дьигиһийэн барда. Ийэлээх кыыс илии илиилэриттэн ылсан саҥата суох ытастылар.

***

Сардаана төрүт дойдутун салгынын сайа тыынан саҥаттан төрөөбүттүү сананна. Ийэтэ барахсан өрүттэн, бэттэх кэлэн үтүөрэр аакка барбыта санаатын ордук бөҕөхсүттэ. Төрөппүттэрин көрсө сайын кэлиэх буолан Сардаана эмиэ куорат диэки көтөр аалынан айаннаата. Кини бу күннэргэ санаабытын, хайа мэлдьи, тобулбут курдук. Ол санаата кинини кынаттыырга, инникигэ эрэли саҕарга дылы.

Сөмөлүөт үрдүк мэҥэ халлааҥҥа өрө көтөн тахсан айаннатан куугунуур. Сардаана түннүгүнэн үрүмэ былыттары одуулуу олорон саныы олорбутун саҥа таһааран ботугураабытын бэйэтэ да билбэккэ хаалла: «Ийээ, эйигин хомоппот курдук толору дьоллоох олоҕу олоруом!»

Киһи – олоҕун тухары санаа кулута. Олоҕун оҥкула тугу саныырыттан, туохха дьулуһарыттан тутулуктаах эбээт. Таптаабыт кэрэҕэ талаһар, олохтон дьолу тутаары үгүһү оҥорор. Таптааҥ дуу оҕоҕутун, талан ылбыт доҕоргутун. Умнумаҥ, ийэҕэ, аҕаҕа тапталы, төрүт дойдуга бүтэн быстыбат ахтылҕаны!

Сонуннар

Ордук ааҕаллар

Медик: «Бааһырбыт байыаспын дөйүтэн баран соһорум»
Дьон | 20.12.2024 | 12:00
Медик: «Бааһырбыт байыаспын дөйүтэн баран соһорум»
Олус ыарахан кэпсэтии буолла. Ааҕааччыга тиэрдэр гына суруйуохха наада. Дьоруойум сөбүлэҥин ылыахпын наада. Тоҕо диэтэххэ кини анал байыаннай дьайыыга сылдьыбыт кэрэ аҥаар,  ийэ, медик. Кэпсии олорон ытаатаҕына, сырҕан бааһын таарыйаммын диэн кэмсинэн ылабын, онтон эмиэ чочумча буолан баран салгыыбыт.   Кини позывнойун кистиир, ханна баарын, билигин ханна олорорун эмиэ эппэппит. Сөбүлэһэн...
Үчүгэйи көрөргө хаһан үөрэнэбит?
Сонуннар | 14.12.2024 | 13:15
Үчүгэйи көрөргө хаһан үөрэнэбит?
Сиэн көрө куоракка кыстыыбын. Күн аайы оптуобуһунан оҕобун оскуолаҕа илдьэбин-аҕалабын. Быйыл, дьэ, этэргэ дылы, үйэ тухары хамсаабатах маршруттарга уларыйыылар таҕыстылар. Бассаапка үөхсэн туох туһа кэлиэй, төттөрүтүн, дьону күөртээн эрэ биэрии курдук. Ол иһин бу турунан туран Дьокуускай куорат сахалыы тыллаах хаһыатыгар санаабын тиэрдэргэ соруннум.  Бииринэн, нэһилиэнньэбит ахсаана күн-түүн улаата турар....
Сатаан салайыы, тэрийии — эмиэ талаан
Дьон | 14.12.2024 | 18:00
Сатаан салайыы, тэрийии — эмиэ талаан
Харах ыларынан хаһан да бүппэттии көбүүс-көнөтүк тыргыллар бэс чагда устун айан суолунан сыыйылыннаран иһэн, «Дьиикимдэ» диэн суруктаах бэлиэҕэ биирдэ баар буола түстүбүт. Туох-хайдах дьарыктаах, тугунан тыынар нэһилиэккэ киирэн эрэрбитин аартыкка баар суруктаах бэлиэ кэпсииргэ дылы.  Бүгүн биһиги “Дьиикимдэ дьээбэлэрэ” көр-күлүү тыйаатырын артыыһа, режиссера, продюсера Артур Николаевич Егоровтыын нэһилиэк култуурунай олоҕун...