17.02.2023 | 18:00

«Дархан Уус» Саха сирин тимир уустарын сүрүн түһүлгэтэ 12-с төгүлүн ыытыллар

Сарсын, олунньу 18 күнүгэр «Куруһаала» эргиэн киинигэр үгэскэ кубулуйбут «Дархан Уус» Саха сирин тимир уустарын сүрүн түһүлгэтэ 12-с төгүлүн ыытыллар. Бу күннэргэ сөбүлүү көрбүт оҥоһугу хайа баҕарар уустан талан ылар кыах бэриллэр.
«Дархан Уус» Саха сирин тимир уустарын сүрүн түһүлгэтэ 12-с төгүлүн ыытыллар
Ааптар: Киин Куорат
Бөлөххө киир

Саха сирин сүүрбэччэ улуустарыттан 60-ча тимир уустара түмсүбүт сүрүн түһүлгэлэрэ «Уус-уран оҥоһуулаах быһах», «Бастыҥ булт быһаҕа», «Бастыҥ ас быһаҕа» хайысхаларынан чулууттан чулуулары сүүмэрдээн таһаарыаҕа.

«Бастыҥ ас быһаҕа» хайысхаҕа саха төрүт аһын сөргүтээччи Иннокентий Тарбахов уһуйуллааччылара Константин Матаннанов, Иван Решетников, Евгений Петров дьүүллүүр сүбэҕэ үлэлиэхтэрэ. Атын хайысхаларга саха быһаҕын аар-саарга аатырдыбыт Сарыал Билюкин, Саха сирин тимир уустарын сойууһун бэрэссэдээтэлэ Роман Готовцев-Мындыр Уус, ураты суоллаах-иистээх Василий Попов-Бааха Уус, Россия ойуулуур-дьүһүннүүр академиятын чилиэн-кэрэспэндьиэнэ, худуоһунньук Дьулустаан Бойтунов, Экология, айылҕа баайын туһаныы уонна ойуур хаһаайыстыбатын министиэристибэтин, Булт хаһаайыстыбатын уонна ураты харыстанар сирдэр департаменнарын салайааччытын солбуйааччы Анатолий Попов дьүүллүүр сүбэҕэ үлэлиэхтэрэ.

Быыстапканы төрүттээччинэн күөгэйэр күнүгэр суох буолбут предприниматель уонна меценат Серафим Попов этэ. Кини сүбэһитэ, Саха сирин тимир уустарын сойууһун бочуоттаах бэрэссэдээтэлэ, Духуобунас академиятын академига, П.А. Ойуунускай аатынан судаарыстыбаннай бириэмийэ лауреата, Саха Өрөспүүбүлүкэтин бочуоттаах гражданина Борис Неустроев-Мандар Уус буолар.

12-с төгүлүн ыытыллар «Дархан Уус» Саха сирин тимир уустарын сүрүн түһүлгэтин ыалдьыттарын саха эстрадатын чаҕылхай сулустарын эҕэрдэтэ, саха төрүт аһын амсайар дьоро түгэн, тыҥааһыннаах күрэс былдьаһыыта күүтэр.

Сонуннар

Ордук ааҕаллар

Медик: «Бааһырбыт байыаспын дөйүтэн баран соһорум»
Дьон | 20.12.2024 | 12:00
Медик: «Бааһырбыт байыаспын дөйүтэн баран соһорум»
Олус ыарахан кэпсэтии буолла. Ааҕааччыга тиэрдэр гына суруйуохха наада. Дьоруойум сөбүлэҥин ылыахпын наада. Тоҕо диэтэххэ кини анал байыаннай дьайыыга сылдьыбыт кэрэ аҥаар,  ийэ, медик. Кэпсии олорон ытаатаҕына, сырҕан бааһын таарыйаммын диэн кэмсинэн ылабын, онтон эмиэ чочумча буолан баран салгыыбыт.   Кини позывнойун кистиир, ханна баарын, билигин ханна олорорун эмиэ эппэппит. Сөбүлэһэн...
Үчүгэйи көрөргө хаһан үөрэнэбит?
Сонуннар | 14.12.2024 | 13:15
Үчүгэйи көрөргө хаһан үөрэнэбит?
Сиэн көрө куоракка кыстыыбын. Күн аайы оптуобуһунан оҕобун оскуолаҕа илдьэбин-аҕалабын. Быйыл, дьэ, этэргэ дылы, үйэ тухары хамсаабатах маршруттарга уларыйыылар таҕыстылар. Бассаапка үөхсэн туох туһа кэлиэй, төттөрүтүн, дьону күөртээн эрэ биэрии курдук. Ол иһин бу турунан туран Дьокуускай куорат сахалыы тыллаах хаһыатыгар санаабын тиэрдэргэ соруннум.  Бииринэн, нэһилиэнньэбит ахсаана күн-түүн улаата турар....
Сатаан салайыы, тэрийии — эмиэ талаан
Дьон | 14.12.2024 | 18:00
Сатаан салайыы, тэрийии — эмиэ талаан
Харах ыларынан хаһан да бүппэттии көбүүс-көнөтүк тыргыллар бэс чагда устун айан суолунан сыыйылыннаран иһэн, «Дьиикимдэ» диэн суруктаах бэлиэҕэ биирдэ баар буола түстүбүт. Туох-хайдах дьарыктаах, тугунан тыынар нэһилиэккэ киирэн эрэрбитин аартыкка баар суруктаах бэлиэ кэпсииргэ дылы.  Бүгүн биһиги “Дьиикимдэ дьээбэлэрэ” көр-күлүү тыйаатырын артыыһа, режиссера, продюсера Артур Николаевич Егоровтыын нэһилиэк култуурунай олоҕун...