22.02.2023 | 14:00

«Дархан Уус — 2023»

«Дархан Уус — 2023»
Ааптар: Розалия Томская
Бөлөххө киир

Дьокуускайга икки сыл тохтуу сылдьан баран “Дархан Уус” Саха сирин тимир уустарын быыстапката үрдүк таһымнаахтык буолан ааста. Тэрээһин урааҥхай аймахха уус аатын үрдүк үктэлгэ таһаарбыт киһибит, саха саарына, бөлүһүөк  Борис Неустоев-Мандар Уус үтүө аатын кытта ыкса ситимнээх. Быйылгы тэрээһини бастакы быыстапканы тэрийбит Серафим Валерьевич Попов кэриэһигэр анаатылар.

Быыстапкаҕа 62 уус бэйэтин үлэтин дьон дьүүлүгэр таһаарда. ХII-с төгүлүн ыытыллар уустар сүрүн түһүлгэлэригэр киин куоракка Сунтаартан, Ньурбаттан, Үөһээ Бүлүүттэн, Томпоттон, Тааттаттан, Уус Алдантан, Чурапчыттан, Мэҥэ Хаҥаластан, Намтан, Хаҥаластан уонна Дьокуускайтан кытыннылар. Номнуо ааттаах-суоллаах уопуттаах уустары сэргэ саҥа саҕалааччылар, бу идэҕэ уһуйулла сылдьааччылар тэҥҥэ үс хайысханан арахсан күрэхтэстилэр.

«Уус-уран оҥоhуулаах быhах»  номинацияҕа быһах тиэмэтэ, эриэккэһэ, төһө уустуктук оҥоһуллубута, туттуллубут матырыйаала учуоттанна.

 

«Булт быһаҕа» номинацияҕа ордук быһах угун хаачыстыбатыгар уонна туттарга табыгастааҕар болҕомто уурдулар. Оттон биитин тургутууга тириини, удьурҕайы, буойулаҕы, кыыл тааһын уҥуоҕун уонна кэнсиэрбэ бааҥкатын быһан, хайа охсон көрдүлэр.

«Ас быһаҕа» номинацияҕа киирбит быһахтары тургутууга “Тыгын Дархан” эрэстэрээн асчыттара – саха национальнай куухунатын аҕалаатар аҕата буолбут Иннокентий Тарбаахап үөрэнээччилэрэ кытыннылар.

Кыайыылаахтарга маһынан кыһыллан оҥоһуллубут статуэткалары уонна спонсордартан сыаналаах бириистэри туттардылар. Бу соторутааҕыта Таатта улууһун Баайаҕатыгар арыллыбыт Мандар Уус түмэлин пуондатыгар кыайыылаахтарга туттарыллыбыт статуэтканы туспа анал суруктаан бэлэхтээтилэр.

Быыстапка-дьаарбаҥка үөрүүлээх тэрээһиннэригэр Саха сирин уустарын сойууһун бэрэссэдээтэлэ Роман Готовцев-Мындыр Уус уонна «Дархан Уус» быыстапка тэрийээччитэ Никита Протодьяконов кытыннылар, Духуобунас академиятын академига  Борис Неустроев-Мандар Уус кыттааччыларга туһаайбыт этиитин видеонан көрдөрдүлэр.

“Дархан Уус” курдук үрдүк таһымнаах быыстапка сүрүн сыала-соруга өбүгэ үгэһин сөргүтүү, норуот төрүт үгэстэрин аныгы искусствоны кытта ситимнээһин буолар. Бу тэрээһиҥҥэ маастардар ыраахтан-чугастан түмсэллэр, алтыһаллар, уопут атастаһаллар. Сарыал Билюкин, Роман Готовцев-Мындыр Уус, Александр Данилов-Хаҥыл Уус, Василий Попов-Бааха Уус курдук ураты буочардаах уонна төрүт үгэһи аныгы үйэҕэ табыгастаахтык ханыылаан тарҕатар уустар үлэлэрин аҥаардас көрөн да элбэҕи билиэххэ-көрүөххэ сөп.

 

Күрэх кыайыылаахтара:

«Уус-уран оҥоһуулаах быһах»

1 миэстэ – Роман Петров (Нам), «Булчут. Утум» композициятынан;

2 миэстэ –  Илья Данилов (Таатта), «Хара тыа хаһаайына» үлэтинэн;

3 миэстэ – Василий Мухин (Таатта), «Дьыл кэмэ» композициятынан.

 «Булт быһаҕа»

1 миэстэ – Роман Аммосов (Хаҥалас);

2 миэстэ – Никифор Алексеев (Сунтаар);

3 миэстэ – Алексей Климовскай (Дьокуускай).

«Ас быһаҕа»

1 миэстэ – Илья Данилов (Таатта);

2 миэстэ – Степан Пахомов (Таатта);

3 миэстэ – Сергей Мандаров (Таатта).

 

Хаартыска: uluusmedia.ru

Сонуннар

Ордук ааҕаллар

Медик: «Бааһырбыт байыаспын дөйүтэн баран соһорум»
Дьон | 20.12.2024 | 12:00
Медик: «Бааһырбыт байыаспын дөйүтэн баран соһорум»
Олус ыарахан кэпсэтии буолла. Ааҕааччыга тиэрдэр гына суруйуохха наада. Дьоруойум сөбүлэҥин ылыахпын наада. Тоҕо диэтэххэ кини анал байыаннай дьайыыга сылдьыбыт кэрэ аҥаар,  ийэ, медик. Кэпсии олорон ытаатаҕына, сырҕан бааһын таарыйаммын диэн кэмсинэн ылабын, онтон эмиэ чочумча буолан баран салгыыбыт.   Кини позывнойун кистиир, ханна баарын, билигин ханна олорорун эмиэ эппэппит. Сөбүлэһэн...
Үчүгэйи көрөргө хаһан үөрэнэбит?
Сонуннар | 14.12.2024 | 13:15
Үчүгэйи көрөргө хаһан үөрэнэбит?
Сиэн көрө куоракка кыстыыбын. Күн аайы оптуобуһунан оҕобун оскуолаҕа илдьэбин-аҕалабын. Быйыл, дьэ, этэргэ дылы, үйэ тухары хамсаабатах маршруттарга уларыйыылар таҕыстылар. Бассаапка үөхсэн туох туһа кэлиэй, төттөрүтүн, дьону күөртээн эрэ биэрии курдук. Ол иһин бу турунан туран Дьокуускай куорат сахалыы тыллаах хаһыатыгар санаабын тиэрдэргэ соруннум.  Бииринэн, нэһилиэнньэбит ахсаана күн-түүн улаата турар....
Сатаан салайыы, тэрийии — эмиэ талаан
Дьон | 14.12.2024 | 18:00
Сатаан салайыы, тэрийии — эмиэ талаан
Харах ыларынан хаһан да бүппэттии көбүүс-көнөтүк тыргыллар бэс чагда устун айан суолунан сыыйылыннаран иһэн, «Дьиикимдэ» диэн суруктаах бэлиэҕэ биирдэ баар буола түстүбүт. Туох-хайдах дьарыктаах, тугунан тыынар нэһилиэккэ киирэн эрэрбитин аартыкка баар суруктаах бэлиэ кэпсииргэ дылы.  Бүгүн биһиги “Дьиикимдэ дьээбэлэрэ” көр-күлүү тыйаатырын артыыһа, режиссера, продюсера Артур Николаевич Егоровтыын нэһилиэк култуурунай олоҕун...