16.12.2022 | 15:00

«Даача амнистиятынан» туһанныҥ дуо?

Арассыыйаҕа даача амнистията 2016 сыл балаҕан ыйыттан үлэлээбитэ. Ол онтон ыла бу сокуон үлэлиир болдьоҕо хаста да уһатыллыбыта, уларытыллыбыта. 2022 сыллаахха эмиэ уочараттаах уларытыылар киирбиттэрэ. Даача амнистиятын туһанан дьиэни бас билиини уонна сири хайдах регистрациялыыры быһаарабыт.
«Даача амнистиятынан» туһанныҥ дуо?
Ааптар: Розалия Томская
Бөлөххө киир

Сокуон сүрүн төрүөтэ

Даача амнистиятын сокуона куорат кытыытынааҕы дьиэни-уоту судургутук регистрациялыыр кыаҕы биэрэр. Ол аата тутууга көҥүлү, үлэҕэ киллэрии докумуоннарын уонна да атыны ирдээбэттэр.

Бу сокуон ылыллыбыт сүрүн төрүөтэ – тыа сиригэр баар дьиэлэр уонна учаастактар юридическай статустара биллибэтиттэн буолбута. Сэбиэскэй кэм саҕана сири чааһынай бас билии диэн суоҕа, учаастактар үйэҥ тухары туһанаргар ананан нэһилиэстибэнэн бэриллэн иһэллэрэ. Ол учаастактарга тутуллубут дьиэлэр регистрацияламмат этилэр.

Кэм-кэрдии ааспытын кэннэ бу дьиэлэр салгыҥҥа ыйанан хаалбыттара, баарынан бааллар эрээри, быраап өттүнэн ким бас билиитэ буолаллара чуолкайдаммат этэ. Ол аата дьон сатаан атыылаабат, бэлэхтээбэт, солуок оҥостубат, кэриэс нэһилиэстибэ хаалларбат.

Даача амнистиятын бырагыраамата дьон олоҕун судургутуппутун таһынан гражданскай эргиниигэ саҥа хамсаабат баай-дуол көрүҥүн киллэрбитэ уонна нолуогу хомуйууну элбэттэ.     

             

Ханнык бас билиигэ тарҕанарый?

– Нэһилиэнньэлээх пуун территориятыгар баар саад, хаһаайыстыба тэринэр уонна тус олорор дьиэни туттар учаастактарга тутуллубут дьиэлэргэ;

– Оҕуруот, чааһынай хаһаайыстыба, саад тэринэр учаастактарга;

– Гараас эбэтэр тус олорор дьиэ туттар учаастактарга;

– Гараас, тэпилииссэ, сарай уонна да атын хаһаайыстыбаннай тутууларга.

 

Урут даача амнистиятын сокуонугар садоводство уонна даача хаһаайыстыбатын тэринэр сирдэргэ тутуллубут дьиэлэр уонна хаһаайыстыбаннай тутуулар хапсаллара. ЛПХ (личное подсобное хозяйство) уонна ИЖС (индивидуальное жилищное строительство) сирдэригэр көҥүллэтии ирдэнэрэ. 2022 сыл от ыйыттан уларытыылар киирэннэр, билигин маннык сирдэргэ тутуллубут дьиэни регистрациялааһын көҥүллэммитэ.

 

Ол эрэн регистрацияны ааһар дьиэ кэккэ ирдэбиллэргэ сөп түбэһиэхтээх:

– Дьиэ 20 м үрдүк буолуо суохтаах;

– 3 мэндиэмэнтэн үрдүк буолуо суохтаах;

– Хас да кыбартыыра, блок-секция буолуо суохтаах;

– Дьиэ иэнэ 500 кв. м тахсар буоллаҕына, туспа бырайыактыыр докумуон уонна экспертиза оҥоһуллар.

 

Даача амнистиятын бырагыраамата кылгас болдьохтоох. Үлэлээн бүттэҕинэ, регистрацияламматах дьиэ “самострой” аатын ылар уонна суут быһаарыытынан көтүрүллэргэ уураахтаныан сөп. Ону таһынан, регистрацията суох дьиэ сатаан атыыламмат, бэлэхтэммэт, нэһилиэстибэнэн бэриллибэт, страховкаламмат.

 

Бырагыраама төһө өр үлэлиэҕэй?

2006 сылга ылыллыбыт бырагыраама хаста да төхтүрүйэн уһатылынна. Быйыл сайын бырагыраама 2031 сыл кулун тутар 1 күнүгэр диэри уһатыллыбыта.

 

Бас билиини судургутук хайдах регистрациялыыбыт?

Олорор дьиэни уонна ол дьиэ турар учаастагын регистрациялыырга гражданин биир эрэ сайабылыанньаны олохтоох бэйэни салайыныы уорганыгар биэрэр, бас билиитин туоһулуур докумуоннары сыһыарар. Ол буолуон сөп:

– Тэрилтэттэн сири биэрии туһунан докумуон;

– Дьиэ инженернэй-техническэй ситимнэргэ холбоммут докумуоннара;

– Хомунаалынай өҥөлөрү төлөһөр дуогабардар;

– Техническэй инвентаризация докумуоннара (техплан диэни кадастровай инженердэргэ сакаастыыгыт);

– Хаһаайыстыбаннай кинигэттэн выписка.

 

Докумуоннаргытын Росреестрга хайдах баҕарар: кумааҕынан илдьэн эбэтэр почтанан ыытыаххытын, МФЦ-га туттарыаххытын сөп. Росреестр сайтыгар электроннай барыйаанын ыытарга илии баттааһын электроннай сертификата наада буолар.

Госпошлината – 350 солк.

 

Судургутутуллубут регистрация ньыматынан нэһилиэстибэни ылан хаалбыт дьон туһаныахтарын сөп. Маныаха нэһилиэнньик баайы-дуолу нэһилиэстибэнэн ылбытын туоһулуур докумуоннарын сыһыарар.

Тутуута суох учаастактары нэһилиэстибэнэн ылыы көҥүллэммэт. Сокуонунан, гражданнар үйэлэрин тухары туһанар уонна нэһилиэстибэнэн биэрэр бырааптаах учаастактара бас билиинэн билиниллэллэр. Сир туохха анаммыта манна оруолу оонньообот. 2001 сыл алтынньы 30 күнүгэр диэри, Сир кодексата олоххо киириэр диэри бэриллибит сирдэр эрэ хапсаллар.

Сонуннар

Ордук ааҕаллар

Медик: «Бааһырбыт байыаспын дөйүтэн баран соһорум»
Дьон | 20.12.2024 | 12:00
Медик: «Бааһырбыт байыаспын дөйүтэн баран соһорум»
Олус ыарахан кэпсэтии буолла. Ааҕааччыга тиэрдэр гына суруйуохха наада. Дьоруойум сөбүлэҥин ылыахпын наада. Тоҕо диэтэххэ кини анал байыаннай дьайыыга сылдьыбыт кэрэ аҥаар,  ийэ, медик. Кэпсии олорон ытаатаҕына, сырҕан бааһын таарыйаммын диэн кэмсинэн ылабын, онтон эмиэ чочумча буолан баран салгыыбыт.   Кини позывнойун кистиир, ханна баарын, билигин ханна олорорун эмиэ эппэппит. Сөбүлэһэн...
Үчүгэйи көрөргө хаһан үөрэнэбит?
Сонуннар | 14.12.2024 | 13:15
Үчүгэйи көрөргө хаһан үөрэнэбит?
Сиэн көрө куоракка кыстыыбын. Күн аайы оптуобуһунан оҕобун оскуолаҕа илдьэбин-аҕалабын. Быйыл, дьэ, этэргэ дылы, үйэ тухары хамсаабатах маршруттарга уларыйыылар таҕыстылар. Бассаапка үөхсэн туох туһа кэлиэй, төттөрүтүн, дьону күөртээн эрэ биэрии курдук. Ол иһин бу турунан туран Дьокуускай куорат сахалыы тыллаах хаһыатыгар санаабын тиэрдэргэ соруннум.  Бииринэн, нэһилиэнньэбит ахсаана күн-түүн улаата турар....
Сатаан салайыы, тэрийии — эмиэ талаан
Дьон | 14.12.2024 | 18:00
Сатаан салайыы, тэрийии — эмиэ талаан
Харах ыларынан хаһан да бүппэттии көбүүс-көнөтүк тыргыллар бэс чагда устун айан суолунан сыыйылыннаран иһэн, «Дьиикимдэ» диэн суруктаах бэлиэҕэ биирдэ баар буола түстүбүт. Туох-хайдах дьарыктаах, тугунан тыынар нэһилиэккэ киирэн эрэрбитин аартыкка баар суруктаах бэлиэ кэпсииргэ дылы.  Бүгүн биһиги “Дьиикимдэ дьээбэлэрэ” көр-күлүү тыйаатырын артыыһа, режиссера, продюсера Артур Николаевич Егоровтыын нэһилиэк култуурунай олоҕун...