22.03.2021 | 09:32

Дьаабылыка буолбутум олус дьикти

Ааптар: Киин Куорат
Бөлөххө киир

Ахсынньы ый ортолоон турар. Дьикти сылаас күн налытан, сыстыспыт улахан да улахан, хойуу хаар массыына түннүгэр тэлээрэн түһэн сытынан кэбиһэрин дорожник киэр тарыйан кэбиһэр.

Кыһыл “Нива” массыына күн ахсын сылдьар суолунан хорсуннук иннин хоту элээрдэн иһэр. Салон иһигэр музыка ньиргийэн олорор. Айанныыр суолбут 50 км, мин уһун суолга куруук утуйан хаалар идэлээхпин. Музыкаҕа уйдаран, фара уотугар хаар түһэр көстүүтүн астына көрө олорон, утуйан хаалбыппын билбэккэ да хаалбытым. Арай эмискэ туох эрэ сүдү улахан охсуута билиннэ... Эйэҥэлээн тыынабын, дьиктиргээн аллара көрбүтүм, уп-уһун тылым туора тахсан субуруйан олорор,  түөһүм бүтүннүү түү, атахпынан кулгаахпын сапсыйан тарбанабын, мин ыппын... диэн соһуйааппын кытта эмискэ эмиэ күүстээх охсуу.  Мин дьаабылыкабыын...

Мас дьааһык иһигэр опилка быыһыгар төкүнүҥнүү сылдьабын. Ыксал санаа киирэр, дьааһык быыһынан көрбүтүм, биир хара тэлигириэйкэлээх, ушанка бэргэһэлээх, киирсэбэй саппыкылаах киһи дьааһыгы кыбынан, бөх тоҕор сир диэки, быраҕа баран иһэр. Мин туох баар кыахпынан, туора-маары төкүнүйэн тыаһыы сатыыбын, “мин баарбын, миигин сиэбэккэ хаалбыккыт” диэн хаһыытыы сатыыбын. Киһим ыраахтан дьааһыгы элээрдэн кэбистэ, мин көтүһэ турдум. Эмиэ күүстээх охсуу. “Мин киһибин диэн санаа чаҕылыс гынна, ол эрэн мин кимминий” диэн санаа мэйиибин ыгар, хараҥаттан уот чаҕылыс гынар. “Мин Настябын, хас саастаахпыный? Уой, саҥа төрөөбүппүн ''иээ, иээ, иээ..., уой, мин үс саастаахпын, ''ту ти та то...''  алта... уон... уон биэс... Ол тухары төбөбөр ыраахтан чаҕылҕан көстүүтүнүү уот чаҕылыс гынар. “Мин  25 саастаахпын, кулууп дириэктэрэбин, хайа бу мин маннык айылаах иһэр этим дуо... ханна ханна сытабыный, хайдах хайдах сытабыный, тоҕо бөх быыһыгар сытабыный, оҕолорум... мэйиим ыгыллар, уот чаҕылыйар. Массыынанан айаннаан испиппит, абаарыйалаабыппыт... диэн санаа киирээтин кытта, киһи саҥата “ким баарый?” дии-дии кулгаахпын тэлибирэтэр, мин илиибин уунабын, тута соһон таһаарар.

Арай көрбүтүм, кыһыл “Нива” массыынабыт суол ортотугар тиэрэ тарылла сытар. Миигин суоппар кэннинэн хостообут, ааннар бары туллан туора ыһылла сыталлар, массыына бэйэтэ хапсыллан хаалбыт. Иннигэр дьүөгэм олорон испитэ диэн тобуктаан кэлэн хайаҕаһынан өҥөйөн, айакалаан, ынчыктыы сытарын көрөммүн “Доо, таҕыс, билигин массыына эстиэ” диибин. Кыыһым “илиим, атаҕым үчүгэй ээ” диэннээх. Илиитин, атаҕын хамсатан баран, быыһынан быкпытын соһон таһаарабыт. Суоппар дьүөгэм кэргэнэ, массыына олбоҕо тостубуттарын туурута тардыалаан ылан, аҕалан тэлгэтэлээн биэрэр. Дьүөгэбин умса сытыарабыт, мин аттыгар кини ачыкытын бобуччу тутан олорон, күл да күл буоллум. “Доо, туох буолан түҥнэстэ сытыахха сөбүй?” – дии-дии күлэбин. Бука “шок” ыллаҕым буолуо. Суоппарбыт эмиэ “шоктаабыт” омунугар массыынатын тэбиэлиир. Дьүөгэм айакалыырын иһин, сиһин тутан көрөр уонна хаһыыра түһэр, мин тутан көрбүтүм сиһэ сүүлэ иһэн тахсыбыт. Суолбутун ортолообуппут. Ол аата 25 км иннигэр уонна соччо кэннигэр айаннаан испиппит. Ахсынньы ый, киэһэ 7 чаас,  бөһүөлэк администрациятын массыыната 5 чааска куруук төннөр, ол аата биир да массыына манан ааспат. Кыыспытын хаалларан баран биирбит бөһүөлэккэ, биирбит улуус киинигэр барарга быһаарынныбыт. 

Арай эмискэ фара уота кыламныыр, быыһанабыт. Балыыһаҕа тиэйтэлээн илдьэллэр, дьүөгэбин синиимэккэ түһэрэр кэмнэригэр кэргэнэ: “ГАИ-ларга биллэрэн, массыынабар төннүөм этэ”, – диир. Мин оҕолорум ыалга хаалбыттара, ону санаан эмиэ куотуһан хаалабын. ГАИ-лар массыыналарынан айаннаан иһэн хотуолаа да хотуолаа буолабын. Били сирбитигэр тиийэбит, тыраахтыр, массыына, киһи бөҕөтө... Эмискэ өйбөр мааҕыын дьүөгэм ачыкытын тутан олорбутум дии, ханна түһэрбитим буолла диэн тиийэн, дэлби тыраахтыр үлтү кэһэн кээспит сирин биирдэ чопчу тэппитим, ачыкым бу тахсан кэлэр, бүүс-бүтүн дьиктитик... Дьиэбэр түүн тиийэн, дьону аймаабакка, оҕолорбун сарсын ылыам диэн соннуун баҕастыын ороммор сууллан утуйан хаалабын. Сарсыарда эмискэ уһукта биэрээт, ороммор олоро түһэбин. Мэйиим эргийэн куһуурдан олорор, туран хотуолаатым, тоҕо хотуолуурбун өйдөөбөппүн. Дьиэм бэҕэһээ киэһэ оттуллубакка сөрүүдүйбүт. Сылытан баран оҕолорбун ылаттыам диэн оһохпун оттобун. Арай оһоҕум буруо бөҕөтө, көрдөхпүнэ, умайарга дылы, күлүмүрдээн олорор, тыас-уус бөҕөтө, ол эрэн буруо өссө хойдор, оһоҕум турбата аһыылаах, тоҕо буруолуурун олох өйдөөн биэрбэппин. Олус хойдон сатаан тыыммат буолан иһэн, арай өйдөөн көрбүтүм, плита үрдүгэр унтуум умайан буруолуу турар эбит. Ойон туран, унтуубун тардыбытым, тилэҕэ хаалан хаалла. Мин ыксаан атын атах таҥаһа кэтэн баран, балыыһаҕа тиийэбин. Биэлсэр уол күрүөйэх бэйэтинэн кэллэ диэт, массыына булан оройуон киинигэр киллэрэн балыыһаҕа симэр. Кэлин билбитим, төбөбөр улахан доргуйууну ылбыт эбиппин. Ол ахсынньы ыйга иккиһин төрөөбүтүм. Уонна киһи дууһата ханна баҕарар киирэр эбит диэн билэбин. Урут киһи буола сылдьыбыт ыттар билэллэр, кэтээн көрөөрүҥ эрэ. От-мас эмиэ дууһалаах... Ол дьаабылыка буолбутум олус дьикти этэ. Ол иһин оҕурсуларбын олордорбор “Үчүгэйдик үүнүҥ, мин эһигини сиэм, мин нөҥүө күнү көрүөххүт” диибин. Чэ, ситигирдик буолла, бүгүҥҥү дойҕоҕум...

Сыдьаайа

Сонуннар

Ордук ааҕаллар

Медик: «Бааһырбыт байыаспын дөйүтэн баран соһорум»
Дьон | 20.12.2024 | 12:00
Медик: «Бааһырбыт байыаспын дөйүтэн баран соһорум»
Олус ыарахан кэпсэтии буолла. Ааҕааччыга тиэрдэр гына суруйуохха наада. Дьоруойум сөбүлэҥин ылыахпын наада. Тоҕо диэтэххэ кини анал байыаннай дьайыыга сылдьыбыт кэрэ аҥаар,  ийэ, медик. Кэпсии олорон ытаатаҕына, сырҕан бааһын таарыйаммын диэн кэмсинэн ылабын, онтон эмиэ чочумча буолан баран салгыыбыт.   Кини позывнойун кистиир, ханна баарын, билигин ханна олорорун эмиэ эппэппит. Сөбүлэһэн...
Валентин Баһылайап: «Эмээхсин өтө көрбүт быһыылаах»
Дьон | 08.12.2024 | 14:00
Валентин Баһылайап: «Эмээхсин өтө көрбүт быһыылаах»
Биһиги ортобутугар араас дьылҕалаах, үлэлээх-хамнастаах, дьарыктаах дьон элбэх. Хас биирдии киһи син биир туох эрэ уратылаах, талааннаах, киһи кэрэхсиир кэпсээннээх. Биир оннук киһини кытта сэһэргэспиппин ааҕааччыларбар тиэрдиэхпин баҕарабын.   — Валентин Титович, кэпсэтиибитин билсиһииттэн саҕалыахха. — Бэйэм Сунтаартан төрүттээхпин, Хатырыкка олохсуйбутум 44 сыл буолла. Хадан нэһилиэгэр 1951 сыллаахха төрөөбүтүм. Бииргэ төрөөбүт...
Үчүгэйи көрөргө хаһан үөрэнэбит?
Сонуннар | 14.12.2024 | 13:15
Үчүгэйи көрөргө хаһан үөрэнэбит?
Сиэн көрө куоракка кыстыыбын. Күн аайы оптуобуһунан оҕобун оскуолаҕа илдьэбин-аҕалабын. Быйыл, дьэ, этэргэ дылы, үйэ тухары хамсаабатах маршруттарга уларыйыылар таҕыстылар. Бассаапка үөхсэн туох туһа кэлиэй, төттөрүтүн, дьону күөртээн эрэ биэрии курдук. Ол иһин бу турунан туран Дьокуускай куорат сахалыы тыллаах хаһыатыгар санаабын тиэрдэргэ соруннум.  Бииринэн, нэһилиэнньэбит ахсаана күн-түүн улаата турар....