06.04.2023 | 16:00

Дьааҥыга талааннаах оҕо элбэх

Дьааҥыга талааннаах оҕо элбэх
Ааптар: Баһылай ПОСЕЛЬСКАЙ
Бөлөххө киир

Талааннаах оҕолору көрдүүр Наука дьоҕус академиятын Үөрэхтээһиҥҥэ экспедицията быйылгы үлэтин тыйыс айылҕалаах хоту Дьааҥы улууһуттан саҕалаата. 13 киһилээх бөлөх наука, искусство уонна спорт хайысхаларынан үлэлээтэ. Үлэлиир бөлөҕү спорка солбугу бэлэмниир Өрөспүүбүлүкэ киинин дириэктэрин солбуйааччы Аграфена Колесова салайда. Каникул да кэмэ буоллар, элбэх оҕону көрүү-истии буолла.

Сыал-сорук

Талааннаах оҕолору көрдүүр экспедиция – Арассыыйа Бэрэсидьиэнэ В.В. Путин дьаһалынан, СӨ Аҕа Баһылыга А.С. Николаев Ыйааҕар олоҕуран, СӨ Үүнэр көлүөнэ пуондатынан (ген.дир. В.А. Егоров) көҕүлэнэн тэриллибит бэртээхэй бырайыак. Экспедициянан талыллыбыт оҕолор Хаҥалас улууһун Өктөмүгэр Чапаевоҕа баар Кииҥҥэ үөрэнэллэр, дьарыктаналлар, сайыҥҥы лааҕырдарга ыҥырыллаллар. Бастыҥтан бастыҥнар Сочига тиийэллэр. Экспедиция уончалыы киһилээх бөлөхтөрө былырыын уонна иллэрээ сыл 14 улууска сылдьан, 70-ча нэһилиэк хабыллан, 9000 кэриҥэ оҕо чинчийиллибитэ.

Баатаҕай, Верхоянскай, Элгэс оскуолаларыгар Адыаччы, Чөрүмчэ, Остуолба, Боруулаах, Барылас, Сартаҥ, Суордаах курдук нэһилиэктэр 700-кэ оҕолоро учууталларын кытта кэлэн түмүстүлэр. Спорт көрүҥнэригэр маастар-кылаастар, эт-хаан тургутуулара, үөрэх предметтэринэн олимпиадалар, учууталлары, иитээччилэри кытта семинардар, талааннары арыйыыга методическай көмөлөр оҥоһулуннулар, наукаҕа, үҥкүүгэ, ырыаҕа, музыкаҕа, спорка дьоҕурдаах оҕолору булууга идэлэрин баһылаабыт өрөспүүбүлүкэ исписэлиистэрэ үлэлээтилэр.

Миэстэҕэ сылдьан көрдөххө-иһиттэххэ, талааннаах оҕо элбэх. Ханна да тиийдэххэ, оскуолаларга “Точка роста” хайысханан былааннаах уонна айымньылаах үлэ ыытыллара үөрдэр. Оскуола кэнниттэн оҕолор олоххо миэстэлэрин булуналларыгар улахан көмө оҥоһуллар. Саҥа тутуллубут таас оскуолалар, үлэлээн тиҥийэ турар арочнай спорт саалалара, чөл олохтоох нэһилиэктэр сүргэни көтөҕөллөр.

Өрөспүүбүлүкэ оҕолорун көҥүл тустууга сүрүн тренерэ, норуоттар икки ардыларынааҕы кылаастаах спорт маастара Кузьма Сивцев, оҕунан ытыыга оҕолорго өрөспүүбүлүкэ сүрүн тренерэ, спорт маастара Ньургустаан Федотов маастар-кылаастары ыыттылар, дьоҕурдаах оҕолору булуталаатылар. Наука дьоҕус академиятын математикаҕа преподавателэ Николай Николаев, Балет оскуолатын преподавателэ Татьяна Алексеева, методиһа Иннокентий Петров, Музыка үрдүкү оскуолатыттан фортепианоҕа аан дойдутааҕы уонна Бүтүн Арассыыйатааҕы куонкурустар кыайыылаахтара Алексей Слепцов, сопрано куоластаах ырыаһыт Русалида Донская, Наука дьоҕус академиятын эбии үөрэхтээһиҥҥэ отделын начаалынньыга, педагогическай наука кандидата Ольга Степанова, отдел методиһа Альбина Егорова, спорка солбугу бэлэмниир Өрөспүүбүлүкэ киинин үлэһиттэрэ Мария Поротова, тхэквондист Арсен Бадаев эт-сиин диагностикатыгар тустаах хайысхаларынан оҕолору, учууталлары, иитээччилэри, тренердэри кытта үлэлээтилэр, атах тэпсэ олорон кэпсэттилэр.

 

Дьааҥы – сайдыыны түстүүр

Нэһилиэктэргэ филиаллардаах улуустааҕы оҕо спорт оскуолатын дириэктэринэн көҥүл тустууга Преображенскай норуоттар икки ардыларынааҕы турнирын кыайыылааҕа, хапсаҕайга өрөспүүбүлүкэ кубогын хаһаайына Виктор Ошепков, атах оонньуутугар, чэпчэки атлетикаҕа, хайыһарга спортивнай секциялары экстремал-айанньыт Олимпий Потапов ыыталлар. Күрэхтэһиилэр көҕүллэриттэн тутуллаллар. Өрөспүүбүлүкэҕэ кыайыылары ситиһэр, миэстэлэһэр оҕолордоохтор. Тустууга өрөспүүбүлүкэ сүүмэрдэммит хамаандатыгар киллэриллибит оҕолор бааллар. “Азия оҕолоругар” кыттарга үлэ барар.

Улууска спорт өрө тутуллар. 21 нэһилиэк арочнай уонна мас спорт саалалаахтар.

Оҕолорун бэйэлэринэн аҕалбыт физкультура учууталлара, төрөппүттэр бааллар. Үөттээхтэн Афанасий Афанасьевич Степанов уола тустуунан дьарыктанан баран атах оонньуутугар көспүт. Өрөспүүбүлүкэҕэ иккис миэстэлэммит. Математикаҕа эмиэ куонкуруска кыттыахтааҕын спордун талбыт. Эргиччи дьоҕурдаах уолун спорду өрө тутар аҕата киин үөрэх кыһаларыгар ыытарга бэлэм. Үөттээх оҕолоро дуобаттыыллар, саахыматтыыллар, теннистииллэр, үҥкүүлүүллэрин эмиэ сөбүлүүллэр.

Киһилээх хайатын анныгар олорор Хайыһардаах нэһилиэгин Элгэһигэр Егор Иннокентьевич Находкин үйэ чиэппэрэ физкултуура учууталынан үлэлииригэр өбүгэлэрин төрүт оонньууларын, фольклору, олоҥхону өрө тутар. Сүүрүүгэ, атах оонньуутугар, хайыһарга, тустууга, ырыаҕа, үҥкүүгэ “Талбаана”, “Симэх” ансаабыллара өрөспүүбүлүкэҕэ тиийэ ситиһиилэрдээхтэр. Төрүччүлэрин чинчийиинэн дьарыктаналлар, оҕолор дьоҕурдарын онон кэтээн көрөллөр. Сахалыы саҥарыыны иҥэрэллэр, “ийэ”, “аҕа” диэн тыллары тутталлар, «уус-уран хомоҕой тылы тутуннара сатыыбыт, оҕолор тылы түргэнник ылыналлар” диэн оскуола завуһа, саха тылын учуутала идэлээх Татьяна Дмитриевна Горохова киэн туттар. 

Дьиэ хаһаайката Людмила, дизелист Александр Гороховтар алта бэйэлэрин оҕолорун сэргэ тоҕус иитиэх оҕолорун үлэнэн үөрэтэллэр. Ынах сүөһүлэрин, сылгыларын көрөллөр-истэллэр. Үөрэххэ сылдьар улахан оҕолоро дьиэлэрин сүрдээҕин ахталларын, кэлэ туралларын, сайынын окко көмөлөһөллөрүн кэпсииллэр. Иллээх дьиэ кэргэн аҕата өрөспүүбүлүкэ Дархан Аҕата аат хаһаайына.

Элгэс уонна Адыаччы туристическай базаларга турар Киһилээх хайалара ураты энергетикалаахтар, эмтээхтэр дииллэр. 70-80 саастаах дьон дабайаллар. Тайахтаах кэлбиттэр сүһүөхтэрин ыарыыта ааһан, “сүүрэн” хаалаллар эбит. Маҥнайгы хайаны уҥуордаан, иккис хайаны туораан истэххинэ, хайалар эмискэ бу барыс гынан, соһуччу көстө түһэллэр. Инньэ гынан, дьон уйулҕалара уһуктан, эмоция ыланнар, сэниэлэнэ, эрчимирэ түһэллэр. Дьиктитэ диэн, олохтоохтор мээнэ сылдьыбаттар. Кэлии эрэ дьон тахсаллар эбит.

“Наука” хайысхатыгар Николай Николаевич Николаев математикаҕа задачалары суоттатта, оонньуулары ыытта. Сүрүн сыал-сорук – толкуйдуур дьоҕурдаах оҕолору көрдөөһүн. Итинник сорудахтары сөбүлээн толорор оҕолор бааллар. Кэпсиир эмиэ туспа наука. Баатаҕайга уонна Элгэскэ икки-үс үчүгэй оҕо баара билиннэ. Экспедиция түмүгүнэн Наука дьоҕус академиятын профильнай сменаларыгар икки нэдиэлэлээх үөрэххэ дириҥэтэн үөрэниигэ хас да оҕо ыҥырылынна.

Дьааҥыттан төрүттээх, Санкт-Петербурга Корсаков аатынан  консерваторияны бүтэрбит виртуоз-пианист, Музыка үрдүкү оскуолатыгар фортепиано преподавателэ Алексей Слепцов хас да оҕону булла. Музыкант буолуохтаах оҕолорго сүрүн ирдэбиллэринэн сценаттан куттаммат буолуу, тыл-өс сайдыыта, ааҕар-суоттуур буолуулара, өйдүүр, истэр, ыллыыр дьоҕурдара, тэтими тутуһуу буолар. Талыллыбыт оҕолор, үөрэннэхтэринэ, үрдүк таһымнаах музыкант, үтүөлээх артыыс буола үүнүөхтэрин-сайдыахтарын сөп. Бүтэһик күн Баатаҕай музыкальнай оскуолатыгар нуучча улуу композитора Сергей Рахманинов 150 сааһыгар аналлаах классическай кэнсиэр көрдөрүлүннэ. Алексей Слепцов рояль клавишаларыгар түргэн ыраас үрэх сүүрүгүнүү имигэс тарбахтарынан сүүрэкэлэтэн сөхтөрдө. Русаида Донская толорбут опернай ырыалара дохсун ытыс тыаһынан биһирэннилэр.

Оскуолаҕа киириэн иннинээҕи саастаах оҕолору үөрэтэр уһуйааннар иитээччилэрин, алын кылаас учууталларын кытта кэпсэтиилэр ыытылыннылар.

Ити курдук, сүрдээх киэҥ өрүттээх үлэлэр болҕомто киинигэр турдулар.

Верхоянскай – Дьааҥы эҥэр улуустар кииннэрэ

Эбээн-Бытантай Саккырыырыгар өрөспүүбүлүкэ хотугу многоборьеҕа күрэхтэһиитигэр сылдьан кэлбит Кузьма Афанасьевич Сивцев этэринэн, оҕо оҕону көрөн үөрэнэр, сайдар. Дьааҥыга киин тэрийдэххэ, сайдыы тэтимэ түргэтиэн сөп диэн тренердэр санааларын тиэртэ. Онуоха географическай балаһыанньата, кыһыҥҥы суола-ииһэ табыгастааҕа көрдөрөр. Итинник 250-ча оҕо кыттыылаах зонанан күрэхтэһиилэр көҥүл тустууга Намҥа, Сунтаарга, Илин Эҥэр улуустарга буолан аастылар. 40-ча оҕо сүүмэрдэнэн, Арассыыйа түһүлгэтигэр барыахтара. Дьааҥы эҥэр улуустарга 4-7 кылаас оҕолоругар зональнай сүүмэрдээһин күрэхтэһиилэрин, биэс күннээх түмсүүлэри Дьааҥыга ыытыахха сөп диэн этии өйөммүтэ оруннаах.

Экспедиция оҕолор сайдыыларыгар далаһа буолуоҕа.

Үөрэхтээһин экспедициятын Дьааҥы улууһун үөрэҕин салаатын үлэһитэ Татьяна Смирнова арыаллаан сырытыннарда. Түмүк улуус баһылыгын солбуйааччы Дабаан Котельниковка оҥоһулунна. Бииргэ үлэлээһин Сөбүлэһиитэ ылылынна.

Талааннаах оҕолор Дьааҥыга бааллар.

Сонуннар

Ордук ааҕаллар

Медик: «Бааһырбыт байыаспын дөйүтэн баран соһорум»
Дьон | 20.12.2024 | 12:00
Медик: «Бааһырбыт байыаспын дөйүтэн баран соһорум»
Олус ыарахан кэпсэтии буолла. Ааҕааччыга тиэрдэр гына суруйуохха наада. Дьоруойум сөбүлэҥин ылыахпын наада. Тоҕо диэтэххэ кини анал байыаннай дьайыыга сылдьыбыт кэрэ аҥаар,  ийэ, медик. Кэпсии олорон ытаатаҕына, сырҕан бааһын таарыйаммын диэн кэмсинэн ылабын, онтон эмиэ чочумча буолан баран салгыыбыт.   Кини позывнойун кистиир, ханна баарын, билигин ханна олорорун эмиэ эппэппит. Сөбүлэһэн...
Үчүгэйи көрөргө хаһан үөрэнэбит?
Сонуннар | 14.12.2024 | 13:15
Үчүгэйи көрөргө хаһан үөрэнэбит?
Сиэн көрө куоракка кыстыыбын. Күн аайы оптуобуһунан оҕобун оскуолаҕа илдьэбин-аҕалабын. Быйыл, дьэ, этэргэ дылы, үйэ тухары хамсаабатах маршруттарга уларыйыылар таҕыстылар. Бассаапка үөхсэн туох туһа кэлиэй, төттөрүтүн, дьону күөртээн эрэ биэрии курдук. Ол иһин бу турунан туран Дьокуускай куорат сахалыы тыллаах хаһыатыгар санаабын тиэрдэргэ соруннум.  Бииринэн, нэһилиэнньэбит ахсаана күн-түүн улаата турар....
Сатаан салайыы, тэрийии — эмиэ талаан
Дьон | 14.12.2024 | 18:00
Сатаан салайыы, тэрийии — эмиэ талаан
Харах ыларынан хаһан да бүппэттии көбүүс-көнөтүк тыргыллар бэс чагда устун айан суолунан сыыйылыннаран иһэн, «Дьиикимдэ» диэн суруктаах бэлиэҕэ биирдэ баар буола түстүбүт. Туох-хайдах дьарыктаах, тугунан тыынар нэһилиэккэ киирэн эрэрбитин аартыкка баар суруктаах бэлиэ кэпсииргэ дылы.  Бүгүн биһиги “Дьиикимдэ дьээбэлэрэ” көр-күлүү тыйаатырын артыыһа, режиссера, продюсера Артур Николаевич Егоровтыын нэһилиэк култуурунай олоҕун...