14.02.2021 | 11:12

ДЬАҔАҺЫН ЫСТАПААНА

Ааптар: Киин Куорат
Бөлөххө киир

Эһиил, 2022 сылга, өрөспүүбүлүкэбит төрүттэммитэ 100 сыллаах улахан үбүлүөйэ буолаары турар. Онуоха  Саха Автономията тэриллиитигэр үтүөлээх-өҥөлөөх дьон туһунан, гражданскай сэрии историятыттан, араас сабыытыйалары сырдатыахпыт. Манна биһиэхэ историяны дириҥник үөрэтэр, чинчийэр, бэйэтэ хасыһан оҥорор, суруйар, “Арассыыйа – мин историям” историческай паарка үлэһитэ Виктор Борисович Борисов “Киин куорат” хаһыакка эрэ анаан биэрбит матырыйаалларын тылбаастаан таһаарыахпыт.

Дьаҕаһын диэн суолтата “бытархай балык” диэн.

Бөдөҥ уопсастыбаннай деятель, саха норуотун биир бастакы большевига Степан Васильевич Васильев 1896 сыллаахха ахсынньы 17 күнүгэр Марха (Ньурба) улууһун Бордоҥ нэһилиэгэр дьадаҥы дьиэ кэргэҥҥэ күн сирин көрбүтэ. Дьаҕаһын диэн хос ааты уолчаан төрүттэригэр дьадаҥыларын иһин иҥэрбиттэрэ, оччолорго ыраахтааҕы кэмигэр дьадаҥы дьон бары да мундунан, тарынан аһылыктаналлара.

Ыстапаан оҕо сааһа атыттартан уратыта суоҕа: Маалыкайга таҥара оскуолатыгар үөрэммитэ, онтон Ньурбаҕа икки кылаастаах училищены бүтэрбитэ, 1915 сыллаахха  Дьокуускайга учууталлар семинарияларыгар үөрэнэ киирбитэ. Салгыы, бэйэҕит да таайдаххыт буолуо, сыылынай Губельман (Ярославскай) салайар социал демократтар (бассабыыктар) кистэлэҥ куруһуоктарыгар сылдьыбыта, ол кэннэ 1917 сыллаахха олунньутааҕы сабыытыйаларга кыттыыны ылбыта. Маныаха, биллэн турар, дьадаҥылар диэки луоһуннаах бассабыыктарга кыттыспыта.

Былаас иһин охсуһууга Ыстапаан Рыдзинскай этэрээтигэр көмөлөспүтэ, онтон былаас уларыйыытыгар тутуллубута, Иркутскайга ыытыллыбыта, онно 1919 сыл ахсынньытыгар көҥүлгэ тахсыар диэри олорбута.

Колчак былааһа бассабыыктары өлөрдүү абааһы көрөрө диэн мээнэҕэ эппэтэхтэрэ. Баррикада икки өттүттэн биир токурутуулар бааллара. Васильев, көҥүлгэ тахсан баран, Колчак администрациятын утары бастаанньа тэрийсэргэ көмөлөспүтэ, ол түмүгэр, биһиги билэрбит курдук, адмирал тыыла мөлтөөн былааһа түҥнэри эргийбитэ. 

Иркутскайга Ыстапаан комсомолу тэрийиинэн дьарыктаммыта (бассабыык ыччаттар тэрилтэлэрэ), ол уопутун кини Саха сиригэр олохтообута, комсомол тэриллиитигэр актыыбынайдык үлэлээбитэ. 1921 сыл атырдьах ыйыгар диэри Саха сирин араас губернияларыгар үлэлээбитэ, ол кэннэ атыттар курдук Москваҕа Коммунистическай университекка үөрэххэ ыытыллыбыта. Университет кэннэ Автономнай өрөспүүбүлүкэбитигэр 1928 сыл кулун тутар ыйга диэри салайар дуоһунастарга үлэлээбитэ, Совнарком бэрэссэдээтэлин эбээһинэһин толорбута, Алдаҥҥа көмүһү хостуур салаа биир тэрийээччитинэн буолбута. 1928 сылтан Москваҕа партийнай салайар дуоһунастарга үлэлээбитэ. Ол кэннэ 1939 сыл ыам ыйыттан сэтинньи ыйга диэри партийнай хонтуруол ыарахан промышленнаска Хамыыһыйатын бөлөҕүн салайааччы дуоһунаһыттан соһуччу уурайбыта уонна Москваҕа массыынаны өрөмүөннүүр собуот дириэктэринэн анаммыта. Степан Васильевич оччолорго урут да, хойут да кинини тута кэлиэхтээхтэрин сэрэйэрэ, кини бары соратниктара уонна доҕотторо хайыы-үйэ хаайыллан сыталлара.

Олоҕун тиһэх күннэрэ

Репрессия сылларыгар 58-с диэн аатырбыт ыстатыйа маннык ньыманан барара: бастатан туран, ааны тоҥсуйаллар, НКВД үлэһитэ киирэр уонна тимир-тамыр куолаһынан “Эн тутулуннуҥ” диир, онуоха ону эрэ күүппэтэх киһи барахсан “Туох иһин?” диэн ыйытаахтыыр. Ол эрээри Степан Васильевы маннык сценарийынан туппатах буолуохтаахтар, тоҕо диэтэххэ кини доҕотторо, саха бассабыыктара хайыы-үйэ тутуллан хаайыыга сыталлара.

Кини олус эрэнэр доҕотторо туох да олоҕо суох, киһи аахайбат буруйдааһынынан тутуллубуттарын истэрэ, бэйэтин көрдөрүүлэригэр кими да уган биэрбэтэҕэ, төһө да оччолорго доппуруостар киһини муҥнаан ыытыллыбыттарын иһин. Кини муҥнааһын, сордооһун түмүгэр “саха киин буржуазнай-националистическай тэрилтэтин” (буржуйдары олоҕор биирдэ да харахтаан тыыннаахтыы көрбөтөх киһи) уонна дьоппуон үспүйүөнэ итиэннэ куорҕаллааччы, о.д.а., уо.д.а. билиммитэ, онтон сотору соҕус буолан баран бу көрдөрүүлэриттэн аккаастаммыта.

Тиһэҕэр, Степан Васильевич Коми өрөспүүбүлүкэтигэр лааҕырга ыытыллыбыта уонна онно тыына быстыбыта. Өлүөн иннинэ кини Сталиҥҥа фроҥҥа ыытыҥ диэн сурук суруйбута да, биллэн турар, эппиэт кэлбэтэҕэ. Дьон итэҕэлиттэн тахсыбыт, кинилэр сымыйа буруйдааһыннарыгар түбэспиттэр барахсаттар чүмэчи курдук бэрт түргэнник умуллаллара. Степан Васильев да кинилэртэн туора турбатаҕа.

БАСТААННЬАҺЫТТАРЫ УТАРЫ ОХСУСПУТА УОННА БАСТААННЬАҺЫТ ДИЭН БУРУЙДАММЫТА

Степан Максимович Аржаков 1899 сыллаахха Бүлүүгэ күн сирин көрбүтэ, миссионердар оскуолаларын, ол кэннэ Бүлүүтээҕи үрдүкү начальнай училищены бүтэрбитэ.

Оччолорго кэлин бассабыыктар олохтообут биир да уопсай орто систиэмэнэн үөрэтэр үөрэх диэн суоҕа, ол оннугар таҥара оскуолалара бааллара, манна сурукка-бичиккэ уонна православнай религия төрүттэригэр үөрэтэллэрэ. Бу оскуолалар нэһилиэнньэ ортотугар православиены тарҕатарга наада этилэр.

Бүлүү училищетын бүтэрэн баран Степан Аржаков Дьокуускайга учууталлар семинарияларыгар үөрэнэ киирбитэ уонна сыылынай, музей үлэһитэ Миней Губельман (Емельян Ярославскай) тэрийбит “Социал-демократ” диэн кистэлэҥ куруһуоктарыгар сылдьыбыта. Куруһуок чилиэннэрэ музей дириэктэрэ олорор дьиэтигэр мусталлара. Бу дьиэ библиотека буолан турар сиригэр баара (Ярославскай уулусса, Ленин проспегын 5/2, к4).

Мустуулар “вечеринка” диэнинэн кистэнэн ыытыллаллара. Уопуттаах революционердар эдэр дьону монархия хаалынньаҥ систиэмэтэ суулларыгар хайдах, тугу гыныахтаахтарын үөрэтэллэрэ.

Олунньутааҕы өрөбөлүүссүйэ кэнниттэн Степан Максимович Ойуунускайы уонна атыттары кытта “Союз чернорабочих” диэн араас баартыйалар чилиэннэрэ киирбит демократическай Сэбиэти утары  турар уопсастыбаннай холбоһук тэрийбиттэрэ.

Аржаков бу кэннэ төрөөбүт Бүлүүтүгэр сынньалаҥҥа сылдьан (оччолорго устудьуон) кулун тутар-атырдьах ыйдарыгар кыраайы үөрэтээччи Петр Староватов (биллиилээх кыраайы үөрэтээччи, сир аннынааҕы баайы чинчийэр үлэлэр ааптара) көмөтүнэн ячейка тэрийбиттэрэ.

1918 сыллаахха семинариятын бүтэрэн баран Бүлүүгэ кэлбитэ уонна куоракка оробуочай дьокутааттар Сэбиэттэрин тэрийбитэ. Бу Сэбиэт хаҥас күүстэри көрдөрөрө уонна дойдубут тэбэр сүрэҕэр Өктөөп өрөбөлүүссүйэтин билиммэт быраабаны утары турууну саҕалаабыта. Кини Бүлүү уокуругар земщина баһылыга Семен Николаевич Донской  I-й (кэлин САССР сиргэ наркома) ыйааҕын уларыппыта, ону таһынан тутан ылан олохтоох хаайыыга уктарбыта. Ол бутуурдаах кэмнэргэ былаас иһин охсуһуу бара турара, маныаха хаҥас күүстэр улахан хамсаныылары (тутуу, хаайыы, өлөрүү) уонна утарсыыны оҥорбуттара, бу түмүгэ гражданскай сэриигэ тиэрдибитэ.

Бэс ыйыгар Дьокуускайы поляк сыылынайа Рыдзинскай этэрээтэ ылбыта, онон туһанан, Степан Максимович Бүлүү уокуругар Сэбиэскэй былааһы биллэрбитэ. Былаас өр турбатаҕа, урукку бэрэстэбиитэллэринэн сирэйдэнэн оппозиция кыайан-хотон, Аржаков соратниктарын кытта түрмэҕэ угуллубута. Дойдуга гражданскай сэрии буола турара, кэмниэ-кэнэҕэс Колчак кыайтарбыта, оттон Дьокуускайга 1919 сыллаах ахсынньытааҕы переворот кэннэ Сэбиэскэй былаас олохтоммута, бу сырыыга 1991 сылга диэри.

Дьокуускайга былааһы ылан баран Аржаков Бүлүүгэ Сэбиэскэй былааһы олохтуу барбыта. 1920 сыл кулун тутарга Москваҕа Яков Свердлов аатынан Коммунистическай университекка үөрэххэ ыыппыттара (университет дойдуга салайар каадырдары 1918 сылтан 1937 сылга диэри бэлэмнээбитэ).

1920 сыл ахсынньытыгар дойду Сэбиэттэрин 8-с Съеһигэр кыттыыны ылбыта, манна атыттары кытта тэҥҥэ Саха Автономнай Сэбиэскэй өрөспүүбүлүкэтин уонна манан дьарыктанар Наркомнац салаатын тэрийэр туһунан боппуруоһу көтөхпүтэ. Ону өйөөбүттэрэ, оттон Аржаков 1921 сыл олунньу саҥатыгар тэриллибит салаа бэрэссэдээтэлинэн анаммыта. Бу сыл бэс ыйыгар Степан Максимович университеты бүтэрэн Саха сиригэр социализмы уонна автономияны тутууга көмөлөһө барбыта. Ол эрээри автономия сыл буолан баран ылыллыбыта, тоҕо диэтэххэ губернияҕа гражданскай сэрии үгэннээн турара, манна Аржаков актыыбынай кыттыыны ылбыта. Автономияны ылыныы САССР повстанчествотын суох оҥоруу дьайыытын түргэтэппитэ диэн санаа баара. 1922 сыл бэс ыйыттан 1926 сылга диэри Аржаков алта араас эппиэтинэстээх үлэҕэ сылдьыбыта. Маннык дуоһунастан дуоһунаска көһө сылдьыы эдэр, саҥа олохтоммут өрөспүүбүлүкэҕэ сөптөөх, эппиэтинэстээх каадыр тиийбэтин этэр.

Аржаков 1926-1930 сылларга Москватааҕы промышленнай-экономическай институкка үөрэммитэ уонна тута хааччыйыы наркомунан анаммыта, онтон икки сыл буолан баран сир наркома буолбута. Бу дуоһунаска олорон баран бөдөҥсүтүүнү түргэтэппитэ, ол түмүгэр саха дьонун олоҕун укулаата уларыйбыта, мантан бөһүөлэктээһин саҕаламмыта. Дьон саҥа дьиэлэри туттан барбыттара эбэтэр эргэлэрин бөһүөлэккэ көһөртөөбүттэрэ.

Репрессия уонна өлүү

1939 сыл олунньу 5 күнүгэр Аржаков өрөбөлүүссүйэни утары повстанческай тэрилтэ кыттыылааҕа диэн били аатырбыт 58-с ыстатыйаҕа күтүрэнэн хаайыллыбыта. Биллэн турар, барыта сымыйа этэ, тоҕо диэтэххэ гражданскай сэриигэ кинилэри кытта бииргэ сэриилэспитэ эбээт.

Бэйэтин мемуардарыгар Ираида Клиорина суруйарынан, “в то  время человека никогда не видевшего живого японца запросто объявляли японским шпионом” (её  объявили).

1942 сыл ыам ыйын 17 күнүгэр Степан Максимович НКВД Дальстрой Байыаннай трибуналын уурааҕынан ытыллыбыта. 1956 сыллаахха Саха АССР Үрдүкү суута кинини реабилитациялаабыта.

Сонуннар

Ордук ааҕаллар

Медик: «Бааһырбыт байыаспын дөйүтэн баран соһорум»
Дьон | 20.12.2024 | 12:00
Медик: «Бааһырбыт байыаспын дөйүтэн баран соһорум»
Олус ыарахан кэпсэтии буолла. Ааҕааччыга тиэрдэр гына суруйуохха наада. Дьоруойум сөбүлэҥин ылыахпын наада. Тоҕо диэтэххэ кини анал байыаннай дьайыыга сылдьыбыт кэрэ аҥаар,  ийэ, медик. Кэпсии олорон ытаатаҕына, сырҕан бааһын таарыйаммын диэн кэмсинэн ылабын, онтон эмиэ чочумча буолан баран салгыыбыт.   Кини позывнойун кистиир, ханна баарын, билигин ханна олорорун эмиэ эппэппит. Сөбүлэһэн...
Үчүгэйи көрөргө хаһан үөрэнэбит?
Сонуннар | 14.12.2024 | 13:15
Үчүгэйи көрөргө хаһан үөрэнэбит?
Сиэн көрө куоракка кыстыыбын. Күн аайы оптуобуһунан оҕобун оскуолаҕа илдьэбин-аҕалабын. Быйыл, дьэ, этэргэ дылы, үйэ тухары хамсаабатах маршруттарга уларыйыылар таҕыстылар. Бассаапка үөхсэн туох туһа кэлиэй, төттөрүтүн, дьону күөртээн эрэ биэрии курдук. Ол иһин бу турунан туран Дьокуускай куорат сахалыы тыллаах хаһыатыгар санаабын тиэрдэргэ соруннум.  Бииринэн, нэһилиэнньэбит ахсаана күн-түүн улаата турар....
Сатаан салайыы, тэрийии — эмиэ талаан
Дьон | 14.12.2024 | 18:00
Сатаан салайыы, тэрийии — эмиэ талаан
Харах ыларынан хаһан да бүппэттии көбүүс-көнөтүк тыргыллар бэс чагда устун айан суолунан сыыйылыннаран иһэн, «Дьиикимдэ» диэн суруктаах бэлиэҕэ биирдэ баар буола түстүбүт. Туох-хайдах дьарыктаах, тугунан тыынар нэһилиэккэ киирэн эрэрбитин аартыкка баар суруктаах бэлиэ кэпсииргэ дылы.  Бүгүн биһиги “Дьиикимдэ дьээбэлэрэ” көр-күлүү тыйаатырын артыыһа, режиссера, продюсера Артур Николаевич Егоровтыын нэһилиэк култуурунай олоҕун...