14.06.2023 | 12:39

Дьөһөгөй Айыыга аналлаах күрэхтэр

Дьөһөгөй Айыыга аналлаах күрэхтэр
Ааптар: Киин Куорат
Бөлөххө киир

Саха халандаарынан быйылгы Туймаада ыһыаҕа Дьөһөгөй Айыыга ананар. Онон Дьөһөгөй Айыыга аналлаах хас даҕаны күрэх былааннанар.
Бэс ыйын 24 күнүгэр күнүс 14.00 чаастан 9 №-дээх балаһааккаҕа -- И.С. Свинобоев (Тыыннаахап) аатынан ипподромҥа Олохтоох дьаһалта Култуураҕа уонна духуобунай сайдыыга управлениетын тэрийиитинэн «Күн Дьөһөгөй» ат симэҕин көрүү күрэҕэ күүтэр. Балаһыанньа быһыытынан күрэххэ маастары кытта улуус баһылыга кыттар. Ол эбэтэр хас биирдии улуус толору симэхтээх биир атынан киирэр  -- ыҥыыр, үүн, иҥэһэ, чаппараах о.д.а. барыта үгэс буолбут ирдэбилинэн оҥоһуллар. Кыттыан баҕалаахтары 89991745496 төлөпүөнүнэн күүтэллэр.
*
Эмиэ бу кэмҥэ, бэс ыйын 24 күнүгэр күнүс 14.00 чаастан, 12 №-дээх «Симэх түһүлгэтэ» балаһааккаҕа «Кыл алыптаах, сиэл ситимнээх» кылтан, сиэлтэн оҥоһуктарга өрөспүүбүлүкэтээҕи быыстапка-куонкурус буолар. Быыстапка-куонкурус Арассыыйаҕа буола турар Учуутал уонна уһуйааччы сылынан эдэр талааннары арыйар уонна маастардар уопуттарын тарҕатар сыалтан ыытыллар. Кыайыылаахтары «Сөрүө», «Панно», «Дэйбиир», «Сэлээппэ», «Симэх» номинацияларынан сыаналыахтара. Кыттыан баҕалаахтары Өксөкүлээх Өлөксөй аатынан Норуоттар доҕордоһууларын дьиэтигэр 302 каб. күүтэллэр.
*
Бэс ыйын 24 күнүгэр 20 №-дээх «Кымыс кырдала» түһүлгэҕэ 14.00 чаастан «Кымыс – Айыы аһа» VI-с бэстибээл-куонкуруһу үөрүүлээхтик арыйыы буолуоҕа. Тэрийээччи -- «Туймаада» АУо АО Агрохолдинг.
Күрэххэ кымыс оҥоруутунан дьарыктанар тэрилтэлэр, биирдиилээн урбаанньыттар, агрооскуолалар, кэтэх хаһаайыстыбалар бары кыттыахтарын сөп. 
Маныаха оҥорор бородууксуйаларын бэс ыйын 19 күнүгэр СӨ Аһылык технологиятын киинигэр аҕалан бэрэбиэркэлэтэллэр (Сэбиэскэй Аармыйа 50 сыла уул., 51/1, сарсыарда 09.00 чаастан киэһэ 18.00 чааска диэри. Бэс ыйын 24 күнүгэр кымыстарын күрэҕи тэрийээччилэргэ тиксэрэллэр. Кыайыылаахтары дипломнар уонна харчынан бириэмийэлэр күүтэллэр: бастакы миэстэ -- 150 тыһ. солк., иккис миэстэ -- 125 тыһ. солк., үһүс миэстэ – 100 тыһ. солк.
Интэриэһиргээбит дьону «Управление сельскохозяйственного производства и контроля» (Автодорожнай уул., 23, 113 кабинет) күүтэллэр.

Сонуннар

Ордук ааҕаллар

Аҕаа, бырастыы
Сынньалаңңа | 27.11.2024 | 10:00
Аҕаа, бырастыы
Уйбаан нэһиилэ сэттис этээскэ сынньана-сынньана кирилиэһинэн тахсан, кыыһа олорор ааныгар кэлэн, оргууй соҕус тоҥсуйда. Баҕардар дьиэҕэ ким да суоҕа дуу дии санаан, кулгааҕын ааҥҥа даҕайан иһиллээн тура түстэ. Киһи атаҕын тыаһа хааман кэлэн, сиэнэ уол куолаһа нууччалыы: «Кто там?» – диэн ыйыппытыгар: – Мин. Тоойуом, мин кэллим, ааҥҥын арый, –...
Кымыс Байбал ыра санаата туолуо дуо?
Сытыы муннук | 28.11.2024 | 14:00
Кымыс Байбал ыра санаата туолуо дуо?
Үөһээ Бүлүү улууһун Маҥаас нэһилиэгин 9 оҕолоох ыалын улахан уола Байбал Васильев оҕо эрдэҕиттэн эппиэтинэскэ үөрэммитэ, хайдахтаах да уустуктан чаҕыйбат, кыраларга холобур буола улааппыта күн бүгүнүгэр  диэри биллэр. Ытык киһибит быйыл 75-с хаарын санныгар түһэрдэ, сааһырда. Ол эрээри олоххо киллэрбит кыһыннары кымыстыыр дьарыгын тохтотуон, өбүгэ кымыстыыр үгэһин үйэтитэр баҕатыттан аккаастаныан...
Күндү күтүөт, көмүс күтүөт, көйгө күтүөт...
Сонуннар | 01.12.2024 | 12:00
Күндү күтүөт, көмүс күтүөт, көйгө күтүөт...
«Теща» туһунан атын омуктарга олус элбэх анекдот, көр-күлүү баар. Оттон биһиги, сахалар, күтүөт уолбутун хайдах ылынабыт, сыһыаммыт хайдаҕый, төһө тапсабытый? Өйдөспөт түгэн таҕыстаҕына, кыыскын көмүскүүгүн дуу, күтүөт диэки буолаҕын дуу? Онон бүгүн күтүөттэр туһунан кэпсэтиэххэйиҥ.   Светлана Петровна: — Мин ыал буолбутум оруобуна 40 сыл буолла. Ол эбэтэр 1984 сылга дьонум...
Ийэ буор
Сынньалаңңа | 07.12.2024 | 10:00
Ийэ буор
Гаврильева Оксана Павловна – Айсана 1963 с. Мииринэй оройуонун Ботуобуйа нэһилиэгэр күн сирин көрбүтэ. 1982 с. Н.Г. Чернышевскай аатынан Бүлүүтээҕи педагогическай училищены бүтэрбитэ, 1988 с. Дьокуускайдааҕы судаарыстыбаннай университеты бүтэрэн, нуучча тылын уонна литературатын учууталын идэтин ылбыта. Ити идэтинэн Н.Е. уонна П.Н. Самсоновтар ааттарынан Хатас орто оскуолатыгар үлэлиир. Педагогическай билим хандьыдаата,...