Дьөһөгөй Айыы оҕото норуоттары сомоҕолуур
Ааһан эрэр 2024 с. Сунтаарга – Аҕам саастаахтар сыллара. Үгүс үлэ, тэрээһин ыытылынна. Олортон бүгүн биир бэлиэлэригэр, тустаах улууска эрэ буолбакка, бүттүүн саха норуотугар, дьон дьоҥҥо сыһыаныгар, сылгыны иитиигэ олус суолталаах, историческай айаҥҥа болҕомтону туһаайыахпын баҕарабын. Сунтаар Хаданын олохтоохторо Роман Попов уонна Геннадий Пустоляков ыҥыырдаах атынан Бүрээтийэҕэ, Монголия кыраныыссатыгар тиийэ сырыттылар. Элбэҕи билэн-көрөн, сөҕөн-махтайан кэллилэр.
Бэйэлэрэ эрэ буолуо дуо, элбэх киһини сырдаттылар, өрөспүүбүлүкэбитин да ааттаттылар. Ол курдук, сибээс ханан баар сиригэр тиийдилэр да, бу айаннарын туһунан Телеграмҥа уонна Ютубка баар ханаалларыгар иһитиннэрэ, кэпсии сырыттылар:
Бэйэбит да сөҕүөхпүт иһин, айаммытын тыһыынчанан дьон кэтии-маныы олордо. Сибээс суох сиригэр 3-5 күн сүтэн ыллахпытына, сэрийээл курдук күүтэн, долгуйан олорор буолаллар. Атынан айаны сэргээтилэр. Сырыы түмүгүнэн эдэр көлүөнэ, ыччат хантан хааннаахпытын, кимтэн төрүттээхпитин билэрин туһугар кинигэ бэлэмниир санаалаахпыт.
Айанньыттар хайалара да Дьөһөгөй Айыы оҕото – сыспай сиэллээххэ сыстаҕас, сылгыны өрө тутар, кэтэх сылгылаах, энтузиаст дьон. Роман Октавианович – 58, Геннадий Владимирович – 62 саастарыгар сылдьаллар. Төрөөбүт дойду баай историятын билэн-көрөн, иннинээҕи көлүөнэ дьон сырыыларын-айаннарын туһунан үтүө өйдөбүлү үйэтитэр, билбит, мунньуммут билиилэрин кэнчээри ыччакка кэскиллээх кэпсээн гынан, тэнитэр баҕалаахтара – үтүө холобур.
Баҕа санаата туолуута, ыра санаа ыпсыыта
Роман Попов:
– Аҕам саастаахтар сылларыгар сыһыаран, төрүттэрбитин ытыктаан, кинилэр айаннаабыт, таһаҕас тиэйбит суолларын батыһа, Бодойбонон, Маачанан таарыйан, устунан Байкалынан аараан, Бүрээтийэҕэ тиийэ сырыттыбыт. Иннинээҕи көлүөнэ биир дойдулаахтарбыт таһаҕас таһыытын олохтоон, “солко суолугар”, Кээхтэҕэ тиийэ айаннаан, сайдыы суолун тэлбиттэрэ. Кинилэр үтүө өйдөбүллэрин үйэтитэр, саха сылгытын, сылгы кыаҕын көрдөрөр-билиһиннэрэр сыаллаах этибит. Атын сир сылгыһыттарын уопутун билсэр сорук эмиэ баара.
Аҕа саастаах көлүөнэ дьон хайдах айаннаабыттарын курдук, таһаҕаспытын аппытыгар ыҥыырдан, сылгыларбытын туох ас көстөрүнэн аһатан-сиэтэн сырыттыбыт. Баар сиригэр эбиэстэтэр этибит. Эрдэ, Бордоҥҥо буолбут атынан, эстафеталаах күрэхтэһиигэ сылдьан, улууспут баһылыга Анатолий Григорьевы көрсөн, “Төннөрбүтүгэр көмөлөһүөххүт дуо?” диэн ыйыталаһа сылдьыбытым. Баһылыкпыт тута өйөөн, Андрей Николаевичтыын (Хадан нэһилиэгин баһылыга – Л.) кэпсэтиэх буолбута. Онон эрэх-турах сырыттыбыт.
Нэһилиэкпит бүттүүнэ кэриэтэ тахсан, алҕаан атаарбыта. Бэл, кэлээскэҕэ олорон сыҕарыйар, ытыктыыр учууталбыт, мин 3-с кылаастан 8-ка диэри кылааһым салайааччыта, Петр Васильевич кытта кэлбитэ долгуппута. Эппиэтинэһи үрдэппитэ. Нэһилиэкпит дьоно барарбытыгар 37 тыһ. солк. хомуйан туттарбыттара. Сылгыһыттар бөлөхтөрө амуницияҕа наада буолуо диэн көмөлөспүттэрэ. Барыларыгар махтанабыт. Бачча үлүгэр атаарыллан баран, тиийиэхтээх сирбитигэр тиийбэтэхпитинэ, сүрэ да бэрт буолуох курдуга. “Саха ньоҕой, оҕото өссө ньоҕой!”. Сүрүн сыалбытын толордубут. Иркутскай уобалас, Бүрээтийэ, Монголия сылгыһыттарыныын билистибит.
Монголияҕа тахсыбатах төрүөт
– Тоҕо чуо Монголия? Чыҥыс Хаан төрөөбүт сирэ, аты кыайа-хото иитэр дойду хайдах дьаһанан олорорун көрүөхпүн баҕарбытым. Аармыйаҕа Монголияҕа сулууспалаабытым. Сылгыны өрө тутар омук быһыытынан, кумир оҥостобун. Мэник санаабар, букатын да Гобига тиийэр баҕалааҕым. Ол эрээри от-мас бэлэмэ, үлэ-хамнас үмүрүйэн быстымына, арыый хойутаан хоҥнубуппут. Атынан айан 2,5 ый буолла. Бэтэринээр ирдэбилэ РФ бэйэтин иһигэр судургу. Быһыы босхо оҥоһуллар. Арай Монголияҕа тахсаары, биир быыкаа флакону 20 тыһ. солк. ылбыппыт. Ол эрэ сыаналаах этэ. Ыспыраапка да ыларбытыгар уустугу көрсүбэтэхпит.
Арай сылгыны Монголияҕа таһаарыы күчүмэҕэй эбит. Мөлүйүөнүнэн сылгылаах, сүөһүлээх, быһыылара эҥин тиийбэт буолан, араас ыарыы турарын, сэрэхтээҕин быһыытынан “Россельхознадзор” көҥүллээбэт. Сылгы ыарыыта баарын истэрин истэр этим. “Илдьэ таҕыстаххытына, төттөрү киллэрбэккит” диэн сэрэппиттэрэ. Монголияҕа сылгы биһиги харчыбытынан 35 тыһ. солк, манна – 150 тыһ. солк. Ол да буоллар тахсарбыт дуу диэбиппит, докумуоннатыыта тиийиэхпит икки ардыгар кыаллыбакка хаалла. Онон сылгыта суох бэйэбит тахса сырыттыбыт. Киргизияҕа, Казахстаҥҥа дуу тахсарга, арааһа, маннык уустук буолбата буолуо.
Баҕа санаабын толорорбор көмөлөспүт, тэҥҥэ сылдьыспыт табаарыспар Геннадий Владимировичка улаханнык махтанабын. Кини кыра эрдэҕиттэн акка сыстаҕас, сиргэ-уокка сылдьа үөрүйэх. Нэһилиэкпит баһылыга Андрей Николаевич Оконешников уот ааныттан өйөөн, солбук булан – иккиэн дьаһалтаҕа үлэлиибит – биһигини көҥүллээн ыыппытыгар махтанабыт. Ону ааһан, айаммыт усталаах-туоратыгар биһигини, биэдэмэстибэлэри кытта ыкса сибээһи тута, олохтуу олордо. Сылгыларбытын аҕаларбытыгар улууспут көмөлөстө. Бар дьоммутугар – махтал!
Экстремальнай айаны сөбүлүүбүн. Ол эрээри маннык ырааппытым суоҕа. Чугастааҕы нэһилиэктэри, улууһум кыраныыссаларын кэрийтэлиирим. Былырыын кэрэ-бэлиэ сирдэри, өбүгэлэрбит хайдах сирдэргэ олорбуттарын ыччакка көрдөрүөхпүн баҕарбытым да, барсыбатахтара. Геннадий Владимирович уонна Аркадий Григорьевич буолан сылдьыбыппыт. Ол түмүгүнэн “Хадан сирэ үс улууһу (Сунтаар, Ленскэй, Өлүөхүмэ) ситимниир” диэн киинэ бэлэмнээбиппитин дьон биһирээбитэ, сэргээбитэ.
Арай биир долгутара...
Геннадий Пустоляков:
– Былырыын 600 км 20 хонугунан эргийэн кэлбиппит. Ленскэй, Өлүөхүмэ быыстарынан 600 км эргийэн, 20 хонугунан эргиллибиппит. Роман идеятын биһирээн, кыһыны супту кыратык бэлэмнэнэн, оппутун бүтэрээт да, атырдьах ыйын 15 күнүттэн хоҥнубуппут. Саамай долгуйарым – атым дуу, тугум дуу табыллымына, Роман баҕа санаатын толорорун атахтыам диэн этэ. Сылгылар атахтарын өлөрөллөрө, биир атым ыҥыыра аалан, көхсө бааһыран, ириҥэрэн ылбыта. Ол аайы ыксыыбын. Мин төнүннэхпинэ, эмиэ төннөрүгэр тиийэр. Хата, маастаан-эмтээн этэҥҥэ оспута. Ыраах, уустук айаҥҥа өйдөспөт да быһыы тахсыан сөбө. Оттон биһиги туох да этиһиитэ, мөккүөрэ суох үчүгэй баҕайытык айаннаан кэллибит. Бүрээттэр олус түмсүүлээхтэр, кинилэртэн холобур ылыахпытын сөп эбит. Биир атым – сиэнчэр. Онон ырыа-охтуо диэн, тыһыынчанан км, куһаҕан сирдэргэ, мэҥэстибэккэ, аппын сиэтэн сылдьыбытым. Күҥҥэ, ортотунан, 35 км барарбыт. Иннибитигэр хонуктаах, сылгы аһылыктаах сир баар түгэнигэр, 40-50 км да барааччыбыт.
Романнаах Геннадий тыа сирин үлэһит, сэмэй, судургу майгылаах, биллэ-көстө сатаабакка, улахан дирбиэнэ-дарбаана суох, ылыммыт соруктарын толорон тэйэр, сахалыы иитиилээх, сиэри-туому толору тутуһан сылдьар дьон. Этэллэр: “Күүлэй дьонун” маннык эрэ көрсүһүөхтэрэ диэн күүппэтэхпит. Туох эрэ улаханы оҥорбут курдук диэн санаммакка сылдьабыт ээ. Олус болҕомто ууран, кинилэр тустарыгар сылдьарбыт курдук, дэбэдэтэн бардахтарына, кыбыстар да курдукпут”.
Икки аҥаар ый устата айан, эттэххэ дөбөҥ. Араас уустук, моһол ханна барыай. Оттон кинилэр тохтообокко, туох хайа иннинэ дьон үтүө, иһирэх санаатыттан сөҕөн-махтайан, үөрэн кэлбиттэрин үллэстэллэр. Иккиэн да айылҕаҕа чугас, бултуур-алтыыр, сиргэ-уокка хоно, сылдьа үөрүйэх дьон буолан, “сылайбатыбыт даҕаны” дэһэллэр. Аттары, бэйэлэри биир кэмҥэ ыра сылдьан баран, дьонноох, сылгы астаах сиргэ тахсан, тута көммүттэр.
Айан муҥутуур уустук кэрчигэ – Иркутскай уобалас хайалаах, ото суох сирэ эбит:
– Бардар бараммат хайа, таас сир. Подковата суох сылгы туйаҕа элэйэр. Перевозка аараан, подкова оҥорор станоктаах дьону булбуппут. Босхо олордон, сүбэлээн биэрбиттэрэ. Биһиги биир атыырдарын аттаан биэрбиппит. Массыына, суол көрдөнөр кэммитигэр сылгыларбытын аҕалан көмөлөспүт Эдуард Михайлович Данзаевпытыгар таах сытыахпыт дуо, сүөһү, сибиинньэ да өлөрдүбүт, тиэхиньикэ да көрдүбүт. Ити курдук бэйэ-бэйэҕэ көмөлөсүһэр буоллахпыт.
– Эдуардыын эрдэттэн билсэр этигит дуо?
Суох. Антах билсибиппит. “Кыһалҕаланныгыт да, этээриҥ. Монголияҕа сылгыны таһаарбатахтарына, миэхэ хааллараарыҥ, кыраныыссаттан чугаһыгар сылгы аһыыр аһа да суоҕа буолуо”, – дии хаалбыта. “Сылгыларбытын туораппат буоллубут“ диэн эрийбиппитигэр, Эдуард тута массыынанан кэлэн ылан, хаһаайыстыбатыгар – Жаргалантаҕа илдьэ барбыта. Биһигини кытта Монголияҕа тахсыһар буолбута. Онтон кэлэн баран Саха сиригэр аҕалар массыына көрдүү сатаабыта да, тымныы, ыраах диэн куттаналлар, аккаастаналлар этэ. Онон, “бэйэм да илдьиэм” диэн, аны Аллараа Бэстээххэ диэри сылгыларбытын аҕалан биэрдэ. Эргэ массыына, кэлэн иһэн хаппырыыстаан, иллэрээ күн кэлиэхтээхпитин кыратык тардылынныбыт. Дьоммут өр буолбаттар, өйүүн бараллар. Хаһаайыстыбата күүтэн турдаҕа. Эдуард Михайловичка махталбыт муҥура суох.
Дьиэ кэргэн, тэрилтэтэ өйүүр буолан...
Геннадий Владимирович Пустоляков үйэтин тухары суоппардаабыт. О.и. биэнсийэлэнэн тохтуор диэри 8 сыл – Сунтаар киин балыыһатын “Суһал көмөтүгэр” үлэлээбит. Ол кэнниттэн Хаданыгар төннөн, сыспай сиэллээҕи иитэн, икки үөр сылгыланар, олохтоох дьаһалтаҕа суоппардыыр.
– Сүрүн тыылгыт, өйөбүлгүт – дьиэ кэргэҥҥит. Кинилэр өйүүр, өйдүүр буолан, “уолаттар”, ыллыгыт да, ыраах сирдэринэн тэлэһийэн эрдэххит.
– Оннук ээ. Кэргэним Анна Каратаева, Бүлүү Бороҕонуттан төрүттээх, 10 оҕолоох ыал кыыһа. Дьыссаакка үлэлиир. Сэттэ оҕолоохпут, кырабыт 11-с кылааска үөрэнэр. Сиэн да баар, сахалыы сиэринэн, аахпаппын. Бу айаҥҥа сырыттахпына, уол сиэн эбилиннэ. Көрө иликпин. Роман кэргэнэ Мираида Степановналыын биир уоллаахтар. Манна куоракка үлэлиир.
– Тыый, эҕэрдэ! Үнүр нэһилиэккит баһылыга улаханнык өйөөбүтүн, саха атын аатырдар туһугар Роман Дугуйдааннааҕы Өлүөнэҕэ диэри атаарарыгар кытта көҥүллээбитин хайгыы истибитим...
– Андрей Николаевич олус үлэһит, кэскиллээҕи көрөр эдэр киһи. Олохтоохтор эрэллэрин, өйөбүллэрин ылан, иккис болдьоҕун баһылыктыы сылдьар. Арба Мичил (Неустроев) бу барарбытыгар эрийэ, билсэ сылдьыбыта.
– Сылгыларгытын үнүр уҥуор кимнээххэ хаалларан киирбиккитий, этэҥҥэлэр дуо? Уһун айаҥҥа төһө саастаах сылгы ордук быһыылааҕый?
– Үчүгэйдэр. Төхтүргэ күтүөм аахха хаалбыттара. Кэлэн иһэн, Улууга массыынабыт алдьаммытыгар, Роман эрийбитигэр Руслан Еремеевич Федотов тута көмөлөһөн, махталбыт улахан. Сылгыбытыгар бурдук, оҥосторбутугар гараас булан биэрбитэ. Бу билигин (бэнидиэнньиккэ – Л.) Роман массыынанан икки аты илдьэ Сунтаардаан иһэр. Мин иккис сырыыга барабын. Миинэр миҥэм Дайар диэн, 6 саастаах тураҕас сиэнчэр. Ийэтэ сүүрүк сылгы этэ, Ньурбаттан төрүттээх. Таһаҕасчытым Харачаас 7 саастаах. Роман киэннэрэ Малыш уонна Алабыай диэннэр, атастаһыннара сылдьан мииммитэ. 8 саастаахтар. Сылгы 8 сааһыгар дьэтигэр киирэр диэн өйдөбүл баар. Айаҥҥа, арааһа, 9-10 саастааҕыҥ ордук буолуо. Ол эрээри сылгыҥ да киһи курдук, быһыйа, тулуура сааһыттан тутулуга суох буолуон сөп.
– Бүрээтийэ сылгыларын туох дии санаатыҥ?
– Сылгылара, эккэ анаммыт боруода буолан, көрдөххө, бөдөҥ. Салаа оту эбии сиэбэккэ кыстыыллар эбит. Эмньиктэрин илдьэ сылдьаллар. Онтулара балачча улаатар. Аны, кинилэр убаһаны буолбакка, тыйыгар тиэрдэн баран сииллэр эбит.
Кыһалҕа туохха үөрэппэтэҕэ баарай, дьоммут сылгыларын туйаҕын харыстаан, Перевозкаҕа бастакыларын көрөн баран, кэлин алдьаммыт подкованы абырахтыы, уста-олордо үөрэммиттэр. Антах сылгыны түөрт баҕана икки ардыгар туруоран баран, моонньун уонна иһин диэкинэн быһа киирбэт, кэтит быанан курдуу баайан, өрө ыйаан таһааран баран, атаҕын тиэрэ тардан туран, подковалыыллар үһү. Онтулара “подковалыыр станок” дэнэр эбит. Сылгы мөхсүүтүттэн түөрт баҕана төрдүөн хамсаамахтаан ылар үһү. Аара оннук станок хантан кэлиэй? Дьоммут быата-туһаҕа да суох, сылгы атаҕын кыбынан туран, туурар, оҥостор кэмнэрэ эмиэ баара.
Амарах сыһыан уонна Итэҕэл
Ордук туохтан сөхтүгүт, тугу бэлиэтии көрдүгүт диэҥҥэ Роман Попов:
Дьон айанньыкка амарах, истиҥ сыһыаныттан. Айанньыт (путник), буолан баран, аттаах айанньыт – бүрээттэргэ олох таҥара курдук эбит. Инньэ Чыҥыс Хаан саҕанааҕыттан тутуһуллан кэлбит сиэрбит дииллэр. “Айанньыкка көмөлөспөтөххүнэ, төбөҥ быһыллар” диэн өйдөбүллээхтэр. Холобур, аһаппакка эҥин ыытыа суохтааххын күн бүгүнүгэр диэри тутуһаллар. Итэҕэллэрэ күүстээҕиттэн сөхтүбүт. Дацаннарыгар хайаан да сырытыннараллар. Сиэрдэрин-туомнарын илдьэ сылдьаллар. Көтөххө сылдьар оҕоттон саҕалаан үөрэтэллэр, дацаҥҥа сырытыннара үөрэтэллэр эбит. Итэҕэл баар буоллаҕына, норуот күүстээх буолар эбит дии санаатым. Аны, Итэҕэллэрин дьиэтин үксүн норуот бэйэтин күүһүнэн туттар. Бүдьүөттэн солкуобай да көрүллүбэт эбит. Бырабыыталыстыбаларыттан тугу да көрдөөбөттөр даҕаны. Арай ламаҕа эҥин үөрэнэллэригэр истипиэндьийэ курдук төлөнөр эбит. Кытайынан эҥин ыытан үөрэттэрэллэр үһү. Дьэ, Итэҕэллэрэ күүстээх. Энтузиастара элбэх эбит.
Хоту баска олорооччулар биһиги курдук биэнсийэҕэ арыый эрдэ тахсаллар, соҕуруу бастар – хойутаан.
Геннадий Пустоляков:
– Аара көрсүбүт дьоммут, бары да, ким туох кыахтааҕынан көмөлөһө сатыыр дьүккүөрдээхтэрэ. Ханнык омук буоларыттан тутулуга суох, бары өйүүллэр. Холобур, уһун айан суоппардара олус болҕомтолоохтор эбит. Хайаан да тохтоон ыйыталаһаллар. Пуойас суолунан кыйа айанныырбытыгар олор кытта сигналлаан, далбаатаан... “Киһи киһиэхэ – бөрө” диир кэмҥэ итинник иһирэх сыһыан баарын илэ бэйэбит билэн, чахчыта да, сөҕөн-махтайан, санаабыт сырдаан кэллэ. Олох уута суох сирдэр эмиэ бааллара. Онно уһун айан суоппардара туох баар ууларын биэрэн-хайаан... Бүрээтийэҕэ сулууспалаабытым, суруналыыстар интервью ылан баран, ол сир аттынан ааһан, таарыйа, хата, тастан да буоллар көрөн аастым.
–Толкуйдаппыт түгэн?
– Маачаттан Бодойбоҕо диэри сылгы, сүөһү мэччийэр, үссэнэр сирэ олох суох. Барыта таас. Түөрт ат аһын булунуу уустук этэ. Итинник сиринэн сүүһүнэн оҕуһу хайдах үүрэн тыыннаах илдьибиттэрэ буолла? Ол диэки олохтоох блогер уол Өлүөнэни туораабыт, эбэни чычаас сиринэн тэбистэрэн ааспыт сирдэрин, арыыларын эҥин көрдөрдө. Сылгы туйаҕа тулуйбат сиригэр сүөһүлэр киэннэрэ тулуктаһар эбит буоллаҕа дуу? Сир-дойду, килиимэт уларыйарын дьайыыта эбитэ дуу?
Аҕам саастаах айанньыттар сүбэлэрэ
– Сүрүнэ, баҕа санаа күүстээх буолуон наада. Ыҥыыры эрдэ кэтэ сылдьыбытын ылар эбэтэр эрдэттэн ыҥыырдаан үөрэтэр ордук. Саҥаҥ, син эмиэ кэтиллибэтэх атах таҥаһын кэриэтэ, аалыан, эрэйдиэн сөп.
Атынан айан – сатыы айантан чыҥха атын. Атыҥ майгытын-сигилитин билиэхтээххин. Айан аата айан: араас буолуон, тугун эрэ өлөрүөн, эчэтиэн сөп. Бэйэҥ эмиэ. 200 км устата туох да сибээһэ суох сиринэн сылдьаҕын. Онон бэйэҥ сатаан эмтиир-томтуур кыахтаах, кыратык да буоллар ити чааһыгар быһаарсар буолуоххун наада.
МЧС-тар айаҥҥа турунарбытыгар эрэ ыйыталаһа сылдьыбыттара. Оттон уонна тугунан да сибээстэһиэхтэрэй? Спутниковай сибээһэ, рацията, саата, сэбэ-сэбиргэлэ суох, олох былыргылыы, иннинээҕи көлүөнэ дьоммут курдук тэринэн барбыппыт. Сибээстээх сиргэ тиийдэхпитинэ, баһылыкпытыгар эрийэн биллэрэр кэпсэтиилээх этибит. Сүгэлээхпит, быһахтаахпыт. Айанныыр кэммитигэр эһэ-бөрө киһиэхэ улаханнык чугаһаабатын билэр этибит. Суоллара онон-манан көстөрө.
Бу курдук, олоххо уопуттаах, сахалыы толкуйдаах, дьиҥ норуоттан тахсыбыт дьон, историяны үйэтитэри таһынан, сири-дойдуну, араас сирдэри көрөн-истэн кэлэн, ол-бу “уруһуйданыыта ”, “үрдүк тылынан тамнааттааһына” суох тус санааларын үллэстэллэрэ да, мин санаабар, элбэххэ үөрэтэр, сөптөөх толкуйга тиэрдиэх тустаах. Холобур, атыйахтаах уу курдук айманар балаһыанньаҕа даҕаны амарах сыһыан, дьон дьоҥҥо көмөлөсүһүүтэ, доҕордуу быһыы диэн баар буолуохтаах эбээт!
Дьоммутугар доҕордуу илиитин ууммут, 4,5 суукканан 2900 км айаннаан, сылгыларбытын аҕалбыт Бүрээтийэ бүгүрү үлэһит, үтүө сүрэхтээх киһитэ Э.М. Данзанов 2013 с. пиэрмэрдиир эбит. Төннөрүгэр аргыс гынаары, Улан Үдэҕэ олорор, баахта ньыматынан үлэлиир Баир Гатаповы илдьэ кэлбит. Бүрээтийэ нөҥүө-маҥаа эҥээригэр да олордоллор, ыкса доҕордоһоллор. Баир эмиэ бачча ыраах хаһан да айаннаабатаҕын эттэ. Көрөргүт курдук, саха да, бүрээт да эр дьоно доҕордуу сыһыаны, бэйэ-бэйэни өйөһүүнү үрдүктүк туталлар.
Эдуард, көрдөххө, 45-47 эргин саастаах, эдэрчи киһи:
– Хаһаайыстыбам сүрүн дьарыга – үүт хайысхалаах ынах сүөһүнү иитии. 45 ыанньыктаахпын, ыччат сүөһү, оҕус бороон, ньирэй баар.
4 биэни, биир атыыры кытта үс көлүүр аттаахпын. Саха сылгыларын сэргээтим: тулуурдаахтар, уһунньуттар эбит. Бэйэм оҕо эрдэхпиттэн сылгыга чугаспын. Бүрээтийэҕэ биһиги – о.э. 70-с сс. бүтэһик, 80-с сс. саҕаланыыларынааҕы төрүөх дьон – сылгыга “сатаан олорор”, сылгы туһунан өйдөбүллээх бүтэһик көлүөнэ буолабыт. Дьэ сөргүтүллүөх курдук. Бүрээтийэҕэ сүөһү, сылгы да кыралаан да буоллар эбиллэр. Сир үлэтэ эмиэ.
Бэйэм 4 сыллааҕыта 24 гааҕа сүөһү аһылыгын үүннэрэр буоллахпына, 80 гааҕа тиэртим.
* Бүрээтийэ Уһук Илин уокурукка сылгытын ахсаанынан Саха сирин уонна Забайкалье кэнниттэн 3-с миэстэҕэ сылдьар. 2023 с. түмүгүнэн кинилэр 52,6 тыһ. сылгылаахтара суруллубута. Соторутааҕыта, сэтинньи 29 күнүгэр, Дьокуускайга буолбут сылгы иитиитигэр сыһыаннаах билим кэмпириэнсийэтигэр “Саха сиригэр 2023 с. түмүгүнэн 178 тыһ. сылгылаах эбит буоллахпытына, эпэрэтиибинэй чахчынан, бэлиэр 232 тыһ. тиийдэ” диэн бэчээккэ тахсан сөхтөрдө.
Эдуард Саха сирин аттаах айанньыттарыныын алтыһар тоҕоос көстүбүтүн дьолунан ааҕар. Антах кинилэри “Роман ахе, Геннадий ахе” диэн ытыктаан ааттыылларын этэр. Саха аттаах айанньыттарын кэнниттэн атынан айаны олохтоохтор олус сэргээн, аты миинэр, айанныыр баҕалара улааппыт үһү. Дьоммут Оронхойга тохтоон, оҕолору төрүт үгэстэргэ уһуйар Нима Батуевка сылдьыбыттар. “Ол кэнниттэн оҕотун дьарыктыан баҕалаах элбээн кэлбит”, – диир.
Өссө этэр:
– Бүрээтийэ-Монголия кыраныыссатын туоруур бэрэбиэркэ хас да чааһы ылааччы, оттон саха доҕотторбутун кытта бэрт кылгас кэм иһигэр ааспыппыт. Улахан куорат суолугар үөскүүр “пробканы” 10 баллаах шкаланан быһаарар буоллахха, Улан Батор киэнэ толору 11 баал буолааччы (күлэр). Оттон бу сырыыга оннук буолбата. Ону 3 сыл лаама үөрэҕин ааспыт Н. Батуев: “Ити көннөрү сөп түбэһии буолбатах. Үөһэттэн көмөлөһөр баар курдук”, – диэбитэ.
Хаартыскалар: дьоруойдар тус архыыптарыттан