Covid-19 уонна түүҥҥү олох сүпсүлгэнэ
Дьоллоох Дьокуускайга түүҥҥү олох сүпсүлгэнэ тохтуур аата суох. Сайын саамай сатыылаан турар кэмэ буолан, эдэрдиин-эмэнниин куулуптарынан, 202 оройуонунан уонна даачаларынан «сылаа таһаарабыт” диэн ааттаан сынньана сытабыт. Киин куоракка түүҥҥү олох хайдах ааһарый? Ил Дархан таһаарбыт дьаһалларын бизнесменнэр тутуһаллар дуо?
Бу ый саҥатыгар киин куорат суһал ыстаабын үлэһиттэрэ, ИДЬМ-тэн уонна ДНД сотрудниктара кыттыылаах түүҥҥү олох тэрилтэлэрин бэрэбиэркэлээтилэр. Уопсайа, от ыйын 2-5 чыыһылатыгар 271 эбийиэги бэрэбиэркэлээтилэр, мантан үс түүҥҥү тэрилтэлэргэ СӨ Ил Дарханын Ыйааҕын кэһии чахчылара булуллубуттар:
Лундж-рум «Хижина»
Ыччат сөбүлээн сылдьар Каландаришвили, 38/2а аадырыһыгар турар. Хомойуох иһин, рейдэ кэмигэр үлэ эрэһиимин бэрээдэгин тутуспата бигэргэннэ, эбиитин кальян өҥөтө баар эбит, кэлбит дьон социальнай дистанция ирдэбиллэрин тутуспаттар эбит. РФ ИДЬМ-тын үлэһиттэринэн 15 боротокуол оҥоһуллубут, ол эбэтэр кинилэр тустаах мааската суох сылдьаллар. Инньэ гынан, 1 ст. 20.6.1 КоАП РФ диэн боротуокуол толордулар.
«Чиллаут» турар миэстэтэ сөп дуо?
Дзержинскай, 13/3г аадырыһыгар турар эбийиэк. Дьиҥинэн, бу аадырыска гаражтар тураллар. Ол инниттэн, дискотеканы күөдьүтүү, түүҥҥү олоҕү уһатыы үлэтэ сөп түбэһэрэ дуу? Чааһынай бас билээччи аатыгар тустаах уорган үлэһиттэрэ матырыйаал хомуйдулар. Ол курдук, үлэ режимин кэһии, дискотека тэрийии, социальнай дистанция ирдэбилин тутуспаттара билиннэ.
«KTV» ресторан аанын хатанан кэбистэ
Ойуунускай, 16а аадырыһыгар турар киин буолар. Ордук, орто саастаах дьон сөбүлээн сылдьар, сынньанар сирдэрэ. Бу күн, үлэ эрэһиимин болдьоҕун тутуспаттара билиннэ, эбиитин полиция сотрудниктарын көрөн бараннар ааннарын иһиттэн хатанан кэбиспиттэр. Ол инниттэн, ресторан хаһаайыныгар 1 ст. 20. 6.1 КоАП РФ тустаах матырыйаал хомуйулунна.
«Бэс ыйыгар тустаах бөлөх 2 тыһыынчаттан тахса эбийиэги бэрэбиэркэлээтэ, 156 кэһии баара билиннэ, 115 тэрилтэни кытта тустаах кэпсэтиилэр ыытылыннылар, 81 боротокуол оҥоһулунна уонна 23 акта», - диэн Дьокуускай куорат административнай хамыыһыйатын председателэ Дмитрий Павлов иһитиннэрэр.
«Уокуруктар уонна куорат таһынааҕы уокуруктар атыы-эргиэн, уопсастыбаннай аһылык уонна өҥөнү оҥорор эбийиэктэригэр рейдэлэр салгыы ыытыллыахтаахтар”, - диэн тоһоҕолоон бэлиэтээтэ Дьокуускай куорат баһылыгын солбуйааччы Руслан Тимофеев.
Санитарнай хааччахтааһын тохтообот!
Куорат суһал ыстааба көрү-нары көҕүлүүр эбийиэктэр хаһаайыннарыгар, уопсастыбаннай аһылык эбийиэктэрин салайааччыларыгар өҥө эйгэтин уонна аралдьытар тэрилтэлэр үлэһиттэригэр уонна клиеннэригэр кытаанах эрэһиими тутуһуу наадатын туһунан өссө биирдэ этэр! Харысхала суох атыылаһааччылары, клиеннэри хааччыйыы кытаанахтык бобуллар. Эргиэн эбийиэктэрин бас билээччилэр уонна администратордар элбэх киһи мустааһынын хонтуруоллуохтаахтар. Санатан эттэххэ, 1 атыылаһааччыга 4 кв. м тахса ананыахтаах.
Убаастабыллаах куорат дьоно! Бэйэҕитин уонна чугас дьоҥҥутун харыстааҥ, уопсастыбаннай миэстэлэргэ мааскалаах сылдьыҥ!
Предпринимателлэр түүннэри үлэлиэхтэрин сөп, өскөтүн...
От ыйын 1 күнүттэн СӨ үрдүкү бэлэмнээх буолуутун эрэһиимин уонна өрөспүүбүлүкэ олохтоохторугар куттал суох буолуутун тэрийэр туһунан Ил Дархан Айсен Николаев ыйааҕа олоххо киирдэ. Бу ыйаах сүнньүнэн рестораннарга, кафеларга, остолобуойдарга, буфеттарга, банкетнай саалаларга уонна да атын уопсастыбаннай аһылык тэрилтэлэригэр, фитнес- кулууптарга, тренажернай саалаларга, спортивнай саалаларга, сабыылаах манежтарга, түүҥҥү кулууптарга (дискотекаларга), караоке-саалаларга уонна онтон да атын сэргэхситэр эбийиэктэргэ тэриллиннэ.
Ыйааҕы олоххо киллэрэр сыалтан саха сирин урбааҥҥа уонна туризмҥа министиэристибэтэ куттал суох буолуутун хааччыйар тэрилтэлэр реестэрдэрин уонна индивидуальнай предпринимателлэргэ киллэрэр COVID-free регламенын бигэргэттэ. Министиэристибэ иһитиннэрбитинэн, билиҥҥи туругунан 5 бастакы сайабылыанньа киирбит. Ол курдук: Зодиак (түүҥҥү кулууп), “CHIKEN and BEER” (кафе), «Лаунж бар Мохито” (ресторан), “Bastet” (түүҥҥү кулууп) уонна “География” ресторан. Реестр оптуорунньук уонна бээтинсэ аайы саҥардыллыаҕа.
Ол эбэтэр, министиэристибэни кытта сөбүлэһии түһэрсибит тэрилтэлэр социальнай дистанциянан, үлэ эрэһииминэн хааччахтаныахтара суоҕа. Кинилэр соруктарынан буолар – коронавируһу утары вакцинаны ылбыт эрэ дьону киллэрээһин.
Реестргэ маннык булгуччулаах усулуобуйаны тутуһууга тэрилтэлэр уонна чааһынай предпринимателлэр киирэллэр:
Тэрилтэ дьиэтигэр баар бары үлэһиттэр уонна атын да дьоннор (18 саастарын туола илик дьонтон ураты), маннык докумуоннартан биирдэстэрин туоһулууллар:
1. COVID-19 утары оҥоһуллубут профилактическай прививка сертификата. Ол сертификаккыт (QR-кодкут), биир кэлим судаарыстыбаннай уонна муниципальнай өҥөлөр порталларыгар киирдэххитинэ баар.
COVID-19 утары лабораторнай чинчийии түмүгүн бигэргэтэр докумуон. Онтугут, РНК SARS-CoV2 эбэтэр SARS-CoV2 буолар, боростуойдук эттэххэ ИФА эбэтэр ПЦР. Бэлиэтээн эттэххэ, 72 чаастан итэҕэһэ суох ылыллыбыт буолуохтаах, ону бигэргэтэр докумуоҥҥутун эмиэ илиигитигэр тута сылдьаҕыт.
2. 18 сааһын туола илик дьон QR-код эбэтэр ПЦР анаалыһын бигэргэтэр докумуоннарын хайаан да илдьэ сылдьыахтаахтар.
3. QR-кодтары тэрилтэ үлэһиттэрэ дьиҥнээхтик бэрэбиэркэлиэхтээхтэр уонна учуоттуохтаахтар. Ону бэрэбиэркэлииргэ тустаах оборудование туоруохтаах.
Бары боппуруостарга предпринимателлэр СӨ атыы-эргиэн, уопсастыбаннай аһылык уонна конкуренция отделыгар: 50-65-81, 50-62-25; электроннай почтаҕа minpred.torg@mail.ru эбэтэр call_minpred@mail.ru билсэллэр.