01.08.2024 | 12:00

«ColdInk» — ыччаты төрүт култуураҕа сыһыарар ньыма

«ColdInk» — ыччаты төрүт култуураҕа сыһыарар ньыма
Ааптар: Уйгулана БОЧОНИНА
Бөлөххө киир

«ColdInk» тату устуудьуйата 2015 сылтан силис тардар. Устуудьуйа салайааччыта Николай Николаев 2023 сыллаахха тату уруһуйдуур дьоҕурун таҥаска көһөрөн, “street wear” истиилинэн бандана (былаат) уруһуйдаабыта, ыччат болҕомтотун тардар. 
Николай билигин сиэдэрэй оһуордаах, аныгылыы быһыылаах таҥастары айан таһаарар.

Бэйэҕин билиһиннэриэҥ дуо? Эн суолуҥ хайдах саҕаламмытай?

– Мин Мэҥэ Хаҥалас Лоомтука дэриэбинэтиттэн төрүттээхпин, онтон 3 саастаахпар куоракка көспүппүт. 2015 сыллаахха тату устуудьуйатын арыйан баран, 2016 сылтан, устуудьуйабытын киэҥ араҥаҕа таһаараары, мерч табаардарын оҥорон саҕалаабыппыт (тэрилтэ бэлиэтэ ойуулаах табаар-Аапт.). Ол курдук, олоҥхону кытта ситимнээн, сахалыы тыыннаах принт арааһын оҥорбуппут. Онтон 2023 сылга бандана оҥорон таһаарбыппытын элбэх киһи сэҥээрэн, салгыы таҥас оҥорон саҕалаабыппыт.

Сахалыы оһуору мээнэ ыллыҥ да уруһуйдаабаккын дииллэр, кими эмит кытта сүбэлэспитиҥ дуо?

– Сахалыы оһуору кытта бастаан татуировщик быһыытынан үлэлии сылдьан «кыһалҕаттан» билсибитим. Тоҕо диэтэххэ хас бэһис клиент сахалыы харысхал, оһуор уруһуйдатыан баҕарар этэ. Ол иһин Б.Ф. Неустроев-Мандар Уус кинигэтин үөрэтэргэ «күһэллибитим». Уонча сыл итинник хас биирдии оһуор суолтатын үөрэтэн, ону татуировка оҥорорбор туһанан, таҥаска балайда уопуттаах кэлбитим.

Билигин, холобура, ох уруһуйдаах оһуор элбэхтэ көстөр буолла, бу саҥаны  киллэрии (новодел) буолар, оттон «биэс харах» оһуор дьиҥ сахалыы буолар. Банданабыт оһуорун туһунан кэпсээтэххэ, ортотугар “биэс харах” – күн оһуора турар, онтон “хой муоһа” кэлэр – бу урукку түүр өбүгэлэрбититтэн кэлбит оһуор, “ынах ойуута” – көҕүөр оһуор, салгыы от-мас ойуута кэлэр уонна итини барытын 3 күрүө оһуора эргийэр. Хас биирдии оһуору хайдах, ханна сөпкө туттулларын көрөн, үөрэтэн баран киллэрбиппит. Холобура, улахан оһуор хайаан да күрүөлээх буолуохтааҕын тутуспуппут, ортотугар саамай ытыктанар оһуор баар буолуохтааҕын киллэрбиппит.

Оттон бэйэҥ оһуор айбаккын дуо?

– Биһиги тугу да айан оҥорбоппут, барыта дьиҥ сахалыы буолуохтаах диэн өйдөбүллээхпит. Кыратык, суолтатыгар сөп түбэһэринэн, ойуу эбиэхпитин эрэ сөп. «Күн сардаҥалара тоҕо хаҥас диэки баралларый? Күн эргииринэн уҥа барыахтаах»,– диэн дьон муодарҕааччы. Мандар Уус кинигэтигэр сардаҥалар наар хаҥас диэки бараллар, ону хайдах баарынан үтүктэбит. Урукку оҥоһуктары, мас иһиттэри да көрдөххө, чахчы, наар хаҥас эргийэр эбит. Оһуордары үөрэтэр дьон этэринэн, хаҥас – дьахтар энергетиката, уҥа – эр киһи киэнэ; холобура, сахалыы соҥҥо итинник арахсан тимэхтэнэллэр эбит. Оттон аныгы кэм дизайныгар үскүгэр уҥа диэки барар, онон иккиэннэрэ барсар дии саныыбын.

Тоҕо мерч табааргыт чуолаан бандана буолла?

– Тату оҥорор устуудьуйа аудиторията сүрүннээн эдэр дьон буоларынан, кинилэргэ сөп түбэһэр аксессуары толкуйдуурга кыһаллыбыппыт. Ол иһин, эдэр оҕолор, оһуордары көрөн, «урукку», «муодунайа суох», «барсыбат таҥас» дии саныахтара диэн, ол кэмҥэ муодаҕа киирбит банданаҕа тохтообуппут. Онтон, табаарбыт дьон болҕомтотун тардыбытын кэннэ, атын таҥаһы ылсыбыппыт. Билигин кэллиэксийэбитигэр лонгслив, бейсболка, худи, ырбаахы бааллар. Кэлиҥҥи сылларга төрүт култуураны интэриэһиргиир ыччат ортотугар тренд буолла диэтэхпинэ, сыыспаппын. Оттон биһиги, сахалыы оһуордаах табаары оҥорон, ыччаты төрүт култуураҕа сыһыарыыга бэйэбит кылааппытын киллэрэбит диэн саныыбын.

Үлэҕэр кимнээх көмөлөһөллөрүй?

– Хамаандабыт диэн, бэйэбин кытта кэргэним Александра эрэ. Биллэн турар, иистэнньэҥнэрдээхпит эрээри, кинилэр сакаас быһыытынан тигэллэр, бэйэбит сыахпыт суох. Уонна бу “Үлэ кыбаарталыгар” “Кыдам” иис сыаҕар сакаастыыбыт. Кэнэҕэһин бэйэбит сыахтаныахпытын баҕарабыт. Оччотугар табаарбыт ахсаана да элбиэ, сыаната да чэпчиэ этэ. Эбии үлэ миэстэтэ (дизайнердар, иистэнньэҥнэр) да тахсыахтаах.

Таҥас быһыытын хайдах толкуйдуугут? Эдэр дьоҥҥо сөбүлэтэр судургута суох буоллаҕа.

– Биһиги хайысхабыт уулусса таҥаһа (street wear). Тоҕо диэтэххэ бэйэм  сөбүлүүр истиилим. Мин оҕо эрдэхпинэ куоракка итинник таҥаһы булар ыарахан этэ. Маҕаһыыннары, ырыынактары кэрийэн, биир эмиэ барсар таҥаһы булуохха сөп этэ. Онон бу истиил таҥаһын быһыытын-таһаатын оччолортон «харахпар көрөр» буоламмын, дизайнын оҥорорго чэпчэки. Планшеппар уруһуйдаан баран, сүрүн иистэнньэҥмит Варвара Васильевнаны кытта экспериментальнай сыахха тигэн көрөбүт. Толкуйдаабытым курдук таҕыстаҕына, фурнитурата, матырыйаала барсар буоллаҕына, сыахтарга тиктэрэбит уонна устуудьуйабытыгар аҕалан атыылыыбыт.

«Үлэ кыбаарталыгар» үлэлиир табыгастаах буолуо.

– Бу Уһук Илиҥҥэ саамай бөдөҥ креативнай кластер. Видеографтар, фотографтар, муусука устуудьуйалара барыта биир сиргэ бааллар. Холобура, таҥаспытын хаартыскаҕа, видеоҕа түһэриэхпитин, сыахха сонно тута тиктэриэхпитин сөп. Ол иһин манна үлэлиирбитин сөбүлүүбүт.

Атын тэрилтэлэри кытта конкуренция баар дуо?

– Сахалыы тыын уопсайынан тренд буолла. Эдэр дьон сахалыы тыыннаах таҥаһы сөбүлээн кэтэр. Холобура, биһиги кыра баартыйанан атыыга таһаарар таҥаспытын тута атыылаһаллар. Ол иһин, мин санаабар, улахан конкуренция диэн суох; төттөрүтүн, саҥа тахсан эрээччилэр бэйэ-бэйэбитигэр көмөлөһө сатыыбыт, араас коллаборациялары тэрийэбит. Бары биир санаалаах буоламмыт, бииргэ үлэлэһэбит, саҥа идеялары олоххо киллэрэбит.

Атын сахалыы быысыпкалаах, спорт таҥаһын тигэр тэрилтэлэр туһунан эттэххэ, кинилэр аудиториялара араас саастаах дьон, таҥастара спортивнай, күннээҕи истиил, оттон биһиэнэ street wear – эдэр дьон таҥаһа.

Николай, татуттан, таҥастан ураты дьарыктааххын дуо?

– Муусука өттүн интэриэһиргиибин, онно сыһыаннааҕы барытын өйүү сатыыбын. Эдэр эрдэхпинэ син кэнсиэртэр бааллара эрээри, билиҥҥитээҕэр быдан аҕыйах этэ. Уопсайынан, эдэр ыччат ханна эрэ подъездка мээнэ олоруохтааҕар, муусуканан дьарыгырара быдан ордук. Ити хайысханы тутуһан, муусукаҕа сыһыаннаах тэрээһини оҥоруохпутун баҕарабыт.

Таҥастан ураты үрүҥ көмүс киэргэллэри (подвеска), кыра аксессуардары оҥоробут. Билигин полимернай туойтан дьон фигуркаларын сыбаан оҥоробут. “Холбон” рок-бэстибээлгэ анаан бэйэлэриттэн көҥүллэтэн “Дапсы” бөлөх фигуркаларын оҥорбуппут.

Куонкурустарга, граннарга кыттаҕыт дуо?

– Ил Дархан креативнай индустрияны сайыннарыы бырагырааматыгар “Саха сирин сайдыытын корпорацията” диэн уопсастыба баар. Кинилэр киинэ, анимация, геймдев, муусука уонна бу сылтан муода хайысхатыгар көмөлөһөллөр. Ил Дархан уурааҕар итинтэн хас эрэ бырыһыанын Арассыыйа, онтон аан дойду таһымыгар таһаарарга көмөлөһүҥ диэн сурулла сылдьар.

Онно анаан корпорация, Москватааҕы муоданы үөрэтэр уонна сайыннарар институту ыҥыран, “Beinopen” диэн бырагыраама чэрчитинэн үөрэх тэрийбитэ. Биисинэһи хайдах ыытары, сыаҕы арыйары, улахан таһымҥа хайдах тахсары барытын кэпсээбиттэрэ. Бу үөрэх бастаан босхо этэ, 40-тан тахса киһи кыттыбыта. Онтон 5% финалга сүүмэрдээбиттэригэр, биһиги эмиэ хапсыбыппыт.

Онон билигин 2025 сыллааҕы сааскы-сайыҥҥы таҥас кэллиэксийэтин толкуйдуу сылдьабыт. Дизайнаан, тигэн, презентациятын антах институкка ыыттахпытына, куратордар Москва маҕаһыыннарыгар киллэриэхтээхтэр. Ол эбэтэр, аан дойду балаһыанньатынан тас дойдуттан киирэр табаары солбуйуу быһыытынан, олохтоох оҥорон таһаарааччылары өйүүллэр. Холобура, манна тигэ олорон, дойду үрдүнэн атыылыахтаахпыт. Бу кэллиэксийэбитин атырдьах ыйын ортотугар бэлэмниэхтээхпит, эбии сакаас киирдэҕинэ, корпорация иэс харчы биэриэхтээх. Куратордарбыт туох уустуктары көрсөрбүтүн ыйыталаһаллар, көмөлөһөллөр. Соторутааҕыта “Волчок” бренд салайааччыта хайа диэки хамсыахтаахпытын ытыска ууран биэрбитэ.

Туох уустуктар баалларый?

– Үлэһит аҕыйах, менеджмент өттүнэн уопуппут кыра уонна барыта сүрүннээн үпкэ-харчыга тиийэн иҥнэр. Харчы баара буоллар, тугу санаабыппытын олоххо киллэрэн иһиэ этибит буоллаҕа.

Инникигэ туох былааннааххытый?

– Эппитим курдук, бэйэбит сыахпытын арынан, үлэни тэрийэн, сахалыы тыыннаах үчүгэй хаачыстыбалаах бренды олохтоон, киэҥ араҥаҕа тахсыахпыт этэ. Билигин сыахха барсар хостоохпут эрээри, наадалаах тэрилбит тиийбэт, ол табаарбыт сыанатыгар охсор. Ону таһынан муусукаҕа сыһыаннаах тэрээһини оҥоруохпутун баҕарабыт.

 

Хаартыскалар: Николай  Николаев тус архыыбыттан

Сонуннар

Ордук ааҕаллар

Уугун хана утуйан туруу — дьол
Сонуннар | 31.10.2024 | 14:00
Уугун хана утуйан туруу — дьол
Түүн утуйбакка сытар, сарсыарда буоларын кэтиир, аттыгар сытар киһини уһугуннарымаары биир сиргэ хамсаабакка буола сатааһын наһаа эрэйдээх, маны утуйбат дьон билэн эрдэхтэрэ.   Утуйбат буолууттан эрэйдэнэр дьон билигин үгүс. Ситэ утуйбакка туруу туох аанньа буолуой, сарсыныгар ээл-дээл, аат харата сүөдэҥниигин, төбөҥ ыалдьар, аны күнүс утуйан ылыаххын түүн эмиэ утуйуом суоҕа диэн...
Биэнсийэлээхтэргэ туох көмө баарый?
Сонуннар | 09.11.2024 | 10:00
Биэнсийэлээхтэргэ туох көмө баарый?
Быйылгыттан 100 сааһын туолбут ытык кырдьаҕастарга 1 мөл. солк. харчы төлөнөр буолбута. Биэнсийэлээхтэргэ өрөспүүбүлүкэ уонна дойду таһымнаах өссө ханнык өйөбүллэр баалларый?   Үлэ бэтэрээннэригэр Үлэ бэтэрээннэригэр, 55 саастарын туолбут эр дьоҥҥо уонна 50 саастарын туолбут дьахталларга, социальнай өйөбүл тугу үлэлээбиттэриттэн тутулуга суох көрүллүөхтээх.   Биэнсийэҕэ эбии 1226 солк. төлөнөр, сайабылыанньаҕытын МФЦ-га эбэтэр...
Лена Егорова: «Оҕолорбут тустарыгар бэйэбитин харыстаныахха»
Дьон | 07.11.2024 | 12:00
Лена Егорова: «Оҕолорбут тустарыгар бэйэбитин харыстаныахха»
Оҕото анараа сырыттаҕына, бааһырыы ыллаҕына, хайа ийэ сүрэҕэ долгуйбат, санааҕа ылларбат буолуоҕай. Оттон кини сибээскэ тахсыбатаҕына, олох да утуйар ууларын умналлар, үрдүк айыылартан эрэ көрдөһөн, кинилэргэ эрэ эрэнэн сылдьаахтыыллар.   Анал байыаннай дьайыы саҕаланыаҕыттан элбэх киһи олоҕо тосту уларыйда. Этэргэ дылы “ол иннинэ” уонна “ол кэнниттэн” диэн икки аҥы арахсыбыта. Лена...
Александра Иванова: «Биһигини Өктөөп тыыннаах хаалларбыта...»
Дьон | 07.11.2024 | 10:00
Александра Иванова: «Биһигини Өктөөп тыыннаах хаалларбыта...»
Дьүөгэм, урукку кэллиэгэм: “Биһиэхэ группаҕа  Александра Дмитриевна диэн 85 саастаах үҥкүүлүүр, ыллыыр, фитнескэ сылдьар, куорат бэтэрээннэрин хамсааһыныгар биир да тэрээһини көтүппэт уопсастыбанньык, олоххо олус көхтөөх көрүүлээх ытык кырдьаҕас баар. Билигин эдэр дьону кытта Бухара-Самарканд-Ташкент күүлэйдээн кэллэ”, – диэбитин соһуйа иһиттим.  Итинник эриэккэс киһини кытта хайаатар да көрүстэхпинэ сатанар диэн, бириэмэтин...