12.05.2022 | 15:00

Цифровой үөрэхтээһин — кэнчээри ыччат кэскилэ

Цифровой үөрэхтээһин — кэнчээри ыччат кэскилэ
Ааптар: Айыына ДОНСКАЯ
Бөлөххө киир

«IT-куб» Киин 2021 сыл балаҕан ыйын 1 күнүгэр тэриллэн, Ломоносов уулуссатын 37/1 №-гэр, Оҕо техническэй айымньытын киинин баазатыгар үлэлээбитэ. Муус устар 22 күнүгэр, хапытаалынай өрөмүөн кэнниттэн, Киин Горькай уулуссатын 98/1 №-гэр турар 4 этээстээх, 1500 кв. м тахса иэннээх аныгы, бары өттүнэн толору хааччыллыбыт дьиэҕэ көстө.

«IT-куб» цифровой үөрэхтээһин киинин үлэтин туһунан, урукку дьиэлэригэр үлэлии олордохторуна, кулун тутар ыйга суруйан турабыт. Бүгүн саҥа, аныгы олоххо эппиэттиир, үрдүк хааччыллыылаах дьиэҕэ үлэлиир, үөрэнэр тэрилтэ кэлэктиибин, үөрэнээччилэрин санаатын билсиэххэ.  

Елена Егоровна Алексеева, Дьокуускайдааҕы «Техническэй айымньы Киинэ» МБТ дириэктэрин иитэр-үөрэтэр үлэҕэ солбуйааччы:

— «IT-куб» – бырагыраамалааһын (программирование) эйгэтигэр оҕолор дьоҕурдарын сайыннарар хайысхалаах эбии үөрэхтээһин инновационнай балаһаакката. Бырайыак сыалынан РФ аан дойду информационнай технологияларын ырыынагар баһылыыр балаһыанньаҕа киириитин хааччыйыы буолар. Итинтэн сиэттэрэн туһааннаах исписэлиистэри бэлэмниир сорук турар. Онон сибээстээн биһиги кииммит «Samsung» курдук бөдөҥ хампаанньаны кытта үлэлэһэр. «IT школа Samsung» диэн дириҥэтэн үөрэтэр бырагыраамалаах, итиннэ үрдүкү кылаас үөрэнээччилэрэ «IT» төрүттэрин уонна «Java» тылын холобурунан «объектно-ориентированное программирование» диэни үөрэтэллэр уонна Android платформатыгар олоҕуран бэйэлэрин мобильнай сыһыарыыларын оҥороллор. Эһиилги үөрэх дьылыгар «Яндекс» хампаанньаны кытта үлэлэһэр былааннаахпыт, билиҥҥи кэмҥэ педагогтарбыт оҕолору «Яндекс. Лицей» бырагырааманан үөрэтээри, бэйэлэрэ үөрэнэ сылдьаллар.

«IT-куб» бары педагогтара федеральнай операторга үөрэнэн, квалификацияларын үрдэтиммиттэр.

Алексей Николаевич Попков, «IT-куб» цифровой үөрэхтээһин киинин салайааччыта:

— Саҥа дьиэҕэ көһүөхпүтүттэн куруһуоктарга суруйтарыан баҕалаах оҕо элбээтэ. Эдэр, кэскиллээх педагогтарбыт уонна үөрэнээччилэрбит туох баар наадалаах тэриллэринэн хааччыллыбыт кэбиниэттэргэ үлэлииллэрэ-үөрэнэллэрэ наһаа үчүгэй.  Инники өттүгэр IT-эйгэни кытта сибээстээх өссө элбэх хайысханы, бырагырааманы арыйар былааннаахпыт. Итини федеральнай реестртэн ылабыт, холобур,  «Кибергигиена» уонна «Большие данные». Маны таһынан, «гейм-разработканы» кытта сибээстээх хас даҕаны художественнай, айар хайысхалары былаанныыбыт. Быйыл олимпиадалары, куонкурустары,  вебинардары, маастар-кылаастары, хакатоннары ыыттыбыт. Биһиги үөрүүбүтүгэр, саҥа дьиэбитигэр лекториум, коворкинг-киин, актовай саала бааллар, онно оҕолору IT-технологияларга умсугутар араас тэрээһиннэри ыытабыт. Түгэнинэн туһанан ыҥырыы таһаарыахпын баҕарабын.

Убаастабыллаах төрөппүттэр, күндү үөрэнээччилэр! Биһиги, «IT-куб» педагогтара,  2022 сыл атырдьах ыйын 20 күнүттэн куруһуоктарга кэлэн суруттарыҥ диэн ыҥырабыт. Аадырыспыт: Горькай уул., 98/1.

Николай Михайлович Дьячковскай, эбии үөрэхтээһин педагога:

— Мин «Системное администрирование» бырагыраамаҕа үөрэтэбин. Оҕолор бу куруһуокка локальнай ситимнэри оҥорору, көмпүүтэр оҥоһуутун, көмпүүтэри, сетевой хаабылы талары үөрэтэллэр. Билигин биһиги сетевой тэриллэр «настройкаларын» үөрэтэ сылдьабыт. Ол иннинэ Windows – сервердары туруорууну ааспыппыт.

Мирослав Васильевич Матвеев, эбии үөрэхтээһин педагога:

«Программирование на языке Python» бырагыраамаҕа үөрэтэбин. Бу хайысханан оҕолор Python тылынан бырагыраамалааһын төрүттэрин үөрэтэллэр. Ол курдук, «базовай» принциптэри, тыл синтаксиһын, код структуратын баһылыыллар, бырайыактары оҥорон таһаараллар.

Алексей Анатольевич Дабдасов, эбии үөрэхтээһин педагога:

«Motion design» куруһуокка оҕолор компьютернай графика төрүттэригэр, моделируйдуурга, текстурированиеҕа, рендердииргэ уонна анимациялыырга үөрэнэллэр. Кинилэр бэйэлэрэ видеороликтары уонна 3D графиканы оҥорорго быраактыкаланаллар.

Айисен Александрович Новгородов, эбии үөрэхтээһин педагога:

— «Основы алгоритмики и логики» хайысханан үөрэтэбин. Итиннэ анимацияны, Scratch бырагырааманан комикстары оҥоробут, уруһуйдуубут, ол кэнниттэн «хамсаталыыбыт». Итини таһынан, «Марио», «Пакман» курдук 8-биттээх оонньуулары, араас лабириннары оҥоробут. Мультфильмнары уонна оонньуулары оҥорон, оҕолор логическай уонна алгоритмическай толкуйдарын сайыннараллар, хамаанданан үлэлииргэ үөрэнэллэр. Ити барыта инники олохторугар туһалаах буолуоҕа.

Татьяна Ивановна Попова, эбии үөрэхтээһин педагога:

«Программирование роботов» оҕолорго бырагыраамалааһын уонна «легоконструирование» туһунан өйдөбүлү биэрэр. Робототехникаҕа дьарыктанан, оҕо бэйэтин ис кыаҕын  арыйар, креативнай уонна идиэйэлэрин олоххо киллэриигэ хорсун буолар. Робототехника сааһыттан тутулуга суох интэриэһинэй. Оҕолор конструктор икки көрүҥүнэн дьарыктаналлар – LEGO Education Mindstorms EV3 уонна Vex EDR. Үөрэнээччилэр бырайыактыылларын, роботтары хомуйалларын, бырагыраамалыылларын уонна куонкуруска кытталларын сөбүлүүллэр.

Роман Константинович Прудецкай, эбии үөрэхтээһин педагога:

«Разработка VR/AR приложений» куруһуогу ыытабын, манна 3d-моделлааһын, панорамнай устуу, VR/AR тэриллэри хомуйуу уонна настройкалааһын баар. Дьарык кэннэ оҕолор бэйэлэрин бырайыактарын оҥороллор.

Алта толору хайысханы сэргэ «IT-куб» саҥа дьиэтигэр коворкинг-киин, лекториум, медиатека, интерактивнай саала, саахымат хоһо уо.д.а. бааллар. Бүгүҥҥү күҥҥэ «IT-куб» кииҥҥэ 800-тэн тахса оҕо үөрэнэр. Кинилэр санааларын истиэҕиҥ.

Артур Бугулов:

— Мин 7-с №-дээх оскуола 7 кылааһын үөрэнээччитэбин.  Манна «системное администрирование» диэҥҥэ дьарыктанабын. Инники олохпун IT-эйгэни кытта сибээстиибин, онон наада буолуо диэммин ити хайысханы таллым. Манна үөрэнэрбин наһаа сөбүлүүбүн, саҥа дьиэбит кэбиниэттэрэ аныгы тэрилинэн барытынан хааччыллыбыттар.

Арылхан Иевлев:

— 31-с №-дээх оскуолаҕа 7 кылааска үөрэнэбин. Python бырагыраамалааһын тылын талбытым, кини 1-гы миэстэҕэ турар. Араас бырайыактары оҥоруом диэн былаанныыбын. Кииммит саҥа дьиэтэ наһаа улахан, табыгастаах. Үөрэхпин салҕыыр баҕалаахпын.

Иван Стручков:

— Келле-Пелле аатынан 26-с №-дээх оскуолаҕа 6 кылааска үөрэнэбин. «Motion design» куруһуокка 3D моделированиеҕа, анимацияҕа уонна видеоролик оҥорорго үөрэнэбин. Саҥа дьиэҕэ үөрэнэрбиттэн үөрэбин, оҕолору куруһуоктарга суруттарыҥ диэн ыҥырабын.

Александра Максимова:

— Н.О. Кривошапкин аатынан 5 №-дээх оскуолаҕа 6 кылааска үөрэнэбин. Алексей Анатольевич куруһуогар олус сөбүлээн дьарыктанабын. Кэнэҕэски идэбин тала иликпин да буоллар, графическай дизайн хайысхатынан билэрим наада буолуо дии саныыбын.

Дьулустан Бурцев:

— 2-с №-дээх оскуолаҕа 8 кылааска үөрэнэбин. Манна «Motion design» дьарыктанабын, дизайн уонна айар үлэ. Blender 3D, DaVnci, Resolve бырагыраамаларынан үлэлиибит. Саҥа дьиэбит аныгы дизайннаах, наһаа кыраһыабай.

Ньургустан Вырдылин:

— В.И. Малышкин аатынан 23-с №-дээх оскуолаҕа 6 кылааска үөрэнэбин. VR/AR куруһуокка элбэххэ үөрэнним – 3d моделированиеҕа уонна «игровой движокка» үлэлииргэ. Көмпүүтэргэ Blender уонна Unity бырагыраамаларынан үлэлиибит. Куруһуокпут наһаа интэриэһинэй, оҕолорго суруттарыҥ диэн сүбэлиибин.

Цифровой үөрэхтээһин киинэ Саха АССР төрүттэммитэ 100 сылыгар арыллыбыта ураты суолталаах. Быйыл Техническэй айымньы киинэ 50 сыллаах үбүлүөйүн бэлиэтиир. Үбүлүөйүн көрсө киин саҥа дьиэҕэ киирэн, дьоһун бэлэҕи тутта. Айымньылаах кэлэктиип үүнэр көлүөнэни IT-эйгэ кистэлэҥэр үөрэтэн, киэҥ араҥаҕа тахсарыгар төһүү күүс буолара саарбахтаммат.

Сонуннар

Ордук ааҕаллар

Медик: «Бааһырбыт байыаспын дөйүтэн баран соһорум»
Дьон | 20.12.2024 | 12:00
Медик: «Бааһырбыт байыаспын дөйүтэн баран соһорум»
Олус ыарахан кэпсэтии буолла. Ааҕааччыга тиэрдэр гына суруйуохха наада. Дьоруойум сөбүлэҥин ылыахпын наада. Тоҕо диэтэххэ кини анал байыаннай дьайыыга сылдьыбыт кэрэ аҥаар,  ийэ, медик. Кэпсии олорон ытаатаҕына, сырҕан бааһын таарыйаммын диэн кэмсинэн ылабын, онтон эмиэ чочумча буолан баран салгыыбыт.   Кини позывнойун кистиир, ханна баарын, билигин ханна олорорун эмиэ эппэппит. Сөбүлэһэн...
Үчүгэйи көрөргө хаһан үөрэнэбит?
Сонуннар | 14.12.2024 | 13:15
Үчүгэйи көрөргө хаһан үөрэнэбит?
Сиэн көрө куоракка кыстыыбын. Күн аайы оптуобуһунан оҕобун оскуолаҕа илдьэбин-аҕалабын. Быйыл, дьэ, этэргэ дылы, үйэ тухары хамсаабатах маршруттарга уларыйыылар таҕыстылар. Бассаапка үөхсэн туох туһа кэлиэй, төттөрүтүн, дьону күөртээн эрэ биэрии курдук. Ол иһин бу турунан туран Дьокуускай куорат сахалыы тыллаах хаһыатыгар санаабын тиэрдэргэ соруннум.  Бииринэн, нэһилиэнньэбит ахсаана күн-түүн улаата турар....
Сатаан салайыы, тэрийии — эмиэ талаан
Дьон | 14.12.2024 | 18:00
Сатаан салайыы, тэрийии — эмиэ талаан
Харах ыларынан хаһан да бүппэттии көбүүс-көнөтүк тыргыллар бэс чагда устун айан суолунан сыыйылыннаран иһэн, «Дьиикимдэ» диэн суруктаах бэлиэҕэ биирдэ баар буола түстүбүт. Туох-хайдах дьарыктаах, тугунан тыынар нэһилиэккэ киирэн эрэрбитин аартыкка баар суруктаах бэлиэ кэпсииргэ дылы.  Бүгүн биһиги “Дьиикимдэ дьээбэлэрэ” көр-күлүү тыйаатырын артыыһа, режиссера, продюсера Артур Николаевич Егоровтыын нэһилиэк култуурунай олоҕун...