«Цифровой үөрэҕирии эйгэтэ-2022» регионнааҕы бырайыак туоната аһылынна
Үөрэнээччиллэри уонна педагогическай кэлэктииби дьоһун түгэнинэн куорат баһылыга Евгений Григорьев эҕэрдэлээтэ.
«IT-салааны сайыннарыы – куораппыт 2032 сылга диэри сайдыытын стратегиятын сүрүн пууннарыттан биирдэстэрэ. Бүгүн оскуолаттан саҕалаан үрдүк үөрэх кыһатыгар тиийэ цифровой үөрэҕириинэн толору хааччыйар кыахтаахпыт. Ол иһин IT ханнык баҕарар салаатыгар үөрэнэр кыах – ситиһиилээх инникигэ маҥнайгы хардыы», - диэн бэлиэтээтэ Евгений Григорьев.
Туона аһыллыытыгар Уопсай уонна эбии үөрэхтээһин, иитии эйгэтигэр судаарыстыбаннай бэлиитикэ департаменын салайааччыта Лена Тен, Иннополис университетын үөрэҕириини цифровизациялааһыҥҥа киинин салайааччыта Татьяна Камалетдинова кытыннылар.
Үөрэнээччилэр ааттарыттан «Глобальнай үөрэхтээһин киинэ» гимназия бэрэсидьиэнэ Тимур Николаев СӨ Үөрэҕириигэ министиэристибэтигэр, Олохтоох дьаһалтаҕа, СӨ Технологияҕа институтугар махтал тылын эттэ.
Алтынньы 11 күнүгэр «Цифровой үөрэҕирии эйгэтэ-2022» регионнааҕы бырайыак чэрчитинэн уопсайа 67 туона 34 муниципальнай оройуоҥҥа уонна куорат 2 уокуругар арылынна.