29.07.2022 | 14:00

«Чыпчаал» — сис ыарыытын өстөөҕө

Чыпчаал – киһи иҥиирин, силгэтин, этин-сиинин, ис туругун көннөрөр-бөҕөргөтөр, чэбдигирдэр сонун уонна хорсун тренажёр.
«Чыпчаал» — сис ыарыытын өстөөҕө
Ааптар: Баһылай ПОСЕЛЬСКАЙ
Бөлөххө киир

Саастарыттан тутулуга суох үгүс дьон, ол иһигэр оҕолор эмиэ, сүһүөх, сис ыарыыларыттан эрэйдэнэллэр. Күүтүллүбэтэх өттүттэн араас дэҥҥэ-оһолго да түбэһэн эчэйиилэри ылбыттар бааллар. Сахабыт сиригэр сүһүөх ыарыыларын үтүөрдэр анал балыыһалар, чэбдигирдэр кииннэр үлэлииллэр. Норуот эмчиттэрэ кыһамньыларын ууран көмөлөһөллөр.

 

Кинилэр ортолоругар Дьокуускайга “Чыпчаал” физкультурнай-чэбдигирдэр кулууп аһыллан үлэлээбитэ икки сыл кэриҥэ буолла. Кулууп “Лена” киинэ тыйаатырын утары турар “Холбос” дьиэтин иккис этээһигэр таҕыстаххына уҥа диэки баар. Эти-сиини, илии-атах, сис сүһүөхтэрин, былчыҥы-иҥиири чөлүгэр түһэрэр сыаллаах-соруктаах үлэлиир. Инньэ гынан, туруктарын өссө тупсарар, күүһүрдэр инниттэн, спордунан дьарыктанар ыччаттар, өрөспүүбүлүкэҕэ биллэр спортсменнар эмиэ кэлэн дьарыктанан, эрчиллэн бараллар эбит. Былырыын, саҥа саҕалаан эрдэхтэринэ, "Саха” тэлэбиидэнньэ “Саха сатаабата суох” биэриигэ кыратык сырдатан турар.

“Тардыныы” бөлөх салайааччыта Дмитрий Захаров сүбэтинэн анаан-минээн “Чыпчаал” салайааччыларыттан биирдэстэрин кытта көрсөн кэпсэттибит.

Егор Егорович Кирсанов Томпо Кириэс Халдьаайытыттан төрүттээх-уустаах. Оҕо сааһа Кириэс Халдьаайыга ааспыт. “Правило” диэн дьикти көрүҥүнэн дьарыктаммыта үһүс сылыгар барбыт. Бэйэлэрэ сахатытан оҥорбут көннөрөр-сааһылыыр тренажёрдара биир ыйынан иккис сылын туолар. "Править” – көннөрөр диэн тылбаастанар. Егор Егорович бэйэтэ медицинаҕа чугас. Сүүрбэччэ сыл илии-атах протеһын оҥорор тэрилтэҕэ үлэлээбит, кэлин дириэктэрдээбит. Идэтинэн дьону атахха туруорар ортопед-протезист. Сис ыарыылаахтары көннөрөр, үтүөрдэр. Сиһи туттарар. Систэригэр араас диагнозтаах, сколиозтаах дьону кытта үлэлэһэр. Эчэйиилэри ылбыт дьону кытта үлэлэспитэ, үтүөрдүбүтэ элбэх. Уҥуох-сүһүөх эйгэтигэр спортивнай медицинаны баһылаабыт. Бэйэтэ айбыт тренажерыгар кылгас кэм иһигэр эрчиллэн, ыйааһынын 105 киилэттэн 85 киилэҕэ диэри түһэриммит. Лаппа чэпчээбит, бэйэтин кыанар буолбут.

Хас да сыллааҕыта бэйэтэ уҥуох, сүһүөх эчэйиитин ылбыт. Ылбыт эчэйиитин кэнниттэн чөлүгэр түһэринээри, Белоруссияттан табаарыһа Түмэн Хамаганов аҕалбыт тренажеруттан саҕалаан, кэлин тупсаран, доҕоро Николай Баишевтыын саҥа тренажёру оҥорон таһаарбыттар. Белоруссия торуоһунан, сыабынан үлэлиир тренажера барытын көннөрөр, сааһылыыр кыаҕа аҕыйах эбит диэн санаанан салайтаран. Онуоха маарынныыр тренажер Арассыыйаҕа элбэх эбит. Саха омуга чэгиэн-чэбдик буоларыгар тренажёру уларытан-тэлэритэн, тупсаран, саҥа функциялары киллэрэн, торуоһун суон быаҕа уларытан, түөрт салааттан тэҥинэн дьарыктыыр оҥорбуттар. Ол эбэтэр түөрт тренажеру холбоон биир араамаҕа киллэрэри ситиспиттэр. Уратыта – сискэ, сүһүөххэ, иҥиири, силгэни кытта үлэ барыта тэҥинэн ыытыллар. Бүтүннүү динамика, статика үлэтэ. Дьикти көрүҥ. Сүрдээх көдьүүстээх диэн ааҕар. Дьон, оҕолор, кэлэн дьарыктаннылар да, тилигирии түһэллэр эбит. Аныгы ыччаттар урукку сэбиэскэй кэм дьонунааҕар мөлтөхтөр диэн санаалаах. Оттон “Чыпчаалга “ кэлэн сүһүөх-иҥиир анал тренажердарыгар эрчилиннилэр да, сүрдээҕин эбиллэллэр эбит. Спорт араас көрүҥүнэн – тустуунан, мас тардыһыытынан, панкратионунан дьарыктанааччылар кытта кэлитэлииллэр.

“Чыпчаалга” биир киһи биир чаас эрчиллэр. Тренажердарга ууннары тардар эрчиллиилэр оҥоһуллаллар. Аан бастаан, тренажерга киириэҥ иннинэ, эккин-сииҥҥин, сүһүөхтэргин сылытаҥҥын хамсанаҕын-имсэнэҕин. Онтон, дьэ, тренажер балаһааккатыгар киирэҕин. Онно илиилэргэр-атахтаргар хам бааллыбыт быа-торуоһу инструктор сэппэрээтэр курдук эргитэр. Абытайа-татакайа онно саҕаланар. Били, көҥүл хамсана-имсэнэ, хаама-сиимэ сылдьыбытыҥ суох буола түһэр. Табыгаһа суох балаһыанньаҕа киирэн хаалаҕын.

Үс-түөрт суол балаһыанньаҕа киирэн тахсаҕын: умса, тиэрэ, түөрт лабааларыҥ холбоспот гына түөрт аҥыы, төбөҕүнэн таҥнары. Ол аайы тренажер механизма тохтотуллар, букатын атыннык хам бааллаҕын. Балаһыанньаҥ уларыйар кэмигэр тыын ылан сынньанан ылыаххын син. Илиилэриҥ-атахтарыҥ кытаанах, чиҥ быанан баалланнар, салгыҥҥа биэтэҥниир турукка киирэҕин. Онно барытыгар инструктор уонна инструктор көмөлөһөөччүтүн “бас билиилэригэр” киирэн хаалаҕын. Инструктор ыйыытынан-кэрдиитинэн кини көмөлөһөөччүтэ биитэр бэйэтэ механизмы эрийэн үлэлэтэр. Илиилэриҥ-атахтарыҥ ууннары тардыллыбыт кэмигэр быа-торуоһу бэйэҕэр тардыалыыгын. Итиннэ илиилэриҥ-атахтарыҥ, сиһиҥ, тараһаҥ былчыҥнара, иҥиирдэрэ, силгэлэрэ барыта араастаан мускуллаллар, салгыҥҥа эргичийэҕин-урбачыйаҕын. Былчыҥнарыҥ, иҥиирдэриҥ хас биирдии утахтара “баалларын” биллэрэллэр. Утарсыы бөҕөтүн көрсөҕүн, көлөһүнүҥ сарт түһэр.

Холобур, таҥнары ыйанан турууга тараһа, атах былчыҥнарын  хачайдыахха сөп, өрө-таҥнары хачайданан, корпускун имитэҕин, сискин көннөрөҕүн, эттигиҥ хас биирдии квадратнай сантиметрын, ньиэрбэ килиэккэлэрин “уһугуннараҕын”, ис уорганнарыҥ миэстэлэрин булаллар, мэйиигэр хаан эргиирэ тупсар. Ханнык былчыҥнардааххын даҕаны билэр буолаҕын. Киһи айылҕа оҕото буоларын билэргэ олус табыгастаах. Эккин-сииҥҥин сааһыланаҕын, көннөрөн биэрэҕин. Үгүс дьон, арааһа, үйэлээх-сааспытыгар таҥнары туруу алыбын билбэккэ да сылдьар буолуохтаахпыт.

Бүтэһигэр “тибетскэй” боробулуоха минньигинэн эккин-сииҥҥин “таһыйан”, илбийэн массаастыыллар.

Дьарыктанааччылар маҥнай утаа ыарырҕатан баран, үөрэнэллэр эбит. Ол аата сайдыы бардаҕа диэн кэбис! Эти-сиини эрчийэргэ, үүнэргэ-сайдарга олус абыраллаах тренажер! Тренажер туһата, көдьүүһэ олоххо, практикаҕа дакаастаммыт. Хас биирдии киһи бэйэтин тургутан да көрөрүгэр, бэрэбиэркэлэнэригэр даҕаны олус наадалаах. Иҥиириҥ сонуур, кытаатар, кыаҕыҥ-күүһүҥ эбиллэр, сэниэ үөскүүр. Кыра ыйааһыннаахтар ыйааһыннара эбиллэр, элбэх ыйааһыннаахтар хос ыйааһыннарын лаппа көҕүрэтэллэр. 

Егор Кирсанов бэйэтэ ити биир чаастаах дьарыгы тохтоон, сынньанан, тыын ылан көрбөккө быһаарар. Били эчэйиитэ ханан баарын билбэккин, сэрэйбэккин даҕаны.

“Чыпчаалга” номнуо 11-тэн 75-гэр диэри саастаах сүүһүнэн киһи сылдьыбыт. Туһаммыттар, сөбүлээбиттэр, астыммыттар. Тыйыс айылҕалаах Сахабыт сиригэр тулуурдаах, кыайыгас-хотугас буолууну үөскэтэр, сис-сүһүөх ыалдьарын суох оҥорор улахан абыраллаах тренажеру туспутугар туһаныаххайыҥ!

Сонуннар

Ордук ааҕаллар

Аҕаа, бырастыы
Сынньалаңңа | 27.11.2024 | 10:00
Аҕаа, бырастыы
Уйбаан нэһиилэ сэттис этээскэ сынньана-сынньана кирилиэһинэн тахсан, кыыһа олорор ааныгар кэлэн, оргууй соҕус тоҥсуйда. Баҕардар дьиэҕэ ким да суоҕа дуу дии санаан, кулгааҕын ааҥҥа даҕайан иһиллээн тура түстэ. Киһи атаҕын тыаһа хааман кэлэн, сиэнэ уол куолаһа нууччалыы: «Кто там?» – диэн ыйыппытыгар: – Мин. Тоойуом, мин кэллим, ааҥҥын арый, –...
Кымыс Байбал ыра санаата туолуо дуо?
Сытыы муннук | 28.11.2024 | 14:00
Кымыс Байбал ыра санаата туолуо дуо?
Үөһээ Бүлүү улууһун Маҥаас нэһилиэгин 9 оҕолоох ыалын улахан уола Байбал Васильев оҕо эрдэҕиттэн эппиэтинэскэ үөрэммитэ, хайдахтаах да уустуктан чаҕыйбат, кыраларга холобур буола улааппыта күн бүгүнүгэр  диэри биллэр. Ытык киһибит быйыл 75-с хаарын санныгар түһэрдэ, сааһырда. Ол эрээри олоххо киллэрбит кыһыннары кымыстыыр дьарыгын тохтотуон, өбүгэ кымыстыыр үгэһин үйэтитэр баҕатыттан аккаастаныан...
Туох да мээнэҕэ буолбат
Сынньалаңңа | 25.11.2024 | 23:17
Туох да мээнэҕэ буолбат
Сардаана куруук да холку-наҕыл бэйэтэ, мэктиэтигэр хараҕын уута биллэ-көстө ыгыллан тахсыар диэри абатыйда. Кыһыйбытын омунугар „үөрүүлээх“ сонуну тиэрдибит суотабайын дьыбааҥҥа элиттэ. Хаарыан былаан!! Күүтүүлээх көрсүһүү хаалла!! Бүгүн үлэтигэр бардаҕына табыллар буолбут!   Саатар, бэҕэһээ биллибитэ буоллар. Түүҥҥү дьуһуурустубатын кэнниттэн сынньаммакка, түүннэри былаачыйа тиктэн „быччайан“ олоруо суох этэ! Кыргыттара төһө эрэ хомойоллор....
Күндү күтүөт, көмүс күтүөт, көйгө күтүөт...
Сонуннар | 01.12.2024 | 12:00
Күндү күтүөт, көмүс күтүөт, көйгө күтүөт...
«Теща» туһунан атын омуктарга олус элбэх анекдот, көр-күлүү баар. Оттон биһиги, сахалар, күтүөт уолбутун хайдах ылынабыт, сыһыаммыт хайдаҕый, төһө тапсабытый? Өйдөспөт түгэн таҕыстаҕына, кыыскын көмүскүүгүн дуу, күтүөт диэки буолаҕын дуу? Онон бүгүн күтүөттэр туһунан кэпсэтиэххэйиҥ.   Светлана Петровна: — Мин ыал буолбутум оруобуна 40 сыл буолла. Ол эбэтэр 1984 сылга дьонум...