24.05.2023 | 22:06

Чурапчыга чыркымайы бултааһын

Чурапчыга чыркымайы бултааһын
Ааптар: Александр ПОСТНИКОВ-СЫНДЫЫС
Бөлөххө киир

Бу түбэлтэни күтүөтүм биир «иһит» кэнниттэн ирэ-хоро, астына аһаатаҕына, сөбүлээн кэпсиирэ. Кини дьоһуннаах баҕайытык оллоонноон олорон,  ньолоҕор сэҥийэтигэр абына-табына үүммүт бытыгын имэринэ-имэринэ, кэпсээн үмүрүҥнэтэр. Оччоҕуна, Чурапчыттан төрүттээх доҕотторбунаан мөккүһэ-мөккүһэ, сырыы аайы салгыбакка күлэбит. Ол иһин, ааҕааччыларым чуҥкуйан эрдэхтэрэ дии санаан, бу кэпсээни тиэрдэргэ быһаарынным. Айылааҕын, булчут барахсан кыра-улахан диэн аахсыбакка, булт үлүскэнигэр ханна-ханна тиийбит-түгэммит көрдөөх түгэннэриттэн быһа тардыы, харчы иэс биэрии буоллаҕай! Хата, мөккүөр үөскээбит Чурапчытыгар ууну хото хаһаананнар, кус-хаас тоҕуоруйар улуу эбэлэрэ үөскээтилэр дэһэллэр. Онон, күтүөтүм булчут сиэринэн кыратык халыта кэпсиир түбэлтэтэ, чопчу Чурапчыга буолбутун бигэргэтэр кыах суох эрээри, киин улуустарга ханна да, кус аччаабытын мэлдьэһэр кыах суох… Дьэ, онон арай биирдэ…

Уйбаан бүтэй Бүлүүттэн Чурапчыга күтүөттээн кэлбит, бэрт мөдөөн туттуулаах, бытаан саҥалаах, олус бүгүрү үлэһит. Ыраахтан сылдьар күндү күтүөтү бэркэ маанылаабыттар, атаахтаппыттар. Ол эрээри, тыа сирин олоҕо ханна да, хаһан да бүппэт-оспот үлэлээҕэ биллэр. Сатахха сайын күрэҥсийэн, от былдьаһыытын кэмэ тиийэн кэлбит. Онон эдэр ыал мүөттээх ыйдара саҕаланан иһэн, саҥа аймахтарыттан анаммыт ньирэйдээх ынаҕар, дьиэ-кэргэн аҕа баһылыгын быһыытынан, биир кыракый алааска оттуур буолла.

Бастакы күн этин үөрэтэ таарыйа, суол таһыттан саҕалаан, саһарамтыйан эрэр оту сиҥнэри дайбаан түөрэҥэлии сырытта. Хагдарыйан эрэр от «сыып-саап сыбаайба, сыа-саал сиэтэхпит» диэн ыллыыр сытыы кылыс таарыйдаҕын аайы, күндү күтүөт кэнниттэн сэлэлии сытан истэ. От охсооччу сайыҥҥы тиһэх күннэри баттаһа, кэрэ айылҕалаах дойду сиригэр оттууруттан, эдэр ойоҕун бүгүн эмиэ кууһуохтааҕыттан санаата көнньүөрэн, көхсүн иһигэр киҥинэйэн ыллыыр, сотору-сотору хотуурун дьоһуннаах баҕайытык «чууп-чаап» сытыылыыр.

Ити сырыттаҕына, үрдүнэн биир чыркымай соруктаах баҕайытык тиэтэйэ-саарайа, илин диэки көтөн сарыкынайан ааста. Өр-өтөр буолбакка, көлөөскөлөөх икки матассыыкылга ыы-быччары кытаахтаһан олорор уолаттар тибиирдэн кэлэннэр, хорус гыннардылар уонна туох да «дорообото», «дыраастыйа» суох ыксал үлүгэринэн: «Чыркымай манан ааста дуо?!» – диэн хаһыытастылар. Уйбаан, соһуйдар даҕаны, Дьокуускайга баар Элиэнньин пааматынньыгын курдук, илиитинэн илин диэки ыйда. Ол кэннэ, дьэ, наллаан кэпсээри айаҕын атан истэҕинэ, дьонноро ыйбыт сирин диэки уруулларын хоолдьугун эрийээт, гаазтаан барылаттылар. Тыа быыһынан барар суолга матассыыкыллара иҥнэл-таҥнал хойуоллаҥнаат, көхсүлэрэ аҕыйахта сүгүллэҥнээн сүппүтүн кэннэ биирдэ, биһиги киһибит сыҥааҕа төлө баран «лас» гынна.

Сааһыт сааһыты көрүстэҕинэ кэпсээн-ипсээн тимэҕэ сөллөөччү этэ ээ. Бука арааһа, ити түгэҥҥэ сааһыт үгэһинэн, барбыт чыркымай эмиһин туһунан кэпсиэхтээҕэ, биитэр төһө кустааххытый диэн ыйытыахтааҕа хаалла. Ону баара  булчут уолаттар саата суох Уйбааны булка сыһыана суох отчут эрэ курдук  көрдүлэр бадахтаах. Чэ, уонна булду эккирэтиһии үлүскэнигэр налыччы кэпсэтэр сололоро да суох курдук… 

Күтүөт ити кэнниттэн хайдах эрэ дьааххана санаан, суолтан иһирдьэ киирэн, көлүччэтин тулатын охсорго дьаһанна. Арай хамсалаах табах быстыҥа охсубутун кэннэ, илин диэкиттэн били чыркымайа эбитэ дуу, атын эбитэ дуу, сүр түргэнник көтөн тилигирэтэн кэлэн, көлүччэҕэ «сарк» гына түһээт, от быыһыгар мэлис гынан хаалла. Уйбаан дойдутугар элбэх куһу-хааһы сууһарбыт киһи быһыытынан, кыра аайы болҕомтотун уурбакка, салгыы охсон сырылата сырытта.

Эмиэ өр-өтөр буолбат, илин диэкиттэн элбэх техника тыаһа өрө ньирилээн иһэрэ иһилиннэ. Сотору баарыҥҥы тимир көлөлөргө массыына, элбэх үлэни көрсүбүт көрүҥнээх тыраахтар эбиллэн, били Гудериан танковай сэриилэрин курдук, тыа быыһыттан халҕаһалыы анньан киирдилэр. Алаас саҕатыгар хорус гыммыт техникалартан сытыы-хотуу уолаттар ыстаныталаан түстүлэр. Сааларын-сэптэрин «лис-лас» ииттэ охсоот, көлүччэ таһыгар турар Уйбааҥҥа икки өттүнэн кимэн бардылар. Күтүөт дьулайбыт санаатыгар күн уотугар тымныынан хаарыйа күлүмүрдүүр сэптэрэ-сэбиргэллэрэ да элбэҕэ сүрдээх. Биир биэс тыла суох биэстэ эстэр уһун аптамаат саалар кини диэки туһаайбытынан иһэллэр. Сирэйдэрэ-харахтара турбута, тыйыһырбыта – тустаахха суоһар хартыына. Чахчы сиир-аһыыр санаалаах суптурута көрөн иһэллэр.

Отчут ыксаан, даллайан турда.  Онтон чыркымайы кытта хос ытыллар буоллум диэн санаа кыламнаата, устунан хотуурун быраҕан, икки илиитин өрө ууммутун бэйэтэ да билбэккэ хаалла. Уолаттара уот курдук умайар харахтара көлүччэ уутугар хараҕаламмытынан, кинини киһи баарыгар холуйбакка, баҕананы тумнар курдук халыйа көтөн аастылар. Устунан, оҕуска үөмэн эрэ хахайдар курдук, түөрт атах буоллулар. Хаптаҥнаһан, сыбдыҥнаһан,  харахтарын харалара эрэ хамсаан, көлүччэ иэнин миллимиэтиригэр тиийэ сирийэ көрөн сирилэттиллэр. Хойуу оттоох күөл тулата «шумел камыш, деревья гнулись» диэн ырыаны санатан, суугунуу түстэ.

Уйбаан, кусчуттар аттынан ааспыттарын эрэ кэннэ биирдэ, өй булан илиитин түһэрдэ уонна кыбыстан ким да көрбөтө ини диэбиттии тулатын көрүнээт, бэйэтиттэн кэлэйэн түһэҕин «сарк» гына охсунна. Өлүү түбэлтэлээх диэбиккэ дылы, ону эрэ күүппүттүү, сонно тута тыҥаан турбут уу-чуумпуну аймаан, чыркымай эрэйдээх уолаттар атахтарын анныттан тарыкынайан тахсан, биһиги киһибит үрдүнэн кэллэ. Куттаммыт санааҕа бу саҥата улаханын, бөдөҥүн. Тыһыынчанан киһи тоҕуоруспут стадионугар аарыма динамиктартан иһиллэр диктор саҥатын курдук, үрүт-үөһэ мээтиргээн, кыра алааһы ылан кэбистэ. Оччону көрөн баран, булчут хааннаах уолаттар туруохтара баара дуо? Өстөөх арҕаҕын, Берлини артиллериянан дэлбэритэ ытыалаабыттарын курдук, доҕордуу күргүөмнээх ытыы чоҥолох алааһы тиэрэ эргитэн кэбистэ…

Күтүөт барахсан кулгааҕын саба туттубутунан, сирэйинэн окко умса баран түстэ. Төһө өр сыппыта биллибэт, модун техникалар собуоттанар тыастарыттан «уһуктан», төбөтүн өндөтөн көрбүтэ – итии хааннаах уолаттар тиэтэйбиттэрэ сүр, төттөрү, илин диэки туох баардарынан түһүнэн кэбистилэр. Бүтэһик хаалбыт тыраахтар, мин да хаалсыбатарбын диэбиттии, хара буруонан уһуура-уһуура, күөрэ-лаҥкы түһэн саппай уопса тураахтаата. Бука, чыркымай эрэйдээҕи эмиэ эккирэттэхтэрэ…

Тириппит-хоруппут Уйбаан чочумча саараан, уоскуйа турдаҕына, аны чыркымайа төннөн кэлэн, кинини үрдүнэн арҕаа диэки суһугураан ааста. Маны көрөн,  отчут олох ыксаата… Өссө халыҥ аармыйа кэлэриттэн саллан, суһал үлүгэрдик хомунаат, дьиэтин диэки сабаата…

Сонуннар

Ордук ааҕаллар

Аҕаа, бырастыы
Сынньалаңңа | 27.11.2024 | 10:00
Аҕаа, бырастыы
Уйбаан нэһиилэ сэттис этээскэ сынньана-сынньана кирилиэһинэн тахсан, кыыһа олорор ааныгар кэлэн, оргууй соҕус тоҥсуйда. Баҕардар дьиэҕэ ким да суоҕа дуу дии санаан, кулгааҕын ааҥҥа даҕайан иһиллээн тура түстэ. Киһи атаҕын тыаһа хааман кэлэн, сиэнэ уол куолаһа нууччалыы: «Кто там?» – диэн ыйыппытыгар: – Мин. Тоойуом, мин кэллим, ааҥҥын арый, –...
Кымыс Байбал ыра санаата туолуо дуо?
Сытыы муннук | 28.11.2024 | 14:00
Кымыс Байбал ыра санаата туолуо дуо?
Үөһээ Бүлүү улууһун Маҥаас нэһилиэгин 9 оҕолоох ыалын улахан уола Байбал Васильев оҕо эрдэҕиттэн эппиэтинэскэ үөрэммитэ, хайдахтаах да уустуктан чаҕыйбат, кыраларга холобур буола улааппыта күн бүгүнүгэр  диэри биллэр. Ытык киһибит быйыл 75-с хаарын санныгар түһэрдэ, сааһырда. Ол эрээри олоххо киллэрбит кыһыннары кымыстыыр дьарыгын тохтотуон, өбүгэ кымыстыыр үгэһин үйэтитэр баҕатыттан аккаастаныан...
Туох да мээнэҕэ буолбат
Сынньалаңңа | 25.11.2024 | 23:17
Туох да мээнэҕэ буолбат
Сардаана куруук да холку-наҕыл бэйэтэ, мэктиэтигэр хараҕын уута биллэ-көстө ыгыллан тахсыар диэри абатыйда. Кыһыйбытын омунугар „үөрүүлээх“ сонуну тиэрдибит суотабайын дьыбааҥҥа элиттэ. Хаарыан былаан!! Күүтүүлээх көрсүһүү хаалла!! Бүгүн үлэтигэр бардаҕына табыллар буолбут!   Саатар, бэҕэһээ биллибитэ буоллар. Түүҥҥү дьуһуурустубатын кэнниттэн сынньаммакка, түүннэри былаачыйа тиктэн „быччайан“ олоруо суох этэ! Кыргыттара төһө эрэ хомойоллор....
Күндү күтүөт, көмүс күтүөт, көйгө күтүөт...
Сонуннар | 01.12.2024 | 12:00
Күндү күтүөт, көмүс күтүөт, көйгө күтүөт...
«Теща» туһунан атын омуктарга олус элбэх анекдот, көр-күлүү баар. Оттон биһиги, сахалар, күтүөт уолбутун хайдах ылынабыт, сыһыаммыт хайдаҕый, төһө тапсабытый? Өйдөспөт түгэн таҕыстаҕына, кыыскын көмүскүүгүн дуу, күтүөт диэки буолаҕын дуу? Онон бүгүн күтүөттэр туһунан кэпсэтиэххэйиҥ.   Светлана Петровна: — Мин ыал буолбутум оруобуна 40 сыл буолла. Ол эбэтэр 1984 сылга дьонум...