29.10.2022 | 13:00

Чороон — уйгулаах санаа бэлиэтэ

Саха АССР оскуолаларын араас сылларга бүтэрбит выпускниктар түмсүүлэрэ кэнники кэмҥэ элбээтэ. Бу маннык хамсааһыны аан бастаан 1983 сыллаахха оскуоланы бүтэрбиттэр саҕалаабыттара.
Чороон — уйгулаах санаа бэлиэтэ
Ааптар: Лилиана Антонова, Маргарита Степанова (Акимова)
Бөлөххө киир

Кинилэр суолларын сэргээн, биһирээн, биһиги, Саха сирин оройуоннарын оскуолаларын 1985 сылга бүтэрбиттэр, түөрт сыллааҕыта эмиэ түмсүү тэриммиппит. Онон бүгүн киэҥ нэлэмэн өрөспүүбүлүкэбит хайа да нэһилиэгэр тиийдэхпитинэ, үөлээннээхтэрбит истэригэр "Пароль 85" диэнинэн тутатына биир тылы булабыт. Аҥаардас биир сылга оскуоланы бүтэрбиппитинэн эрэ үйэҕэр харахтаабатах, айах атан кэпсэппэтэх дьоммутунуун алтыһыыны биһиэхэ бу түмсүү биэрдэ. Бары биир салгыҥҥа уйдаран, биир санааҕа оҕустаран, бу сыллар усталарыгар “Выпуск-85” түмсүүбүт иһинэн бииртэн биир сонун тэрээһиннэри ыытан кэллибит.

Ол курдук, 2019 сылга "Үтүө дьыала Кубога" диэн бырайыагы саҕалаабыппыт. Кубокпыт биир төгүрүк сыл устата өрөспүүбүлүкэ бары улуустарынан уоннуу хонугунан айаннаан, улуус, нэһилиэк аайы үтүмэн элбэх үтүө дьыаланы оҥорбута. Кубокпыт дириҥ ис хоһоонноох, баай историялаах айанын туһунан "Киин куорат" хаһыакка «Үтүө дьыала» диэн анал рубрика арыйтаран, тиһигин быспакка сырдатан, түмсүүлээх буолуу кыайыыга сирдиирин, түөн да саҕа үтүө санаа үрдүккэ кынаттыырын тус холобурбутунан көрдөрбүппүт.

Түмсүүбүт биир сойбот сонуннаах, төрдүс сылын оргуйа олорор хайысхата – төрөөбүт ыйдарынан алтыһыы, ол чэрчитинэн айар көрсүһүүлэри, кэнсиэртэри, спортивнай күрэхтэри, дьоро киэһэлэри ыытыы. Маннык тэрээһиннэр үөлээннээхтэри кытта сирэй билсэр, истиҥ, сылаас сыһыаны олохтуур аналларын толордулар, выпускниктарбыт эн-мин дэсиһэн, күннэтэ алтыһа олороллор.

Ыытыллар тэрээһиннэри үйэтитии – түмсүүбүт биир сүрүн хайысхата. Ол курдук, инники сылларга «Киин куорат» хаһыаппыт нөҥүө сырдатан ааспыппыт курдук, выпускниктарбытын кэпсиир биэс кинигэни бэчээттэттибит, мелодист, хоһоон суруйар дьоммут ырыаларынан флешка таһаартардыбыт, икки үрдүк таһымнаах документальнай киинэ уһуллубут.

Быйыл Саха АССР төрүттэммитэ үбүлүөйдээх 100 сылынан «Улуустар чороонноро» диэн биир улахан бырайыагы саҕалаатыбыт. Ол курдук, 2022 сылга биллэриллибит Арассыыйа норуоттарын култуурунай нэһилиэстибэтин сылыгар сөп түбэһиннэрэн, кыраайы үөрэтии, историяны билии, сүгүрүйүү уонна үйэтитии хайысхатыгар бэйэбит холобурбутунан оҕолорбутугар, сиэннэрбитигэр Сахабыт сирин музейдарын, пааматынньыктарын кытта билсиһиигэ, көрүүгэ-истиигэ, харыстааһыҥҥа, ону ааһан туризмы сайыннарыыга дьоһун хамсааһыны тобуллубут.

Саха Автономията төрүттэниитигэр төрөөбүт норуоттарын дьолун-соргутун туһугар олохторун анаабыт саха ньургуннарын кыһамньыларынан автономнай өрөспүүбүлүкэ ааттанар быраабы ыламмыт, бар дьоммут бүтүннүү үөрэхтэммитин, төрөөбүт тылбытынан уус-уран литератураны, искусствоны сайыннарар, науканы үөскэтэр кыахтаммыппытын ахтыбат буолар сатаммат. Онон «Улуустар чороонноро» саҥа бырайыакпыт Былатыан Ойуунускай төрөөбүт дойдутуттан Тааттаттан, «Таатта-85» түмсүү көҕүлээһининэн айан аартыгын туппута улахан суолталаах.

«Улуустар чороонноро» хамсааһыммыт бэлиэтигэр оҥоһуллубут чороон быйыл оскуоланы бүтэрбиппит 37 сылынан 37 см үрдүктээх. Биир өттүгэр – түмсүү логотиба, аҥаар өттүгэр "Саха АССР 100 сыла" бэлиэ ойуулардаах. Ааптар – Таатта улууһун маастара Федор Чээрин. Бу чорооммут, Үтүө санаа Кубогын курдук, сылдьыбыт улууһуттан күүс-уох эбинэн, уйгу-быйаҥ суолун тутан, илииттэн илиигэ бэриллэн, атынтан атын улууска айанныахтаах. Бырайыакпыт нөҥүө Сахабыт сирин норуоттарын култуурунай, историческай нэһилиэстибэтин, искусствотын, үтүө үгэстэрин, кэрэ айылҕатын, фольклорун, олорон ааспыт бэлиэ дьонун үйэтитэр сыаллаахпыт-соруктаахпыт.

Ол курдук, бырайыакпыт бастакы улууһа – Таатта. Бу айаммытыгар 16 улуус бэрэстэбиитэлэ кыттыыны ылбыта. Айан Чөркөөхтөөҕү политсыылка музейа – Былатыан Ойуунускай төрөөбүт алааһа – Ытык Күөллээҕи аһаҕас халлаан анныгар турар Хадаайы музейа маршрутунан ыытыллыбыта.

Бу хамсааһын урукку бырайыактартан биир сүрүн уратытынан бииргэ үлэлэһэр партнердардаахпыт буолар. Ол курдук, «Улуустар чороонноругар» СӨ былыргы тутуулары харыстыыр департаменын (салайааччы Н.А. Макаров), Бүтүн Арассыыйатааҕы история уонна култуура пааматынньыктарын харыстыыр уопсастыба (бэрэссэдээтэл Р.В. Васильев) бииргэ үлэлэһэргэ сөбүлэҥнэрин биэрбиттэрэ бырайыакпыт суолтатын мэктиэлиир. Партнердарбыт нөҥүө кэнэҕэһин аҥаардас сырыынан-айанынан, билсиһиинэн муҥурдаммакка, пааматынньыктары, история кэрэһиттэрин чөлүгэр түһэрии курдук үйэлээх хамсааһыннарга ылсарга кэпсэтиилэр бардылар.

Онон «Выпуск-85» норуоппутугар туһалаах, ыччаттарбытыгар холобур буолууга үлэбит-хамнаспыт салҕанар.

Бүтүн Арассыыйатааҕы история уонна култуура пааматынньыктарын харыстыыр уопсастыба Саха сиринээҕи салаатын бэрэссэдээтэлэ Руслан Васильев:
– 2020 сыллаахха Саха сирин былыргы тутууларын харыстыырга анаан үлэлиир «SUORUH OMOLLOON FEST» диэн ааттаах волонтердар хамсааһыннара тэриллибитэ. Бырайыак норуодунай суруйааччы Дмитрий Кононович Сивцев-Суорун Омоллоон  аатын сүгэр уонна биһиги тэрилтэбит, Бүтүн Арассыыйатааҕы история уонна култуура пааматынньыктарын харыстыыр уопсастыба Саха сиринээҕи салаатын (ВООПИИК), иһинэн үлэлиир.
Д.К. Сивцев-Суорун Омоллоон 1967 сыллаахха бу тэрилтэни төрүттээччилэртэн биирдэстэрэ. Кини быһаччы сыратынан, көҕүлээһининэн эргэ тутуулары үйэтитэр, норуот билиитигэр, үйэлэргэ хаалларар Чөркөөххө  политсыылка музейа, Суоттуга «Доҕордоһуу» историко-архитектурнай музей-заповедник курдук аһаҕас халлаан анныгар бастакы музейдар үөскээбиттэрин бары билэбит. 
Ол курдук, бастакы тэрээһининэн Чөркөөх музейыгар политсыылынай Василий Филиппович Трощанскай балаҕанын өрөмүөннээһин, тиэргэнин ыраастааһын буолбута. 
Быйыл Саха АССР 100 сыллаах үбүлүөйүнэн Саха сирин оскуолаларын 1985 сыллаахха бүтэрбиттэр бу хайысханан номнуо үлэлии-хамсыы сылдьалларын билэбит. Онон бэҕэһээ, алтынньы 26 күнүгэр, «Выпуск-85» түмсүүнү кытта «SUORUH OMOLLOON FEST» иһинэн бииргэ үлэлииргэ сөбүлэҥ түһэристибит.

Сонуннар

Ордук ааҕаллар

Медик: «Бааһырбыт байыаспын дөйүтэн баран соһорум»
Дьон | 20.12.2024 | 12:00
Медик: «Бааһырбыт байыаспын дөйүтэн баран соһорум»
Олус ыарахан кэпсэтии буолла. Ааҕааччыга тиэрдэр гына суруйуохха наада. Дьоруойум сөбүлэҥин ылыахпын наада. Тоҕо диэтэххэ кини анал байыаннай дьайыыга сылдьыбыт кэрэ аҥаар,  ийэ, медик. Кэпсии олорон ытаатаҕына, сырҕан бааһын таарыйаммын диэн кэмсинэн ылабын, онтон эмиэ чочумча буолан баран салгыыбыт.   Кини позывнойун кистиир, ханна баарын, билигин ханна олорорун эмиэ эппэппит. Сөбүлэһэн...
Үчүгэйи көрөргө хаһан үөрэнэбит?
Сонуннар | 14.12.2024 | 13:15
Үчүгэйи көрөргө хаһан үөрэнэбит?
Сиэн көрө куоракка кыстыыбын. Күн аайы оптуобуһунан оҕобун оскуолаҕа илдьэбин-аҕалабын. Быйыл, дьэ, этэргэ дылы, үйэ тухары хамсаабатах маршруттарга уларыйыылар таҕыстылар. Бассаапка үөхсэн туох туһа кэлиэй, төттөрүтүн, дьону күөртээн эрэ биэрии курдук. Ол иһин бу турунан туран Дьокуускай куорат сахалыы тыллаах хаһыатыгар санаабын тиэрдэргэ соруннум.  Бииринэн, нэһилиэнньэбит ахсаана күн-түүн улаата турар....
Сатаан салайыы, тэрийии — эмиэ талаан
Дьон | 14.12.2024 | 18:00
Сатаан салайыы, тэрийии — эмиэ талаан
Харах ыларынан хаһан да бүппэттии көбүүс-көнөтүк тыргыллар бэс чагда устун айан суолунан сыыйылыннаран иһэн, «Дьиикимдэ» диэн суруктаах бэлиэҕэ биирдэ баар буола түстүбүт. Туох-хайдах дьарыктаах, тугунан тыынар нэһилиэккэ киирэн эрэрбитин аартыкка баар суруктаах бэлиэ кэпсииргэ дылы.  Бүгүн биһиги “Дьиикимдэ дьээбэлэрэ” көр-күлүү тыйаатырын артыыһа, режиссера, продюсера Артур Николаевич Егоровтыын нэһилиэк култуурунай олоҕун...