12.03.2020 | 13:43

“Чолбон Сааскалыын” күлүм көрсүһүү

Ааптар: Киин Куорат
Бөлөххө киир

Аар-саарга аатырбыт “Чолбон” бөлөх кулун тутар 15 күнүгэр соҕотох кэнсиэр биэрэр үһү диэн сурах өрөспүүбүлүкэни тилийэ көппүтэ. Маннык түгэни мүччү туппакка, кэнсиэргэ билиэт ылан, аны туран, бу бөлөх биир саамай тутаах киһитин, этэргэ дылы, “тэбэр сүрэҕин” Александр Ильины кытта атах тэпсэн олорон сэһэргэспиппин күлүм түгэнинэн ааттыыбын.

Биэс сааспыттан баян туппутум

Бииргэ төрөөбүт алтыа этибит, биир кыыс, биэс уол. Билигин үс буолан хааллыбыт. “Чолбон” бөлөххө биһи дьиэ кэргэнтэн түөрт киһи баара. Улахан эдьиийбитин кытта түөрт уол. Билигин быраатым Григорий уонна мин бөлөххө хааллыбыт. Эдьиийбит Матрена Васильевна Осипова билигин Үөһээ Бүлүү техникумугар дириэктэрдиир.

Төрөппүттэрим иккиэн учууталлар этэ, аҕам оскуолаҕа да, СПТУ-га да дириэктэрдээбитэ, араас салайар үлэҕэ, баһылыктыы да сылдьыбыта. Инньэ гынан араас оскуоланы, нэһилиэги барытын кэрийэн үөрэммитим. Дьоммутун хаалан иһэр оскуолалары өрө тардаары диэн онно-манна ыытан иһэллэрэ, онон сир-дойду бөҕөтүн кэрийэн, этэргэ дылы, Үөһээ Бүлүү улууһугар үөрэммэтэх оскуолам диэн суоҕа буолуо. Дьонум иккиэн үтүөлээх учууталлар этэ. Аҕам Ильин Василий Григорьевич, ийэм Егорова Евдокия Афанасьевна диэннэр. Ийэбит Дьокуускайга музыкальнай училищеҕа завучтуу сылдьыбыта. Төрөппүттэрбит, биллэн турар, кытаанахтык, ирдэбиллээхтик ииппиттэрэ, ол быыһыгар күнү быһа дьиэлэригэр суохтар, атын оҕолору иитэр-үөрэтэр, такайар дьон буоллахтара. Онон биһиги бэйэ-бэйэбигэр иитиллэн, өйөһөн улааппыппыт. Дьиэ үлэтин хайдах баарынан, ким туохха тиксэринэн үлэлиирбит. Эдьиийбит саамай улахаммыт, барыбытын олоппос үрдүгэр туруортаан баран муоста сууйарын өйдүүбүн.

***

Биэс сааспыттан улахан убайым Радик музыкаҕа уһуйбута. Онно Марина Поповаҕа баяннаан турабын.

Оскуолаҕа дьонум биэс сааспар киллэрбиттэрэ, оччолорго буукубаны барытын билэбин, суорҕан анныгар банаар тута сытан кинигэ ааҕабын. Ол да буоллар тиһэх уһугар син биир сэттэ сааспар маҥнайгы кылааска киирбитим, тоҕо диэтэххэ бастакы сылбар, биэстээхпэр, ыалдьан кылааспар хаалбытым, онтон иккис сылбар барытын билэр буолан, учуутал кэпсиирин истибэппин, таах аралдьыйа олоробун, сөбүлээбэппин, тоҕо хатылыы олоруохтаахпыный дии саныыбын. Онтон аҕам кыыһыран тохтотон кэбиспитэ. Онон иккис сылбын хаалабын. Дьэ ол кэннэ сэттэбиттэн үөрэнэн барабын.  

Мэйиккэ үөрэммиппин өйдүүбүн, онно наһаа үчүгэй паарка баар этэ. Онно бу ааспыт нэдиэлэҕэ баран киинэҕэ уһулуннум. Үөһээ Бүлүүлэр үбүлүөйбүнэн киинэ уста сылдьаллар, онно төрөппүттэрим оччолорго Аар Баҕах туруорбуттар эбит, кистээннэр. Оччолорго Сэбиэскэй былаас саҕана сахалыы итэҕэл көҥүллэммэт буоллаҕа, бобуу-хаайыы кэмэ. Онно баран хаартыскаҕа түһэн, уһуллан кэллим. Билигин ол туруорбут Аар Баҕахтара самнайан тураахтыыр.

***

Араас инструмеҥҥа барытыгар оонньуурум, баяны таһынан. Баяҥҥа, киһи суох буолан, кыһалҕаттан оонньуурум. Оскуолаттан саҕалаан кулуупка, араас гастролларга барытыгар илдьэ сылдьаллара. Мэйиккэ үөрэнэ сылдьан ол баянтан сүрэхпэр астаран, аны хаһан да оонньуом суоҕа диэн тылбын бэриммитим. Оҕо буолан сүрэҕэлдьиир да этим, баяным да ыарахан, сос да сос буолаҕын.

Онтон Намҥа үөрэнэ кэллим. Арай учуутал хоһугар баян турар эбит, ким да суоҕун билэн баран киирэн оонньуу олордохпуна учууталым уоран аан быыһынан көрөн турбут. Онтон, дьэ, хата, оонньуур оҕо баар эбит диэн үөрэн-көтөн баянист оҥорон кэбиспиттэрэ. Баяным ол курдук син биир тардан ылбыта. Бэһис кылааска онустары кытта ансаамбыл тэриммиппит. Онно улахан оҕолору гитараҕа үөрэтэбин. Оччолорго гитара муодата этэ. Миигин улахан убайым үөрэтэрэ, күүһүнэн да үөрэппитэ диэххэ сөп. Бэйэтэ атын дэриэбинэҕэ үөрэнэр, өрөбүллэригэр кэллэҕинэ  эксээмэн тутара. “Бэлэм буол” хаһыакка “Алта саастаах музыкант” диэн Нина Протопопова ыстатыйа таһаарбыта. Ити 1966-67 сыллардаахха этэ.

Онтон баяммар төнүннэҕим дии. Ол кэннэ аармыйаҕа тиийэн эмиэ муусукабын бырахпаппын, турбаҕа оонньообутум. Даурияҕа сулууспалаабытым.

***

Бастаан Кэнтиккэ Тумус Мэхээлэлиин ВИА тэрийбиппит. Онтон Намҥа “Чолбон” тэриллибитэ. Тута рок хайысханан оонньоон барбыппыт. “Голос Америки” араадьыйаттан ол сахха биллэр рок-бөлөхтөрү истэрбит. Олус бэккэ хабара. Урукку араадьыйалар күүстээх, кыахтаах да этилэр. Бэйэм анал муусука үөрэҕим суох. Самара куоракка консерваторияҕа үөрэнэ сылдьыбытым, оччолорго гитараны соччо сөбүлээбэттэр. Народнай инструменнары  өрө туталлар, мин ону наһаа сэҥээрбэтэҕим. Гитараҕа аралдьыйаллар, арҕаа музыканы пропагандалыыгыт, оҕолору иирдэҕит дииллэрэ. Онон төннөн кэлбитим. Дьокуускайга эмиэ аҕыйах кэмҥэ үөрэнэ сылдьыбытым.

Бэйэм поп-муусуканы ылыммаппын, сэҥээрбэппин. Рок-музыка диэн көҥүл буоллаҕа, искиттэн таһаарарыҥ барыта көҥүл. Поп-муусука хааччахтаах, интэриэһинэйэ суох, биир кэм хатылана турар. Рогу хайдах баҕарар сырыы аайы, кэнсиэр аайы да уларытыахха сөп.

***

Билигин Намҥа олоробут, онно олохтоох оскуолаҕа уонна Үөһээ Бүлүү 3-с нүөмэрдээх спортивнай оскуолатыгар оҕолору муусукаҕа үөрэтэбит. Сүрдээҕин өйүүллэр, массыынанан төттөрү-таары таһаллар, онон икки бөлөхтөөхпүт. Хас да сылы быһа ыҥыра сатаабыттара, онтон дьэ иннибитин ыланнар, туох баар инструменнары, аппаратураны булан биэрэбин диэн оскуола дириэктэрэ Николаев Аскалон Данилович тылыгар киллэрбитэ. Оруобуна икки мэндиэммэнннээх сабыс-саҥа оскуола үлэҕэ киирбитэ, ол арыллыаҕыттан кэргэмминээн Шуралыын үлэлии сылдьабыт. Туһунан кабинет, сыаналаах аппаратура барыта баар, оҕолору сүүмэрдээн дьарыктааҥ диэн усулуобуйаны барытын оҥордулар. Араас инструменнарга үөрэтэбит. Былырыыҥҥы 11-с кылаастарбыт өрөспүүбүлүкэҕэ ыытыллыбыт рок-бэстибээлгэ гран-при буолбуттара. Онон киэн туттар ситиһиилээхпит. Билигин алтыс кылаас кыргыттарын дьарыктыыбыт. Онтон Аскалон Даниловичпыт уурайан Үөһээ Бүлүүгэ спортивнай оскуолаҕа дириэктэр буолан онно ыҥыран ылбыта. Туһунан дьарыктыыр дьиэлээхпит, аппаратура барыта баар. Онно эмиэ биир бөлөхтөөхпүт. Бу кулун тутар 26-27 күннэригэр икки бөлөхпүтүн аҕалан рок-бэстибээлгэ кытыннарыахтаахпыт.

***

Никииппэр Сэмэнэп диэн дьикти киһи этэ. Ис диссипилиинэлээҕэ, сүрдээх бэрээдэктээҕэ. Барытын чааһыттан чааһыгар тиийэ тутуһар, хойутууру сөбүлээбэт, ыллаан бардаҕына бирээмэ киһи кута көтөр, тахсан да барыах курдук этэ. Биирдэ Москваҕа “Орленок” диэн кэнсиэрдиир саалаҕа тиийдибит. Онно “Автограф” бөлөх, Юрий Шевчук аппаратурата турар. Никииппэр уҥуоҕунан намыһах, кыра. Сыанаҕа тахсыбытыгар, “А, ну, говори” диэбиттэр. Бачча кыра киһи тугу гынар эбит диэн тургутан көрдөхтөрө, сэнээтэхтэрэ дии. Ону киһилэрэ тахсан “Нууччалар, дорооболоруҥ” диэтин кытта, аппаратуралара барыта хайа баран, умайан хаалбыт. Оннук модун, иччилээх куоластаах этэ. Никииппэр диэн айылҕаттан бэриллибит талааннаах киһи буоллаҕа.

***

Биир түгэни кэпсиэхпин баҕарабын.Дьокуускайга, Саха сиригэр да улаханнык биллэ илик кэммит. “Северная мозаика” диэн джаз бэстибээлэ буолла. СГУ Култуурунай киинигэр. Ол куонкуруска биһигини бастакыттан киллэрбэтэхтэрэ. Дьүүллүүр сүбэ бэрэссэдээтэлинэн култуура биллиилээх деятелэ, дирижер олорор. Арай сыанаҕа тахсан оонньуу турдахпытына, көрөөччүлэри барыларын үүрэн таһаарбыттара. Ити, арааһа, 80-с сыллар саҕаланыылара этэ. Арҕаа култуураны пропагандалыыгыт, арҕааттан тыалы аҕаллыгыт диэн. Онон куораттан үүрүллэн барбыппыт, маннааҕылар өйдөөбөтөхтөрө. Оттон Мииринэйгэ тиийэн “Мирный поет о мире” диэн бэстибээлгэ кыттыбыппыт. Ол кэннэ  дьэ ааммыт барытыгар арыллан барбыта. Онно базаланан, дьиэлэнэн-уоттанан сыппыппыт, сири-дойдуну кэрийэн барбыппыт. Ол кэннэ дьэ аатыран-сураҕыран кэлбиппитигэр ытыс үрдүгэр тоһуйа көрсүбүттэрэ.

***

Баһылыкпыт Владимир Поскачин сүрдээхтик өйүүр, үбүлүөйбүн тэрийэн, дьон бөҕөтүн хамсатан, сүүрдэн биэрдэ. Онон түгэнинэн туһанан улахан махталбын тиэрдэбин.

Куораты олох ахтыбаппыт, дэриэбинэҕэ наһаа үчүгэй, бэйэбит-бэйэбитигэр олоробут. Иллэҥ кэммит суоҕун тэҥэ. Бэйэм биэс оҕолоохпун, биэс сиэннээхпин, бары куоракка олороллор. Хайаларын да муусукаҕа сыһыарбатаҕым, интэриэһиргэппэтэҕим, ыарахан үлэ диэн. Кыргыттарым иккиэн учууталлар. Ильиннэр династиялара диэн төрөппүттэрбит аатынан истипиэндьийэ олохтообуппут.

***

Тыыннаах муусука ханна да барбат, билигин дьарыктанар дьон элбээн эрэр, онон тиллэн эрэр диэххэ сөп.

Кэнсиэрбитигэр бэйэбит урукку састаап оонньуубут. Туораттан атын дьон кыттыбаттар. Балтараа чаас биллибэккэ хаалар, тыас-уус таҥыыта ыарахан, биллэн турар, сылаалаах. Кылаабынайа, звукпутун үчүгэйдик туруоран, таҥан биэриэхтэрин наада. Биһи куруук мустан оонньуу сылдьар дьон буолбатахпыт. Сыанаҕа таҕыстахха, син биир долгуйуу баар буолар, көрөөччүлэртэн улахан тутулуктаах.

Ааҕааччыларга туох баар үчүгэйи баҕарабын, кэлэн дуоһуйа сынньаныҥ, тыыҥҥытын таһааран барыҥ диэн ыҥырабын.

Интервью ыларбар күүс-көмө буолбут кыргыттарбар, дьүөгэлэрбэр, Ильиннэр мааны кийииттэригэр Надежда Аргуноваҕа, Александра Николаеваҕа истиҥ махталбын тиэрдэбин.

Сонуннар

Ордук ааҕаллар

Медик: «Бааһырбыт байыаспын дөйүтэн баран соһорум»
Дьон | 20.12.2024 | 12:00
Медик: «Бааһырбыт байыаспын дөйүтэн баран соһорум»
Олус ыарахан кэпсэтии буолла. Ааҕааччыга тиэрдэр гына суруйуохха наада. Дьоруойум сөбүлэҥин ылыахпын наада. Тоҕо диэтэххэ кини анал байыаннай дьайыыга сылдьыбыт кэрэ аҥаар,  ийэ, медик. Кэпсии олорон ытаатаҕына, сырҕан бааһын таарыйаммын диэн кэмсинэн ылабын, онтон эмиэ чочумча буолан баран салгыыбыт.   Кини позывнойун кистиир, ханна баарын, билигин ханна олорорун эмиэ эппэппит. Сөбүлэһэн...
Үчүгэйи көрөргө хаһан үөрэнэбит?
Сонуннар | 14.12.2024 | 13:15
Үчүгэйи көрөргө хаһан үөрэнэбит?
Сиэн көрө куоракка кыстыыбын. Күн аайы оптуобуһунан оҕобун оскуолаҕа илдьэбин-аҕалабын. Быйыл, дьэ, этэргэ дылы, үйэ тухары хамсаабатах маршруттарга уларыйыылар таҕыстылар. Бассаапка үөхсэн туох туһа кэлиэй, төттөрүтүн, дьону күөртээн эрэ биэрии курдук. Ол иһин бу турунан туран Дьокуускай куорат сахалыы тыллаах хаһыатыгар санаабын тиэрдэргэ соруннум.  Бииринэн, нэһилиэнньэбит ахсаана күн-түүн улаата турар....
Сатаан салайыы, тэрийии — эмиэ талаан
Дьон | 14.12.2024 | 18:00
Сатаан салайыы, тэрийии — эмиэ талаан
Харах ыларынан хаһан да бүппэттии көбүүс-көнөтүк тыргыллар бэс чагда устун айан суолунан сыыйылыннаран иһэн, «Дьиикимдэ» диэн суруктаах бэлиэҕэ биирдэ баар буола түстүбүт. Туох-хайдах дьарыктаах, тугунан тыынар нэһилиэккэ киирэн эрэрбитин аартыкка баар суруктаах бэлиэ кэпсииргэ дылы.  Бүгүн биһиги “Дьиикимдэ дьээбэлэрэ” көр-күлүү тыйаатырын артыыһа, режиссера, продюсера Артур Николаевич Егоровтыын нэһилиэк култуурунай олоҕун...