Чочуорун үрэххэ быһылаан
Мииринэй оройуонун Арыылаах бөһүөлэгиттэн сэттэ көстөөх сиргэ Чочуорун диэн ааттаах үрэх устар. Биир күһүөрү сайын бу үрэххэ сэттэ киһилээх биригээдэ оттуу тахсыбыт. Кинилэр ортолоругар Агайданов Сэмэн диэн улахан булчут, эсэһит киһи баара. Сэмэн орто уҥуохтаах, орто саастаах, бэйэтин бэркэ кыанар, аҥаар эрэ харахтаах киһи этэ.
Кинини кытары бииргэ сылдьыспыт дьон Сэмэн баартааҕын уонна үчүгэйдик ытарын бэлиэтииллэрэ. Биир күһүн Сэмэн Бүлүү диэки Кууһума, Ньукулай уонна Антон диэн оҕонньоттордуун бултаспыт. Биир күн кини эһэ арҕаҕын таба хаампыт. Киэһэ аһыы олорон кыттыгастарыгар кэпсээбитигэр, бултаһарга быһаарыы ылыныллыбыт. Сарсыныгар тэринэн тиийбиттэр. Бүө маһа быһан арҕах аанын бүөлүү анньыбыттар. Сэмэн арҕах иннигэр ытарга бэлэмнэнэн турбут. Эмискэ кыыллара бүө мастарын үрэйбитинэн ойон тахсан, суолугар турар Сэмэҥҥэ ыстаммыт. Бэлэм турбут киһи тутуу былдьаһан харабыынынан ытан саайбыта, буулдьа кыыл аллараа сыҥааҕын тосту көппүт. Ону даҕаспытынан, эһэ киһи үрдүгэр саба түспүт. Сэмэн тиэрэ баран иһэн, охтуутугар атаҕа үөһэ күдээрис гынан, кыылын эмэһэҕэ тэппит. Ону кытары эһэ кини үрдүнэн төбөтүн оройунан көппүт. Ити алдьархайга уолуһуйбут дьон киһилэрэ тоҕо эрэ күлэ сытарын көрөн аһарбыттар. Кыыл чыпчылҕан түгэнинэн ойон туран, аны, Кууһума диэки ыстаммыт. Ити кэмҥэ Антон бэрдээҥкэтин тыаһа сатарыы түспүт да, моонньун тосту ыттарбыт эһэ умса баран түспүт.
Оҕонньоттор кэлин уоскуйан баран Сэмэнтэн тоҕо күлбүтүн ыйыппыттарыгар, киһилэрэ «эмэһэҕэ тэппитим төбөтүн оройунан баран түһэригэр адьас киһи курдук «һык» диэбитэ, онтон күлбүтүм» диэн быһаарбыт.
***
Дьэ, отчуттар ходуһаларын кытыытыгар биир томторго үс балаакка туруорбуттар. Оттообуттара нэдиэлэ буолбутун кэннэ уһун ардах түһэн үлэлэрин атахтаабыт. Онон күн-дьыл көнөрүн кэтэһэн хаарты оонньоон, аттыларыгар баар көлүччэҕэ мундуга туулаан саатаабыттар.
Биир күн ардах астыбытыгар, от куурарын кэтэһэ таарыйа, Юрка уонна Володя диэн эдэр уолаттар, мас көтөрдүү, үрэхтэрин таҥнары, бэс чагданы кэрийэ барбыттар. Оттоох, ыарҕалаах сирдэри тумнан силбигэ суох сирдэринэн аа-дьуо хааман испиттэр. Икки ыттаахтара буолары-буолбаты эккирэтэн, туора-маары сүүрэкэлээн аҕыласпыттар. Куртуйахтарга иккитэ түбэһэ сылдьыбыттар даҕаны, көтөрдөрө, олорбокко, ыттарбатахтар. Балааккаларыттан биэс-алта биэрэстэлээх сиргэ кыра үрүйэ оҕото баарыгар чугаһаан истэхтэринэ, ыттара үрэн тоҕо барбыттар. Арааһа, тайаҕы хаайдылар диэн, ыксаан-бохсоон тиийбиттэрэ, арай биир улахан бэскэ эһэ оҕотун таһааран үрэллэр эбит. Эдэр дьон уһуну-киэҥи толкуйдуу барбакка, орто ыт саҕа эһэ оҕотун туоһапканан түҥнэри ытан түһэрбиттэр.
Балааккаларыгар кыайбыт-хоппут дьон быһыытынан тиийбиттэр. Эти сиэбэтэхтэрэ ырааппыт отчуттар эмиэ сэргэхсийбиттэр. Арай Сэмэн уонна Афоня диэн саастаах киһи үөрбэтэхтэр. «Эһэ оҕотун тоҕо өлөрдүгүт?! Ийэтэ оҕотун ирдээн, эһигини суоллаан манна кэлиэҕэ. Иэстэһэн бэйэбитин бултаһыа. Онон сааны-сэби бэлэм тутуҥ, балааккаттан ыраатымаҥ. Оҕотун өлөртөрбүт эһэ үс сыл устата иэстэһэр үһү», — диэн уолаттары мөхпүттэр.
Ол гынан бултаммыт булду хайыахтарай, миин буһаран сиэн утуйаары сыппыттар. Арай түүн ортото ааһыыта биир балааккалара хайа тардыллар тыаһа иһиллибит. Ону даҕаспытынан ыттар үрбүттэр. Дьон сааларын туппутунан ойон тахсыталаабыттара, ыттар ырааппакка ойуур диэки көрө-көрө үрэллэр. Балааккаларын эргийэн көрбүттэрэ, эһэ кэлэн биир эркини хайа тардыбыт эбит. Куттаммыт дьон ол түүнү быһа уот оттон утуйбатахтар.
Сарсыныгар ходуһаларыгар сааларын-сэптэрин илдьэ киирбиттэр. Оттуу сырыттахтарына ходуһаларын кытыытыгар эһэ кыламмыт. Онон ити күнтэн ылата наар кэтэнэн-мананан сылдьар, утуйар буолбуттар. Кыыллара суоһурҕанан суолларын быһа хаамыталыыр, көстүбэккэ сылдьан кыланар эбит. Сэмэн биир сарсыарда туран: «Мин бүгүн табабын миинэн тайахтыы барыам. Маннык сырыттахпытына иэдэйииһибит. Балды күөлүн диэки барыам, баччаҕа тайах ханна турарын билэбин, киэһэ кэлиэм», — диэн баран, табатын миинэн үрэҕи таҥнары бара турбут.
***
Сэмэн ол күн кэлбэтэх. Сарсыныгар дьоно оттоон ходуһаттан тахсыбыттара, киһилэрэ эмиэ кэлбэтэх. Кырдьаҕастара Афоня киэһэ чэйдии олорон «киһибит бүгүн эмиэ биллибэтэ, туохха эрэ түбэстэ дуу?» диэн дьаарханарын биллэрбит. Онуоха дьоно: «Ээ, туох буолуой, Сэмэн оннооҕор буолуохха сылдьыбыт киһи. Баҕар, ыта тайаҕы эккирэтэн, ыраах барбыта буолуо», — диэн улахаҥҥа уурбатахтар. Киһилэрэ сарсыныгар да кэлбэтэх. Дьон киэһээҥҥи аһылыктарын аһаары олордохторуна арай Сэмэннэрин ыта тиийэн кэлбит. Көрбүттэрэ, моонньун быатыгар туох эрэ кыһыл кумааҕы баайыылаах эбит. Ону сүөрэн ылбыттара — «Прима» табах хаата. Өссө туох эрэ диэн суруллубут. Бары саба түһэн аахпыттара, «харахпын эһэ тэстэ, быстардым» диэн ис хоһоонноох буолан биэрбит. Сурук сорҕото сотуллан, көстүбэт кэриэтэ буолбут. Сэмэн ойуурга туох харандааһын илдьэ сылдьыай, харабыын буулдьатын сибиниэһинэн суруйаахтаабыт. Отчуттар айманыы бөҕө буолбуттар. Сарсыныгар араассыйанан бөһүөлэги кытары кэпсэтиэхтээхтэр эбит. Онон болдьоммут чааска сибээскэ тахсан киһилэрэ сүппүтүн, көрдүүргэ танкетка уонна көмөҕө эбии дьону ыыталларыгар биллэрбиттэр.
***
... Сэмэн балааккатыттан биэс-алта биэрэстэ бараат, үрүйэ уҥуор туораабыт. Мантан Балды күөлэ соччо ырааҕа суоҕа. Табатын сиэппитинэн аа-дьуо баран истэҕинэ, сис үрдүгэр ыта үрэн моргуйбут. Онтон сэргэхсийэн, табатын миинэ охсон өр гыммакка тиийбитэ, ыта эһэни кытары охсуһар тыаһа иһиллибит. Сэмэн табатыттан түһэ охсон сонос маска баайбыт. Баҕар, кыыл манна тиийэн кэлиэ диэн, быатын маска эргитэн аҕалан табатын моонньугар баайбыт. Маннык бааллыбыт таба маһын тула төһө баҕарар холоруктуон сөп. Саатын эһэ охсон ылан, ыта үрэр сиригэр үөмэн тиийбитэ, улахан баҕайы тыһы эһэни үрэ сылдьар эбит. Киһи өйүгэр «били, оҕотун өлөртөрбүт эһэ буоллаҕа» диэн санаа охсуллан ааспыт. Сэрэнэн, лаппа чугаһаан, хонноҕун аннын көрөн баран, ытан саайбыт. Эһэ часкыйа түһээт, тиэрэ баран түспүт уонна сонно ойон тураат, үрүйэни таҥнары ыстаммыт. Сэмэн тутуу былдьаһан иккиһин ытан хаалбыт. Кыыл лаппа таптарбыт быһыылаах, бэрт ыараханнык ыстаҥалаан барбыт. Ыта үрэ-үрэ эккирэтэн баран, бэрт тэйиччи тохтоппут. Сэмэн бэрт уһуннук хааман тиийбитэ, ыта ычыкын иһигэр үрэр эбит. Сэрэйдэҕинэ, эһэтэ сытар курдук. Киһи бэркэ сэрэнэн, үөмэн киирэн истэҕинэ, кыыла субу утары ыстанан тахсыбыт. Ону кытта Сэмэн түөскэ ытан саайбыт да, кыыл киһини баттыы түспүт уонна баппаҕайынан төбөҕө охсубут. Киһи өйүн сүтэрэ сыһан охтон түспүт. Ол да буоллар кыыныттан быһаҕын ылан, баттыы сытар эһэни кэй да кэй буолбут. Кыыл сотору хамсаабат буолбут. Сэмэн бэрт нэһиилэ оронон тахсыбыт. Мэйиитэ эргийэр уонна тугу даҕаны көрбөт эбит. Эһэ төбөҕө охсоругар тыҥыраҕынан өлүөр хараҕын тэспит. Сэмэн эрэйдээх илиитин иминэн тайах мас быстан, табам бу диэки буолуохтаах диэн үнүөхтээбит. Быыстала суох саккырыыр хаанын тохтотоору, ырбаахытын устан төбөтүгэр бааммыт. Ити курдук сордонон иһэн маска кэтиллибит. Ол анныгар олорон табаҕын хаатыгар сурук суруйан баран ытын ыҥыран моонньугар баайбыт уонна «бар» диэн көбүөлээн холдьохпут. Ол кэннэ хаана баран, сэниэтэ адьас эстэн, өй-төй буолан бириһиэн кууркатын сыттанан сыппыт. Сэмэн ити кэннэ тураахтаабатах.
***
... Араассыйанан биллэрбит күннэригэр сопхуостан биэс-алта киһи көрдөһө кэлбитэ. Отчуттары кытары Сэмэн барбыт туһаайыытынан көрдөөбүттэрэ даҕаны, нэдиэлэ устата булбатахтар. Ол кэннэ көстүө суох диэн сорохтор дойдулаабыттар. Хаалбыт дьон көрдүүллэрин тохтоппотохтор. Көрдөөбүттэрин онус хонугар эрэ Сэмэн барахсан мас анныгар өлө сытарын булбуттар. Киниттэн 200 миэтэрэ тэйиччи табата бааллан турара көстүбүт. Таба эрэйдээх туох да буолбатах эбит.
Сэмэни танкетканан бөһүөлэккэ киллэрбиттэрэ. Биир дойдулаахтара, дьоно-сэргэтэ бэркэ хараастан тиһэх суолугар атаарбыттара. Ити кэнниттэн отчуттары буулаабыт эһэ биллибэтэҕэ. Оттон отчут уолаттар, кинилэр быстах быһыыларыттан Сэмэн олоҕун толук биэрэн туран эһэни бултаабытын буруйдана санаабыттара.
Эдэр дьоҥҥо булчут сиэрин-туомун, тыа суруллубатах сокуонун мэлдьи тутуһар буолуҥ диэн сүбэлиибин.