15.12.2020 | 12:20

Чэпчэки атлетика легендата Мария Неустроева

Ааптар: Киин Куорат
Бөлөххө киир

Чэпчэки атлетика тыыннаах легендата буолбут Мария Романовна Неустроева сүрдээх элбэх мэтээллэрин остуолга тэлгээн олорор хаартыската интэриниэт ситиминэн киэҥник тарҕаммыта.

Кини  - чэпчэки атлетикаҕа спорт маастара, Арассыыйа хомуур хамаандатын чилиэнэ. Ахсынньы 14 күнүгэр 72 сааһын туолла.

Мария Романовна Мэҥэ Хаҥалас улууһун Төхтүрүгэр олорор, 4 оҕо ийэтэ, 10 сиэн, 2 хос сиэн эбээтэ. Олохтоох кулуупка “Алгыс” үҥкүү ансаамбылыгар, “Сардаана” вокальнай ансаамбылга дьарыктанар, “Оллоон” бөлөххө олоҥхолуур – соторутааҕыта ыытыллыбыт өрөспүүбүлүкэтээҕи күрэххэ лауреат буолбуттар:

--“Интэриниэккэ тарҕаммыт хаартысканы ким ыытан кэбиспитин билбэппин. Ити мин үйэм тухары мунньубут мэтээллэрим. Барыта бэйэм киэннэрэ. Сорохтор “коллекциялаабыт быһыылаах” диэбиттэр этэ. Былыр сүүрдэххэ мэтээл биэрбэт этилэр, кыракый жетон курдугу уонна грамота туттараллара – олор сүтүтэлээбиттэр. Кэнники сылларга мэтээл биэрэр буолбуттарын мунньан испитим.

Олоҕум устатын тухары чөл олоҕу пропагандалыыбын. 1965 сыллаахтан сүүрүүнэн дьарыктанабын. 2006 сылтан Арассыыйа сборнайыгар киирэн тас дойдуларга уончата тахсан ситиһиилээхтик кыттан кэлбитим. Австрияҕа, Италияҕа, Швецияҕа, Финляндияҕа, Польшаҕа уо. д.а. дойдуларга сүүрбүтүм. Омук сириттэн 25 мэтээли аҕалбыппын олус күндүтук саныыбын. Сахам сирин аатын түһэн биэрбэтэхпиттэн үөрэбин, киэн туттабын.

Элбэх өрөспүүбүлүкэтээҕи күрэхтэргэ кыайбытым. Аан дойдуга Арассыыйа хамаандатыгар киириэхпиттэн кыттар буолбутум. Кэлэр-барар айаным ороскуотун үксүн бэйэм уйунааччыбын. Бастаан 1-2-тэ спонсордыы сылдьыбыттара. Кэлин аймахтарым, дьүөгэлэрим көмөлөһөллөр. Бэйэм кирэдьиит да ылан күрэхтэһиилэргэ кыттан кэлээччибин.

Ордук табыллан 5-10 км сүүрэбин, полумарафоннарга да барсааччыбын. 2018 сыллаахха Москваҕа ыытыллар марафоҥҥа кыттан, бэйэм саастыылаахтарбар бэһис кэлбитим. Билигин сүүрбэтим кэриэтэ – спортсаалаҕа көҥүллээбэттэр, күрэхтэһиилэр да буолбатылар.

1972 сыллаахха Төхтүргэ кулуупка ананан кэлбитим. Дьиҥэ култуура эйгэтин үлэһитэбин. Араас салааҕа үлэлээн баран, билигин биэнсийэҕэ олоробун. Соҕотох буоламмын хаһаайыстыба эҥин туппаппын, оҕолорбор кыаҕым баарынан көмө буола сатыыбын.

Икки сыллааҕыта, 70 сааспын туолбуппар, Аллараа-Бэстээххэ сир учаастагын бэлэхтээбиттэрэ. Онтукабын билигин да ыла иликпиттэн хараастабын. Умнууга хаалаары гынна быһыылаах. Наар эрийэн санатабын даҕаны, биэрэ иликтэр...” , - диир Мария Романовна.

Сонуннар

Ордук ааҕаллар

Медик: «Бааһырбыт байыаспын дөйүтэн баран соһорум»
Дьон | 20.12.2024 | 12:00
Медик: «Бааһырбыт байыаспын дөйүтэн баран соһорум»
Олус ыарахан кэпсэтии буолла. Ааҕааччыга тиэрдэр гына суруйуохха наада. Дьоруойум сөбүлэҥин ылыахпын наада. Тоҕо диэтэххэ кини анал байыаннай дьайыыга сылдьыбыт кэрэ аҥаар,  ийэ, медик. Кэпсии олорон ытаатаҕына, сырҕан бааһын таарыйаммын диэн кэмсинэн ылабын, онтон эмиэ чочумча буолан баран салгыыбыт.   Кини позывнойун кистиир, ханна баарын, билигин ханна олорорун эмиэ эппэппит. Сөбүлэһэн...
Үчүгэйи көрөргө хаһан үөрэнэбит?
Сонуннар | 14.12.2024 | 13:15
Үчүгэйи көрөргө хаһан үөрэнэбит?
Сиэн көрө куоракка кыстыыбын. Күн аайы оптуобуһунан оҕобун оскуолаҕа илдьэбин-аҕалабын. Быйыл, дьэ, этэргэ дылы, үйэ тухары хамсаабатах маршруттарга уларыйыылар таҕыстылар. Бассаапка үөхсэн туох туһа кэлиэй, төттөрүтүн, дьону күөртээн эрэ биэрии курдук. Ол иһин бу турунан туран Дьокуускай куорат сахалыы тыллаах хаһыатыгар санаабын тиэрдэргэ соруннум.  Бииринэн, нэһилиэнньэбит ахсаана күн-түүн улаата турар....
Сатаан салайыы, тэрийии — эмиэ талаан
Дьон | 14.12.2024 | 18:00
Сатаан салайыы, тэрийии — эмиэ талаан
Харах ыларынан хаһан да бүппэттии көбүүс-көнөтүк тыргыллар бэс чагда устун айан суолунан сыыйылыннаран иһэн, «Дьиикимдэ» диэн суруктаах бэлиэҕэ биирдэ баар буола түстүбүт. Туох-хайдах дьарыктаах, тугунан тыынар нэһилиэккэ киирэн эрэрбитин аартыкка баар суруктаах бэлиэ кэпсииргэ дылы.  Бүгүн биһиги “Дьиикимдэ дьээбэлэрэ” көр-күлүү тыйаатырын артыыһа, режиссера, продюсера Артур Николаевич Егоровтыын нэһилиэк култуурунай олоҕун...