Чэбдигирдэр сэрээккэлэр саҕаланнылар!
Сарсыарда 7 чааска Дьокуускайга Кыайыы болуоссата сэрээккэлээччилэринэн сэргэхсийдэ. Ыҥыра-угуйа ырыа, музыка кутулунна. Инструктор Маргарита Куличкина салайар бөлөҕө номнуо сэрээккэлээн, ирэн-хорон ырааппыт.
Халлаан тымныытын, былыттаах, киһини курдаттыы үрэр хаҕыс тыалы аахсыбакка, лоп-курдук сэттэ аҥаар чааска сэрээккэлээччи ахсаана 300-кэ киһиэхэ тиийдэ. Саха Өрөспүүбүлүкэтин спорка миниистирэ Леонид Спиридонов үөрүүлээх быһыыга-майгыга эҕэрдэ тыл этэн аста. 2005 сыллаахха Саха сиригэр аан бастаан сарсыардааҥҥы күргүөмнээх сэрээккэлэри көҕүлээбит Аркадий Тихонович Прокопьевка, Василий Миронович Самсоновка уонна ити күн 83 сааһын туолбут Маргарита Григорьевна Куличкинаҕа Махтал суруктар туттарылыннылар.
Илиҥҥи дойдулар ушу, саньда көрүҥнэригэр хара курдаах Аркадий Прокопьев киһи доруобуйатыгар туһалаах, күннээҕи эрчими, күүһү-уоҕу биэрэр тыыныы гимнастикатын көрдөрдө. Физическэй култуура уонна маассабай спорт управлениетын исписэлииһэ, оҕунан ытыыга спорт маастара Полина Абрамова маассабай хамсаныылары оҥортордо.
Физическэй култуура уонна маассабай спорт управлениетын начаалынньыга Роман Оконешников этэринэн, кэнники сылларга дьон көҕө улааппыт. Сарсыардааҥҥы сэрээккэлэр Саха сирин үрдүнэн саҕаланнылар. Дьокуускайга 20 туочуканан аны күһүҥҥэ диэри ыытыллыахтара. Бу ааспыт кыһын чэгиэн-чэбдик олоҕу биллэрбит 100 нэһилиэк бука бары сэрээккэҕэ таҕыстылар.
Маассабай физкултуура отделын салайааччыта Зинаида Афанасьева куорат стадионнарыгар, болуоссаттарга сэрээккэлэри уопуттаах инструктордар ыыталларын, кинилэр ортолоругар Маргарита Куличкина Кыайыы болуоссатыгар, Валерий Готовцев Доҕордоһуу болуоссатыгар, Айталина Рожина Кыайыы пааркатыгар о.д.а. сэрээккэлэри салайаллар. Ону таһынан үөрэх министиэристибэтин исписэлиистэрэ оҕо уһуйааннарыгар, оскуолаларга сэрээккэлэри ыытыахтара.
Доҕордоһуу болуоссатыгар чэбдигирдэр сэрээккэни Валерий Готовцев хаһыс да сылын ыытар: “Сүһүөх гимнастикатын оҥорторобун. Ушу, сигун, тайцзицюань хамсаныыларыттан туһанабын. Киһи этигэр-сиинигэр бүтүннүүтүгэр дьайар. Күүһүрэҕин, имигэс буолаҕын, былчыҥнаргын, иҥиирдэргин ууннараҕын, координацияҕа, ыйааһыҥҥын тутарга (равновесие) көмөлөһөр, сүһүөҕүҥ үрдүгэр сылдьар буолаҕын. Махтаналлар. Саастаах дьон сылдьаллар. 80-90 саастаахтар тупсан кэлэллэр. Көтүппэккэ дьарыктаннахха, түмүктээх буолар. Бэйэм физика учууталабын. Хайыһардыыбын, хаҥкылыыбын, бассейҥҥа сылдьабын, гимнастиканан дьарыктанабын. Киһи хамсана-имсэнэ сылдьыахтаах. Этиҥ-хааныҥ оҥоһуга оннук. Чэгиэнник-чэбдиктик сылдьарбыт бэйэбититтэн тутулуктаах».
Сэрээккэлэр саҕаланнылар. Бука бары сэрээккэҕэ тахсыаҕыҥ, күн устата сөп буолар эрчимнэниэҕиҥ!